Саха уһун тымныы кыстыгы туоруур тулуурдаах, мындыр омук буолар. Кыстыкка киирэргэ хайдах сиэрдээх-туомнаах этилэрэй? Ол туһунан устуоруйа билимин кандидаата Наталья Ксенофонтовна Данилованы кытта кэпсэттибит:
– Былыр дьиэ аҕа баһылыга дьонун кыстыкка көһөрөрүгэр балаҕанын аан бастаан тиийэн көрөн-истэн бэлэмниир, оһох оттон аал уотун аһатар. Хас да ыал алаас алааһынан тарҕаһар кэмнэрэ кэлэн, этэҥҥэ сылы туораан эһиил эмиэ манна көрсүөхпүт диэн малааһын оҥороллор. Оһуохай, олоҥхо, араас күрэхтэр буолаллар. Балаҕаннарыгар төһөнөн күө-дьаа буолан көһөллөрө да, оччонон үчүгэй буолар диэн итэҕэйэллэрэ. Дьиэ хаһаайката сыарҕатыттан түһэн, хотон иччитигэр Ньаадьы Дьаҥхаҕа аһыйбыт үүт бөлөнөҕүн хотоннорун түөрт баҕанатын төрдүгэр-үрдүгэр кутан маанылыыра. Аал уотугар арыылаах алаадьы, саламаат биэрэн, дьиэ иччититтэн Дьиэрдэ Бахсыттан уонна уот иччититтэн Хатан Тэмиэрийэттэн көрдөһүү сиэрин-туомун толороро.
Сотору кэминэн сир тоҥон абааһы ыһыахтара саҕаланаллара. Онуоха аллараа дойдуну кытта сибээстэһэн, эриэн оҕуһу өлөрөн сиэртибэ оҥороллоро. Улуу Добдурҕа саҕана булка туттар сэптэрин-сэбиргэллэрин бэлэмнээн бараллара. Байанайы ханарытымаары, булчуттар бэйэ-бэйэлэрин кытта ханна-туохха баралларын, «хара» наада буолла эҥин диэн сэмээр кэпсэтэллэрэ. Балаҕан уҥа өттө эр киһи өттө буолар, онно олорон бултарын сэбин бэрийэллэрэ. Бу кэмҥэ туттар тэрили дьахтар үрдүнэн атыллыа да, тыытыа да суохтааҕа. Ордук чуолаан хат эбэтэр соторутааҕыта төрөөбүт дьахталлар. Дьахтар сири, аллараа дойдуну кытта сибээстээх буолар. Таарыйа эттэххэ, ол иһин ойууттар хаҥас өттүттэн кыыраллар. Хотон эмиэ хаҥас өттүгэр, оттон сылгы айыылары кытта ситимнээх буолан, хаһаата уҥа турар буолар. Саҥа балаҕаны туттан киирэр буоллахтарына хаан таһаараллара. Куобах, көтөр иһин дьиэ көмүлүөк буоругар көмөллөрө уонна ол үрдүгэр уот оттоллоро. Маннык итэҕэл түҥ былыргаттан бэрт киэҥник тэнийбитэ биллэр. Ол курдук билигин да бэл, итинник үгэһи Африка көс биистэригэр тутуһаллар эбит. Онон саха дьоно тыйыс тымныылаах кыстыгы этэҥҥэ туоруурга кыһанан туран бэлэмнэнэллэрэ, сиэри-туому кытта ыкса ситимнээн, дириҥник сүгүрүйэллэрэ.
Ангелина Кузьмина.
Кыстыкка киирии – балаҕан ыйын бүтүүтэ оҥоһуллар туом, дьиэ-уот кыстыкка бэлэм буолбутун бэлиэтиир. Бу туомҥа дьиэ тускута диэн алгыс этиллэр. Балаҕан ыйын 14 күнэ кыстыкка киирэр кэм быһыытынан биллэр. Бу кэмтэн дьиэни-уоту кыһыҥҥа бэлэмнээһин саҕаланар. Абааһы суолун нэтээги тириитинэн бүөлэнэр диэн тыл суолталанар. Сороҕор, балаҕан ыйын 9-һун диэки Наадьыны аһаталлар, хаас барар кэмигэр. Кыстыкка киирии туома маннык: титииги алҕааһын.
Хотоҥҥо киирии
Балаҕан ыйын 20-тин диэки буолар. Күн-дьыл кирбиитин ыһыаҕын ыыталлар:
-Битииһиттээхтэр.
-Кэрэх туруоруу.
-Сибиэ остуолу тардыы.
Күһүн кыстыкка киирэллэригэр бастаан ынахтарын аҕалаллар. Ынаҕы кытта ынах ыыр дьахтар киирэр. Онтон ыал түөрт хонон баран, көһөн кэлэр (баай ыал).
-Дьиэ таһыгар уот оттоллор.
-Күөскэ чоҕу куталлар, ол үрдүгэр сиэлгэ сууламмыт арыы уураллар.
-Ону киллэрэн хотон муннугар уураллар, хотон иччитин ыҥыраллар.
Кыстыкка киирэргэ Ньаадьыны аһатыы:
-Кыстыкка киирии диэн ынах сүөһүнү титииктэн хотоҥҥо көһөрүү.
-Титииктэн баралларыгар титиик Ньаадьытын аһаталлар.
-Кыстыкка кэллэхтэринэ, хотон Ньаадьытын аһаталлар.
Хотон саҥа тутуллубут буоллаҕына, салама тардыылаах буолуон сөп.
Эбэтэр салама эргэрбит буоллаҕына, саҥа салама тардыыта буолар.
Салама тардыыта суох буоллаҕына, көннөрү аһаталлар.
-Аһатыы уустук да буолуон сөп, судургу да буолуон сөп.
Афанасьев-Тэрис Лазарь Андреевич суруйууларыттан.