Прокопий Елисеевич Ефремов 1960 с. ырыаһыт Р.Н. Салдаатаптан “Хаантаар Сакааһык тииҥи сыыһан баран ыллаабыт ырыата” диэн ырыаны суруйан ылбыта. Бу ырыаны 1921 с. биллэр ырыаһыт Алесеев Алексей-Сакааһык-Ырыа Хаантаар үөрэ#нээччитэ Боруоран тылыттан С.О. Оноопурап суруйбута. Ону тэҥэ Хаантаар Сакааһык “Хаантаар уон сэттэтигэр ыллаабыт ырыата” диэн ырыатын 1925 с. эмиэ Н.С. Семенов-Боруоран ыллаабытын С.О. Оноопурап суруйуута 1977 с. “Саха норуодунай ырыалара” хомуурунньукка тахсыбыттара.

Хатырык хастаабыт эбэ хотунтан
Хаантаар Сакааһык хааман-сиимэн,
Халыйан тиийэн кэлбитим
Хатыылаах, хара дьулаҥ:
Харыйа маһым төбөтүгэр
Хара тииҥим хатанан олороро.
Тутарым даҕаны дьоҕурдаах этэ диэн,
Чуор саабын туһулуу туппутум.
Кыра булт буоллаҕа дии,
Кырыылатан ааһыа диэн,
Кыҥыһахтыы туттаммын,
Кыраһа кыҥаан олоруом диэн,
Кыһалҕата суох турбутум.
Эт сүрэҕин ибили сүүр диэн
Элбэрээкпин эспитим, энэһийэ түстүм:
Өлүөр харахпын өрө көрбүтүм
Өлөксөй (Сакааһык) саата
Үс харыһы өрө тэбэн,
Үөл мутугу үлтү сүүрэн,
Үрүҥ халлааҥҥа өрө мэҥийтэ,
Өрө тэптэҕэ даҕаны
Үлүгэрдээҕин диэн,
Хааһына сэбин,
35
Халтаайга ытыам диэн,
Халбыйа көрөн баран
Хабылыннаран кэбиспитим,
Хаантаар Сакааһык саата
Халты баран халлаанныы турбута.
Тугун баҕас бэрдэй
Туруору тэбэрэ диэн,
Биэс харыһы
Бэтэрэннэн көрбүтүм да,
Мэрсээ уолум саата
Бэрдэ бэттэн,
Биир мутугу булбакка
Бэйдиэ тэппитэ.
Сордоох саа,
Соргуҥ бараммыт диэн,
Өлөксөөн ыраахтааҕы уола
Өлбүгэлээн ыларыттан
Өрүһүнүөх буоллахпына,
Өлбүгэ сэбин үрэйимэ,
Үлтү сүүрэн түһэр диэбитим
Өрүһүлтэтэ суох барбыта.
Түөртэ ытан
Түксүлээн бараммын,
Биинтэ саабын
Бэркэ диэнник
Билгэлээн көрбүтүм:
Биэс сиринэн
Бэлиэ баҕайытык бэттэн хаалан
Бэйдиэннээн барбыт эбит.
Оҥостон олорон,
Одуулаан көрбүтүм:
Ортотун диэккиттэн
Ойуттан түспүт эбит.
Ол иһин даҕаны
Орпуккун эбит диэн,
Ойуолуу сылдьар тииҥи
Одуулаан олорбутум.
Кыра булт буолан баран
Кыаттарбатыҥ диэн олордохпуна,
Халыҥ тыа диэккиттэн
Хаптаҕас Ньукулай
Халыйан тиийэн кэлбитигэр:
«Хааннаах булчут буоллаҕыҥ дии.
Хайҕахтаах сүрэҕин
36
Хампы ытан түһэр!» – диэбиппэр,
Үлүгэр дорҕоонноох, өс киирбэх
Үлтү ытан түһэрбитигэр,
Харыйа анныгар хааман тиийэммин,
Хампаакыскай хамсабын
Хастан көрбүтүм:
Хармааммар суох эбит –
Хамыйахаан балаҕанын
Хабаҕалыгар хаалбыт эбит
Ээ-татай, эр-дьаалы!
Эрэйин эҥинин даҕаны диэн,
Хакыр арбаҕаспын
Хам баанан бараммын,
Хамыйахаан балаҕаныгар барар
Хара суол устун
Хаамар санаам
Хаайан тиийэн кэлбитэ