Ураты нарын тойуктаах саха чаҕылхай лирик бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс муус устар 15 күнүгэр үбүлүөйдээх 105 сылын бэлиэтээтибит. “Кини хоһоонноро судургулар, лоп-бааччы кэпсэтэн эрэрдии истиҥнэр. Итиэннэ ыраас санаанан суруллубут буоланнар, ааҕааччыга тиийимтиэлэр” диэн Баал Хабырыыс лирикатын бэргэнник сыаналыыр саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин эппиттээх. Тапталлаах бэйиэппит олоҕун кэпсээнин уонна айымньыларын төһө билэргитин тургутан көрүҥ.

Хаартысканы https://kyym.ru/ cаайтан туһанныбыт.