Ураһа – саха маанылаах сайыҥҥы дьиэтэ. Кини олус уустук оҥоһуулаах, ылбычча киһи туттубат этэ былыр даҕаны. Ураһа хас да көрүҥүн араараллар: моҕол ураһа (улахан), далла (киэҥ, орто үрдүктээх), ходьол ураһа (кыра) диэннэри.

Былыргы баайдар ураһа туттар буоллахтарына аат-суол туһугар бэрт ииспэрэйдээн, хас да сыл устата ылсан тиһэҕэр тириэрдэллэрэ. Ордук ураһа туоһун бэлэмниир быыччык, уустук үлэ буолара. Холобур, моҕол ураһаҕа 16 тыһ. тиийэр туос хастанара. Манна көннөрү алаас, үрэх сиргэ үүммүт хатыҥ туоһун наһаа чаллах, элбэх мутуктаах диэннэр туос иһиттэргэ эрэ тутталлара үһү. Онтон өрүс сис тыаларыгар уонна үрэхтэригэр үүммүт хатыҥ туоһа мутуга суох, ыраас буолан, оннук сирдэргэ анаан-минээн оҥостон тиийэн туоһу хахтыыллара. Бу ылбыт туостарын аны мээрэйдээн бысталаан, сороҕун ойуулаан, буһаран-хатаран оҥоруу туһунан үлэ.

Аны ураһа маһын бэлэмнээһин эмиэ сүрдээх бириинчик, мындыр үлэнэн буолара. Мас чулуутун, көнөтүн, көҥдөйө, куодата суоҕун талан бэлэмнииллэрэ, күлүк сиргэ хатырыгынан сабан 2-3 сыл сытыаран куурдаллара. Оннук мас хайыта хаппат, бөҕө, эмэхсийиигэ бытааннык бэринэр буолара үһү.
Ити курдук биһиги өбүгэлэрбит үлэлээн-хамсаан, ымпыктаан-чымпыктаан, бэйэлэрин мындырдарынан ураһа курдук модун тутууну оҥостоллоро.

Дайыыла Гоголев ураһатын туос таспата

Ньурба сиригэр-дойдутугар биһиги өбүгэлэрбит эмиэ былыргыттан ураһа туттан олорбуттара биллэр. Ол курдук Хатыы баайа 700 сүөһүлээх Дайыыла Гоголев Бэттиэмэ диэн сайылыгар моҕол ураһалааҕа. Бу ураһа 9 м. курдук усталааҕа. Ураһа туос таспаларын 1971 с. Дайыыла Гоголев аймаҕа Бочуот Ньукулай быраҕыллыбыт дьиэтин үрдүттэн даҥ гыммыттарын булбуттара.

Күндээдэ нэһилиэгэр Эрэндэҕэ (уруккута Кугдаар нэһилиэгэ) Балаагый өтөҕөр суруйааччы Тимофеев-Терешкин Михаил Николаевич эһэлээх эбэтэ сайыҥҥыга икки ураһалаахтар эбит. Олортон биирдэригэр бэйэлэрэ олорбуттар, иккиһигэр ыалдьыт кэллэҕинэ аһатар-сиэтэр сирдэрэ эбит.

Ураһа диэн ааттаах сир Аканаҕа баара биллэр. Манна Балтараа кинээс кэргэнэ Аанакалыын олорбуттар. Эрэ эрдэ өлөн Аанака соҕотоҕун хотун-хаан буолан аатыран-сураҕыран олорбут. Ураһата тоҕус эркиннээх оһуордаах, ойуулаах, оҕуруо киэргэллээх эбитэ үһү. Ураһатын ортотунан оронун оҕо биһигин курдук үөһээ ыйаттаран баран онно утуйара үһү. Хамначчыттара оронун хамнатан, онно бигэнэн утуйарын туһунан сэһэн хаалбыт.

Ураһалаах сиһин күөлэ уонна Ураһалаах үрэҕэ диэн ааттаах сирдэр Тааркаайы нэһилиэгэр бааллар. Ити курдук ураһа турбутунан ааттаммыт сирдэр сир-сир аайы баар буолуохтаахтар.

Ураһа сэргэтэ (баҕаната)

Хомойуох иһин, үөһээ ааттаммыт ураһалар биһиги үйэбитигэр диэри тиийбэтэхтэр. Арай Ньурба улууһугар Күндээдэ нэһилиэгэр Киэҥ Маар диэн сиргэ ураһа онно ордон турар. Истэр тухары Бүлүү бөлөххө Сунтаар улууһугар ураһа сэргэлэрэ ордубуттара биллэр, ол даҕаны бүтүннүү ыккый ойуур буолбут дииллэр. Онтон Киэҥ Маарга баар ураһа түөрт сэргэтэ бааллар. Уруккута тоҕус эргиэһин сэргэлээх (ураһа баҕаната) курдук. Ураһа ортотугар холумтана дьэҥкэтик көстөр. Маны таһынан хаппахчы аанын баҕанатын сорҕото баар. Ураһа киһини кэрэхсэтэрэ диэн – сэргэлэрин оҥоһуута буолар. Олус кичэллээхтик суоран, нарылаан, ваза төбөтүн курдук чочуйан оҥорбуттар. Маннык оҥоһуу ханна да суох. Атын ураһалары көрдөххө курдуулара куоһах иһигэр олорор. Онтон бу ураһаҕа курдуу баҕана чороҕоругар олорор. Хайдах курдук толкуйдаан, уустуктаан оҥорбуттарын көрүҥ! Курдуу буолар маһы булар бэрт уустук үлэ этэ. Ураһа кээмэйигэр, иэҕиллиитигэр сөп түбэһэр токур маһы булуохтаахтара. Бу Киэҥ Маар ураһатыгар өссө ол курдууну дьөлө үүттээн олордуохтаахтара. Хайа да өртүттэн көрдөххө чахчы чыпчаал мындыр үлэ!

Суруйуубун ситэрэн олохтоох кыраайы үөрэтээччи, Күндээдэ олохтооҕо Иванов Петр Тимофеевич ахтыытын киллэрэбин: “Киэҥ Маар ойоҕоһугар Дьаархаҥҥа Борисовтар олохторугар Ураһа диэн сиргэ улахан хатырык ураһа турбут. Билиҥҥи кэмҥэ ураһа атаҕа – баҕаналар ордон тураллар. Үчүгэйдик чочуйуллан оҥоһуллубуттар, барыта түөрт ордон турар. Биир баҕанатын Ньурба музейыгар киллэрбиттэрэ. Бу ураһаны кыра сылдьан Борисов Парфений Прокопьевич көрөр этим диэн кэпсээбитэ. Хатырык ураһа этэ диирэ. Ити эһэтин аах ураһалара эбит, сэниэтик олорбут ыаллар. Кини кэпсэлинэн сэрии сылларын иннигэр аас-туор олоххо кыаммат ыаллар ураһа хатырыгын ылан уокка оттубуттар”.
Онон бу дьикти оҥоһуулаах ураһа элбэх сылы уҥуордаан биһиги үйэбитигэр тиийэн саха мындырын, сатабылын чаҕылхай холобура буолан турар.

Борисов Б.Б.,
К.Д. Уткин аат. Норуоттар доҕордоһуулара түмэл үлэһитэ
31.08.21.

Тирэх литература:

1) Андросов Е. Саха туос ураһата.//Хотугу сулус №8, 1987. С. 95-102.
2) Неустроев Б.Ф. Саха ойуута-бичигэ./Дьокуускай: Бичик, 2007.
3) Николаев В.Н. Акана нэһилиэгин кылгас историята. Илиинэн суруйуу./ Акана, 1986.
4) Ааптар хомуйбут матырыйааллара.