Саха төрүт култууратын биир солбуллубат бэлиэтинэн сэргэ буолар. Саха сэргэтин туһунан үгүс чинчийэр үлэни ыыппыт этнограф В.Ф.Яковлев сэргэ үс көрүҥүн бэлиэтиир: тэлгэһэ сэргэтэ, итэҕэл уонна ыһыах сэргэлэрэ. Бу суруйуубутугар биһиги тэлгэһэ уонна ыһыах сэргэлэрин туһунан сүрүннээн сырдатыахпыт.

Баай Александровтар сэргэлэрэ. Сиэл Ыйаабыт, Күндээдэ. Ааптар түһэриитэ.

Тэлгэһэ сэргэтэ үксүгэр бииртэн үскэ диэри ахсааннаах буолар. Төһөнөн баай ыал оччонон элбэҕи туруорар. Сэргэни илин диэки киирэр аан утары туруораллар. Үс сэргэ кэккэлэһэ турар буоллаҕына, соҕуруу өттүнээҕитэ бастыҥ сэргэ аатырар (эбэтэр тойон сэргэ дииллэр), иккис турааччы – орто сэргэ, үһүс – кэнники сэргэ [1, с. 38]. Кэлбит дьон аттарын мээнэ түбэспиччэ баайбаттар. Холобур, аата-суола суох көннөрү киһи атын кэнники сэргэҕэ баайар, бастыҥ сэргэҕэ баайбат. Тэлгэһэ сэргэлэрэ араас киэргэтиилээх, моһуоннаах буолаллар. Кинилэр сүрүн уратылара — моойдорун уонна чөмчөкөлөрүн араастаан оҥорбут буолаллар. Холобур, маннык чөмчөкөлөр көстөллөр: ат төбөлөөх, үрүҥ сөлөгөй бэлиэлээх (ньолбуһахтыҥы), тарбыйах үрүөлээх, чороонноох о.д.а. [4, с. 27].

Кириэстээх сэргэ. Муоһааны, Таркаайы. Ааптар түһэриитэ.

ХIХ үйэҕэ христианство тарҕаныаҕыттан кириэстээх сэргэлэри туруорар буолаллар. Сэргэ моойун уратыта эмиэ сүрдээх элбэх, эгэлгэ. Сүрүннээн эттэххэ, тэлгэһэ сэргэтэ алаһа дьиэни уонна олохтоохтору араҥаччылыыр, куһаҕан тыыны киллэрбэт суолталаах.

Тэлгэһэ сэргэтин көрүҥэр «кийиит сэргэтин» уонна сатанах сэргэни киллэриэххэ сөп. Кийиит сэргэтин сүрдээҕин киэргэтэн, сиэдэрэйдээн оҥороллоро. Сороҕор кийиит сэргэтин төптөрүтүн судургу көстүүлээх гына оҥороллоро — уоттаах харах, куһаҕан тыын быһа көрбөтүн, инникитин быспатын диэн [9, с. 19]. Сатанах сэргэни мас лабааларын

Кийиит сэргэтэ. Ампаардаах, Хаҥалас. Ааптар түһэриитэ.

быспакка оҥороллоро. Былыр, ол лабааларыгар боотурдар, булчуттар ох сааларын-саадахтарын ыйыыллара [7]. Маны таһынан оҕус-сэргэ диэн эмиэ баар буолара. Ол аата алларатыгар оҕуһу баайарга анаан олуктуу охсон мурун оҥороллоро [4, с. 39]. Сорук-боллур сэргэтэ диэни тиэргэн таһыгар туруораллара. Манна туох эрэ сорукка киирэн-тахсардыы кэлбит киһи атын баайара [9, с. 18].

Ыһыах сэргэлэрэ үс араастаах буолаллар: баҕах, аар баҕах, сэлэ сэргэлэрэ.

Баҕах диэн туорай маһынан холбоммут икки баҕана-сэргэни ааттыыллар. Туорай маһа «биттэх» диэн ааттаах, кини икки өртүн ат төбөтүн курдук оҥорбут буолаллар. Биттэххэ толору кымыстаах сири иһиттэри ыйыыллара. Сороҕор хас даҕаны баҕаҕы оҥороллоро — төһө сири иһиттээх кымыс баарынан. Ол аата баай ыал ыһар ыһыаҕа хас даҕаны баҕахтаах буолара.

Баҕах. Ем. Ярославскай аат. Саха түмэлин пуондата. Куйаар ситимиттэн.

Аар баҕах – баҕахтан илин диэки хайысхаҕа туруорар улахан сэргэлэрэ. Кинини сүрдээҕин киэргэтэн «аҕыс тарбахтаан, тоҕус томторҕолоон, уон уостаан» тупсаҕайдык оҥороллоро. Ыһыах кэмигэр аар баҕахха үрүҥ көмүс үүннээх, ыҥыырдаах, толору симэхтээх маҥан аты баайаллара. Бу курдук аар баҕахтары былыр чахчы улахан баайдар эрэ туруораллара [8, с. 67-68].

Сорох кэпсээҥҥэ кэпсэнэринэн ыһыах ыһааччылар үс сэргэни туруораллара. Уҥа турааччыны олус суон маһынан киэргэтэн, мандардаан оҥороллоро — тойон баҕах сэргэ эбэтэр аар баҕах сэргэ диэн ааттыыллара. Ыһыах кэмигэр манна толору киэргэллээх кырдьаҕас чычаас аты баайаллара, орто сэргэҕэ бастыҥ биэни, үһүс сэргэҕэ аты баайаллара [6, с. 144, 146].

Сэлэ сэргэлэрэ диэн 1,5 м. курдук үрдүктээх, баҕах икки өттүнэн сэлэлии туруоруллар кыракый сэргэлэри ааттыыллар. Ахсааннара 7-12 диэри буолар уонна саламанан ситимнээн киэргэтиллэр. Баай киһи 12, орто баай 7 сэлэ сэргэтин туруорара. Манан көрөн бу киһи төһө баайдаах, сылгылаах сүөһүлээх буоларын быһаараллара [5].

Манна биири бэлиэтиэххэ наада: киин улуустарга баҕаҕы «түһүлгэ», оттон бүлүүлэргэ «аар баҕах» диэн ааттыыллара [2, с. 10]. Уонна сэлэ сэргэтэ диэн наһаа сир аайы тарҕамматах сэргэнэн буолар.

Сэргэ көрүҥүн ситэрэн этэр буоллахха кыргыс уонна аартык сэргэлэрин ахтар тоҕоостоох.

Былыр, кыргыһыахтарын иннигэр, анал “муостаах сэргэни” ойуун ыйыытынан, сиэр-туом оҥорон туруораллара. Бу сэргэ өстөөхтөрбүтүн өлөрөн-өһөрөн, кыайыы көтөллөөх төннөрбүтүн түстээтин диэн суолталанара. Турбутун кэннэ боотурдар сэргэ “муоһугар” аттарын тэһиинин иилэ быраҕа охсоллоругар туһаналлара.

Аартык сэргэтэ – улахан айан аартыктарыгар туруорар сэргэлэрэ. Манна айанньыттар бэлэх-туһах биэрэн, айаннара этэҥҥэ буоларыгар көрдөһөн-ааттаһан ааһаллара [7].

Онон саха сэргэтин көрүҥэ уонна суолтата олус элбэх буолар. Бу – төрүттэрбит олохторун укулаата чиҥин, итэҕэллэрэ дириҥин көрдөрөр.

Борисов Б.Б. – Байан Түһүнэй

Тирэх литература:

  1. Данилова Н.К. Традиционное жилище народа саха: Пространство. Дом. Ритуал. – Новосибирск: Гео, 2011.
  2. Зыков Ф.М. Старинный Ысыах и современное отношение к нему // Ыһыах – үйэлээх үгэспит [тезистэр]. – Дьокуускай, 1991.
  3. Мартынов Н.Н., 1939 с.т., Ньурба куор. уонна Саввинов В.И., 1941 с.т., Ньурба куор. тылларыттан 2019 с. ааптар суруйуута.
  4. Петров Н.Г.-Буруулгун. Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх. – Дьокуускай: Бичик, 2002.
  5. Петров Н.Г.-Буруулгун. Ыһыах туһунан. НьНДТ көмө-билим пуондата. 3 л.
  6. Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ. Оҥор. И.Г. Березкин. – Дьокуускай, 1977.
  7. Федоров Е.Г. Сунтаар сэргэлэрэ. НьНДТ сүрүн пуондата. 4 л.
  8. Эргис Г.У. Праздник ысыах второй половины ХIХ века / Сборник статей и материалов по этнографии народов Якутии. Т.2.– Якутск, 1961.
  9. Яковлев В. Ф. Сэргэ: [Коновязь]. Ч.1. — Якутск: Единый науч.-метод. центр МК Респ. Саха [Якутия], 1992.