Ренессанскай таһымнаах, саха норуотун уһулуччулаах учуонайа Г. В. Ксенофонтов 1921-25 сс. Дьокуускайтан саҕалаан Арҕаа Хаҥаласка, Бүлүү уокуругар Аллараа Тунгускаҕа, Красноярскай кыраайга, Арҕаа Бурятияҕа, Хакасияҕа сылдьан хомуйбут сөҕүмэр элбэх фольклорнай матырыйаалыгар олоҕуран “Эллэйаада” диэн дьоһуннаах кинигэ суруйбута.

“Эллэйаада” – саха норуотун эрэйдээх-буруйдаах ыар дьылҕатын кэпсээнтэн-кэпсээҥҥэ тиһиллэн кэлбитин, номохтон букатын сүтэн хаалыахтарын иннинэ, “тыын былдьаһан” суруллан хаалбытыгар Г. В. Ксенофонтов тугунан да төлөнүллүбэт өлбөөдүйбэт үтүөлээх.

1925 с. биһиги хос эһэбит Ааллаахха ат эккирэтэр дьиэтигэр хоно-өрүү сытан, Гаврил Васильевич оҕонньортон “Быйаҥнаах Быйаа” диэн үһүйээни сурунан ылбыта олус кэрэхсэбиллээх (1). Оччотооҕуга Лэпсэй дьиэтин курдук аныгылыы сарайдаах, киэҥ-куоҥ, сырдык дьиэ чугас эркин суоҕа. Бары да үргүлдьү хотонноох саах сыбахтаах, хотон холоҥсо сыттаах, муус түннүктээх туруорбах балаҕаҥҥа кыстыыллара.

Сахалартан бастакы топонимист-суруйааччы, истиэпэнэ суох учуонай, норуот академига, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Багдарыын Сүлбэ суруйарынан “Ааллаах” диэн топоним олус элбэх уонна дьиктитэ, киһи уорбалыы көрүөҕэ диэн, киһи аалланан хайаан тиргитиэ суох үгүс сирдэрэ Ааллаах диэн ааттаахтар. Онон киһиэхэ бу манна, арааһа, аал болуот диэн өйдөбүлүттэн атын өйдөбүллээх тылынан ааттаммыт сирдэр эмиэ бааллар быһыылаах диэн санаа киирэр” (2).

Хаартыскаҕа: “Бааһына” сэһэн биһирэмнээх геройа Василий Иванович Тимофеев, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов Эбэ алааһын күөх күөнүгэр тураллар, 1982 с.

Саха сирин топонимикатын үөрэтээччи Багдарыын Сүлбэ өрдөөҕүтэ “Үлэ күүһүгэр” Парфенов Лэпсэй оҕонньор кэпсээбит “Быйаҥнаах Быйаа” туһунан дьоһуннаах ыстатыйаны таһаартаран турар. Ол суруйууттан, хайдах баарынан билиһиннэрэбин: “Үлэ күүһүгэр” (10.01.98) Дьиикимдэ 79 саастаах олохтооҕо В.И. Тимофеев “Былыргы Мытаахтар” диэн дириҥ ис хоһоонноох улахан ыстатыйаны таһаартаран турар (3). Мин Мытаахха тиийэн анаан-минээн кинини көрсөн кэпсэтэ сырыттым. Василий Иванович оҕонньор кэпсээнэ биир кэрэ-бэлиэ уратылаах: Халлаантан түспүт Халлаан уола “ый сырдыгын курдук сырдаан көстөр киһи эбит”. Г. В. Ксенофонтов суруйбут үһүйээннэригэр “Хараҕа уонна этэ туус маҥан” дэммит (“Белые как соль”).

Дьэ! Ити “Ый сырдыгын курдук сырдаан көстөр киһи”, диэҥҥэ мин уһулуччу суолтаны биэрэбин.

Маҥан, сырдык ыраас биһиэхэ ураты үрдүктүк тутуллар. Үчүгэйи, күндүнү биһиги хайҕаан үрдэтэ тутан, үрүҥ диибит. Үрүҥ Күн, үрүҥ дьиэ, үрүҥ ас, үрүҥ чаанньык… Ол курдук монголлар эмиэ.

Быйаҥнаах Быйааны монгуол төрүттээх киһи эбит быһыылаах дии санаатым. Ол — манныктан.

Монгуоллар XVII үйэтээҕи летопистара “Алтан тобчи” диэн баар. Үөрэхтээхтэр улуу айымньы дииллэр. Аан дойду үрдүнэн бүтүннүүтүнэн. Нууччалыы “Золотое сказание” эбэтэр “Сокровенное сказание” диэн тылбаастыыллар. Ону уу сахалыы “Истиҥ номох” диэххэ сөп эбитэ дуу (4).

Хаартыскаҕа: Ааллаах өтөҕө, Парфенов Евсей Иванович-Лэпсэй дьиэтэ. Бу дьиэҕэ 1925 сыллаахха Г. В. Ксенофонтов хонон-өрөөн ааспыт.

Чингистэр өбүгэлэрэ Бодончар диэн эбит. Ийэтэ Алан-гоа. Бу дьахтар, кэргэнэ өлөрүгэр, икки оҕолоох хаалбыт. Онтон кэргэнэ өлбүтүн кэннэ, өссө үстэ оҕоломмут. Ол иһигэр – Бодончары. Биирдэ икки уол, улахан уол мунаахсыйан кэпсэппиттэр. Ити бырааттарбыт ким оҕолоро буолалларын (Чьи же эти сыновья). Ити кэпсэтиини ийэлэрэ билбит уонна уолаттарын бэһиэннэрин ыҥыртаан ылан, үс кыра уол хайдах үөскээбиттэрин маннык быһаарбыт.

– Ити үс уол хайдах үөскээбиттэрэй диэн дьиктиргииргит, миигин уорбалыы саныыргыт сөп (правильное подозрение). Түүн аайы биир кыра, араҕас (“желтый”) киһи кэлэрэ, испин имэрийэрэ. Онтон сарсыарда, күн сандаара сырдаан тахсыыта (разливая свет), араҕас ыт буолан хаалара уонна тыҥыраҕынан тардыалыы-тардыалыы (царапаясь) барара. Ону-маны өйдүүр дьон кинини Халлаан уола диэн өйдүүллэр. Чахчы! Мин эмиэ оннук саныыр буолбутум. Кини ыал аайы баар киһи буолбатах. Кэлин атын хааннары уонна норуоттары бас билэр, дьаһайар буоллаҕына, дьэ оччоҕуна, эһиги кини туос ама киһи буолбатаҕын өйдүөххүт. Чахчы!

Алан-Гоа ити “Күн сандаара сырдаан тахсыытын” киһитэ Халлаан Уола («сын Неба”) буоларын бэлиэтэ диир (“Знак”).

Хаартыскаҕа: “Хаҥаластар төрүччүлэригэр”, үһүйээҥҥэ олоҕуран Быйаҥнаах Быйаа Мунньан Дархантан сыдьааннаах киһи буолара сабаҕаланара уонна Мытаахтар Уһун Ойуунтан ууһаабыттара көстөр.

Ити бэлиэни бурят этнограба Г. Р. Галданова Алан-гоаҕа оҕо сырдык дьиэ үрдүнэн чаҕылыйа тыкпытыттан үөскээбит диэн быһаарар. (“Бодончар – предок чингисидов, был зачат от сияния, проникавшего в чрево матери Алан-гоа через дымник юрты”).

Кырдьык ээ. Киһи Алан-гоаны иһин имэрийэр эрэ этэ уонна атын тугу да гынара кэпсэммэт.

Монголлар дьон, хамсыыр-харамай барыта Күн, Ый оҕолоро буолаллар. Ый – Аҕа (“отец – золотой месяц”) диэн итэҕэйэллэрэ. Онтон буряттар эпостарыгар, ойууннарын кыырыытыгар аҕыс атахтаах Ый – Аҕа диэн үгэс буолбут этиилээхтэр.

Ый, ый сардаҥата оҕону үөскэтэр диэн өйдөбүл аан дойду үрдүнэн, ыраах-чугас араас омуктарга баар. Холобур, алтаецтар эпостарыгар Күн, Ый сардаҥалара дьон, тыынар тыыннаах кутун сиргэ илдьэ аҕалаллар дэнэр. Чиэски ыраах сытар Соҕуруу Америкаҕа олохтоох москоби диэн биис ууһа Ый – эр (“Луна играет роль мужа”) диэн өйдүүллэр үһү.

Ааспыт үйэҕэ, көскө кэлэн, Дьааҥыга олорбут И. А. Худяков бүтэһик ыйыгар сылдьар ыарахан дьахтар Ыйтан: ”Ый иччитэ, миигин аһын-харыһый!” – диэн көрдөһөр (“кланяется Луне”) диэн суруйбута баар (5).

Ый, Ый сырдыгын туһунан өссө да үгүһү-элбэҕи суруйуохха сөп. Ол гынан баран манан тохтуум.

Күндү ааҕааччы, ытыктабыллаах Василий Иванович оҕонньор, кырдьык даҕаны, дириҥ силистээх үһүйээни ситэрэн-хоторон кэпсээбит эбит диэн син итэҕэйдиҥ ини.

Сир түннүгэ кырдьаҕастартан кэпсииллэрин болҕомтолоохтук , биир да тылы энчирэппэккэ , билиҥҥи да кэмҥэ суруйар хайдах курдук туһалааҕын бу түбэлтэ көрдөрөр.

Түмүккэ бу этиибин бигэргэтэн биэрэр биир суолу сити үһүйээнтэн холобурдуум.

Быйаҥнаах Быйаа уола Доҕой ойуун сэттэ ойохтоох уонна, онтон-мантан кэллэҕинэ, ойоҕумсаҕа, уоҕа бэрт буолан атыырҕаан, ойохторун тииһинэн быһа хадьырыйар идэлээх эбит.

Ити маҥнай ааҕарга, истэргэ хайдах эрэ солуута суохха дылы дии. Киһи буолуо ини, таптаһарыгар тииһинэн түһэ сылдьыа ини. Ол гынан баран, ити этэргэ дылы, иһэ истээх кэпсээн. Ити Халлаан -атыыр («мужское начало”) диэн өйдөбүлү арылхайдык көрдөрөр, бигэргэтэр түгэн буолар” (6).

Онон Мытаахха суос-соҕотох Быйаҥнаах Быйаа туһунан былыргы үһүйээн иһэ-истээх, дириҥ силистээх-мутуктаах буолан тахсар. Көннөрү күдээринэ суруллубут үһүйээн буолбатах диэн өйдүөхтээххит. Тоҕо эрэ Мытаах туһунан итиннэ хабааннаах биир да үһүйээн да номох да билиҥҥитэ суох. Көннөрү үһү-тамах курдук Мунньан Дархантан сыдьааннаах киһи аата эрэ диэнинэн билэбит, онон бүтэр (7, 8).

Аны күһүн табылыннаҕына балаҕан ыйыгар, биһиги хос эһэбит Лэпсэй “Быйаҥнаах Быйаа” үһүйээни кэпсээбит уонна олорбут өтөҕөр – Ааллаахха, Евсей Иванович ырааҕынан-чугаһынан аймахтара, сыдьааннара уонна сиэннэрэ өйдөбүнньүк суруктаах мемориальнай дуосканы туруорар былааннаахпыт.

Ааллаах – ытык сир, тоҕо диэтэххэ, юрист үөрэхтээх, саха уһулуччулаах учуонайа Г.В. Ксенофонтов 1925 с. хонон-өрөөн ааспыт уонна Саха сирин былыргы күүстээхтэриттэн биирдэстэрэ Е.Е. Парфенов-Күүстээх Дьөгүөр (1900-1978 сс.) төрөөбүт өтөҕө буолар. Былыргыны былыт саппат, уруккуну уу суурайбат. Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх буолуохтаах. Туох барыта үчүгэйдик умнуллубут былыргы.

Парфенов В.П.

Владимир Парфенов,
НГУО чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ,
Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
кыраайы чинчийээччи,
Дьиикимдэ-Мытаах.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Легенды о Быйаа, сыне небожителей / Е. Парфенов // Ксенофонтов, Г. В. Эллэйаада : материалы по мифологии и легендарной истории якутов / Г. В. Ксенофонтов ; ред.-сост. В. М. Никифоров. – Якутск : Бичик, 2004. – С. 115-116.
  2. Сүлбэ, Б. Ис иһигэр киирдэххэ / Багдарыын Сүлбэ. – Дьокуускай : Кинигэ из-вота. 1988 – С. 28.
  3. Тимофеев, В. Былыргы Мытаахтар / Василий Тимофеев // Үлэ күүһэ. – 1998. – Тохсунньу 10 күнэ (№ 3). – С 2-3 ; Тимофеев, В. И. Өһөн сүппэт өбүгэлэрбит / Василий Тимофеев. – Бэрдьигэстээх : Үлэ күүһэ хаһыат редакцията, 2019. – С. 8-10.
  4. Лубсан Данзан.Алтан Тобчи («Золотое сказание») / ЛубсанДанзан ; пер. с монг. – Москва : Наука, 1973. – 435с. – (Памятники письменности Востока /АН СССР, Отд-ние истории, Ин-т востоковедения ;10).
  5. Худяков, И. А. Краткое описание Верхоянского округа / И. А. Худяков ; Акад. наук СССР, Ин-т рус. лит. (Пушкин дом), Ин-т истории, яз. и лит., Якут. фил. Сиб отд-ния. – Ленинград : Наука, Ленинградское отделение, 1969. – С. 189.
  6. Сүлбэ, Б. Быйаҥнаах Быйаа туһунан / Багдарыын Сүлбэ // Үлэ күүһэ. – 1998. – Ыам ыйын 6 күнэ (№ 35). – С. 2. – (Ийэ тыл сүмэтэ).
  7. Айыы боотурдара / бэчээккэ бэлэмнээтэ З. Петухова // Илин. – 1997. – 2 №. – С. 22.
  8. Хаҥаластар төрүтчүлэрэ // Илин. – 1997. – 2 №. – С. 22.