Саха норуодунай суруйааччыта, талааннаах прозаик Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай сэтинньи 22 күнүгэр 1908 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. “Николай Якутскай – саха биир киэҥник биллэр, таптаан ааҕар суруйааччыта. Кини саха прозатын үчүгэй айымньыларынан байытыспыт өҥөлөөх” диэн бэлиэтээбитэ Николай Чуор. Ураты дьылҕалаах дьоруойдары, умсугутуулаах айымньылары айбыт суруйааччыбыт олоҕун уонна айар үлэтин туһунан тургутукка кыттыҥ.

Тургутугу оҥордо Галина Шишигина, саха тылын уонна литературатын учуутала. Хаартыскалары https://sakhalitera.ru/ уонна Е.М. Ярославскай түмэлин саайтарыттан туһанныбыт.