“Саха сирин историята” диэн үс туомнаах бөдөҥ чинчийии тахсарын бары долгуйа күүтэбит. Бу кинигэҕэ туох киирбитин уонна Саха сиригэр олохтоох төрүт омуктар устуоруйаларын, култуураларын, олохторун-дьаһахтарын үөрэтии туһунан историческай наука дуоктара, профессор, Гуманитарнай институт археология уонна этнография салаатын сэбиэдиссэйэ Розалия Иннокентьевна Бравинаны кытта кэпсэттибит.
– Розалия Иннокентьевна, кэнники кэмҥэ устуоруйаны саҥаттан көрүү буолла. “Саха сирин историята” дьоһун үлэҕит туһунан кэпсээ эрэ.
– Бу күннэргэ Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын института 85 сааһын туолар. П.А. Ойуунускай төрүттээбит института бу кэрдиис кэмҥэ Саха сирин норуоттарын устуоруйатын, тылларын уонна култуураларын үөрэтиигэ туох-ханнык ситиһиилэннэ диэн түмүк оҥоһуллар. Манна историктар, археологтар уонна этнографтар утары уунар дьоһун үлэбит “Саха сирин историята” диэн үс туомнаах кинигэ буолар.
Бу бырайыакка үлэ 2013 сылтан саҕаламмыта. Билигин кинигэ Новосибирскайга “Наука” кинигэ кыһатыгар таҥылла сылдьар. Кинигэ эппиэттээх эрэдээктэрэ историческай наука дуоктара, бэрэпиэссэр А.Н. Алексеев.
“Саха сирин историята” диэн 3 томнаах урукку таһаарыы бастакы туома 1955 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Ол кэнниттэн ааспыт үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ олох бары эйгэтигэр, ол иһигэр наука сайдыытыгар улахан уларыйыылар таҕыстылар. Кинигэҕэ Саха сирин устуоруйата Аан дойду, Арассыыйа устуоруйатыгар дьүөрэлии тутан сырдатылынна. Айыы сирэ аһаҕас буоларыныы, урут да кэлии, барыы, ол быыһыгар алтыһыы да, атааннаһыы да элбэҕэ. Кинигэҕэ устуоруйа хас биирдии кэрчик кэмэ Киин Азия уонна Сибиир уопсай историческай сайдыытын сырдатар түһүмэхтэн саҕаланар. Онно Арассыыйа биллэр учуонайдара кыттыыны ыллылар, холобур, Сибиир археологиятыгар биллэр үлэлэрдээх Санкт-Петербурдааҕы университет профессора Д.Г. Савинов, Кунсткамера музейын дириэктэрэ, быйыл РФ Государственнай бириэмийэтин ылбыт этнограф, РНА чилиэн-корреспондена А.В. Головнев, хотугу норуоттар тылларын үөрэтэр, филологическай наука доктора А.М. Певнов о.д.а.
Кэнники сылларга урукку сабыылаах архыыптар ааннара аһыллан, устуоруйаны сырдатыыга үөһэттэн бобуу-хааччах көтүрүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата сөптөөх үбү-харчыны тыыран, Арассыыйа, тас дойдулар архыыыптарын, музейдарын үөрэтэн, чинчийэн, үгүс саҥа матырыйаал хомуйуллунна. Матырыйаалар, докумуоннар сорохторо туспа кинигэ, альбом буолан бэчээттэнэннилэр.
Аныгы кэмҥэ наука балысханнык сайдан, историческай наука саҥа таһымҥа таҕыста. Холобур, археологияҕа естественнай наука ньымаларын күүскэ туһанар буоллубут. Радиоуглероднай, дендрохронологическай анализтарга олоҕуран, пааматынньыктар датировкаларын чуолкайдыыбыт, антропологическай, генетическай, медико-биологическай, физико-химическай чинчийиилэри туһанабыт.
«Саха сирин историята” үлэ үс туомнаах.
1 туом таас үйэттэн саҕалаан нуучча кэлиэҕэр диэри археология уонна этнография матырыйаалларыгар олоҕуран сурулунна. Урукку таһаарыыга Саха сирин олохтоох норуоттарын култууралара анал миэстэни ылбатаҕа, оттон билигин онно ураты болҕомто уурулунна.
2 туомҥа Саха сирэ нуучча судаарыстыбатыгар киириэҕиттэн ХХ үйэ саҥатыгар диэри ураты уустук кэрчик сырдатылынна. Манна сүрүн миэстэни Тыгынтан саҕалаан, саха саарыннарын устуоруйаҕа суолталарын арыйыы ылла.
3 туомҥа ХХ-ХХ1 үйэлэр – сэбиэскэй былаас олохтонуута, гражданскай сэрии, колхуостааһын, Аҕа дойду сэриитэ, ол иһигэр аччыктааһын, көһөрүү, онтон да атын улахан мөккүөрдээх уустук тиэмэлэр киирдилэр.
Бастакы туомҥа археология хайысхатыгар улахан болҕомто саха төрүтүн, историческай сайдыытын туһунан историческай проблемаҕа уурулунна. Манна кэнники арыйыллыбыт археологическай пааматынньыктар төһүү буоллулар. Намҥа көстүбүт Нэлэгэр диэн сиргэ сахалар X-XII үйэлэргэ олоро сылдьыбыттарын радиоуглероднай анализ түмүгэ көрдөрдө. Ити кэмҥэ Уус-Алдан Угаанньы, Аммаҕа Сырдык сулус диэн сирдэргэ сахалар түөлбэлээн олорбуттарын радиоуглероднай анализ чуолкайдаата. Бу кэмҥэ Сибииргэ климат биллэ сылыйа сылдьыбыт. Саха сирин географиятын уонна айылҕатын туһунан түһүмэҕи биологическай наука дуоктара Р.В. Десяткин салайааччылаах географтар уонна биологтар бөлөхтөрө суруйда.
– Саха өбүгэтин төрдүн чинчийии хайдах киирдэ?
– Саха түҥ былыргы өбүгэлэрин силистэрэ-мутуктара кинигэҕэ улахан миэстэни ылла. Киин Азия, Сибиир улаҕатыттан сылгы көлөлөөх көс биистэрэ орто үйэлэр саҕаланыыларыгар Саха сиригэр биирдиилээн охсуллан ааспыттар. Ол курдук Өлүөхүмэ Улахан Сэҥэлэннээх салаатыгар III–IV үйэлэрдээҕи пааматынньык көстүбүтэ. Манна оҕус атаҕын уҥуоҕа, сылгы төбөлөөх киэргэл, былыргы хууннар тутта сылдьыбыт ох саалара, охтор, кытай манньыата о.д.а. булумньулар бааллар. Ол аата бастакы үйэлэр саҕаланыыларыгар ынах, сылгы сүөһүлээх дьон Өлүөнэ тардыытыгар кэлбиттэр. Манна сыһыаран эттэххэ, саха култууратыгар улуу хууннар суоллара-иистэрэ үгүс. Дэлэҕэ биллэр археолог Д.Г. Савинов этиэ дуо: “Хууннар култуураларын үөрэтэргэ сахалар култууралара төрүт холобур буолуохтаах” диэн. А.П. Окладников 1955 с. суруйбут “Саха сирин историятын” бастакы туомугар сахалар түҥ былыргы өбүгэлэринэн Прибайкальеҕа олорбут курыкааннар буолаллар диэн түмүк оҥорбута. Курыканнар тустарынан кэлин элбэх саҥа көрүү баар буолла. Холобур, бурят учуонайа Б.Б. Дашибалов кинилэри хори-монголлар, Иркутскай археолога А.В. Харинскай ала аттаах алааттар, буомалар этилэр дииллэр. Ала аттаах алааттары, буомалары сахалар өбүгэлэрэ диэн саха этнограба, кыраайы үөрэтээччи А.А. Саввин өссө 1940-с сылларга суруйан турар.
– Оттон саха тылын састаабыгар олус элбэх монгуол тыла баар.
– Саха сиригэр монгол кэмин (XII үйэ) иннинэ биирдиилээн түүр, монгол тыллаах биисэр уустара кэлбиттэр. Холобур, үһүйээннэргэ тоҕус ураһалаах тоҕустар (уйгуурдар), ураанхайдар, кыргыстар, моҕуол төрүттээх Омоҕой, татаар хааннаах Эллэй, кус-хаас саҥалаах хоролор ахтыллаллар.
Саха төрүт өбүгэлэрэ хантан хааннаах, кимтэн кииннээх этилэрий диэн ыйытыыга антропологическай, генетическай чинчийиилэр хоруй биэрэллэр. Ол курдук саха эрдэтээҥҥи көмүүлэригэр көстүбүт дьон дьүһүннэринэн Соҕуруу Сибиир түүрдэригэр, Киин Азия монгуолларыгар, олохтоох хотугу норуоттарга чугастар.
Бастакы туомҥа анал түһүмэх Саха сирин норуоттарын генетическай устуоруйатыгар ананна. Генетиктар биологическай наука дуоктара С.А. Федорова, б.н.к. Н.А. Барашков суруйалларынан, саха эр дьонун 80% биир төрүт киһиттэн хааннаахтар. Ити игрек хромосома 3-с линията 1500 тахса сыл анараа үөскээбит. Бу киһи сыдьааннара V уонна XII үйэлэргэ ордук элбээбиттэр. Бастакы датировка саха тыла уопсай түүр тылларыттан арахсыытын кытта, иккиһэ саха эрдэтээҥҥи пааматынньыктарын датировкаларын кытта сөп түбэһэрэ сөхтөрөр.
Аны сахалар хайдах ууһаан, тэнийэн олохсуйбуттарай диэн ыйытыы турар. Урут бастакы нуучча дөкүмүөннэригэр олоҕуран, сахалар нуучча кэлэригэр Өлүөнэ орто салаатыгар төбүрүөннээн олорбуттара диэн көрүү баһыйара. Холобур, маҥнайгы нуучча айанньыттара Бүлүү өрүһүнэн устан иһэн, сахалары көрбөтөхтөрүн суруктарыгар ыйбыттар. Онуоха саха сүөһү иитэр кыһалҕалаах дьон өрүс сүнньүн баппакка, үксүн оттуур ходуһаларын аттыгар күөллэр, от үрэхтэр үрдүлэригэр олорбуттара буолуоҕар сөп. Кэнники сылларга Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга көстүбүт XIV-XVI үйэтээҕи өтөхтөр оннулара, көмүүлэр саха Бүлүүгэ былыргыттан олохсуйбутун кэрэһэлииллэр. Ону ааһан, Томпоҕо Саһыл нэһилиэгэр сахалар XIV-XVI үйэтээҕи өтөхтөрө көһүннэ. Бу Өймөкөөҥҥө, Дьааҥыҕа тиэрдэр аартыктар төрдүлэрэ. Онон Г.В. Ксенофонтов сахалар нуучча кэлиэн быдан инниттэн Саха сирин бары муннуктарыгар тиийэн олохсуйбуттара диэн сабаҕалааһына оруннаах.
– Саха сирин олохтоох норуоттарын култуураларын уонна тылларын чинчийии хайдах киирдэ?
– Бастакы туомҥа этнография хайысхаҕа Саха сирин норуоттарын олоҕо дириҥник хорутуллан киирдэ. Манна урукку курдук туох-ханнык дьаһанан олорбуттарын ойуулааһын эрэ буолбакка, дойду (Дьокуускай, Илин эҥээр), Бүлүү, уһук хотугу саха түөлбэ култууралара олохтонуулара, саха сүөһү иитэр култуурата төрүттэниитэ бары өттүнэн сырдатылынна. Саха сирин норуоттарын – эбэҥкилэр, эбээннэр, дьүкээгирдэр, долганнар, эрдэтээҥҥи нууччалар удьуордара (старожилы) култууралара уонна тыллара бары өттүнэн үөрэтиллэн киирдилэр.
Онон Саха сирин устуоруйатын суруйууга Арассыыйа, Сибиир уонна Саха сирин наука араас хайысхатыгар үлэлиир учуонайдарын бииргэ түмсэн үлэлээтилэр. Бырайыак тула Москваҕа, Петербурга, Новосибирскайга уонна Дьокуускайга ыытыллыбыт конференцияларга, семинардарга ырытыллар проблемалар тула мөккүөрдээх кэпсэтиилэр, дьүүллэһиилэр буоллулар.
Бастакы туому бары өттүттэн илдьиритэн, Арассыыйа академияларын чилиэн-корреспонденнара Сибиирдээҕи археология уонна этнография институтун дириэктэрэ, археолог А.И. Кривошапкин (Новосибирскай) уонна дойду биллэр этнографа С.А. Арутюнов (Москва) рецензия суруйдулар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин аҕа баһылыктара Е.А. Борисов, А.С. Николаев, Бырабыыталыстыба, Саха сирин академията үлэбитигэр бары өттүнэн өйөөбүттэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ наукаларын кырдьаҕас кыһата аныгы үйэҕэ тэтимин эбэр, наука инники күөнүгэр эрэллээхтик хаамар.