Абый улууһун Бочуоттаах гражданина, суруйааччы, бэйиэт, суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Николай Васильевич Слепцов-Абыйчанин уус тылынан ааҕааччыны хотугу сир ураты нарын дойдутугар сиэтэн киллэрэр: «Алтан солуур түгэҕин курдук туолбут ый тыаны үрдүнэн саҥардыы үөмэн тахсан эрэр…», «… эйигин чэмэлийэ ойор сырдык күнүм сарпа сарыалынааҕар ордуктук таптыыбын, алгыстаах-ачалаах аан ийэ дойдум ханнык да кэрэ киэргэл симэҕинээҕэр быдан күндүргэтэбин!» («Хотугу таптал», с. 16–19).
Итэҕэл, булт, хотугу дьон олоҕо-дьаһаҕа, дьарыга киһи эрэ ааҕа олоруон курдук сиһилии кэпсэнэр. Холобур, эбээн булчута кэргэн ылаары гыннаҕына, үгэс быһыытынан, эт илиитинэн бултаан, бөрө төбөтүн тириититтэн араарбакка, хоолдьугунан быһа баттаммыт тириитин салыбыраппытынан кыыс дьонугар илдьэ кэлэр эбит. Ол кини күүһүн-уоҕун, хайа баҕарар түгэҥҥэ адьырҕаны кытта хапсыһан, дьонун быыһыыр-өрүһүйэр кыахтааҕын, хорсун майгытын көрдөрөр.
Аҕата Слепцов Василий Николаевич, «Кэрэмэс Баһылай» нуучча хаһааҕын оҕото. Ийэтэ Матрена Степановна 13 оҕону оҕоломмутуттан Абыйчанины сааһыран баран, мүһэргитигэр төрөөппүт оһоҕос түгэҕинээҕи оҕото. Бу туһунан кини «Хотугу таптал» айымньытыгар суруйбута суруйааччы олоҕун үөрэтэргэ көмө буолуоҕа.
Николай Васильевич эдэр сааһыгар хараҕынан көрбөт буолбута, ол эрээри айарга, суруйарга күүскэ тардыспыта, тылы, норуотун, төрдүн-ууһун, үгэһин дириҥник үөрэппитэ. “Суругу кыайан көрбөт буоламмын, орто дойду туох баар олоҕуттан матан, тугу да билбэккэ бүтэй хааһах курдук, түүнүн утуйар, харахпын симэн ылар дьол тиксибэтэҕэ”, – диэн кини суруйбута. Суруйааччы олоҕун туһунан салгыы сиһилии сэргээн ааҕаргытыгар ыҥырабыт.
Ойууннууртан аккаастаныы
Бииргэ төрөөбүт эдьиийин Акулина Васильевна кыыһа, сибээскэ үлэлээбит Клавдия Васильевна Щербакова (Новикова):
– Николай Васильевич туһунан кэпсиир буоллахха, кини мин ийэбин Акулина Васильевнаны кытта бииргэ төрөөбүт саамай кыра быраата буолар. Эбэм Мотрена Степановна Слепцова улуу эбээн удьуордаах, кыракый уҥуохтаах, 13 оҕолоох. Таайым Николай Васильевич ылгын оҕо буолар. Ийэм кинини наһаа кыра оҕолуу көрөр этэ. Эбэм сааһырбытым, ыйдааҕым бүппүтүн кэннэ, өр буолан баран бу оҕо кураанаҕынан үөскээн төрөөбүт оҕо диэн кэпсиирэ. Уонна мээнэ киһи буолбатах, улуу, ытык дьон удьуора, эбэм кинилэр тустарынан отой кэпсээччитэ суох. Ойууннар эбиттэр. Эбээн эһэтигэр, дьон кэпсииринэн, улуу сиэмэх ойуун баар эбит. Ол иһин отой кэпсээччилэрэ суох, оннооҕор киэһэ хараҥаҕа кини аатын ааттаабаттар, кэпсээбэттэр этэ, истиэхтэрэ диэннэр айыыргыыллара.
Николай Васильевич эдэр оҕо сылдьан ону билбэт, кэлин сааһыран баран улуу дьон эрэ диэччи. Наһаа үтүө санаалаах, мээнэ кыыһырбат холку майгылаах буолааччы. Ол эрээри кыыһырдаҕына, күүскэ кыыһырара, тугу да гынарын билбэт буолааччы. Төһө да истибэт, көрбөт, кэпсэппэт буоллар, элбэҕи билэрэ, сүрдээҕин ааҕара. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, биһигини бэрэбиэркэлээн көрөөччү. Оччотооҕу оҕолор үөрэхпитигэр үчүгэй буолааччыбыт. Кини барытын билэриттэн наһаа сөҕөөччүбүн. Кини наһаа күүстээх этэ, бэйэтин сааһыгар сөбө суох күүстээҕэ уонна олус хорсун эбит. Тугу санаабытын барытын этэрэ үһү, ол иһин кинини оҕолор «куттаммат хаан» диэн ааттаабыттар. Онтулара түргэнник эттэххэ, «куттамахаан» диэн тахсар эбит. Итинник ааттаабыттар оҕолор… Улаатан хомсомуол буолан баран, ойууттар диэн сымыйа диир эбит. Ону кинини ойууттар муокастаабыттар. Индигир ойууттара көрсүһэр аартыктаахтар эбит, онно мунньустан ыһыах курдук тэрийэллэр эбит. Хас эмэ хонугу быһа, туойаллар, эккирээн тахсаллар, күүстэрин көрдөрөллөр эбит. Ону таайым түксү бүтүҥ, туохха да наадата суоҕу гынаҕыт диэбит. Кырдьаҕастар этэллэринэн, кинини ойууттар бэйэлэрин оннугар хааллараары гыналларын, утарыласпыт дииллэрэ. Ойуун буолуон баҕарбатах… эһигини истиэхпин, көрүөхпүн баҕарбаппын диирэ үһү. Ол иһин кинини көрбөт, истибэт, саҥарбат оҥорбуттар. Хайаҕа чубукуга сылдьан охтубут курдук дииллэрэ да, ойууттар оҥорбуттара буолуо. Өлүөр диэри оннук сылдьаахтаабыта… Кэлин быраатыгар Николай Семенович Радичка түүлүгэр киирэн: «Мин наһаа үчүгэй сиргэ сылдьабын, күөх сиргэ баарбын, манна көрөбүн, истэбин, саҥарабын. Миигин төлөрүттүлэр, мантан эһигини истэбин көрөбүн», – диэбит этэ. Убайбыт Николай Семенович Радич эмиэ суруйааччы, таайбыт түүлбэр үөрэн көһүннэ диэн астынан кэпсээбитэ. Николай Васильевич истибэт да буоллар, куруук күлэ-үөрэ, дьээбэлэнэ сылдьааччы… Оҕолорго наһээ үчүгэйдик сыһыаннаһааччы, эдэрдэри өйдүүр этэ. Кырдьаҕастары быһа хаамымаҥ, утары саҥарымаҥ, кырдьаҕас этэрин мэнээх истэн кэбиһимэҥ, өйдөөн-төйдөөн истиҥ диэччи.
Истибэт буолан дьиэтэ аһаҕас турааччы, обургу оҕолор киирэн онтун-мантын илдьэ баран муокастыыллар этэ. Ону кини ити оҕолортон саарбах дьон тахсыыһы диирэ… Онто туолбута. Наһаа билэрэ… Биирдэ Радич Коля өрүс түран хас да хонукка Ньукулайга сылдьыбатах. Өрүһү туораан, киһим хайдаҕа буолла диэн кэлбит. Өссө куһаҕан түүлү түһээбит. Түүлүгэр түүҥҥү киһи биир Ньукулайы ылабыт диэбит. Кэлэн көрбүтэ аан аһаҕас эбит, киирбитэ заалыгар олороро үһү. Санныттан туппутугар олус соһуйбут. «Куһаҕан түүлү түһээн кэллим, биир Ньукулайы ылар буолбуттар», – диэн Радич кэпсээбит. Ону кини өр баҕайы сүүһүн туттан олорон баран: “Куттаныма, атын Ньукулайы ылар буолбутттар”, – диэн хардарбыт убайбыт. Ол күн төттөрү бөһүөлэккэ тиийбитэ аймана аҕай сылдьаллар эбит. Урукку баһылыктара Белай Гораҕа эмискэ өлөн хаалбыт эбит. Слепцов Николай Николаевич-Офицер Коля диэн киһи эмискэ быстыбыт. Николай Семенович Абыйчанин ону билбитин олус сөхпүт.
Дьиэ кэргэнэ
– Эдэр сааһыгар Тамара Михайловна диэн кэргэннээх Галя диэн оҕолоох этэ. Куораттан кэлбит биэлсэр кыыс этэ. Ыалдьыбытыгар кэргэнэ көрбүтэ. Онтон бэйэтэ ыалдьан дойдутугар Хангаласка төннүбүтэ. Онуоха ийэм быраатын уонна ийэтин көрөөрү биһигини кыра эрдэхпитинэ, хаалларан барбыта. Эбэбит 105 сааһыгар тиийбитэ. Биһиги аҕабытыгар Василий Ивановичка хаалбыппыт. Онон ийэм Абыйчанины өлүөр диэри көрбүтэ. Оччолорго быраатым Владимир икки саастаах этэ. Ийэм аах уопсайга олороллоро. Таайбын Ньукулайы кытта суругунан кэпсэтэр этибит. Суругун лупанан ааҕарбыт. Элбэх хаһыат, сурунаал суруйтарара. Ону ааҕан аралдьыйааччы. Дьону отой куһаҕан-үчүгэй диэн араарбат этэ. Барыларыгар тэҥҥэ сыһыаннаһара. Хаайыыга да олорбут дьону өйдөөччү, кыаҕа баарынан өйүү сатааччы. Сыыһа-халты үктэнэн, киһи олоҕор араас буолар диирэ. Күнүс утуйан ылааччы. Дьон хаһыат нөҥүө билсиһэллэрин үчүгэй эбит диэн «Кыым» хаһыакка суруйбут этэ. Онно биир киһи кэлэн миигин ити суруйдуҥ дуо диэбит, ити хаһыат бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар, Москуба, Ленинград киин бибилэтиэкэлэригэр ыыталлар, миигин тоҕо суруйдуҥ диэн утуйа сыттаҕына, быһаарса кэлбит. Утуйа сытар киһиэхэ уолугар түспүт. Николай Васильевич утуйар оронун уҥа өттүгэр уонна истиэнэ икки ардыгар улахан баҕайы батас курдук сүгэлээх этэ, ону ким да билбэтэ. Ону кини уһукта охсон хабарҕатыттан харбаабыт уонна сүгэтин таһаарбыт сиирэ-халты охсо сыспыт. Ол киһи мөхсө сатаабыт да, киһитэ ыыппатах. Дьэ билигин да кыахтаах эбит диэн саллыбыт. Нэһиилэ төлөрүйэн куоттум, кэннибиттэн сүгэтин бырахта диэн төбөтүн илгитэ-илгистэ төннүбүт ол киһи. Кэлин таайым ону күлэ-күлэ кэпсиирэ, бэйэтин көмүскэнэр кыахтаах этэ, оннооҕор хас хонугунан ким кэлэрин билэ олороро. Ол иһин аана аһаҕас буолааччы куруук, ким эмэ кэлиэ буоллаҕа диэччи. Тугум да суох диирэ да буоллар, туохтаах эрэ быһыылаах этэ…бүтэйдии көрө-истэ сылдьара. Эппиттэрэ, истибитим диирэ… хаһан даҕаны табах тардыбат, арыгы испэт этэ. Саҥа дьылга биирдэ эмэ бу тахсыылаах сыл диэн сампаан туруорааччы… куораттан суруйааччылар кэллэхтэринэ, үчүгэй баҕайытык көрсөр этэ. Петр, Николай Тобуруокаптар, Николай Егорович Винокуров-Урсун, о.д.а суруйааччылар сылдьааччылар. Кинини ытыктыыллар этэ. Аахайбат буоллахтарына билсиһэ сатааччыта суох. 1997 с. кини хайдах эрэ туораабатын билэр этэ.
От ыйын 14 күнүгэр 1997 с. өлбүтэ. «Саас эрдэ туох эмэ буоллахпына, миигин хомуньуус курдук көмөөрүҥ. Уҥуохпар кириэс туруораайаҕыт, сулустаарыҥ, венок аҕаллахтарына уураайаҕыт, аттыбар баар киһиэхэ уураарыҥ. Мин анараа дойдуга хомуньуус курдук барыаҕым. Маннык бүтэйэдэммитим 50-ча сыл буолла, ол да буоллар, бэриммэтим олоробун, син биир хотторботум, онон хомуньуус курдук өлүөҕүм», – диэн тоһоҕолоон эппитэ. Онон таайбыт Николай Абыйчаанин ытык киһи ыччата, улуу киһи удьуора буолар.
Өбүгэ ситимэ
Тапталлаах сиэнэ, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай колледж дириэктэрэ Алексей Александрович Щербаков:
– Мин эбэм Слепцова Акулина Васильевна бииргэ төрөөбүт быраата Николай Васильевич Слепцов (Абыйчанин) элбэх оҕолоох ыал Василий Николаевич уонна Мотрена Степановна кыра уоллара этэ.
Мин олоҕун туһунан ахтыбаппын, ол туһунан элбэхтик суруллубута. Манна кини хайдах баарынан, өйдүүрбүнэн ахтыахпын баҕарабын. Дьиҥнээхтик олоҕу таптыыр, күүстээх санаалаах, төһө да ыалдьарын иһин, билиигэ-көрүүгэ, айар үлэҕэ олус дьаныардаах киһи быһыытынан билэбин.
Эһэбин төрүөхпүттэн көрбүтүм да буоллар, кинини мин аан бастаан өйдөөн хаалбытым биир соччото суох түгэҥҥэ буолбута. Ол маннык этэ. Түөрт сааспар ийэм кылабачыгас тастаах оҕо саабылатын атыыласпыта. Мин ону олус сөбүлээн куруук бэйэбин кытта илдьэ сылдьарым. Биир киэһэ аймахтарбытыгар күүлэйдии бардыбыт, ханнык эрэ бырааһынньык буолан аймах элбэх этэ, олор истэригэр мин эһэм эмиэ баара. Миигин эһэбэр аҕыллылар, кини илиибиттэн тутан олорон, сатаан саҥарбат буолан, тугу эрэ бөөҕүнээн миигин куттаата. Онтон миигин тутан көрөн баран, саабылабын булан ылан, далбаатаабытыгар төрдүнэн токуруйан хаалла. Ону билбэккэ, эһэм далбаатыырын тохтоппото. Тарбахтарыгар суруйан эппиттэригэр, ону көннөрөөрү отой да тоһутан кэбистэ. Мин марылаччы ытаатым. Ол күн бырааһынньыктаан бүттэҕим ол.
Ити кэнниттэн кэлин эһэбин кытары бодоруспуппут. Табаарыстыы буолбуппут. Дьиктитэ диэн дьиэтигэр куруук «при параде» сылдьара. Кинини дьиэтигэр хаалтыһа суох көрө илигим, куруук остуолугар тугу эрэ суруйа олорор буолара. Мин санаабар, күҥҥэ олорон суруйаран, айарын сөбүлүүрэ. Күн биһиэхэ Абый улууһугар саас уонна сыйын олус дэлэй буоллаҕа. Киниэхэ кэллэхпинэ, эмиэ суруйа олорор буолара. Киирэн хаһыытыыгын, муостаны тиҥилэхтиигин, да тугу эрэ үлүһүйэн суруйа олорор буолан, отой истибэт этэ. Хайыахпыный, аралдьыйарын кэтэһэн, дьыбааҥҥа олорорбор тиийэрим. Дьэ аралдьыйдаҕына, остуолугар чугаһаан кэлэн, илиитин туттаххына, эбэтэр остуолун таарыйдаххына, соһуйан дьигиһийэн ылаат: «Кимий бу? Кимий?», – диэн хаһыытааччы. Кумааҕыга эбэтэр илиитигэр суруйарым ааппын. Дьэ оччоҕо суругунан кэпсэппитинэн барара. Итини барытын мин кинини күлүү гынан суруйбаппын, кини өмүрдэҕинэ, киһи күлэрэ туох да суох. Эһэм олус улахан уонна кытаанах көрүҥнээх этэ. Сарсыарда аайы сэрээккэлиир этэ, тымныы уунан куттара, күүстээх буолара биллэрэ. Кини киһини туттаҕына, кытаанахтык ылара, төһө да хаһыытаатаргын, мөҕүстэргин истибэт, көрбөт буолан ыыппат этэ.
Онтон, дьэ, тугун барытын быраҕан туран биһигини көрсөрө. Улахан көстүрүүлэҕэ таба этин сүүрүҥүйдүү буһаран күндүлүүрэ. Онтукатын эрбэҕин өрө тутан: «Бу!», – диэн хайҕаан, тойон эрбэҕин өрө тутан көрдөрөрө. Эһэм олоҕу олус таптыыр этэ, дьону кытта алтыһарын сөбүлүүрэ. Хайдах сатыырынан кэпсэтэ, алтыһа сатыыра. Куруук араас уочаркалары, хаһыакка ыстатыйалары суруйара. Олохтон хаалсыбат этэ, куруук туох буола турарын, тугунан дьарыктанарбытын ыйыталаһара. Төрүттэрбитин үөрэтэрэ, хас биирдии киһи өбүгэлэрин кытта ситимнээҕин туһунан кэпсиирэ.
Эһэбит Николай Васильевич кимиэхэ да олоруон баҕарбат этэ. 90-с сыллартан ыалдьар буолан барбыта. Элбэхтик балыыһаҕа киирэр буолбута. Үрүҥ Хайа интэринээт дьиэтиттэн Дьокуускайга эмтэнэ барарыгар кини тиһэх тыллара миэхэ, ол эрээри баар дьоҥҥо барыларыгар туһаайыллыбыттара: «Көрүҥ бу ким атаара кэлбитин. Бу мин сиэним. Өйдөөҥ хаалыҥ кинини».
Бүтэһигин биһиги Дьокуускайга төттөрү Үрүҥ Хайаҕа көтөрүгэр көрсүбүппүт. Онно мин М.И. Калинин аатынан Благовещенскайдааҕы университекка киирэн үөрэнэ бараары сылдьарым. Тиһэх көрсүһүүбүт буоларын сэрэйбитим. Иһиттэн саҥата тахсыбат буолбут этэ. Ол эрээри сиэннэригэр хас биирдиилэригэр кэриэс тылын эппитэ. Кини кыыһа Алексеева Галина Николаевна уонна сиэннэрэ буолан от ыйын 30 күнүгэр 1997 с. тиһэх эриэйсигэр атаарбыппыт.
Эһэм миэхэ умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Олоҕу күүскэ таптыырга уонна чиэһинэйдик олорорго холобур буолбута. Киэҥ билиилээх, дириҥ өйдөөх-санаалаах киһи этэ. Биһиги кинини өрүү саныыбыт!
Биир дойдулааҕа Николай Петрович Черемкин:
– Абыйчанины кытта биир нэһилиэккэ улааппытым. Сааһын сиппэккэ эрэ ыарыһах буолбута. Улахан сиэмэх ойуун тахсаары гыммытын айыы ойууна бохсубут дииллэрэ. Ханна да ыарыйдым диэн быстах саҥара сылдьыбат этэ. Киһи дьарыктаах буолуохтааҕын курдук саныыра, ол иһин суруйуунан дьарыктаммыта. Кэрэмэс Баһыкаан диэн аҕата улахан күүстээх киһи этэ. Атын киһиэхэ кэргэн тахсыах буолан баран ийэтэ Мотуруона киниэхэ тахсыбыт. Киһи быһыытынан аламаҕай киһи этэ.
Ангелина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата.
Хаартыскалары суруйааччы аймахтарын тус архыыптарыттан туһанныбыт.