Саха сиригэр дьон-сэргэ түҥбылыргыттан олорбута биллэр. Ол курдук үөһээҥҥи палеолит саҕанааҕы, 30 тыһ. сыл анараа өттүнээҕи, дьон тохтоон, олохсуйан ааспыт «стоянкалара» Алдан, Дьааҥы өрүстэр сүнньүлэригэр көстүбүтэ. Онон Саха сирин түҥбылыргы олохтоохторо кимнээх буолалларын, ханнык норуот хантан үөскээбитин, тылларын-өстөрүн үөрэтиигэ араас хабааннаах үлэлэр сурулуннулар. Ол эрээри билим сайдан, саҥаттан-саҥа арыйыылар, былыргы дьон көмүүлэрэ көстөн истэхтэрин аайы бу үөрэтиилэр бэйэ-бэйэлэрин утарсар, хайдыһар түгэннэрэ тахсан иһэллэр. Түҥбылыргы норуот араҥатын үрдүгэр сир дьапталҕаланарын курдук атынтан-атын кирбии сабыдыалласпытын түмүгэр ханнык эрэ сүтэн, ханнык эрэ баһыйан, биир тыллаах, култууралаах, итэҕэллээх этнос үөскээн тахсар. Онон этнос хайдах үөскээбитин ген пуондатын митохондриальнай ДНК уонна Y хромосуомалар тутулларынан филогеографическай чинчийиини оҥорон чопчу түмүктэри ылыахха сөптөөҕө. Маннык чинчийиини оҥорбут биология билимин дуоктара, ХИФУ сүрүн научнай сотруднига, естествознания билимин институутун молекулярнай биология лабораториятын сэбиэдиссэйэ С.А.Федорова буолар. Сибиир норуоттарын төрдө-ууһа сиһилии үөрэтиллибэккэ турарынан, чинчийээччилэр үлэлэригэр хайдыһыылар баалларынан генетика маныаха туох чуолкайдааһыны киллэрбитэ биһиги кэпсэтиибит сүнньүнэн буолла.
– Сардаана Аркадьевна, Саха сиригэр олохтоох норуоттар геннара тугу көрдөрөрүй?
– 2002 с. Саха сирин төрүт олохтоохторун генетикаларын устуоруйатын үөрэтиинэн дьарыктанан барбытым. Маҥнай эбээн, эбэҥки, саха, дьүкээгир, долган дьонун хааннарыттан «проба» хомуйбутум. Барыта 700 киһиттэн ылан, ДНК-рын анаалыһын оҥорбутум. Хас биирдии ылбыт пробаттан хас да геном учаастактарын ылан анаалыстаабытым. Онуоха интэриэһинэй түмүктэр тахсан кэлбиттэрэ. Ол курдук сахалар Соҕурууҥҥу Сибиир норуоттарыгар (бүрээттэр, тувиннар, хакаастар, алтаайдар, монгуоллар, тофалаардар) чугастара биллибитэ. Ол кэнниттэн Арҕааҥҥы Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ, Хотугу Кытайга олорор омуктартан сыдьааннаахпыт көстүбүтэ. Монгуолларга, тувиннарга ордук дьахталлар геннара майгынныыр. Кытайдардааҕар, дьоппуоннардааҕар арыый да тэйиччи тураллар. Дьиктитэ диэн, олох ыаллыы олорор чукчалар, кэрээктэр генетикалара чыҥха атын буолан биэрбитэ. Ол аата 3-4 тыһ. сыл устата бу норуоттар Саха сиригэр олорор норуоттары кытта булкуспакка туспа сайдыбыттар. Бу соторутааҕыта Алтаайга көмүллүүбүт Мальтинскай көмүү ДНК-тын үөрэтэн көрбүттэрэ. 24 тыһ. сыл анараа өттүнээҕи буолара уонна европалыы геннааҕа биллибитэ. Онон маннык хааннаах дьон Алтаайга олорбут кэмнэрэ түҥбылыргыттан силис тардарын көрдөрбүтэ. Евразияҕа Хара муораттан Араҕас муораҕа диэри тайаан сытар хонуу куйаар устун төттөрү-таары араас омуктар көһө сылдьан буккуспуттара элбэх. Онон нууччалар Саха сиригэр кэлиилэрин кытта сибээһэ суох сахаларга, эбэнкилэргэ хааннарыгар олох түҥбылыргы европалыы геннар эмиэ бааллар.
Уопсайынан, хайа да омукка эр дьон генетиката төрдүн ордук «тутан» хаалбыт. Онон норуот эр киһитэ хантан хааннаҕа, кимтэн кииннэҕэ чуолкай көстөр. Эбэҥкилэр геннарын үөрэтиигэ икки сабаҕалааһын баар. Онтон биирэ бу омуктар сахалар кэлиэхтэрин инниттэн баар олохтоох норуоттар буолалларын туһунан. Иккис сабаҕалааһын, эбэҥкилэр сахалары кытта тэҥҥэ тарҕанан барбыттар диэн. Мин ордук иккис сабаҕалааһыны тутуһабын. Тоҕо диэтэххэ, кинилэргэ Чыҥыс Хаан Y хромосуомалара бааллар. 2003 с. англия чинчийээччитэ Татьяна Зэрджел бу гаплотип тарҕаныытын туһунан чинчийбит ыстатыйата тахсыбыта. 8 мөл. эр киһиэхэ маннык хромосуома баара уонна Евразия хонуу куйаарын сиригэр-уотугар барытыгар тарҕаммыта биллибитэ. Биһиги эбэҥкилэрбитигэр бу гаплотип эмиэ баар. Дьиктитэ диэн, сахаларга ону булбатаҕым. Эбэҥкилэр өбүгэлэрэ генетика өттүнэн монгуоллар импиэрийэлэрэ тарҕаныытыгар чугас буолан тахсар.
Саха сирин түҥбылыргы палеолит саҕанааҕы дьон геннара дьүкээгирдэргэ бааллар. Бу геннар атын ханнык да Саха сирин омуктарыгар суох. Дьүкээгирдэр хойукку неолит кэмин саҕанааҕы ымыйахтаах култууратын кэмиттэн Саха сиригэр олохсуйбуттар. Биһиги аан маҥнай Нганасааннары кытта дириҥсилистээхтэрин, биир өбүгэлээхтэрин генетическай өттүнэн дакаастаатыбыт. Эбэҥкилэр үтүрүйэннэр Илин Сибииргэ сыҕарыйаннар нганасааннартан арахсан хаалбыттар.
Сабаҕалааһын быһыытынан, эбээннэр эбэҥкилэртэн арахсан, дьүкээгирдэри, кэрээктэри кытта буккуһан үөскээбит этнос. Долгааннар дьахталларын геннарын пуондата сахаларга буолбакка, эбэҥкилэргэ чугас. Оттон эр дьонунан саха уонна европа геннара элбэхтэр.
– Геннарын үөрэтэн, ханнык кэмҥэ төрөөн-үөскээн тэнийэн барбыттарын быһаарыахха сөп дуо?
– Бу хойукку кэмҥэ диэри сахалар олохсуйбут кэмнэрин «кыра дьиэлэр» култууралара, онтон кулун атах култуурата баар буолбут (б.э. XIII-с үйэтиттэн) буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баара. Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ археологтар чинчийиилэринэн (Анатолий Николаевич Алексеев чинчийиилэринэн), түүрдэр манна б.э 5-6 үйэлэриттэн кэлбиттэрэ биллибитэ. Ол курдук ох саа, эмэгэт, кыргыс таҥаһын (панцирные пластины) үлтүркэйдэрэ, Өлүөнэ Эбэҕэ руника суруктаах хайалар көстүбүттэрэ. Мин санаабар, эмиэ сахалар эрдэ кэлбит буолуохтарын сөп. Маҥнай аҕыйах бөлөҕүнэн, оттон сүрүн маасса кырдьык, хойут кэлбит буолуохтаах. Сахалар 1500 сыл анараа өттүгэр үөскээбит омукпут. Биһиги тылбыт түҥбылыргы түүр тылыттан арахсан бэйэтэ тыл буолбут сааһа итинник. Бу кэмҥэ норуот быһыытынан геннарын састааба эмиэ сүнньүн булан тарҕаммыт. Бастакы тарҕаныы (экспансия) V-c үйэттэн тарҕаммыт. Ол кэнниттэн өбүгэ ген иккис элбээһинин долгуна манна Саха сиригэр 900 сыл анараа өттүгэр XI-с үйэ кэнниттэн буолбут. Ол иннинээҕи өбүгэлэрбит хууннар буола сылдьыбыттара биллэр. Түүр тылын тарҕаныыта ол саҕана бөдөҥимпиэрийэ үөскүү сылдьыбытын көрдөрөр. Баһыйар тыл буолан элбэх түүрдүү хаана суох да чугаһынааҕы норуоттарга тарҕаммыт.
– Сахаларга атын норуоттарга тарҕамматах сэдэх ханнык ыарыылар баалларый?
– Чахчы генынан бэриллибит ыарыылар бааллар. Уһун кэмҥэ чөкө олорбут этностарга маннык ыарыылар бааллар. Ол курдук дьэбириэйдэргэ, финнарга эмиэ оннук. Маныаха биһиги улахан үлэни ыыппыппыт. Олох хойут биллэр удьуор ыарыылар бааллар эбит. Холобур, «Спиноцеребеллярная атаксия 1 типа», «миотоническай дистрофия», “окулофарингеальнай дистрофия”. Биир мутаан геннар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэллэр. Сахаларга саамай тарҕаммыт нэһилиэстибэннэй ыарыы – дьүлэй буолуу. Николай Алексеевич Барашков чинчийбитинэн, хас биирдии онус саха геныгар истэр дьоҕур үлэтин кэһэр мутация баар. Ону айылҕа усулуобуйатыгар үөрэнии (адаптация) курдук эмиэ көрүөххэ сөп. Холобур, Африкаҕа сиэрпэ көрүҥнээх килиэккэлээх анемия элбэх. Гетерозиготтар маннык килиэккэлээх буоланнар, төрөөбүт дойдуларын айылҕатыгар баар усулуобуйаҕа, малярия курдук көбүтээччилэргэ тыыннаах хаалаллар. Мутация эрэ барыта охсууну аҕалбат, сирэйбит-харахпыт олоруута кытта айылҕабыт усулуобуйатыгар толкуйданан айыллыбыт.
– Эрик Крубези чинчийиитин туһунан тугу этиэҥэтэй?
– Эрик Крубези саха көмүүлэриттэн 15-с үйэтээҕи уҥуохтар кырамталарыттан саҕалаан, олус улахан матырыйаалы хомуйбута. Кини маны тэҥэ европа буккааһа баарын этэр. Ол чахчы баар. Арассыыйаны кытта холбоһуох инниттэн бу буккаас баара биллибитин инники этэн аһарбытым. Маны тэҥэ Эрик Крубези сэлликтэн ыалдьан өлбүт кырамта элбэҕин быһаарбыта. Ол сэллик европалыы көрүҥнээх (“штамм”) буоларын ыйбыта. Онон бу ыарыыны европа хааннаах омуктар аҕалбыттар диэн сабаҕалааһын оҥорбута. Кэлиҥҥи 300 сыл анараа өттүгэр кэлбит нууччалар аҕалбыттара дуу, түҥбылыргыттан кэлбитэ дуу биллибэт.
– Билигин түмэлгэ турар Чурапчы бөһүөлэгиттэн 9 км тэйиччи сытар Көрдьүгэн диэн сиртэн булуллубут боотур кырамтатын үөрэппитиҥ.
– Бу үлэни археолог Александр Степановы кытта оҥорбуппут. Көрдьүгэннээҕи киһи тобугун уонна сыҥааҕын уҥуоҕун ылан үөрэппитим.Ар 4 тыһ. сыл анараа өттүнээҕи 2 м кэриҥэ уҥуохтаах үрдүк баҕайы киһи этэ. Тайах муоһуттан оҥоһуллубут таҥастааҕа. Бу киһини кытта атаҕар өссө күлүта көмүллүбүт этэ. Иккиэннэрин митохондрия ДНК-рын үөрэппиппит. Онтубут бу дьон аймахтыы буолбатахтара көстүбүтэ. Соҕуруу Сибииртэн төрүттээх геннаах дьон буолаллара биллибитэ. Оччотооҕуга да Саха сиригэр олорбут дьон чукчалары, кэрээктэри кытта ситимнэрэ суох эбит диэн сабаҕалааһыыны көрдөрөр. Өссө XVIII уйэ көмүүлэриттэн үс киһини көрө сылдьыбыппыт. Ол түмүгэр билиҥҥи дьон генын пуондата уларыйбатаҕа көстүбүтэ. Археологтары өссө да элбэх үлэ күүтэр. Ордук хотугу улуустарга хаһыыны оҥорор наһаа уустук, муҥутаабыта биир эрэ ый хаһыахха сөп. Сыалай сирбит аҥаара үөрэтиллибэккэ сытар. Ол эрээри көмүүлэри булуу түҥбылыр араҥастааһын, өлүгү уматыы тэнийбит буолан сэдэх. Онон улаханнык чинчиллибэккэ турар.
– Эн Нагойя (Япония) университетын геобиология лабораториятыгар чинчийиилэргин оҥорбутуҥ. Маннык лабораториялар аан дойду үрдүнэн аҕыйахтар. Дьэ, үлэ хайдах барар эбитий?
– Уҥуох ДНК-рын анал лабораторияларга кытаанах быраабыланы тутуһан үөрэтэҕин. Холобур, уҥуоҕу тыыппыт, аҕалбыт киһи килиэккэтин ылан кэбиһиэххин сөп. Лаборатория салгына, дабылыанньата барыта чуолкай ирдэбиллээх. Эпэрээссийэ оҥорор киһи курдук таҥнан киирэҕин, «стерильность» булгуччу тутуһуллар. Тиистэн ДНК үчүгэйдик кэлэр, тоҕо диэтэххэ эмаль тас дьайыылартан харыстыыр. Маҥнай үөһээҥҥи араҥатын барытын анал үнүстүрүмүөннэринэн ылаҕын. Иһинээҕи уҥуохтарга баар ДНК өлүүскэлэрин үүннэрэҕин, “секвенатор” диэн аппараакка анаалыстыыгын. Килиэккэ өллөҕүнэ ДНК түргэнник ыһыллан барар. Онон ханнык дьайыылартан хайдах уларыйбытын көрөҕүн. Европаҕа икки эрэ лаборатория баһыйар таһаарыылаахтык үлэлиир. Ол курдук Копенгаген үнэбэрситэтигэр Эске Уиллерслев (Eske Willerslev) лабораторията күүскэ үлэлиир. Ону тэҥэ Египет мумиятын ДНК-тын аан маҥнай үөрэппит ниэмэс учуонайа Сванте Паабо лабораторията баар. Кини кэлин неандерталец ДНК-тын быһаарбыта. Онтон денисовецтар диэн илин олорбут маҥнайгы дьон баар буола сылдьыбытын үөрэппитэ. Неандерталецтар геннара Европа уонна Азия олохтоохторугар баар. Оттон денисовецтар геннара меланезиецтарга баар. Онон геннары үөрэтии киһи-аймах бүттүүн үөскээһинин-сайдыытын барытын көрдөрөр. Неандерталецтар геннара ордук кератиннарга дьайаллар. Чинчийээччилэр тириигэ, тыҥырахха уонна баттахха баар кератин белогар дьайар неандерталец генын быһаардылар. Кератин тириини ууттан харыстыыр, сылааһы тутар, патогеннар дьайыыыларын тохтотор. Түҥ былыргы дьон маннык геннаах буолан, тымныыларга тыыннаах хаалбыт буолуохтарын сөп эбит диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. Түҥ былыргы булумньулар билигин да көстөллөр. Соҕурууҥҥу Сибиир хаһыыларыгар булуллубут дьон кырамталарын чинчийии бара турар. Ол эрээри усулуобуйата атын буолан үлэлииргэ уустук, ДНК-ра алдьанар. Манна ирбэт тоҥҥо сыппыт буоланнар, анаалыстыырга үчүгэй. Онон сотору кэминэн тэҥнээн көрөн, чуолкай үөрэтиилэр тахсыахтара
Ангелина КУЗЬМИНА.