Булт-алт саха олоҕор-дьаһаҕар улахан суолталааҕа. Саха оҕото олох кыратыттан аҕатын, эһэтин, убайдарын батыһа сылдьан булт ньымаларыгар, албастарыгар үөрэнэн, сыстан барара. Онуоха тыаҕа сылдьан туох сиэри-туому тутуһуохтааҕын, кимиэхэ-туохха сүгүрүйүөхтээҕин, ытыктыахтааҕын эмиэ иҥэринэрэ.
Саха бултка-алка сыһыаннаах икки суол сиэри-туому оҥороро уонна тутуһара:
– Булт-алт ханныбатын туһугар оҥоһуллар сиэр-туом уонна тутуһуллар сиэри-майгы
– Булт кэлбэт, ханныбыт буоллаҕына, толоруллар сиэр-туом.
Бултка табыллыы – хара тыа иччититтэн Байанайтан быһаччы тутулуктаах. Кини өрүкүнэс майгылаах, үүт маҥан баттахтаах уонна бытыктаах, бүтүннүү түү-тирии таҥастаах оҕонньор буолан көстөр. Байанайдар хас да ини-биилэр, өссө сорох түгэннэргэ икки балыстаах буолар.
Бүлүү сахалара тыа иччитин сороҕор Эһэкээн диэн ааттыыллар. А.А. Попов суруйарынан, улахан эһэкээн Баай Барыылаах диэн. Кини аарыма кыыллары: эһэни, тайаҕы, кулааһайы о.д.а бас билэр. Эһэ, бөрө, саһыл, бэдэр, киис, буобура, сиэгэн, кыыл таба, кулааһай, мохсоҕол, хаххан, элиэ о.д.а кыыллар эһэкээннэрэ үөһээ дойдуга, оттон тииҥ, куобах, муҥур, кырынаас, хара саһыл, сарыы кынат, бочугурас о.д.а кыыллар эһэкээннэрэ орто дойдуга олохтоохтор диэн өйдөбүл баар.
Бултуу барыан иннинэ булчут аал уотун оттон алгыс этэр:
Баай Барыылаах
Барыла Кэскил
Бэртэх көрөн
Мин диэки
Мичик гыныый!
Уоруктаах угаайылаах
Уон улгум тарбаххынан
Уунан көрүөххүн
Төһөлөөх-харчалаах
Буолуох эбитэ буолла?!
Хара тыам иччитэ
Хаҥыл кыыл Барыылааҕа,
Кураҕаччы Сүүрүк аттаах
Куоппуту холбуу күөйээччи,
Кэлбити киллэрэн биэрээччи
Тойон эһэлэрим,
Баай Барыылаахтарым,
Көрдөһөр кэм күттүөннээх,
Ааатаһар тыл ахсааннаах,
Кыайаргынан кыһарыйан,
Аттынааҕыны аҕалан,
Кэнтикпэр киллэрэн,
Кэс тылбын ылыҥ!
Аһаа-сиэ,
Күлүм татый!
Кыараҕаскар кыбыт,
Киэҥҥэр хорҕот!
Тыаҕа маҥнайгы хонор күнүгэр эмиэ аал уотугар аҕалбыт өйүөтүттэн ас кээһэр, алгыс этэр. Ити курдук сылдьарын тухары Баай Байанайы өһүргэппэт, кыыһырдыбат курдук тутта-хапта, дьаһана сылдьыахтаах. Холобур, кыылы бултаатаҕына үөрбүтүн-көппүтүн биллэриэхтээх, оччоҕуна Байанай тэҥҥэ үөрсэн инникитин даҕаны эбии хатаҕалыан сөп. Күндү түүлээҕи бултуйдахтарына, тириитин илиилэригэр эргим-ургум тута-тута үөрэн ойуоккалыыллар, кыылларын мунннун арыынан сотоллор. Аны дьиэтигэр кэллэҕинэ аанын үс төгүл тоҥсуйан киирэр. Оччоҕуна “бултуйан кэллэ” диэннэр, дьиэлээхтэр бары үөрэн сэгэһэ түһэллэрэ, күннэрин эмиэ оннук атаараллар.
Аны дьахтарга сыһыаннаах элбэх бобуу баар. Холобур, дьахтар тайах сүрэҕин, быарын, таҥыытын уонна үөһээ уоһун, кулгааҕын сиэ суохтаах. Тайах сүлүллүбүтүнэн тириитин уонна уҥуоҕун үктээбэт. Дьахтар булт малын үрдүнэн атыллыа суохтаах,булчут таҥаһын үрдүгэр бэйэтин малын уурбат, өлбүт табаны уонна тайаҕы харахтарын одууласпат. Дьахтар “кирдээх”, онон булт сэбигэр-сэбиргэлигэр чугаһаан “быртаҕырдара” көҥүллэммэт. Бу бобуулар дьахтар хат буоллаҕына өссө эбии кытааталлар. Дьахтар кэргэнэ ону эмиэ тутуһуохтааҕа. Дьахтар төрөөбүтүн кэннэ булт малын буруонан ыраастыыллара. Д.Хитров суруйарынан, булчут кэргэнэ төрөөбүт буоллаҕына, кини бултаабыт таҥаһын 40 хонук тухары дьиэҕэ киллэриэ суохтаах. “Киртийбит” малы ыраастыылларыгар этиҥ охсубут маһын уматан күн эргииринэн мал үрдүнэн эргитэллэрэ уонна маннык диэн саҥараллара: “Сүҥ-Хаан сүргүүрэ, Дьаа-Буурай дьалбыыра, Орой-Буурай оонньуура, Айыы Тойон арчыта! Куор бөҕөнү хоҥнордум, дьай бөҕөнү дьалбарыттым, албас бөҕөнү араардым! Алыас! Алыас! Алыас!”. Айаларын иитэ барыах иннинэ эмиэ ити курдук ыраастаан “алыастыыллар” эбит.
Онтон өр кэмҥэ бултуйбатахтарына “Байанай тардар” диэн сиэри-туому толороллоро. Онуоха тыа иччитигэр анаан ханнык эмэ сүөһүнү тутталлара, “хойгуо” диэн ааттаан Барыылаах эмэгэтин оҥороллоро. Балаҕан иһигэр сиргэ лабаалары бысталаан тэлгэтэллэрэ. Оһох иннигэр остуол туруораллара, ол үрдүгэр күөх оту тэлгэтэллэрэ. Онно өлөрбүт сүөһүлэрин буспут этин, кытыйалаах саламааты уонна, баар буоллаҕына, иһиттээх аргыны уонна биир үрүүмкэҕэ толору кутан туруораллара. Ойуун дьахтар сонун, дьабака бэргэһэтин кэтэрэ, хаҥас илиитигэр ырбалаах айаны ылара, уҥа илиитигэр биир былас уһуннаах тирии быаны тутара уонна олоппоско олороро. Онтон бу быатынан дайбаатыы-дайбаатыы алгыһын саҕалыыра. Кини аан маҥнай уот иччитигэр туһаайара, онтон дьиэ иччитигэр, дьиэ сүрүн баҕаналарын иччилэригэр, сир-дойду иччитигэр анаан алгыыра. Салгыы хара тыа иччитигэр Баай Барыылаахха, куруҥ тыа иччитигэр Куралай Бэргэҥҥэ, эргэнэ тыа иччитигэр Алып Сэгэйээҥҥэ, тумул иччитигэр Дьылыс Кыыска, сохсо иччитигэр Балтыһахааҥҥа, Моһол оҕолоро сэппэрээк иччилэригэр – 99 оҕо уолаттарга, сирэм от иччилэригэр – 77 кыра кыргыттарга анаан алҕыыра. Бу ааттаммыт иччилэр бары булчукка үтүөтүк сыһыаннаһалларыгар көрдөһөрө. Онтон Баай Байанайдыын кэпсэтэрэ. Байанайы бэйэтин иһигэр киллэрэн, кини аатыттан саҥарара. Онуоха ыал аҕата “бултка табыллар-табыллыбат суолбун сэрэбиэйдээн көрдөр” диэн көрдөһөр. Ойуун хамыйаҕынан түөрэх быраҕар. Ол кэнниттэн аал уот иччитин, сир-дойду уонна хара тыа иччилэрин аһатар. Онтон ойуун илин түннүккэ тиийэн Байанай кутун бэйэтиттэн таһааран салгыҥҥа үрэр. Бүтэһигэр бары олорон аһыыллар.
Хоту сахалара бултарыгар өр табыллыбатахтарына “Чычыпкаан” сиэрин-туомун оҥороллоро. Онуоха 2 м. курдук үрдүктээх маһы сирэйдээн, сиэрдийэнэн туорай илиилээн эмэгэт оҥороллоро. Аллара өртүн хайытан, киһи батарын курдук аччаталлара. Бу “чычыпкаан” диэн ааттанар. Кинини икки мас икки ардыгар туруору иҥиннэрэллэрэ. Чычыпкаан хаҥас өртүгэр уһуктаах төбөлөөх, сирэй омоонноох, балык тутуурдаах Сэмэкэй диэн эмэгэти туруораллара. Уҥа өттүгэр эмиэ маннык, ол эрэн балыга суох эмэгэти туруораллара. Кини Сэмэкэй уола – Кэлтэгэй Кэллээни Кэлэҕэй уол диэн ааттааҕа. Чычыпкаан уҥа илиитигэр мас өксөкүнү олордоллоро. Чычыпкааны уонна эмэгэттэри арҕаа диэки хайысхалаан туруораллара. Булчут тайаҕын туппутунан, саатын сүкпүтүнэн Чычыпкаан ыырааҕынан киирэн тахсара, онуоха Сэмэкэйи уҥа диэки сыҕарытан туруорара. Итинник үс төгүл оҥороро. Бүтэһигэр Сэмэкэйи Чычыпкаан ыырааҕар суолун бүөлүү туруорара. Онтон алгыһын этэ-этэ бултуу аттанара.
Чычыпкаан алгыһа.
(Матвей Григорьев, Өлөөн, 1945 с.)
Эргэнэ хара тыа иччитэ
Эҥэйэ Бэргэн!
Хааннаах хойгуолаах
Хаан хара тыа иччитэ
Бэттэх көрөн мичиҥнээ!
Сүрэҕиҥ сөлүөрдүн,
Быарыҥ манньыйдын!
Буур кыылгын
Булуҥ сиргэ буллар!
Тайах кыылгын
Кэриигэ кэккэлээ,
Түбэ сиргэ түбэһиннэр!
Тугут кыылгын
Туой сиргэ тоҕооһуннар!
Туохтан-ханныктан омтуордуҥ?
Байдам-сайдам бэриилээх
Баай Барыылаах,
Дьыллааҕы кэскили оҥорооччу,
Күнүн ахсын
Көрө-истэ сылдьааччы
Байанай эһэкээм!
Дьоллоох үйэ тухары
Туруордум
Дьоллоох Чычыпкаан маһы!
Үйэттэн үйэҕэ,
Оҕоттон оҕобор дылы туруордум!
Чычыпкаан!
Тоҕус үйэ тухары
Уунарыҥ улгумсуйдун,
Биэрэриҥ бэргэнсийдин!
Уоттаах харахтаах одуулаабатын,
Сытыы тыллаах утары эппэтин!
Түүлээх ытыстаах
Тэбэт Байанай!
Суолуҥ төрдүгэр
Унаар саламаны тардан тураммын
Уйгуну-быйаҥы көрдөөтүм.
Эһиилги дьыл баччатыгар диэри
Эһэкээни кытта быраһаай!
Ити кэнниттэн булдугар табылыннаҕына кутаа оттон, алгыс этэн махтанар. Онтон Чычыпкааҥҥа кэлэн булдун сүрэҕинэн сирэйин сотор, эмэгэттэри эмиэ умнубат. Чычыпкаан илиитигэр бултаммыт кыылын аллара тиистэрин ыйыыр. Чинчийээччилэр быһааралларынан, бу Чычыпкаан сиэрин-туомун Хоту сахалара эбэҥкилэртэн ылбыт буолуохтаахтар.
Өлөөн сахалара эһэкээн диэн эмэгэттээх буолаллар эбит. Маны кыыл таба силлэһэ үүммүт муоһуттан оҥостоллоро. Бултуу барыахтарын иннигэр эһэкээннэрин сирэйин сыанан аҕаан баран оһох холумтаныгар туруораллар. Оһох суоһуттан эмэгэттэрэ килбэчийэн бардаҕына, ылан үөһэ быраҕаллар. Эһэкээннэрэ сирэйинэн өрө түстэҕинэ – сырыыбыт табыллыыһы, умса түстэҕинэ – табыллыа суохпут диэн буолар. Тугу эмэ бултуйдахтарына эһэкээннэрин хайаан да аһаталлара, кыыл алларааҥы тиистэрин, тобугун тоҥ силиитин эмэгэккэ ыйыыллара.
Ити курдук саха бултка-алтка сыһыаннаах анал сиэрдээх-туомнаах, улаханнык ытыктыыр Байанай иччилээх. Бу билии-көрүү, төһөтүн да иһин, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр диэн бэлиэтиэххэ наада.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ:
- Алексеев Н.А. Традиционные религиозные верования якутов в 19-нач. 20 в. – Новосибирск: Наука, 1975.
- Моякунов А.С. Аптаах бичик. – Ньурба, 2011.
- Обрядовая поэзия саха (якутов). – Новосибирск: Наука, 2003.