Биһиги уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр 800 тыһ. тахса күөл, 700 тыһ. кэриҥэ үрэх, өрүс баара биллэр. Былыргы ыаллар олорор эбэлэриттэн булгуччу балыктаан эбинэллэрэ уонна ас эгэлгэтин астыыллара. Билигин ол үксэ умнуллубут, киһи кырдьаҕастар ахтыыларыттан онно-манна түбэһэн ааҕан эрэ билэр. Өбүгэлэрбит балыктан туох-хайдах аһы астанан олорбуттар эбитий?
Барча — хатарыллыбыт балык. Барчаны сүрүннээн мундуттан, кыра соботтон, алыһартан, сыа балыктан уонна борохойтон оҥороллоро. Балыгы маҥнай ууга эбэтэр үтэн буһараллар, уҥуоҕун ыраастыыллар, төбөтүн быраҕаллар. «Аргы» диэн атахтардаах лаабыс оҥоһуллар. Онно тиит үөрэҕэстэриттэн оҥоһуллубут «сибиэ» диэни тэлгииллэр. Бу сибиэ 8-10 м. дылы уһуннааҕа, туттубат кэмнэригэр түрбэлии эрийэн кэбиһэллэр. Аргы анныгар эмэх маһы эбэтэр киини уматан түптэлииллэр. Онон балык күн сыралыгар уонна буруоҕа ыыһанан, хачыгырас гына хатан хаалара. Оннук буоллаҕына бэлэм аатырар. Барчаны чэйи кытта хачыгыраччы ыстаан сииллэр. Сорохтор кэлиинэн соҕоххо курууппа курдук бытарыйыар дылы сынньаллара, ол «кыыбах» диэн ааттанар. Маны эмиэ чэйи кытта сокуускаланар.
Барчаны хаһааналларыгар тиит хатырыгыттан сигэнэн эбэтэр силиһинэн үүйэн анал иһит оҥороллоро. Хатырыгын, сымалата өппөтүн диэн, ис өттүгэр гыналлара. Сорохтор илэчи өттүн отунан эбэтэр синньигэс абырҕалынан уматан хатырыгын уута уонна сымалата сүтэрин ситиһиллэрэ. Маннык иһити араастаан ааттыыллар: кэрдии, күкүр, холлоҕос (туоһунан тигиллибит буоллаҕына). Иһиттээх барчаны атах үрдүгэр сайба оҥорон уураллара. Үөн-көйүүр буулаабатын диэн сэппэрээгинэн бүрүйэллэрэ. Сороҕор суон маһы буланнар, онно «хатарҕан» диэн ааттаан эмиэ сайба оҥороллор. Онуоха маска 1,5-2 м. үрдүккэ киэҥ соҕус гына дьөлө үүттүүллэр уонна ол иһигэр сиэрдийэ угаллар. Сиэрдийэ мас икки өттүнэн 1,5-2 м. курдук быган туруохтаах. Бу маны акылаат гынан, маһы тулалыы сайбаларын охсоллор. Маннык хатарҕаны эһэ сатаан алдьаппат, барчаны тыыппат буолара.
Барча курдук эрээри, быдан судургутук оҥоһуллар хохту, хахты диэн ас баар. Кинини буһарбакка да, хайаабакка да мундуттан оҥороллор (үксүгэр). Тутуллубутунан мундуну сибиэҕэ сүөкээн күн уотугар хатараллара. Буруолаппаттар. Сотору-сотору эргитэн биэрэллэр. Мунду кыратык хата түстэҕинэ, тэлгэтиллибит тиит хатырыгар көһөрөллөр. Балык түргэнник хаттын диэн, сороҕор, бөлүөгүнэн эбэтэр атахтарынан (ыраас атах таҥаһын кэтэн) тэпсэн хаптатан биэрэллэрэ. Бэлэм буоллаҕына, эмиэ барчаны курдук, хатырык иһиттэргэ кутан хаһааналлара. Кыһын үтэһэҕэ үөлэн, хооройон сииллэрэ. Саас балык элбэҕэр, ыаллар ордук бу ньыманан хаһааналлара.
Хохту арааһа сүрдээх элбэх. Холобур, мунду бөдөҥүттэн уонна бытархай өрүс балыгыттан оҥоһуллубут хохтуну дьаакы диэн ааттыыллар. Онтон өрүс балыгын төбөтүн быһан хатардахтарына — хачымаас диэн буолар. Ыаппыт хохту диэн баар. Ол аата балыгы күн уотугар эрэ сырайбакка, буруолатан хатарыллыбыт буоллаҕына. Быччыкыттан оҥоһуллубут хохтуну дьалтах дииллэр. Уокка үтэн сииллэр.
Дьиктими диэн ас баара. Мэлиллибит собо барчатын сугуну кытта былаан баран күҥҥэ хатараллар.
Аны балыктан аҕараан диэн ас арааһын оҥороллоро. Хаптаҕастаах аҕараан диэн баара. Онно бастаан хаптаҕаһы барыанньа курдук буһараллар. Сойбутун кэннэ эмиэ буспут мундуну кытта аҥар аҥарыгар буккуйаллар. Маны туос холлоҕоско оҥкучахха хаһааналлар. Сайыны быһа балык хаптаҕас уутугар суураллан, уҥуоҕа өҥүргэс курдук сымныыра. Бу аҕарааны кыһын бэс үөрэтигэр буккуйан сииллэрэ.
Үүт аҕараана диэн баар. Суораты уонна буспут мундуну буккуйан оҥороллор. Собо сиэтэхтэринэ, ол уҥуоҕун эмиэ быраҕаллара. Эмиэ бэс үөрэтин кытта былаан сииллэр. Маннык аҕарааҥҥа сир аһын отону, сугуну, моонньоҕону о.д.а индьиритэн баран эмиэ куталлара. Сорох улуустарга үүт аҕараанын холлоҕостору күөл уутугар уган хаһааналлара. Уу киирбэтин диэн үчүгэйдик хаппахтаан баран ыаһынан силимнииллэрэ. Хостуурга табыгастаах буоллун диэн сиэрдийэҕэ баайаллара. Хаһаастара бүтүүтэ кулун тутарга, бу сиэрдийэлэрэ мууска чоройон турарыттан булан хостоон таһаараллара. Маннык хаһааналлыбыт аҕараан симиин, амтанын сүтэрбэтэх буолара үһү.
Бүлүү үгүлээттэрэ, тылгынылара чокоойу диэни оҥостоллоро. Буспут мундуну, уутун үчүгэйдик сүөкээн баран, туос холлоҕоско салгына суох гына симэллэрэ. Онтон туруоран салгыҥҥа оҕустаран баран, ыксары хаппахтаан сиргэ дириҥҥэ көмөллөрө. Алтынньы бүтүүтэ хостоон сииллэрэ.
Үтүмэх диэн балыктан кэтилиэт курдук оҥорон хаһааналлара. Бастаан балыгы үтэһэҕэ үөлэн буһараллар, онтон тиэстэ курдук хатайдыыллар, оччоҕо лэппиэскэ курдук буолар. Ону эмиэ иккистээн үтэһэҕэ буһараллар.
Буһарба диэн баар. Күһүн, сөрүүн түстэҕинэ саҕалыыллар. Мундуну, нырыыны, күөнэҕи буһаран баран уутун тоҕоллор. Буспут балык хойуутун улахан мас уһаакка тары кытта холбуу куталлар уонна булкуйаллар. Тардаах балыкка кус, куобах уҥуоҕун холбуу куталлар. Сииллэригэр: уһаат үрдүгэр түүнүгүрбүт сирин кыһыйан ылан быраҕан кэбиһэллэр. Чэгиэнэ хааллаҕына көйөн киллэрэннэр буһараллар, итиэннэ бурдук холбуу ытыйаннар хойуннаран биэрэллэр. Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо Спиридон Афанасьевич Махатыров: «Мин эдэр сааспар маннык астаммыт аһы аһааммын уһун үйэлэммитим буолуо», — диирэ үһү.
Кыраайы үөрэтээччи Н.Г. Петров-Буруулгун эһэтэ Тооспой курбаан диэн аһы буһарарын ахтар. Онно оҕонньор сайын күстэх иһин сыатын уонна хабаҕын ылан чугууҥҥа мунньара үһү. Чугуун туоллаҕына күөстүү буһарар, кыратык бурдук ытыйар. Хааһы курдук үксэ сыа хоргун буолара үһү, ону сиэннэригэр ньуосканан бастаран сиэтэрэ. Бу оҕонньор туппут балыгын мас уһаакка мунньан сымалыыра үһү.
Балыгы саамай түргэнник хаһаанар ньымалара лыыба диэн. Маныаха күһүҥҥү балыктарын күөл кытыытыгар үс-түөрт мас үрдүктээх, тастан салгын киирбэт гына муохтаан оҥоһуллубут холбоҕо кутан хаһааналлара.
Онтон саха балыгы хаһаанар саамай биллэр ньымата — сымалааһын диэн. Былыргы булт, балык астаах ыаллар киэҥник бу ньыманан астанан-үөллэнэн олорбуттарын «сымалаах», «сымалыыр» диэн сирдэр ааттара бааллара туоһулуур. Маҥнай 1 м. кэриҥэ дириҥнээх гына оҥкучах хаһаллар. Онтуларын маһы хайытан, суоран дьиппиэн гына ытыыстаан кэбиһэллэр. Ыпсарыллыбыт мас быыһынан буор таммалыа суохтаах. Сорохтор анаан хатырыллыбыт хатырыктарынан ытыыстыыллар. Онтон мундуларын буһараллар. Уокка уһуннук туруорбаттар. Мунду чиккэйдэҕинэ, хараҕа маҥхайдаҕына сөп буолар. Буспут мундуну сибиэҕэ тэлгэтэн уутун сүүрдэллэр. Онтон ыраас тириигэ, эбэтэр анал хатырык үрдүгэр чөмөччү кутан баран чохооччунан илдьи сынньаллар. Итинник биир кэлим ньоҕуруо буолуор диэри илдьиритэллэр. Сөп буолла диэтэхтэринэ, оҥкучахтарыгар илдьэн куталлар. Туолбутун кэннэ кичэйэн, салгын киирбэт гына, сабаллар. Балайда киэҥ оҥкучаҕы ньыһыллыбыт балыгынан толоруохха диэтэххэ, бу туһугар уустук үлэ буолара. Хас да хонон баран наһаа үчүгэй сыт дыргыйан тахсара үһү. Бу сымаларын, хостуурга уустук буолуо диэн, эпсэри тоҥорботтор. Сөбүн куулайда диэтэхтэринэ, хостоон араас иһиттэргэ тарҕаталлара. Оҥкучахха бэйэтигэр балыгы симэ уган, чиҥэтэн соҕооччунан ньыһыйыы эмиэ баара.
Аны лыыбаны курдук мас холбоҕо сымалыыр ньыма баара. Сыма холботун ордук кичэйэн, муоҕунан хайан оҥороллор. Ситэ буспатах мундуну дьапталҕалыы холбо иһигэр куталлар, уута сүүрэн хаалар. Туолбутун кэннэ сабаллар, өссө үрдүн ыйааһыннаах тугунан эмэ баттаталлар. Сыма буһарыллыбыт буолан, лыыбатааҕар түргэнник куулайара. Бу, билиҥҥинэн толкуйдаатахха, кэнсиэрбэлээһиҥҥэ чугас.
Сир-сир аайы сымалыыр ньымалар уратылаах буолаллара. Сороҕор буспут уонна сиикэй балыгы хардарыта дьапталҕалаан уураллара. Бүлүү үгүлээттэрэ илдьирийбит балыгы инчэҕэй тирии хааһахха симэн баран күөлгэ тимирдэллэрэ. Саас сииллэригэр хостууллара. Үөл собону сымалааһын баара. Уулаах сыма диэн баара. Оннукка үөл собону эбэтэр илдьиритиллибит мундуну туос иһиттэргэ кутан, салгын киирбэт гына хаппахтаан, ыаһынан силимнээн кэбиһэллэрэ. Онтон 3-4 иһити холбуу сиэрдийэҕэ баайан баран күөл чүөмпэтигэр тимирдэллэрэ. Саас ойбон алларан сиэрдийэтиттэн хостоон таһаараллара. Маннык хаһааныллыбыт үөл собо бэрт күндү ас буолара. Ол иһини бу астарын хостоотохторуна, доҕотторун-атастарын ыҥыран күндүлүүллэрэ.
Онон сахаҕа аҥардас сымалааһын уонтан тахса көрүҥэ баара.
Суруйааччы, суруналыыс Васильев Георгий Никитич-Мандар “Сыма уонна атын астар” диэн кинигэтигэр сыманы сытыйбыт балык диэн саныылларын утаран уонна уопсайынан сыма суолтатын туһунан маннык этэр: “ Э.К. Пекарскай сыманы “куһаҕан сыттаах”, “сытыйбыт балык” диирин киһи баалаабат. Сайдыылаах сиргэ үөскээбит, культуралаах киһи ити биһиги аспытын көрөрүгэр уонна сытын муннугар оҕустарарыгар амырыын хартыына буолаахтыа эбээт, сытыйбыттан атын өйдөбүлү хаалларбатаҕа чуолкай. Атын өртүттэн ыллахха “сытыйбыт” диэн тыл киэҥ өйдөбүллээх. Мөлтөһүөр сыттааҕы барытын сытыйбыкка киллэрэр алҕас буолуо. Сыма, табыллан оҥоһуллубатаҕына, кыра сыттаах эмиэ буолуон сөп. Ол гынан баран итинник биирдиилээн түбэлтэни сымаҕа барытыгар сыбыыр сатаммат. Сыманы аҥардастыы сиэниллибэт эбээт, сиэххин баҕарбытыҥ да иһин сатаан сиэҥ суоҕа. Аһыы уонна сиикэйдиҥи ирдэҕинэ хааһы курдук сиэрэй маасса буолар. Мин өйдүүрбүнэн биһиги диэки сыманы биир эрэ сыаллаах оҥороллор – үөрэҕэ кутаары. Мээккэлэммит уонна дьиппиэрбит сыма үөрэҕэ киирдэҕинэ сонно тута суураллар, сибээскэлиир, хойуннарар, хааһы курдук оҥорор уонна туһунан амтаны киллэрэр. Сыма кутуллубатах үөрэтигэр киһи соччо астыммат. Сыма үөрэҕэ киирэн суураллан сыт баара биллээччитэ суох”.
Онон саха аһыгар-үөлүгэр биир улахан суолталааҕынан балык ас буолара. Билигин даҕаны өбүгэлэрбит балык астыыр умнуллубут ньымаларын сөргүтэн, оҥостон көрүөххэ, ааспыт кэми ситимниэххэ сөп.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ:
- Васильев Г.Н. Сыма уонна атын астар. – Дьокуускай, 1993.
- Николаев С.И. Рыбная пища дореволюционных вилюйчан./Сборник статей и материалов по этнографии народов Якутии. – Якутск, 1961.
- Петров Н.Г.-Буруулгун. Балыктан астар. – К.Д. Уткин аат. Норуоттар доҕордоһуулара түмэл архыыба.