“Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ,
Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института
«Норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэтитии»
фольклору хомуйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс түмүгэ
Фольклору хомуйуу күрэһигэр ыччаттан уонна оҕолортон барыта 55 үлэ киирдэ, оттон аахсыйаҕа 4 улахан киһи кытынна. Дьүүллүүр сүбэ олус интэриэһинэй үлэлэр киирбиттэрин бэлиэтээтэ. Бу барыта «Саха этигэн тыла» http://sakhaetigentyla.ru саайка уонна ютуб-ханаалга https://www.youtube.com/channel/UCBxbBrz—hAvlAHbYcxmcsQ тахсыа уонна Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун научнай архыыбыгар туттарыллыахтара. Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, кыттыбыттарга төрөөбүт омукпут фольклорун хомуйууга дьоһун кылааккытын киллэрбиккитигэр махталбытын тириэрдэбит!
3-4 кылаастарга
1 миэстэ – Степанов Алеша, Ньурба оройуонун Маар орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.
2 миэстэ – Николаева Евалена, Бүлүү улууhун М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто уопсай үөрэхтээhин оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.
3 миэстэ – Алексеева Лилия, П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата 3 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ.
7-9 кылаастарга
1 м – Сунтаар улууһун Илимниир сэлиэнньэтин сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ Ероскумова Альмира, Спирова Кира. Салайааччы Яковлева Анна Егоровна.
2 м – Виолетта Бурнашева, Кэбээйи улууһун Ньидьили орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.
2 м – Владлен Винокуров, Нам улууһун Е.М.Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.
3 м – Николаева Чэмэлинэ, Бүлүү улууhун М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто уопсай үөрэхтээhин оскуолатын 8 кылаас үөрэнээччитэ. Салайааччы педагог-бибилэтиэкэр А.И. Николаева.
3 м – Охлопкова Василина, Хаҥалас улууһун С.П. Ефремов аатынан Булгунньахтаах орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
3 м – Олесов Саня, Кэбээйи улууһун Куокуй оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
10-11 кылаастарга
1 м – Слепцова Далаана, Муома, Улахан Чыыстай 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
2 м – Игнатьева Эмма, Муома улууһун Собоох орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
2 м – Гуляева Иванна, Кэбээйи улууһа, Куокуй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
3 м – Макарова Жанна, Алдан оройуонун Кутана орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
Кылаан бириис
С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназията. «Күн Өркөн» фольклору хомуйар, төрөөбүт кыраайы үөрэтэр эспэдииссийэ-лааҕыр матырыйаалынан
5-11 кылаас оҕолорун хомуйуута, таҥыыта. Бу оскуолаттан барыта 31 үлэ киирдэ.
25-35 саастаахтарга
1 м – Стручкова Сардаана Петровна, Үөһээ Дьааҥы улууһун Боруулаах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Салайааччы төрүт култуура учуутала Юмшанова Надежда Дмитриевна.
2 м – Попова Туйаара Сергеевна, 1990 с.т.,
Үөһээ Бүлүү улууһа, Нам нэһилиэгэ.
3 м – Гаврильев Константин Васильевич, 1992 с.т., Амма улууhа, Эмис нэhилиэгэ.