Попова Диана, Жиркова С.В., саха тылын учуутала,
Луковцева З.Р., омук тылын учуутала.
И.М.Хатылаев аатынанБаайаҕа орто оскуолата,Таатта улууһа
Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус – ойууһут, тимир ууһа, уһуйааччы, айанньыт, бөлүһүөк. Саха норуота үйэлэргэ илдьэ кэлбит материальнай, духуобунай култууратын, өбүгэ үгэһин үөрэтиигэ-чинчийиигэ, саха өйүн-санаатын, муудараһын тарҕатыыга олоҕун анаабыт энтузиаст киһи. Биһиги кини биир дойдулаахтара, «Мандар кыһатын» иитиллээччилэрэ, кини үөрэҕин тарҕатар, бөлүһүөктүү көрүүлэрин дьон олохторугар туһаналларыгар тиэрдэр эбээһинэстээхпит.
Бэргэн этии көмөтүнэн киһи бэйэтин этэр санаатын ордук өйдөнүмтүөтүк, чаҕылхайдык тиэрдэр, ордук сытыытык уонна аҕыйах тылынан уустаан-ураннаан буола турар олох түгэнин, киһи-киһиэхэ, үлэҕэ, олоххо уо.д.а. сыһыанын ойуулуур.
Бэргэн этиилэр киһини толкуйдатар дириҥис хоһоонноох буолаллар. Бэргэн этии киһибилиитин-көрүүтүн кэҥэтэр, толкуйдуурдьоҕурун, ситимнээх саҥатын сайыннарар, бэйэ алҕаһын, итэҕэһин көннөрөргө, туоратарга көмөлөһөр, тыл биир этигэн ньымата буолар. Саха суруйааччылара элбэх бэргэн тыллары суруйан хаалларбыттара биллэр.Бэргэн тыллары киһи олоҕор туттар, көмөлөһүннэрэр, ол тылларынан алгыс да оҥостуон сөп. Биһиги билиҥҥи духуобунай лиидэрбит Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус тылларынкүннээҕи олохпутугар киллэриэх тустаахпыт.Мандар Уус элбэх философскай кинигэ ааптара буолар.“ Саха орнаменнара”“Саха ойуута-бичигэ”, “ Үһүс үтүмэҥҥэ дьэгдьийэн,чэбдигирэн,ыраастанан», ”Ойуу тыла, Айыы тыла”,” Моҕол Ураһа», “Кэриим айан” уо.д.а.
Биир дойдулааҕым тимир ууһа, ойууһут Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус араас кинигэлэригэр суруйбутбэргэн тыллары булан, маннык темаларга наардаатым:
- Оҕоҕо, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан.
- Тылга, культураҕа, итэҕэлгэ сыһыан.
- Олоххо сыьыан.
- Арыгыга сыһыан.
1 Оҕоҕо, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан
Оҕо кыратыттан ыарахаттары, мэһэйдэри туоруу, кыайа үөрэниэхтээх.
Уол оҕону сатаан ииппэтэхпитинэ, омук быһыытынан эстэбит.
Оҕо мөккүһэ үөрэниэхтээх. Мөккүөр – бу култуура, үөрэх.
Киһи аймахтаах, дьонноох-сэргэлээх буоллаҕына,, киһи буолар.
Төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннаах буоллахтарына, оҕолор бэйэлэрэ да билбэттэринэн дьоҥҥо оннук сыһыаннаах улааталлар.
Киһи санаатын кытта иккиэ буолар.
2 ОЛОХ
Куруук тиэтэйэ сылдьар киһи олоҕун тэтимин уларытар, сүүрэ сылдьар киһи охторо да үгүс буолар.
Олох — хамсааһын. Сымара таас курдук сытан эрэ үйэни моҥуохха сөп этэ да, тыыннаах олоххо ол табыллыбат, сатаммат: хамсааһына суох тыын киирбэт.
Ис күүс таска тахсыыта — киһи олоҕун суолун солонор сүрүн күүһэ.
Хас биирдии киһи олоҕо өрүс курдук — аата-ахса суох үгүс үрэхтэртэн, үрүйэлэртэн тардыыланан доллоһуйа устар.
Дьиэ акылаата чиҥбуолуохтаах, оччоҕо бу дьиэ дьоно-сэргэтэ ньир- бааччы олохтоохбуолар.
Олох-айан. Айан-олох.
Чэгиэн өй-санаа, күлүмэх күүс—дьоллоох олох мэктиэтэ.
Орто дойдуга бэйэҥ кэннигиттэн олох чэлгийэ хааларын туһугар олоруу — бу дьол.
Куһаҕан, хойохтоох санаа хааһахха хааланан аргыс буолуо суохтаах.
3 Тыл, культура, итэҕэл
Тыл акылаата Ийэ Тылынан эрэ бөҕө-таҕа гына ууруллуохтаах.
Ийэ Кут, Ийэ Өй, Ийэ Тыл –үс сүдү күүстэр, үс аҕас-балыстар – киһи олоҕун үс сүрүн тирэхтэрэ.
Омук дьиҥ култуурата, айылгыта тыа сиригэр сытар.
Итэҕэл диэн омук олорон кэлбит суолун хаһан да умуннарбат, муннарбат, Олох салгыы айаныгар көнө сүнньүн тутуһуннарар сүдү күүс.
Айыы Үөрэҕэ саха омук олоҕун саамай чугас,эрэллээх, күүстээх сүбэһитэ, сүрүннээччитэ буолар.
Үс улуу ийэлэрбит-Ийэ Кут, Ийэ Өй, Ийэ тыл хаһан да ситимнэрэ быстыбат.
Өй-санаа, үөрэх-билии аҕыйах ахсааннаах омукка – олохпут суолун солонор күөммүт, куйахпыт буоллаҕа.
Итэҕэллээх омук- сайдар кэскиллээх, итэҕэллээх омук – уһун үйэлээх.
4 Арыгыга сыһыан
Арыгы хара дьайа киһиэхэ сүүс араас кубулҕатынан сөрүөстэн киирэр.
Арыгы утаҕы ханнарбат…
Сүр тоһуннаҕынасалгын кут айманар, ийэ кут илистэр, буор кут буорайар.
Арыгы хара дьайа диэн сүдү да күүстээх күтүр.
Арыгы дьайын айатын кылыытын үктээтэххинэ, бүтэр уһуга суох эргийэр уот иигэ киирэн хаайтаан хаалаҕын.
Бүгүн өйдөммүт сарсын көнөр, өйүүн чэчириир.
Түмүк
Мандар Уус олоҕу анааран көрүүтүн сүрүн сүмэтэ- киһи Аар Айылҕаҕа сүгүрүйүөхтээҕин таһынан, киһи киһини араҥаччылыыр,харыстыыр, уонна ытыктыыр аналлааҕын, норуотун уруккутун, бүгүҥҥүтүн, инникитин холбуу тутан бар дьоҥҥо тарҕатар сүдү аналлаах киһи буолар.
Мандар Уус бөлүһүөктүү көрүүлэрэ толкуйдатар ис хоһоонноохтор. Киһиэхэ сүбэ, көмө буолар кыахтаахтар.
Маннык этиилэри тарҕатан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии биир ньыматынан плакаттары оҥорон оскуолаларга, уопсастыбаннай сирдэргэ ыйыыр ордук буолуо этэ дии саныыбыт.
Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус бөлүһүөктүү көрүүлэрэ толкуйдатар ис хоһоонноохтор. Киһиэхэ сүбэ, көмө буолар кыахтаахтар.
Маннык этиилэри тарҕатан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии биир ньыматынан плакаттары оҥорон оскуолаларга, уопсастыбаннай сирдэргэ ыйыыр ордук буолуо этэ дии саныыбыт.
Саҥа үйэҕэ олох олорор саха киһитэ, ытык өбүгэбит сылаас Алгыһын сырдык тыына саҥалыы тыллан,Эн тэлэр аатыккар ыҥырар уот,угуйар эркээйи буолуохтун!диэн Мандар уус тылларынан үлэбин түмүктүүбүн.
Туһаныллыбыт литература:
Б.Ф. Неустроев- Мандар Уус « Ойуу тыла, Айыы тыла». Дь. 2004
Б.Ф.Неустроев — Мандар Уус « Үһүс үтүмэҥҥэ дьэгдьийэн, чэбдигирэн, ыраастанан». Дь. 2000
Б.Ф.Неустроев- Мандар Уус « Кэриим айан». Дь. 2020