Данилов Тимур, Татьяна Данилова,
Хонуу сэл., Муома оройуона

Река Лена: описание, исток, притоки, куда впадает

Былырыын “Саха” НКИХ көстөр “Өркөн өй” диэн оонньууга эдэр дьон “кыдьымах” диэн тылы билбэтэхтэрэ. Ол кэннэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн айдаан тахсыбыта, аныгы ыччат тылы билбэт, “кыдьымах халлааҥҥа тахсар” диэн күлүү гыммыттара. Ол иһин биһиэхэ интэриэс үөскээбитэ, өрүскэ сыһыаннаах тыл төһө элбэҕий уонна оҕолор, улахан дьон бу тыллары төһө билэллэрий диэн. Төрөөбүт тылы билии хаһан баҕарар тоҕоостоох, бу сытыытык турар кыһалҕа буолар.

Муома оройуонугар Индигир уонна Муома өрүс усталлар. Олохтоох дьон балыктыыллар, өрүс устун айанныыллар. Онон эбэбит бары өттүнэн биһиэхэ олус наадалаах уонна туһалаах тыын тымырбыт буолар.

Өрүскэ сыһыаннаах тыллары билээри аймах дьоммуттан, учууталбыттан ыйыталаспытым, ол кэннэ суолталарын тылдьыттан булбутум, сороҕун ийэм быһаарбыта. Харахпынан көрөөрү хаартыскалары булан быһаартарбытым. Маннык үлэ түмүгэр 21 тыл көһүннэ.

Оскуолабар учууталларга уонна оҕолорго өрүскэ сыһыаннаах тыллары төһө билэллэрин быһаараары ыйытык ыыттыбыт. Ол түмүгэ маннык буолла: Учууталлар бу тыллары үгүстэрин билэллэр эбит, ол эрээри “ырбыы” уонна “тааҥ” диэн тылы билэр киһи аҕыйах буолан таҕыста, оттон “чаара” диэн тылы ким да билбэтэ. Кыдьымах диэн тылы 6 эрэ киһи билэбин диэбит, Хонууга үксүн нууччалыы “шуга” дииллэр, баҕар, ол иһин сахалыытын быһаарбатах буолуохтарын сөп. Оттон оҕолор аҥаардара “халаан уута”, “тарыҥ”, “өрүс эстиитэ”, “өрүс барда” диэн тыллары билэр, онтон атыттары 1-3 оҕо ааттыыр, “чаара”, “ырбыы”, “симии” диэни истибэтэхтэр.

Мин эмиэ бу тыллары саҥа биллим. Тоҕо диэтэр өрүскэ сылга биирдэ-иккитэ эрэ сылдьабын уонна оннук кэпсэппэппит. Ол иһин дьоҥҥо биллэрэр наадатыгар “Өрүскэ сыһыаннаах тыллары төһө билэҕин?” диэн хаартыскалаах халандаары оҥордубут. Бу халандаарга ый аайы биирдии тылы быһаардыбыт уонна хаартысканан көрдөрдүбүт.

Өрүскэ сыһыаннаах тыллар суолталара

уонна этиилэргэ холобурдара

  1. Кыдьымах – өрүс туруутугар устар бытархай муустар. Өрүскэ кыдьымах киирэн эрэрэ, халлаан наһаа тымныйан барбыта.
  2. Өйүмү – кыһын тоҥмотох кыра уу. Атым өйүмүгэ түһэн сатаан тахсыбата.
  3. Кээҥи – толору уу түһэн, тоҥон, иччитэх көҥдөй чараас муус үөскүүр. Хааман иһэн кээҥини үктээн тыас-уус таһаардым.
  4. Тааҥ – күөл, үрэх мууһун үрдүгэр халыйбыт уу. Үрүйэлэр, үрэхтэр тааҥнарыгар боккуоба суох ат халтарыйан, сүгүн хаампат.
  5. Халаан уута – өрүс уута саас эбиллиитэ. Халаан уута дэриэбинэ кытыы сирин ылла.
  6. Мотуоктаабыт – сайын саҕаланыыта ардахха ирбэт тоҥ ирэн уу эбиллиитэ. Өрүс мотуоктаан, сир-дойду ууга барда.
  7. Араат – үрэхтэн, өрүстэн киирэр салаа. Араат уута олус сылаас эбит.
  8. Өрүс үөһэ – уу сүрүн сүнньэ, дириҥ өттө. Мотуорбун өрүс үөһүн диэки туһаайдым.
  9. Өрүс хомото – өрүстэн үтэн киирбит уу. Киэһэлик оҕолор хомоҕо сөтүөлээтилэр.
  10. Харгы – өрүс, үрэх чычаарар сирэ (түгэҕэр тааһа элбэх сиринэн). Муустар кэлэ-кэлэ харгыга иҥнэн, тохтоон, олорон хаалаллар. 
  11. Халҕаһа – кыдьымах тоҥон, хойдон улаатар, биир кэлимсэ кыстанар. Өрүскэ халҕаһа бөҕө баар, суолга мэһэйи үөскэтиэ.
  12. Чаара (чаар) – чычаас уулаах сир. Өрүс уута түһэн чаарата элбээбит.
  13. Тарыҥ — кыһын сир анныттан тахсан халыйбыт уу, ол уу тоҥон муус буолбута. Тарыҥ уутугар бытарҕан тымныыга түһэн, кыл мүччү тоҥон өлбөтөҕө эмиэ баара.
  14. Өрүс эстиитэ, өрүс барыыта — саас өрүс муустан босхолонуута. Өрүс эстэрин дэриэбинэ дьоно мустан көрдө.
  15. Ырбыы – саас муус барыыта өрүс, күөл кытыытынан дьуххарбыт уу. Өрүс эстиэн иннинэ икки өттүнэн мууһун кэбирэтэр. Күнтэн күн ырбыы улам кэҥээн иһэр.
  16. Өрүс чэйэ – бытархай таастаах, уута суох кытыл. Таҥаспын куурдаары, өрүс чэйигэр уот отторго сананным.
  17. Уу тыына — өрүс сылааһа тахсара. “Көр, өрүс тыына тахсар,”- диэн эһэм тарбаҕынан ыйда.
  18. Өрүс чаана – тымныйдаҕына ууттан тахсар салгын (паар). Өрүс чаана тахсан, суолбут көстүбэт буолбут.
  19. Симии – өрүс турарыгар халҕаһа мустан анныттан сыстан үөскүүр (ыга хааламмыт, симиллибит муус). Өрүс быйыл соччото суохтук тоҥмут, барыта симии да, халҕаһа.
  20. Муус сибэккилэр – тымныы уонна сылаас салгын дьайыытын түмүгэр муус үрдүгэр үөскээбит кырыа. Алтынньы ыйыгар өрүскэ киирбитим, арай муус үрдэ барыта кырыа сибэкки буолан кэрэ көстүүлэммит.
  21. Көмүөл – саас өрүс эстиитигэр халҕаһалаан устар муус. Бары манна көмүөл барарын көрүөхпүт.

Чинчийиим түмүк санаалара:

1. Тыл баар буоллаҕына омук баар буолар. Төрөөбүт тылын билэр, элбэх тыл суолтатын өйдүүр киһи бэйэтин омугун тута сылдьар. Онон биһиги сахабыт тылын билиэхтээхпит.

2. Билиҥҥи оҕо айылҕаттан тэйэн, айылҕаҕа сыһыаннаах тыллары билбэттэр. Тыаҕа бултуур, оттуур, дэриэбинэҕэ эбэлэригэр, эһэлэригэр сайыҥҥы сынньалаҥын атаарар оҕолор оннук тыллары син тутталлар.

3. Ыйытык түмүгүнэн биһиги оскуолабытыгар улахан дьон үгүстэрэ өрүскэ сыһыаннаах тыллары билэллэр эбит, оттон оҕолор – аҕыйах эрэ тылы. “Чаара”, “ырбыы”, “симии”, “тааҥ” диэн тыллары билэр киһи аҕыйах.

4.  Ханнык баҕарар киһи, оҕо тылы куруук туттар, көрөр эбэтэр хатылыыр эрэ буоллаҕына, өйүгэр хатыыр. Ол иһин биһиги оҥорбут халандаарбыт курдук харахха көстөн турар маллары оҥордоххо, син тыл суолтатын билэрбит элбиэ этэ. 

 Туһаныллыбыт литэрэтиирэ

  1. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта / П.С.Афанасьев уо.д.а. — Дьокуускай, “Бичик”, 2008 с.
  2. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта / П.А.Слепцов уо.д.а. – Новосибирскай, “Наука”, 2011 с.
  3. Реки и озера Якутии: краткий справочник / С.К.Аржакова и др.- Я., “Бичик”, 2007 г.
  4. Сахалыы-нууччалыы кылгас тылдьыт / Т.И.Петрова уо.д.а. – Дьокуускай, “Бичик”, 2012 c.
  5. https://7calendar.com/ru