Слободчикова Тамара Егоровна,
саха тылын,литературатын учуутала
«Мэҥэ Хаҥалас оройуона» муниципальнай тэриллии
И.Г. Тимофеев аатынан Майа лицейэ
Мин кинигэм долбууругар Россия Айымньылаах педагогикатын Академиятын академига Константин Спиридонович Чиряев олоҕун устата оҥоһуллубут бэлиэтээһиннэрэ, сүбэлэрэ, ыстатыйалара киирбит “Олох педагогиката” диэн кинигэтэ дьоһуннаах миэстэҕэ турар. Автор бу үлэтигэр дьиэ-кэргэн үйэлэргэ чочуйан илдьэ кэлбит оҕону иитэр-үөрэтэр ньымаларыгар норуот педагогикатын элбэх көстүүлэрэ дьайалларын сиһилии көрдөрөр, ырытар. Бу дьоһун үлэни сэргэ көстүүлээх сиргэ “Үтүө аат үйэлээх…” диэн ааттаах дьиэ-кэргэн олоҕун кэпсиир, биһиги аймахха бэлиэ-өйдөбүнньүкпүт, кинигэбит ууруллан турар.
Төрөөбүт-үөскээбит дьиэ кэргэним олоҕор өбүгэ үтүө үгэһин иҥэринэн иитиллэн тахсыы тус олохпор дириҥ суолтатын билиһиннэриэхпин баҕарабын. Биһиги аҕабыт Семенов Егор Павлович (1920-1984сс.) тулаайах үөскээн, эрэйи, кыһалҕаны эҥээринэн тэлэн, ол эрээри санаатын күүһүнэн орто дойду олоҕун уйгутун уһансан, элбэх оҕону төрөтөн, сиргэ кэлбит ытык иэһин чиэстээхтик толорон, үлэлээн-хамсаан ааспыт олоҕо кимиэхэ барытыгар холобур буолуон сөп. Кини дойдубут историятын бутуурдаах кэмигэр төрөөн-үөскээн, сэрии ыал сылларыгар эдэр сааһа ааһан, бэйэтин кэмигэр кимиэхэ да маарыннаабат олоҕу олорбута. Оччотооҕу кэмҥэ саха ыала оҕоҕо сыһыанын, иитэр эйгэтин, олох ханнык сыаннастарыгар ордук суолта уурбуттарын, үлэни тоҕо өрө туппуттарын, үлэттэн тоҕо дьолломмуттарын билиэххит…
Биһиги төрүччүбүтүн аҕабыт толору оҥорон, кэлин ситэрэн биэрбиппит. Онон 13 көлүөнэҕэ диэри толору киирэн сылдьар. Биһиги онус көлүөнэ дьон буолабыт. Салгыы оҕолорбут, сиэттэрбит кэлэллэр. Кинигэбит бастакы баһа «Силиһэ суох мас үүммэт, төрдө суох киһи төрөөбөт»диэн. Манна толору кимтэн кииннээхпитин, хантан хааннаахпытын суруйдубут. Төрүччүбүт маһын оҥордубут. Ахтыы быһыытынан хос эһэбит, эбэбит, эһэбит, убайбыт, ийэбит туһунан киллэрдибит. Бу суруйууларга чугас дьоммут хас биирдиилэрин сырдык мөссүөнэ, саҥалара, үөрэтиилэрэ-такайыылара, сүбэлэрэ, дьоҥҥо үтүө сыһыаннара, бэйэ-бэйэни өйдөһүүлэрэ барыта баар. Кинилэр мындыр толкуйдарын күн бүгүн сүрэхпитигэр хатаан илдьэ сылдьабыт, сүбэ-соргу оҥостобут. Кинигэбит иккис баһа: «Ленинскэй Знамя» хаһыат страницаларынан диэн. Манна аҕабыт үлэтин-хамнаһын сырдатыы. Үһүс баһа: «Аҕабыт туһунан иһирэх тыл» диэн. Манна бииргэ үлэлээн ааспыт, алтыспыт нэһилиэгин, улууһун, республикатын дьонун-сэргэтин, аймахтарын, табаарыстарын, доҕотторун ахтыылара киирбитэ. Төрдүс баһыгар “Сыдьаайар сырдык сулус буолан…” диэҥҥэ 9 төрөппүт оҕотун уонна сиэттэрин ахтыыта баар. Бэһис баһыгар «Үтүө аатыгар сүгүрүйэбит» диэҥҥэ Саха народнай поэта Наталья Харлампьева уонна ветеран учууталлар ыстатыйалара киирбитэ. Бу бэлиэ-өйдөбүнньүкпүт, Академик К.С.Чиряев бэлиэтээбитинэн, ыалы сүрүннүүр сүрүн ыйынньыкпыт буолар. Тоҕо диэтэххэ, былыр оҕону, киһини дьиэ кэргэнинэн, аймаҕынан иитэллэрэ. Аҕа ууһун аатын үрдүктүк тутар, ханнык да куһаҕан быһыынан түһэн биэрбэт иһин, бары бүттүүн кыһаналлара. Ол туһунан бу кинигэҕэ толору билсиэххит.
Аҕабыт төрөөбүт дойдутун олус таптыырын “Айылҕа дьикти көстүүлэрэ” диэн дьүһүйүүтэ туоһулуур: “Былыыр-былыр биһиги Сахабыт сиригэр киһи-сүөһү олохсуйбатах сирдэрэ олус элбэхтэрэ үһү. Олортон биирдэстэрэ бу мин кэпсээммэр киллэрэр сирим аатырар Амма арҕаа тахсар Таҥхатын, Онньоойутун бастарыттан хатыйса уутун ылан икки салаалаах үрэх холбоһоннор, тараах тииһин курдук ахсаана биллибэт туора тахсар үрэхтэриттэн, үрүйэлэриттэн мунньустан хааман иһэр оҕус ииктээн кээспитин курдук, туора-маары охсуллан, аарыгыран-айгыстан уон биэс көстөөх сири таҥнары сатыылаан, сааскы халааҥҥа дохсун сүүрүктэнэн, хаатыгар баппакка толоон-алаас ахсын халыһыйа сүүрдэн, харылаан-курулаан, кытыаста-кытыаста будулуйбахтаан, күөстүү үллэ-үллэ күүгэннирэн киирэн «Лена» Эбэ хотун киэҥ куртаҕар хантан кэлбитэ биллибэккэ иҥэн-сүтэн хаалаахтыыра. Маннык улуу үрэх төһө эрэ киэҥ хочонон нэлэйэн-хотойон тахсара буолла дии саныаххыт. Онтукабыт нэһиилэ уу сүүрэр эрэ сүлбэлэнэн сүтэн-оһон, кыараан хапчаан буолан киирэр «Хаптаҕай» илиҥҥи эҥэр быраанын кытта холбоһон биир көдьүүс быраан буолан көстө сүтэн хаалар эбит. Маннык үрэх төрдүттэн ыла хайдах тахсар эбитий диэтэххитинэ, өксөйөн көрдөххө. Самаҕар дылы сэттэ сиринэн таас дьапталҕа хапчаанынан хаххаламмыт. Самаҕыттан үөһээ арҕаа салаатын Буом Харыйаҕа дылы түөрт сиринэн суорба таас хайанан араҥаччыламмыт эбит. Итинэн көстөрүнэн, аллараа араат байҕал аҥаарыйар ааттаахтара, анааран көрөннөр, анысхан үлүгэринэн аныйбатыннар, үргүөр бөҕөнөн үргүйбэтиннэр диэн, төрдүттэн ыла эрийэн-буруйан, саһыаран таһаарбыт эбит. Итини таынан үөһээ үс биис уустара үрэх төрдүттэн араналаан салгыы өҥөйөн көрбөтүннэр диэн Буом Харыйаҕа дылы үрэҕин хааһыгар тиийэ лүҥкүр харыйанан, лиҥкинэс тииттэринэн, дьылыгырас иирэнэн, наҥнарыспыт хатыҥнарынан бүрүйэ үүннэрбитэ, сайыныгар мутукча тылыннаҕына биир кэлимсэ күөх баархат суорҕан буолан, үрэҕи көстүбэт гына көҕөрөн көстөр эбит. Кыһынын мас-мутукча көмнөҕүрдэҕинэ маҥан куобах суорҕаны түүтүн тиэрэ саптыбыт курдук бүрүйэн, ханан үрэх баарын биллибэт гына биир кэлимсэ тыанан хаххалаабыт эбит. Мантан үөһээ өттө хайдах дойду эбитий диэн салгыы көрөн истэххэ, Таас Оломтон бэттэх тиһигин быспат курдук тумулларынан быысаһа-быысаһа салҕанан, тиһигин быспат курдук үгүс элбэх үчүгэйкээн бэйэлээх айылҕа араас киэргэлинэн тус-туһунан киэргэммит толооннордоох эбит. Онтон салгыы эргитэ көрөн сыаналаан көрдөххө, бу улуу үрэхпит халдьаайы өттө быста-быста салҕанан, бэстээх үрдүк бырааннаах, эҥэр хатыҥ чараҥнаах, куула өттө дэхси хара тыалаах, үрэҕин үөһүнэн тэҥкэ харыйалаах, хатын былаастаах иирэ талахтаах, үрэхтэр, үрүйэлэр төрүттэрин ахсын үгүс көлүйэ күөллэрдээх, толоонугар, үрүйэтигэр сибэккитэ сиппит, өлөҥ ото төбөлөммүт, араас ото ачалаабыт дойдута буолла.
Маннык үтүө дойдуга хара тыатыгар ардьай аһыылааҕа – эһэтэ, бөрөтө, элэҥнэспит курдук күндү кылааннааҕыттан – бэдэрэ, саһыла, саарбата, солоҥдото, кырынааһа, тииҥэ дэлэйбит. Дьороҕоно сотолооҕуттан – таба кыылыгар, туртаһыттан бүүчээнигэр тиийэ үөрдээн сылдьар эбиттэр. Маһын көтөрө хайдах эбитий диэтэххэ, быччыгыныара бычыгыраабыт, хабыйахаана бабыгыраабыт, куртуйаҕа куллугураабыт, улара чаҥырҕаабыт дойдута буолан биэрдэ. Күөлүгэр, үрэҕэр туох бултаах эбитий диэтэргит, күргүөмүнэн сылдьар күөнэхтээх, моҕотой саҕа мундулаах, үтүлүк саҕа соболоох эбит. Сааскы, сайыҥҥы уутун көтөрө хайдаҕый диэтэххэ, оччотооҕу кэмҥэ омуннаан эттэххэ, көтөр муҥутаан киирэр кэмигэр кус арааһа: кубалыын, хаастыын, кыталыктыын, туруйалыын, чөкчөҥөлүүн, бараахтыын мунньустан олорон эгэлгэ куолаһынан араастаан кыаратан-кэҥэтэн саҥарар саҥалара араас тыастаах музыка курдук кутуллан иһиллэрэ, итини тэҥэ көтө-көтө түһэ сылдьалларын көрбүт киһи бука көтөр баһаарыгар кэллим диэх этэ. Кэтэх тыаттан силигин ситэрэн кэрээбэккэ этэр кэҕэлээх, өрөөбөккө үөтэр өтөннөөх, кырдал-хонуу үрдүнэн кырыйа көтө сылдьан тохтообокко туойар туруйалардаах, күндү көмүс күөмэйдээх күөрэгэйдэрдээх. Үгүс элбэх аата-ахса биллибэт араас көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах үрдэ суох элбэхдойдулара буолла.
Сирин аһын арааһа: отоно, сугуна, хаптаҕаһа, моонньоҕоно, дьэдьэнэ, тэллэйэ киһи кыайан хомуйан бүтэрбэт муҥура суох, үгүстүк үүнэн баран таах хаалаахтыыр.
Маннык бэйэлээх үтүө дойду аата-суола кимий диэтэргит, билиҥҥи кэмҥэ сурукка суруллар, картаҕа киирэр аата «Тамма» диэн. Арҕаа салаата «Чыамайыкы» нэһилиэгэ олохсуйан олорор сирэ. Бу үлүгэрдээх үчүгэй дойдуну Лена эбэбит анаан-минээн, кистии-саба хонноҕор-быттыгар саһыаран сытаахтаабыт эбит дэһэн 1629 сыллаах диэки Дыгын кырдьагас өлбүтүн кэннэ, биһиги төрүттэрбит үс бырааттыылар таба хааман, хайгыы көрөн олохсуйбуттара үһү. Бу туһунан 1954 сыллаахха Романов Прокопий Иванович, 70-ча саастаах Чыамайыкы олохтооҕун кэпсээниттэн истибиппин кэпсээтэхпинэ: «улаханнара бас-көс билэр киһилэрэ Мурун Эчэнэк «Түөрүгү» төрдүгэр олохсуйар, орто уол Буралла төрдүгэр «Алааска» олохсуйар, кыра уол Манчаары үрэҕин төрдүгэр «Хаастаахха» дойдуланар. Ити дьонтон XVII –с үйэ бүтэһигэр Мурун Эчэнэктэн биир уол төрүүр, ону Мочоот диэн ааттыыр. Онтон ордук оҕо турбатаҕа үһү. Орто уолга икки уол, биир кыыс төрөөбүттэр. Улахан уолун Самаарын диэбит, онтон кыра уолун наһаа мөлтөҕүн-оккураҥын иһин Салба диэбит, кыыһын аата биллибэт, ону Хатастан биир тимир ууһа киһи тахсан кэргэн ылан, кини өбүгэ сирин «Нүөлүгү» үрэҕин бас билбит. Бу киһи Тыһаҕас диэн ааттааҕа диирэ. Аны кыра уол үс уолланар: улаханын Кокуора, орто уолун Бырдьыгынас, кыра уолун Бааччах диэн ааттаабыта эбитэ үһү».
Онтон ыла биһиги нэһилиэкпит сэттэ аҕа ууһуттан силис тардан, сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕи, толоон муҥунан хороҕор муостааҕы дэлэччи иитэн, төрөтөр оҕону төлкөлөөн, үрэх баһыттан ыла ыһыллан, тарҕаһан олорбуттара эбитэ үһү». Бу айымньытыттан биһиги төрөөбүт дойдубут сирдэрин аатын, кимтэн кииннээхпитин, хантан хааннаахпытын, хайдах айылҕалааҕын, уустаан-ураннаан хоһуйууну барытын билэбит, харахпытыгар көрөбүт. Бу маннык уус-уран тылынан саҥарара, кэпсиирэ эһэтиттэн, мин хос эһэбиттэн ийэтин аҕатыттан Петр Митрофанович Ларионовтан ситимнээх эбит. Хос эһэбит «Тээп-Тээп оҕонньор» диэн остуоруйаны суруйтаран хаалларбыта баар. Бу остуоруйа Г.У.Эргис хомуйан таһаарбыт «Саха остуоруйалара» диэн кинигэҕэ киирэ сылдьар. Итини 1945 сыллаахха от ыйын 23 күнүгэр П.Т.Степанов суруйбута архыыпка баар. Онно Амма оройуонун Чыамайыкы нэһилиэгин киһитэ 85 саастаах Петр Митрофанович Ларионов тылыттан П.Т.Степанов суруйбута. От ыйын 23 күнэ, 1945с. НА Со ССФ архива, ф.5, оп.3, дь.474, л.5. Эргис Г.У.Саха остуоруйалара/ Дьокуускай, Бичик, 1994.-392с. суруллан сытар.
Тээп-Тээп оҕонньор
Арай былыр үс ынахтаах, үс кэргэннээх, оҥочо оҥорор идэлээх Тээп-Тээп диэн ааттаах оҕонньор баара үһү. Бу оҕонньор күн тура–тура оҥочо оҥорор идэлээх эбит. Кини күн үрдүгэр туохтааҕар даганы бэйэтин аатын ордорор үһү. «Онон, баҕар, аны дэҥ ааппын умнан кэбиһэн, алдьаххай буолуо »,– диэн уоһуттан түһэрбэккэ: «Тээп-Тээп, Тээп-Тээп»,– дии сылдьыбыт.
Биирдэ оҥототун бүтэрэн баран, ууга анньан, дьиппинитээри: «Тээп-Тээп»,– дии сылдьан, хара күүһүнэн анньан: «Һуук!»– диибин диэн аатын умнан кэбиспит. Дьэ оҕонньор ыксаабыт. Хайдах гынан аатын өйдүөҕүн саныы сатаабыт. Туох да тахсыбатах, умнубутун кыайан өйдөөбөтөх.
Онтон оҕонньор ыксаан, ойохторуттан ыйыта дьиэтигэр сүүрбүт.
– Дьэ, ойохторуом, ааппын умнан сор бөҕөнү көрдүм. Аатым ким этэй? Этэн абырааҥ даа,– диэбит.
Ону туран ойохторо:
– Эчи эн ааккын билэ сылдьабыт дуо? Ааккын–суолгун бэйэҥ билэ сылдьыаҥ ээ!– дэһэн, аккаастаабыттар.
– Дьэ сор эбит, доҕор! Хантан буламмын, ааппын өйдүүр муҥмунуй? – диэн, күөлүгэр төннөн киирэр.
Саҥа оҥочону оҥорон көрүөх буолбута, илиитэ олох барбат буолбут, санаата эрэ аатыгар буолбут. Дьэ оҕонньор төрөөрү гыммыт ынах курдук, сыт да сыт, тур да тур буолбут, аатын кыайан өйдөөбөтөх.
Арай күн дьааһыйыыта илин диэкиттэн биир аттаах киһи иһэр эбит. Айан киһитэ оҕонньорго элитэн кэлэн:
– Оҕонньоор, бу тоҕо сытаҕын? – диэбит.
Оҕонньор хап–сабар ыстанан турбут.
– Дьэ, тукаам, ааппын умнаммын, сор бөҕөнү көрдүм. Аһаабытым ас, олорбутум олох буолуо суох. Онон дьэ ааппын туох манньаҕа этиэҥ этэ? – диэбит.
Айан киһитэ хап–сабар:
– Биир ойоххор уонна биир ынаххар этиэм этэ, – диэбит.
Оҕонньор ыараҥната да барбатах.
– Дьэ бэрт сөп. Икки ойохпунан, икки ынахпынан да хааллахпына, олорор инибин. Дьэ, ааппын эт, – диэбит.
Айан киһитэ биир дьахтары, биир ынаҕы ылан баран:
– Эн аатыҥ Тээп-Тээп диэн буолар, – диэбит.
Оҕонньор үөрүүтүгэр өрө хаһыыра түспүт:
– Оо, дьэ сүрэҕим–быарым сымнаатаҕын ньии, абыраннахпын даа!
Ынахтаах ойоҕум улахана суох эбит, аатым улахан эбит диэн уонна, баҕар, эмиэ умнан кэбиһиэм диэн: «Тээп-Тээп», – дии сылдьыбыт.
Дьэ арай эмиэ оҥочотун оҥорон бүтэрэн баран, ууга киирэн анньаары «Һуук!» диэри, эмиэ аатын умнан кэбиспит. «Оо, дьэ сор эбит. Эмиэ ааппын умуннум», – диэн өйдүү сатаабыт да, кыайан өйдөөбөтөх. Эмиэ сыт да сыт, тур да тур буолбут. Онтон өй ылан, ойохторугар сүүрэн тахсан:
– Бээрэ, ааппын эмиэ умуннум. Бэҕэһээҥи киһи ким диэтэ этэ? – диэбит.
Ону буоллаҕына ойохторо:
– Эчи эн ааккын биһи билэбит дуо? Ааттаах буоллаххына, билэ сылдьыаҥ ээ, – дэспиттэр.
Оҕонньордоро туран:
– Эһиги күн бэҕэһээ истибиккитин умнан кэбиһээхтиигит, сордоохтор ойох да буолаахтааҥҥыт, – диэн, үнтү сынньаталаан кэбиспит.
Онтон тэптэрэн: «Баҕар, күөлбэр киирдэхпинэ, өй киирээрэй» – диэн, күөлүгэр киирэн сыппыт, турбут. Туох да туһа тахсыбатах.
Оруобуна күн дьааһыйыыта илин диэкиттэн бээһээҥи киһи иһэр эбит. Оҕонньор, ыстанан туран, ааппын истэр буоллаҕым диэн, үөрэн утары барбыт.
Оҕонньор тэйэ соҕустук да буоллар:
– Дьэ, тукаам, аатым ким этэ? Умнан кэбистим. Муҥар, били ойохторум баҕайылар эмиэ өйдөөбөтөхтөр. Онон этэн абыраа, – диэбит.
Анараа киһитэ:
– Ээ дьэ, этэринэн этиэм да, биир ойоххун, биир ынаххын биэрэр буоллаххына, этиэм. – диэбит.
– Бээрэ, оттон бээһээ ылбатаҕыҥ дуо? Ол манньаҕа эттэҕиҥ дии, – диэбит оҕонньор.
– Суох. Бээһээ манньам оттон бээһээ этэн биэрбиппэр барар буоллаҕа дии. Оттон бүгүн ааккар наадыйар буоллаххына, саҥа манньата аҕал, – диэбит.
Оҕонньор толкуйдуу түспүт.
– Аата суох наһаа эрэйдэнииһибин. Оттон биир ойохтоох, биир ынахтаах да киһи син олороо ини, – диэбит.
Биир ынаҕын, биир ойоҕун биэрэн ыыппыт. Анараа киһи бараары туран: «Эн аатыҥ Тээп-Тээп», – диэбит.
Оҕонньор үөрүүтүгэр өрүтэ ыстаҥалаабыт: «Аата, аатым тугун үчүгэйэй. Сүрэҕим, быарым сымнаатаҕын, абыраннахпын даа», – диэн. Үөрүүтүгэр күөлгэ киирэн, икки оҥочону сонно тута оҥоро охсон баран сарсыарда дьиппинитиэм – диэн: «Тээп-Тээп, Тээп-Тээп», – дии–дии дьиэтигэр тахсан, үчүгэйдик аһаан–сиэн, утуйбут. Сассыарда уһуктаат, аатын ботугуруу сыппыт.
Дьэ аһаан–сиэн баран, күөлүгэр киирэн, бэҕэһээ киэһэ оҥорбут оҥочолорун ууга анньыталыах буолбут. «Һуук!» – диибин диэн, аатын умнан кэбиспит. Дьэ ыксал бөҕө буолбут. Абаккатыгар: «Бу эһигини ууга анньабын диэн, хаарыан ааппын умнан кэбистэҕим», – диэн, икки оҥочотун иккиэннэрин сүгэнэн хайыта сынньан кэбиспит. Уонна ойоҕор сүүрэн тахсан:
– Дьэ, ойоох, эмиэ ааппын умнан кэбистим. Бэҕэһээ истибитиҥ дии, ким диэбитин? – диэбит.
Ону ойоҕо туран:
– Эчи эн ааттааххын эрэ суоллааххын, ону мин билэбин дуо?– диэбит.
Ону туран оҕонньор:
– Бу, күн бээһээ истибит ааккын умнарыҥ тугун сүрэй? Онно–манна аралдьыбат киһи өйдүү сылдьыаҥ этэ буоллаҕа дии, – диэн үнтү кырбаан кэбиспит.
Онтон тэптэрэн, киирэн күөлүн кытыытыгар сыппыт, турбут. Өйдүү сатаабыт. Оту–маһы турута тыыппыт.Сири кымыстаабыт. Туох да тахсыбатах, хаарыан аатын кыайан өйдөөбөтөх.
Күн дьааһылыыр. Били бээһээ киһитэ эмиэ иһэрин көрбүт. Оҕонньор, ыраахтан көрөөт, сүүрэн тиийбит.
– Дьэ, тукам! Этэн абыраа! Буорайдым. Олох өлөрбөр тиийдим, аатым ким этэй? – диэбит.
Ону анараа киһитэ:
– Биир ойоххун, биир ынаххын биэрэр буоллаххына этиэм, – диэбит.
Оҕонньор толкуйдаамахтаан баран:
– Чэ бээ, ынаҕа да, ойоҕо да суох, оҥочо да оҥорон аһаа инибин, ама, хайатын ааппын умна турар үһүбүөн, – диэн саамай бэстилиэнэй ойоҕун, бэстилиэнэй ынаҕын биэрбит.
Анараа киһи бараары туран:
– Эн аатыҥ Тээп-Тээп, – диэбит.
Оҕонньор үөрэн, өрө эккирии түспүт. Күөлгэ сүүрэн киирэн, оҥочо оҥорбутунан барбыт. Хас да оҥочону олох биллэрбэккэ, түргэнник оҥоро охсон кэбиспит. Сассыҥҥытыгар ойон туран оҥочолорун ууга угуталыах буолта: «Һуук!» – диибин диэн, аатын эмиэ умнан кэбиспит.
Дьэ анны ол аайы аатын этэн биэрэр киһи кэлбэтэх, биэрэр манньата да малыйбыт. Аатын кыайан булбакка тур да тур, сыт да сыт буобут. Уһугар тиийэн, аһыыр аһа суох буолан, хоргуйан өлбүт.
Амма оройуонун Чыамайыкы нэһилиэгин киһитэ 85 саастаах Петр Митрофанович Ларионов тылыттан П.Т.Степанов суруйбута. От ыйын 23 күнэ, 1945с. НА Со ССФ архива, ф.5, оп.3, дь.474, л.5. Эргис Г.У.Саха остуоруйалара/ Дьокуускай, Бичик, 1994.–392с.
Эбээ Моотуо
Эбэбит Федорова Мотрена Петровна Ларионовтар кыыстара этэ. 1887 сыллаахха Хомпу үрэҕин Чоноойутугар төрөөбүт, «Килэстэр» кыыстара. Аҕата, хос эһэбит Ларионов Петр Митрофанович диэн сүрдээх элэккэй, сытыары майгылаах, уус-уран тыллаах-өстөөх, норуот сээркээн сэһэнньитэ эбит. 1945 сыллаахха 85 сааһыгар сылдьан суруйтарбыт «Тээп-Тээп» диэн остуоруйата «Саха остуоруйалара» диэн Г.У.Эргис хомуйан таһаарбыт кинигэтигэр киирэ сылдьар. Эбэбит Моотуо кэпсииринэн оҕонньор балай да уһуннук олорбут. Оҕонньор икки хараҕынан кыайан көрбөт эбит. Ону утуйаары сыппытын кэннэ дьээбэлээннэр: «Оҕонньоор, туран уута баһан таҕыс, сарсыарда буолла» дииллэр үһү, онуоха оҕонньордоро: «оттон оҕолоор билигин эрэ сыппатыбыт дуо?» диирэ үһү уонна уу баһа барар үһү. Дьоно буоллаҕына утуйан хаалаллар эбит. Оҕонньордоро кэлэн баран: «били сатаналар эмиэ дьээбэҕэ тиллибиттэр» диэн баран утуйар эбит. Оннук холку, сымнаҕас майгылаах киһи эбит. Орто дойдуттан оруобуна Кымыс күн аттаммыт. Кымыска сылдьан: «оҕолоор, хайдах эрэ баһым ыарыйда, баран сытыыһыкпын» диэн дьиэтигэр кэлбит. Онтон дьоно кэлэн оҕонньордорун ыҥыран көрбүттэр да хардарбатах, хайдах буоллаҕай диэн тиийэн көрбүттэрэ: оҕонньор илиитин кириэстии туттан уһун уутугар утуйа сытар үһү. Ону эбээбит наар этэр этэ: «үтүө сырдык санаалаах киһи чэпчэкитик аттанар» диэн. Оннук муударайдык дьаһанан кими да куттаабакка, сүпсүгүрдүбэккэ күн сириттэн күрэммит.
Дьон-сэргэ эбээ Мотуруонаны таптаан Моотуо эмээхсин диэн ыҥыраллара. Бу эдэригэр уһун курбуу курдук уҥуохтаах, уһун суһуохтаах, синньигэс сирэйдээх, сытыы хара харахтаах, чобуо тыллаах кыыс буоллаҕа буолуо. Биһиги бары кэриэтэ эбэбит тапталыгар биһиктэнэн улааппыт дьоммут. Аҕалаах ийэбит колхоз үлэтигэр сылдьаллара, инньэ гынан үксүн эбэлээх эһэбит көрүүлэригэр улааппыппыт. Эбээ сатаабатаҕа диэн суоҕа. Барыны барытын ыпсара сылдьар сүрдээх түргэн ыраас туттунуулааҕа. Ыалдьытымсах бөҕө. Ас арааһын астаан күндүлүүр-маанылыыр этэ. Аҕабыт күлэн этэр буолара: «эбэҕитин дьон хайҕаатаҕына, тугун да кэрэйбэккэ биэриэх быһыылаах» диэн. Кыһалҕалаах олоҕу олорбут буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ аһыныгас сыһыаннаах этэ. Уһун күнү быһа олорон турбакка үлэлиирэ уонна наар мичээрдии сылдьар сирэйдээҕэ. Ордук оҕоҕо ураты эйэҕэс сыһыаннааҕа. Биһиги үрдүбүтүнэн өс хоһоонунан эттэххэ «үргүөр үргүйбэтэҕэ, анныбытынан аргыар аргыйбатаҕа». Оннук кини ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран көрөрө-истэрэ, харыстыыра. Хас биирдиибитигэр биир тэҥник сыһыаннаһара. Бэйэтэ төрүт өйүгэр олоҕурбут иитэр ньымалардаах этэ. Ыарыйдахпытына эмтиирэ, онтуката барыта айылҕалыын быстыспат ситимнээҕэ. Ол курдук, тиис ыарыытыгар тоҥсоҕой тумсунан тоҥсуйара, туох эрэ диэн ботугуруура, ыарыы ааһан хаалара. Билигин өйдөөтөххө, ис ыарыытын илбийэн эмтиир эбит. Ыарыы турбутун иһиттэҕинэ аал уотун аһатара, тугу эрэ ботугураан кэпсэтэрэ. Араас кыыл-сүөл тириитигэр суулуура. Ыарыйдахха хайаан да сөбүлүүр аскын астаан аһатар этэ. Ол сүрдээҕин көмөлөһөрө. «Тугу сиэҥ этэй?» диэн сибигинэйэн ыйытар идэлээх этэ.
Сололонноҕуна хамсатыгар табах уурунан аргыый наллаан тарда олороро бу баарга дылы. Хайдах эрэ эбэбит табаҕын буруота сыттыын минньигэс буолара. Табаҕын наһаа харыстыыра, хамсатын анал мөһөөччүккэ уга сылдьара. Билигин санаатахха, сөбүн көрөн тардар эбит.
Эбээ Моотуо наһаа кэпсээннээх, остуоруйалаах буолара. Утуйбатахха биһик ырыатын ыллыыра. Наар үчүгэйи, сырдыгы эрэ ыралыыра, урукку олоҕу ахтара, ийэлээх аҕабыт туһунан элбэҕи кэпсиирэ, «дьоҥҥутун олох хомотумаҥ, маны оҥоруҥ, кэлэн көрдөхтөрүнэ үөрүөхтэрэ, оҕолорбут улааппыттар эбит» диэн санаабытын күүһүрдэн биэрэрэ. Дьоммут суоҕар ким да хаппырыыстаабат этэ. Бары үлэни үллэстэн эбэтэр саба түһэн оҥорон иһэрбит. Инньэ гынан эбэлээх эһэбититтэн хайҕанарбыт.
Биһиги иллээх-эйэлээх буола улаатыыбытыгар, биллэн туран, дьоммут иитиилэрэ улахан оруоллаах. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ оҕону хаһан да таһыйбат, улаханнык саҥарбат, мөхпөт этилэр. Сэрэнэн кэпсэтэллэрин өйдүүбүн: «кэбиис, оҕо кута ыстаныа, сүрэ тостуо» диэн буолара. Арай дьиэ аанын үрдүнэн чыпчаххайы истиэнэҕэ кыбыта анньан турааччы. Туох эмэ буолар түбэлтэтигэр: “аһыы дуу, ньулуун дуу” диэн ыйытааччы. Ол аҕа көлүөнэ олоҕун ситимэ буолан билигин да туттулла сылдьара биһигини үөрдэр.
Үлэни оҕону көрөн, наардаан үлэлэтэллэрэ, найылаан кэбиспэт этилэр. Инньэ гынан бары үөрэ-көтө үлэлиирбит. Үлэттэн хаһан да сылайбат этибит. Үлэни таптыырга, үлэттэн дуоһуйууну ыларга үөрэммиппит. Ынаҕы этэрэртэн саҕалаан ыырга, түптэ оҥорорго, ньирэйи баайарга, томторук кэтэрдэргэ, быһатын эттэххэ, ыанньыксыт, сүөһүгэ сыстаҕас буолуу оскуолатын мантан саҕалаабыппыт.
Сир аһын астааһыны уонна хаһааныыны эбэбит үөрэппитэ.Инньэ гынан бары сир аһын арааһын олус баҕаран туран үөрэ-көтө хомуйабыт. Сир астыы барыы – бу бэйэтэ бырааһынньык. Бу барыта билиҥҥи олохпутугар олук уурбута саарбаҕа суох.
Айылҕаны кытта алтыһарга, сиэргэ-туомҥа эбээ үөрэҕэ элбэҕи биэрбитэ. Сайынын батыһыннара сылдьан ньирэйдэргэ диэн от үргэтэрэ, маны ньирэй таптаан сиир диэн тараах күрдьүгэс оту үргүүрбүт. Ол сылдьан сири таптыырга, харыстыырга мэлдьи үөрэтэрэ: « киһи уҥуоҕун хаһан да тарбаххытынан ыйбат буолуҥ, сиргэ-дойдуга мээнэ улаханнык саҥарбат буолуҥ, маһы-оту алдьаппат, үөнү-көйүүрү, чыычааҕы тыыппат, дьээбэлэммэт буолуҥ» диирэ.
Ыһыаҕы урут кымыс дииллэрэ. Онно бэлэмнэнии бөҕө буолара. Наһаа кэтэһиилээх бырааһынньык этэ. Саҥа таҥас бөҕө тигиллэрэ, мааны таҥас-сап манна кэтиллэрэ. Эбэбит сундуугун түгэҕиттэн уура сылдьар солко хаарыс таҥаһын таҥнан-симэнэн мичээрдии турара бу баарга дылы. Ол курдук, кини сыл устата ахсааннаахтык сундуугун аһара: ыҥырыыга сылдьыыга, ыалга ыалдьыттыы барар буоллаҕына уонна кымыска. Оннук улахан суолталаах быһыылааҕа дьахтар сундууга.
Эбээлээх эһэбит баар буолан, ийэлээх аҕабытын суохтаппакка, мэник-тэник оҕо сааспыт ураты кэрэ, истиҥ тапталга ааспыта. Билигин ол таптал кистэлэҥин иҥэрэн турар улааппыт дьиэбит, сүүрбүт-көппүт тэлгэһэбит уонна хас сайын аайы күөх киистэ лабаатынан суугунуу көрсөр Аар хатыҥмыт.
Эһээ Дайыыла оҕонньор.
Эһэбит Федоров Данил Васильевич Чыамайыкы төрүт олохтооҕо. Кини 1894 сыллаахха төрөөбүт. Халыҥ аймахтан төрүттээх киһи эбит. «Молотов» колхозка үлэлээбит. 1944-45 сылларга Тиксиигэ үлэ фронугар сылдьыбыт. Онтон Аҕа дойду сэриитин кэмигэр таһаарыылаах үлэтин иһин медаллаах кэлбитэ. Кэлэн колхоһугар араас үлэҕэ үлэлээбит. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, бэриниилээх эбит.
Бу аҕыйах саҥалаах, үрдүк уҥуохтаах, кэтит дараҕар сарыннаах, кыайыгас-хотугас, олорон турбат үлэһит оҕонньор этэ. Сөбүлээбэтэҕинэ көхсүн этитэр идэлээх этэ.
Кыһалҕалаах олох кыһарыйан аҕабыт быраатын Бүөтүрү бэйэтин аннынан суруйтарбыт. Инньэ гынан нолуоктан босхоломмут. Аҕата суох дьоҥҥо аҕаларын солбуйан олус иллээхтик-эйэлээхтик ньир-бааччы дьоҥҥо аҕаларын солбуйан олус иллээхтик-эйэлээхтик ньир-бааччы олоҕу олорбута.
Дайыыла оҕонньор эбэбит тылыттан тахсыбат этэ. Эбээ курдук сытыары-сымнаҕас майгылаах, оҕоҕо-урууга олус үтүө сыһыаннаах кырдьаҕас этэ. Аҕабыт солото суох буолан дьиэ ис-тас хаһаайыстыбаннай үлэтин кини дьаһайара. Оччотооҕу кэмҥэ син улахан хаһаайыстыбалаах этибит. Ол курдук, сүөһүлээх, сылгылаах, аттаах, сибиинньэлээх, кууруссалаах этибит. Кууруссаны кырдьаҕас абаҕабыт Чаппаай оҕонньор хас биирдиибитигэр бэлэхтээбитэ. Өҥнөрүнэн көрөн аат биэртэлээбиппит. Маны таһынан улахан кыраһыабай да кыраһыабай бөтүүктээх этибит. Биирдэ ол бөтүүкпүт элиэни кытта охсуһан аҥар хараҕын тоҥсуйтаран, онтон ыла майгыта алдьанан, боотургуур буолбута. Хотоҥҥо тымтык уотун тута таҕыстахха, санныгар кэлэн олоро биэрэр уонна тоҥсуйаары гынар этэ. Инньэ гынан эһээ Дайыыла уһун талах быстан баран, уһун киэһэни быһа, тыаны биир гына ол бөтүүгү эккирэтэр этэ: «оҕону аны тыытыаҥ дуо?» дии-дии. Оннук оҕо туһугар кыһаллар, таптыыр этэ. Эһэбит барыбытын көхсүгэр сүгэн баран хаама сылдьан киҥинэйэн ыллыыр идэлээх этэ. Ордук кыра балтыбыт элбэхтик сүктэрбитэ, оннук гынан оҕону саататара. Эбэбит хотоҥҥо таҕыстар эрэ, оҕонньор көрөрө. Биһигиттэн биир да оҕо детсад диэҥҥэ сылдьыбатаҕа. Эһэлээх эбэбит олох сөбүлээбэт этилэр. Балтыбыт биир эрэ күн сылдьыбыта уонна сөп буолан кэлбитэ. Биһиги эһэлээх эбэбит аттыгар сылдьарбыт кинилэргэ күндү этэ.
Эбээлээх эһэбит холку, сэмэй, үлэһит дьон этилэр. Мөҕө-этэ сылдьыбаттара, уолаттар буруй оҥордохторуна, аһары мэниктээтэхтэринэ, эбээбит чыпчаххайынан таһыйаары куттуура эбэтэр биирдэ эмэ ыаллыыра, эһэбит үксүн көмүскэһэрэ, онон кини баар буоллаҕына кэннигэр саһар этилэр. Ол саҕана биһиги тэлгэһэбитигэр оҕо бөҕө оонньуу кэлэрэ: күрдьүгү үнтү тэпсэн, дьөлө хаһан, кириэппэс оҥостон сэрии бөҕө буолара, арыт дьиэ иһигэр ытыалаһа оонньуур этилэр.
Эһэбит эппитэ барыта толоруллан иһэр этэ. Урукку кырдьаҕастар тэлгэһэ отун тэпсэри сөбүлээбэт этилэр. Инньэ гынан тэлгэһэ ото охсуллуор диэри анал ыллык суолунан сылдьыллара.
Биһиги дьиэбит турар сирэ өрүү күп-күөх кырыстаах, оттоох-мастаах, сардаана сибэкки кытта үүнэр, аттыгар уулаах, бөһүөлэккэ киириигэ турар, наһаа үчүгэй эйгэлээх сир.
Эһэбит саас эрдэттэн мончуук оҥороро, уолаттар онно буккуһан-таккыһан сылдьаллара. Саас кустуу бардаҕына кус бөҕөтүн ыытара. Тирии бэрэмэдэйгэ тобус-толору буолара. Кыһын куобах бөҕөтүн сүгэн киллэрэрэ.
Эһэбит Дайыыла оҕонньор ыараханнык ыалдьа сытан биһигини бэйэтин аттыгар чугаһаппат этэ. Илиитинэн туой «антах сылдьыҥ диэн» көрдөрөрө. Ыарыым оҕоҕо сыстыа диэхтиирэ, эбээ Моотуону кытаанахтык сэрэтэрэ. Кини 1966 сыллаахха 72 сааһыгар өлбүтэ. Онно олох уһугулаан сытан убайбытын Дьөгүөрү ыҥыран ылан, 20-лээх саатын аҕалтаран, «сиэним булчут киһи буол, лаастыбанньа гынан илдьэ сырыт» диэбит. Оччолорго убайбыт 7-с кылааска үөрэнэрэ. Ол саанан билигин да туһана сылдьаллар. Уолаттар бары аан бастаан ол саанан ыта үөрэммиттэрэ.
Ийэлээх аҕабыт кинилэр көмөлөрүнэн биһигини барыбытын атахпытыгар туруоран киһи-хара оҥорбуттара, аҕабыт эппиэтинэстээх үлэҕэ үлэлииригэр, ийэбит элбэх оҕону төрөтөрүгэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолбуттара. Онон олохторун сиэттэригэр анаан, толору дьоллоох олоҕу олорон, анараа дойдуга аттаммыттара. Кинилэр ааттарынан ааттаммыт убайбыт, балтыбыт кинилэри утумнаан холку, киэҥ, дэлэгэй майгылаахтар. Эбээлээх эһэбитин ийэлээх аҕабыт олохторун тухары сүрдээх улахан махталынан ахталлар, саныыллар. Ол дириҥ ытыктабылы, тапталы, оҕо саас мэник-тэник дьоллоох түгэннэрин биһиги хас биирдиибит сүрэхпитигэр-быарбытыгар, өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэрэн илдьэ сылдьабыт, кинилэр сырдык мичээрдээх мөссүөннэрэ олохпут устун араҥаччылыы, арчылыы туруоҕа.
Туһаныллыбыт литература:
- Слободчикова Т.Е., Ноговицына А.Е. Үтүө аат үйэлээх…- Дьокуускай: Көмүөл, 2011.-198 с.
- Чиряев К.С. Олох педагогиката – Дьокуускай, 1998.-496 с.
4 кылаас үөрэнээччитэ
Кириллин Дима.
Салайааччылар: алын кылаас учууталлара
Алексеева Т.Р., Кириллина Е.А.,
изо, черчение учуутала Мучин А.Е.
Эһэм (хос-хос-хос эһэм) остуоруйата
Остуоруйа диэн норуот бэйэтин баҕатын, эрэлин, олоҕун-дьаhаҕын туhунан этэр, кэрэхсээн истиллэр дьикти дьиибэ, фантастическай кэпсээнэ ааттанар. Остуоруйа бары омуктарга барыларыгар баар. Саха остуоруйата оҕону сырдык ыраҕа, үтүө санааҕа, дьоңңо, дьиэ сүөһүлэригэр, кыылларга эйэҕэстик, кыhамньылаахтык сыhыаннаhарга үөрэтэр, кыларыйан турар кырдьыкка угуйар, уhуйар сыаллаах – аналлаах. Остуоруйаларга үлэни таптааччы сүрэҕэ суохха, хорсун быhыы куттамсах быhыыга, үтүө санаа куhаҕан санааҕа утарыта туруоруллаллар. Саха остуоруйата үс бөлөххө араарыллаллар:
Хамсыыр – харамай туhунан;
Олох – дьаhах туhунан;
Дьиктилээх – алыптаах остуоруйа;
Биhиги үлэбитигэр хос-хос-хос эhэм суруйтарбыт остуоруйатын чинчийдибит. Онно маннык таблицаны толордубут:
Бу остуоруйаҕа олоҕуран биhиги оҕолор саха остуоруйаларын интэриэhиргээн аахтыннар, биллиннэр диэн мультик оңордубут.
Мультикпытын видеокамераҕа уhуллубут. Бастаан альбом илииhигэр геройдарбытын оңорон баран чаас-чааhынан кырааскалаан биирдии ойуунан уhуллубут. Онно биhиэхэ уруhуй учуутала Мучин Афанасий Егорович көмөлөстө. Мультигы көрбүт оҕолор олус интэриэhиргээтилэр.
Түмүкпэр этиэхпит этэ, эhэбит остуоруйата биhиэхэ сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, оҕолорго иитэр – үөрэтэр сыаллаах эбит. Умнуган буолар куhаҕанын эппит эбит. Ол иhин, биhиги улаатан үчүгэй, үтүө, үлэhит, өйдөөх, сүрэхтээх дьон буолан тахсарбытыгар баҕарбыт дии санаатыбыт. Уонна этиэхпит этэ, оҕолоор, саха остуоруйаларын ааҕан баран ким суруйбутун үчүгэйдик өйдөөн хаалар буолун. Оччоҕо баҕар эмиэ хаан – уруу аймаххыт суруйбут остуоруйатын булан ылыаххыт дии саныыбыт.
Туhаныллыбыт литература
- Егорова А.А., Захарова М.П. «Кэскил», Якутскай, 1992
- Саха фольклора, Дьокуускай, 1993
- Саха таабырыннара, өс хоhоонноро, чабыр5ахтара, Бичик, Якутск, 2006
- «Үтүө аат үйэлээх…», Дьокуускай, 2011
- Якутские сказки том II, Дьокуускай, Бичик, 1994