Чинчийээччи Иван Иванович Барашков саха суруга-бичигэ нууччалыы алпаабыкка киириитигэр, арпагыраапыйа, терминология олохтонуутугар үлэлэспитэ. Саха оскуолатыгар аналлаах бырагырааммалары, үөрэх босуобуйаларын, саха грамматикатын учебниктарын суруйсубута. 1940-1946 сс. ССРС Наукаларын Академиятын историческай-археологическай эспэдииссийэлэригэр кыттан, академик А.П.Окладниковы кытта научнай арыйыылары оҥорбуттара. Суоттуга Ымыйахтаах култуурата дэнэр таас үйэ неолитовай-археологическай пааматынньыга арыллыбыта. Ымыйахтаах култуурата – б.э. II тыһыынча сылыгар неолит кэмигэр дьон олоро сылдьыбытын туоһулуур булумньулар көстүбүттэрэ (Уус Алдан улууһун Суотту Арыы Тиитигэр баар). 1941 с. А.П. Окладников, И.И. Барашков, Н.К. Антонов аҥаардас руна суруктарын эрэ буолбакка, рунаҕа майгынныыр бэлиэлэри эмиэ үөрэппиттэрэ. П.А. Ойуунускай Орхон графемаларыгар сөп түбэһэр 17 бэлиэ баарын быһаарбыта. Оттон И.И.Барашков Өлүөнэ руникатыгар 45 руническай бэлиэ баарын, онтон 26-та Орхон-Енисей мэҥэ таастарын графемаларыгар майгынныырын бэлиэтээбитэ. Кэлин А.П. Окладников, В.Д.Запорожская Өлүөнэ суруктарыттан 15-һэ Орхон-Енисей руническай графемаларыгар сөп түбэһэрин ыйбыттара.
1949-1960 сс. А.С.Пушкин аатынан библиотекаҕа билиограбынан үлэлээбитэ (билиҥҥитэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ). Бүлүү, Якутскай педтехникумугар, оскуолаларыгар саха тылын, литературатын учуутала этэ.
Кини бэйэтэ суруйарынан, Уус Алдан улууһун Суотту Арыы Тиитигэр олорбут 9 уоллаах, биир кыыстаах Өнөкөй Баай сыдьаана буолар. Өнөкөй Америка-Азия силбэһиитин арыйбыт Семен Дежневка кыыһын Абакайаада Сүчүнү кэргэн биэрбит (И.И. Барашков сабаҕалыырынан “Сыччыый” диэн ааттаах буолуон сөп). Кинилэр Любим диэн биир уол оҕоломмуттар. Семен Дежнев Абакайааданы аҕатыгар хаалларан, 1641 с. Михаил Стадухин этэрээтигэр киирсэн, Өймөкөөҥҥө, онтон Индигиринэн Халыманан сулууспалаабыт. 1661 сыл сайын төннөн кэлбит. Онуоха Абакай хайыы-үйэ өлбүт. Онон уолун илдьэ барар. 1689 с. Уде өрүскэ сулууспалыыр. Бу кэмтэн Любим аата суола суох сүтэр.
Барашковтар төрүттэрэ XII үйэ саҥатыгар олорбут Матаҕа ойуун, кини уола Уйус ууска тиийэр. Онтон Уйус Аана диэнтэн Уйусхаан диэн хос ааттанан И.И. Барашков 1930 сыллаахха «Кыһыл ыллык» 1,3,4,5,6,7 №-гэр “Кыыча”, “Ньуур уларыйымтыа”, «Күл да күлүүм», «Төрөөбүт айылҕам» диэн айымньылара тахсыбыттар. Бу айымньылары П.А.Ойуунускай эрэдээксийэлээн таһаарбыт. Кэлиҥҥи айымньылара кыайан тахсыбатахтар.
Ол туһунан маннык суруйбут: «1932 сыл, Марха колхозтаах ыччат оскуолата (Ленинскэй-Ньурба оройуона) Партия обкомун секретара Н.Н.Окоемов уонна Амма Аччыгыйа биһиэхэ ыалдьыттаан ааспыттара. Д.П.Афанасьев-Тохоосоп,суруйааччы, Бүлүү кырдьаҕас коммуниһа, партизана, ССРС журналистарын союһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай доҕоро. Кини биһиги иккиэн үс брошюраны, оҕо кинигэлэрин бастакы сериялаан суруйан, бэлэмнээн сытарбытын «ыалдьыттарбытынан» П.А.Ойуунускайга ыыппыппыт. Хомойуох иһин, биһиэнэ биһиэнин курдук, ол үлэлэрбит күнү көрбөтөхтөрө. Өлүү түбэлтэлээх, Якутскай куоратттааҕы эргэ типография умайан хаалбыта”. Онтон салҕыы ити ыстатыйаҕа маннык суруйар: “Мин Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педтехникумҥа (билиҥҥитэ училищеҕа) литературнай куруһуогу салайа сылдьан, II Хаҥаласка (Ленинскэй, оччоҕо Мегежекскэй оройуоҥҥа) бастакы колхоз тэриллиитин, ликбез, оскуола аһыллыыларын тустарынан кэпсээннэри суруйбутум. Олорум П.А.Ойуунускай илиитигэр киирбэтэх быһыылаахтар. Үөрэппит оҕом, доҕорум Дьүөгэ Ааныстыырап (Седалищев) этиитинэн, «Кыһыл ыллык» сурунаал архыыбыгар сыталларын көрөн ааспыт этэ”.
Бу ыстатыйатыгар аан маҥнай П.А. Ойуунускайга айымньытын көрдөрө биэрбитин туһунан маннык суруйар: “1929 сыл саас Платон Алексеевич Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын директора. «Чолбон» сурунаал «Кыһыл ыллык» диэн аата уларыйбыта. Кини онно кылаабынай редактор этэ. Биһиги Бороҕоҥҥо үөрэнэ сылдьан, С.С.Васильевтыын хоһооннору, кэпсээннэри, драмалары суруйан көрөрбүт.Биллэн туран Ойуунускайдаах сабыдыаллара буолуо. Биирдэ С.А.Саввин-Күн Дьирибинэ ону-маны бооччойбуппун көрөн, мүчүк гынан баран, саҥа аллайда: «Нохоо, мантыкаларгыттан талаҥҥын, «Кыһыл ыллыкка» биэр. Мин Платон Алексеевиһы кытта кэпсэтиэм», – диэтэ. Мин, кырдьыга, Ойуунускайы көрө-көрөбүн толлорум да бэрт, дьулайарым да бэрт. Ол эрээри санаам батарбата. Биир сарсыарда харса суохпар түһэн, син биир дии санаан, киниэхэ үлэлиир сиригэр тиийдим. Кумааҕыларым сыыһын туппутунан үлэлиир хоһун өҥөйөн көрдүм. Аана аһаҕас, бэйэтэ улахан,түөрт муннуктаах остуолга умса түһэн, тугу эрэ суруйа олорор. Ачыкытын эрэ тааһа кылабачыйар.Мин чугус гына түспүппэр, өрө көрө түстэ. «Тукаам, миэхэ наадалааххын дуо, киир,киир… Ыксыыбын, мунньахха бараары олоробун», – диэтэ. Мичээрдэ: “Хайа, кэһиилээххин дуу, аҕал эрэ ити кумааҕыгын…”. Мин чэпчии түстүм, эрдийдим, улахан баҕайылаах буолан,утары кумааҕыбын ууннум. Ханна үөрэнэрбин, хайа улууспун ыйыталаста. «Элбэхтик эрэйдэммиккин, эрэйэ суох туох да оҥоһуллубат. Чэ, хааллар. Көрүөм. Итэҕэйэр инигин, сүтэриэм суоҕа», – диэт, биллэр- биллибэттик сонньуйа түһээт, ачыкытын быыһынан эйэргиирдии дьээбэлээхтик көрөн кэбистэ. Мин бырастыылаһан тахсарбын кытта, Г.Бястинов-Бэс Дьарааһын утары көрсөн, илиибин ыга тутаат, сулбу хааман киирэн хаалла…
Ити икки ардыгар ый кэриҥэ кэм ааста, быһыыта. Полевой уулусса (билиҥҥи Белинскэй) 18-с нүөмэригэр мин дьиэлэнэр сирбэр, Ефимовтаахха, мин учууталым А.А.Иванов-Күндэ кэлэ сылдьан эттэ: «Платон Алексеевич эн «Кыыча» диэн сэһэҥҥин аахпыт, сэҥээрэр. Тоҕо бара сылдьыбаккын?» — диэтэ. Уонна «Ол дьыллар» диэн пьесата турарыгар билиэт биэрдэ.Үөрүүбэр буолан, мэктиэтигэр,атаҕым сири билбэт буолла. Аҕыйах хоноот, кинигэ издательствотыгар тэбинним. Платон Алексеевич үлэтэ элбэҕиттэн сөхпүтүм. Аны туран, типографияҕа эмиэ директор эбит. Хаһан сынньанан,утуйан, аһаан-сиэн сылдьарын билбэтим. Миигин, төһө эрэ өртөн билэр киһилии, үөрэ-көтө көрүстэ. Илиитигэр бөппүрүөскэлээх. “Хайа бу Ойуунускайдара табаахсыт эбит дуу?”- дии санаатым.Этиэх түргэнэ умуллан эрэр бөппүрүөскэтин быраҕа охсоот, остуолун уҥа өттүгэр турар олоппос диэки ыйда: “Доҕоор, олор эрэ. Бу үчүгэй, Бороҕоҥҥо ону- маны суруйа сатыыр ыччат үөскээн эрэр эбит. “Кыһыл ыллык” 1-кы нүөмэригэр С.Васильев “Арамаан артыала” диэн сонун поэматын кытта бииргэ эн «Кыычаҥ» бэчээттэнэр буолла. Дьэ, оҕолоор, кытаатыҥ!” — диэтэ, мүчүк гына-гына. Киирии-тахсыы, киһи-сүөһү бөҕө элбэҕэ бэрт. Мин тоҥхох гынан баран, тахсарга эрэ күһэлинним. Онтон, санаабар,. Уус-уран айымньы жюритын председателин, партия обкомун секретара Н.Н.Окоемов ыйыытынан, мин «Кыычам» бастакы бириэмийэни ылла».
Иван Иванович Барашков Илиада, Анатолий, Тапталлаана, Чыҥаада, Володя диэн биэс оҕолооҕо, элбэх сиэн эһэтэ. Кинилэртэн билигин Анатолий Иванович баар.
Тылы чинчийиигэ
Салҕыы И.И. Барашков чугас аймаҕа СО РАН үтүөлээх бэтэрээнэ, научнай сотрудник, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, элбэх научнай кинигэ ааптара П.П. Барашков туһунан сэһэргиэ этибит. Кини саха тылын фонетикатын систиэмэтин аан бастаан тюркологияҕа экспэримиэнниир аппараатынан үөрэппитэ, диалектологияны, синтаксиһы чинчийбитэ, «Саха тылын диалектологическай атлаһыгар» эмиэ үлэлээбитэ. ССРС Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Дьокуускайдааҕы салаатын иһинэн үлэлээбит Тыл, литература уонна устуоруйа институтун старшай научнай тыл уонна сурук-бичик сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
Кини 1929 с. Дьокуускайга оскуоланы бүтэрэн Чурапчы улууһун Хабаччы орто оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон икки сылынан 1932 сыллаахха дириэктэринэн анаммыта. Олус көхтөөх уопсастыбанньык, ыччаты сирдээччи этэ. Оччотооҕу ыччат хамсааһынын тэрийиигэ үгүс сыратын, күүһүн-күдэҕин уурбута.
Күн бүгүнүгэр диэри оскуолатыгар кини туһунан умнубаттар. Оттон үлэлээбит бастакы сыллара олоҕун саамай дьоллоох сыллара буолаллар.
1935 с. Дьокуускайдааҕы рабфакка саха тылын уонна литературатын преподавателэ буолбута. Бу сылларга кини научнай үлэҕэ интэриэһэ саҕаламмыта.
1937 с. П.А.Ойуунускай ыҥырыытынан Тыл, литература уонна устуоруйа институтун научнай сотруднига буолбута. Манна 50-тан тахса сыл үлэлээбитэ.
Петр Петрович Барашков 1941 с. от ыйыгар Кыһыл аармыйаҕа ыҥырыллан Аҕа дойду улуу сэриитигэр танкистаабыта. Бастаан Монголияны кытта кыраныыссаҕа сулууспалаабыта. Онтон 1943 сыллаахха Арҕаа фроҥҥа Курскай кыргыһыыга кыттыбыта, Белгород анныгар ыараханнык бааһырбыта. 1945 с. алтынньыга кыра сержант званиелаах демобилизацияламмыта. «Хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин», Аҕа дойду сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыта.
Кини үлэлэрин туһунан тыл билимин дуоктара Спиридон Алексеевич Иванов маннык суруйбута: “П.П. Барашков ордук түөлбэ тылларын үөрэтиигэ биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыта. … 1985 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт «Фонетические особенности говоров якутского языка» тиһэх түмүктүүр үлэтигэр П.П. Барашков аакайдаан этэри эмиэ даҕаны былыргы сахалар мантан соҕуруу атын түүрк норуоттарын кытары бииргэ дуу, ыаллыы дуу олорор эрдэхтэринэ, бэйэлэрин урааҥхайдарбыт дэнэр кэмнэригэр, оокойдоон этэрдээҕэр эрдэ үөскээбит көстүүнэн сыаналаабыта. Оттон сахалар төрүттэрэ бу билиҥҥи сахалар олорор сирдэригэр кэлэн баран, эбэҥкилэри кытары бииргэ олоруу түмүгэр бэйэлэрин сахаларбыт диэн ааттанар сахтарыгар, оокойдоон этэри тутуһар буолбуттара” («Нить науки и жизни», 2014 с.).
Ангелина Кузьмина, филологическай наука кандидата, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үрдүкү научнай үлэһитэ.
Хаартыскалары: Барашковтар тус архыыптарыттан уонна Сэһэн Ардьакыап аатынан Бороҕоннооҕу кыраайы үөрэтэр түмэл пуонлатыттан туһанныбыт.