СӨ Ил Дархан Гыраанын өйөбүлүнэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин научнай үлэһитэ Ангелина Кузьмина көҕүлээн салайар Саха сиригэр төрүт олохтоох омуктар тылларын, култуураларын сырдатар, үөрэтэр уопсастыбаннай «Өбүгэ ыллыгынан (По тропе предков)» бырайыагын чэрчитинэн өбүгэлэрбит оонньуурдарын оҥорорго үөрэтэр маастар-кылаас буолла. Маастар-кылааска этнограф учуонай И.С. Гурвич кэллиэксийэтиттэн хотугу сахалар оонньуурдарын Е.М. Ярославскай аатын саха түмэлин үөрэтэр-сырдатар салаа Октябрина Максимова сэбиэдиссэйэ уонна Мария Пестрякова методиһа көрдөрдүлэр уонна кэпсээтилэр. Норуот маастара Татьяна Карамзина уонна кини «Намыына» айар түсүүтүн уопсастыбанньыктара Сардаана Оконешникова, Галина Новгородова-Рехлясова, Мария Зырянова туостан оонньууру хайдах оҥорорго үөрэттилэр. Тэрээһиҥҥэ барыта 100-кэ киһи кытынна, ол иһигэр оҕолор, төрөппүттэр уонна учууталлар, куорат олохтоохторо. Онон киэҥ сэҥээриини ылла. Маннык үөрэтии наадалаҕын уонна туһалааҕын көрдөрдө. Маны таһынан, бырайыак чэрчитинэн төрөөбүт тылы, култуураны, этнографияны, устуоруйаны үөрэтэр видеоуруоктар бэлэмнэннилэр (Национальнай бибилэтиэкэ уонна https://sakhaetigentyla.ru/ саайтарга көрүҥ),  эргэрбит тыллары уонна мифологическай бэлиэлэри үөрэтэр үөрэнээччи тылдьыта тахсыаҕа, ийэ тылынан мультигы, оонньуурдары уонна оонньуулары оҥорууга күрэс, научнай-практическай кэмпириэнсийэ, араатардар күрэхтэрэ буолуоҕа.  Кыттааччылартан санааларын ыйыттыбыт:

Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж алын сүһүөх оскуолатын 3 «Б» кылааһын үөрэнээччилэрин кылаас салайааччыта Сардаана Дмитрьевна  Горохова:

– Национальнай бибилэтиэкэҕэ тыл билимин хандьыдаата, оҕо суруйааччыта  Ангелина Афанасьевна Кузьмина салайыытынан өбүгэбит төрүт оонньуурдарын оҥорор маастар-кылаас ыытыллынна. Биһиги кылаас оҕолоро уонна төрөппүттэрэ кыттыыны ыллыбыт.  Емельян Ярославскай аатынан түмэл үлэһиттэрэ, норуот маастардара оҕолорго анаан былыргы оонньуурдары көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр. Норуот маастардара саха төрүт оонньуурун оҥоруу технологиятын билиһиннэрдилэр. Оҕолор бэйэлэрэ тутан-хабан, кыһаллан туостан оонньуур оҥорон астыннылар. Билигин сайдыы балысханнык бара турар кэмигэр, актуальной тэрээһин ыытыллынна. Оҕолор, төрөппүттэр олус махтаннылар. Маннык тэрээһиннэр оскуола саастаах оҕолорго, тиһигин быспакка ыытыллаллара буоллар, үгэспит сүтүө суох этэ дии саныыбын. 

Айсена Винокурова, Саха политехническай лиссиэй 5 «в» кылааһын үөрэнээччитэ:

– Биһиги кылааспыт салайааччыта Ульяна Васильевна Заболоцкаяны кытта Национальнай бибилэтиэкэҕэ олус туһалаах тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт. Тэрээһин Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ өбүгэбит оонньуурдарын туһунан, илдьэ кэлбит сэдэх экспонаттарын көрдөрө-көрдөрө, киһи болҕомтотун тардар интэриэһинэй кэпсээннэриттэн саҕаланна. Өбүгэбит мындыр өйүн, оҕону олоххо бэлэмниир соруктаах, тарбах имигэһин сайыннарар туһалаах уонна харысхал суолталаах оонньуурдар туһунан элбэҕи иһиттибит. Итиэннэ былыргы оонньуур моһуонунан оҥоһуллубут оонньуурдарынан тэрээһиҥҥэ мустубут оҕолор оонньоон көрөн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Биһиги эмиэ өбүгэбит мындыр өйүнэн толкуйдаан оҥорбут оонньуурдарынан оонньоон, тарбахпыт имигэһин, туттуубут сыыдамын тургутан көрөн астынныбыт.
Онтон салгыы норуот маастардара салайыыларынан туостан дьиэ кыылын арааһын оҥордубут. Оҥорбут туос кыылларбытын бэйэбитигэр бэлэх курдук тутан үөрүүбүт үрдээтэ.
Биһиги лиссиэйбит политехническай хайысхалаах буолан, өрөспүүбүлүкэ промышленностарын үөрэтэбит, учууталларбыт чиэппэр аайы интегрированнай уруоктары ыыталлар, кылаас салайааччылара маастар-кылаастарга илдьэ сылдьаллар. Бу сылдьыбыт тэрээһиммит «Маһы таҥастааһын промышленность» диэн хайысхаҕа бары өттүттэн тоҕоостоох буолла. Онон, тэрийээччилэргэ, чуолаан Ангелина Афанасьевнаҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Маннык туһалаах, сэргэх тэрээһиннэри тэрийэн, учууталлар, төрөппүттэр, оҕолор биһирэбиллэрин ыла туруҥ. Санаабыккыт сатанан, толкуйдаабыккыт тобуллан истин!

Татьяна Никанорова сиэнэ Евгения Егоровалыын, 15 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ:

– Маастар-кылааска элбэх оҕо уонна учууталлар, төрөппүттэр кытыннылар. Өбүгэлэрбит култуураларын туһунан оҕолор элбэҕи биллилэр, туос оонньуурдары кыһаллан, дуоһуйан оҥордулар. Мин санаабар, хас биирдии оҕо тус бэйэтигэр инники өттүгэр элбэҕи билэн иҥэринэн барда. Маннык тэрээһин билиҥҥи оҕолорго олус туһалаах уонна наадалаах эбит. Тиһигин быспакка өссө да бу курдук төрөөбүт тылбытын, култуурабытын үөрэтэр бырайыактар салҕанан иһэллэригэр баҕарабыт.

Мария Татаринова, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.