Саха мифологията дириҥ силистээх. Норуот айымньытыгар баар түҥ былыргы бэлиэ тыллары (мифологические символы), былыргылара бэрт буоланнар, быһаарар уустуктардаах. Хас биирдии итинник тыл бэйэтэ туһунан сэһэн буоллаҕа. Онуоха итэҕэли, норуот олоҕун, төрөөбүт тылы дириҥник үөрэтэр эрэйиллэр. Онуоха эбии билигин тылы билиибит быста мөлтөөбүт кэмигэр  ийэ тылы үөрэтэр, ыччакка тиэрдэр үлэ улахан суолталаах. Ил Дархан гыраанын өйөбүлүнэн үлэлээбит «Өбүгэ ыллыгынан» бырайыак иитинэн саха тылынан ааҕыыны көҕүлээһиҥҥэ, фольклорбутун, култуурабытын, үгэспитин уонна төрүт дьарыкпытын билиини сайыннарыыга, сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ хайа эмэ кылааты киллэрдэр диэн санааттан «Үөрэнээччи ыарырҕатар тылларыгар уонна мифология өйдөбүллэригэр ойуулаах тылдьыт: оскуолаҕа ааҕыллар айымньыларынан” диэн тылдьыты таһаардыбыт. Онуоха төрөөбүт тылбыт сайдыытын дириҥник өйүүр ытык салайааччыбытыгар, Ил Дархаммытыгар, Айсен Сергеевич Николаевка ис сүрэхпититтэн барҕа махталбытын тириэрдэбит! Тылдьыты оҥорууга устуоруйа билимин дуоктара Е.Н. Романова, тыл билимин хандьыдаата А.А.Кузьмина, саха тылын учууталлара Г.Н. Шишигина, Т.Е. Слободчикова үлэлэстилэр.  Тылдьыт сүрэхтэниитигэр үөрэнээччилэр, учууталлар уонна төрөппүттэр кэлэн чинчийээччилэр тылдьыт туһунан чинчийиилэрин сэргии иһиттилэр. Национальнай бибилэтиэкэ Ю.Н. Столяров аатынан ааҕыыны чинчийэр институтун сэбиэдиссэйэ, устуоруйа билимин хандьыдаата Светлана Иннокентьевна Бойтунова бу тылдьыт төрөөбүт тылынан ааҕыыны сайыннарыыга дириҥ уонна дьоһуннаах суолталааҕын бэлиэтээтэ. Кинигэҕэ уруһуйдары оҥорбут уруһуйдьут Докторова Арина Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгин 9 кылааһын үөрэнээччитэ хайдах уруһуйдаабытын, суолталарын кэпсээтэ. Дьокуускайдааҕы 17 №-дээх «Күнчээн”  (салайааччылар Попова Альбина Степановна, Егорова Зинаида Егоровна, музрук Елизавета Дмитрьевна) чаабы-чыыбы чабырҕаҕынан эҕэрдэлээтилэр. Устуоруйа билимин дуоктара Екатерина Назаровна Романова маннык хабааннаах тылдьыт Арассыыйаҕа аан бастаан тахсыбытын уонна оҕолорго эрэ буолбакка, учууталларга, төрөөбүт тылы, култуураны, этнографияны үөрэтэр бары идэлээх дьоҥҥо туһалаах буолуоҕун бэлиэтээтэ. Тылльыты  Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар киирэн бу сигэнэн киирэн көрүөххэ сөп https://new.nlrs.ru/open/107825

Захарова Иванна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин 9 кылааһын үөрэнээччитэ:

— Лиэксийэни олус диэн сэргээтим. Интэриэһиргээбит боппуруостарбар хоруйдары буллум. Тылдьыттан бэйэбэр саҥа тыллары биллим. Ангелина Афанасьевна барытын олус өйдөнөрдүк, чопчутук тириэртэ. Инник курдук тылдьыттар оҥоһуллан тахсаллара олус үчүгэй уонна хайҕабыллаах. Тылдьыты оҥорбут дьоҥҥо барыларыгар махтал үлэлэрин иһин!

Егорова Дайаана, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын   8-с кылааһын үөрэнээччитэ:

— Мин «Ойуулаах тылдьыт» биһирэмигэр кытынным. Үчүгэй тэрээһин буолла диэн үөрдүм. Тылдьыт ааптардарын и.н.д. Екатерина Назаровна Романова уонна ф.н.к. Ангелина Афанасьевна  Кузьмина лиэксийэлэрин кэрэхсээн иһиттим. Ангелина Афанасьевна икки төбөлөөх баҕа туһунан кэпсээбитэ миэхэ олус сонун. «Баҕа» үөн уонна  «баҕа санаа» диэн бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэрэ олус дьикти эбит. Кинигэни 9-с кылаас үөрэнээччитэ Докторова Арина диэн Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгин 9 кылааһын үөрэнээччитэ наһаа үчүгэйдик ойуулаабыта кинигэни тупсарбыт дии санаатым. Учуонайдары кытта биһиги учууталбыт Галина Николаевна үлэлэспитин сэргээтим. Тылдьыт ис хоһоонун учууталбыт эрдэ кэпсээбитэ, көрдөрбүтэ. Үөрэнээччилэргэ олус туһалаах кинигэ эбит диэн астынным.

Максимова Айыына, И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин 9 кылааһын үөрэнээччитэ:  

— Мин наһаа сөбүлээтим лиэксийэлэри. Олус интэриэһинэйдик кэпсииллэр. Барыта өйдөнөр. Эрдэ билбэтэхпин элбэҕи биллим. Саха тылбытын өссө үчүгэйдик билэр гына үөрэтиэххэ наада эбит диэн санааҕа кэллим. Уонна ити саҥа тылдьыты ылан, көрөн үөрэниэм.

Никитина Валерия,  Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын  8-с кылааһын үөрэнээччитэ:

— Ыам ыйын 17 күнүгэр 10 кылаас үөрэнээччилэрэ уонна биһиги ВКС нөҥүө оҕолорго аналлаах «Ойуулаах тылдьыт» кинигэ сүрэхтэниитигэр кытынныбыт. Олус үчүгэй тэрээһин буолла диэн оҕолор бары астыннылар. Учуонайдар А.А.Кузьмина уонна Е.Н.Романова интэриэһинэй лиэксийэлэри аахтылар. Лиэксийэлэртэн мин билбэт тылларым өйдөбүллэрин биллим. Детсад оҕолоро бэрт чобуотук чабырҕахтаан тэрээһини киэргэттилэр. Кинигэни ойуулаабыт уруһуйдьут кыыс Арина кэпсээнин сөбүлээн иһиттим. Тылдьыт тутулун, ис хоһоонун учууталбыт Г.Н.Шишигина эрдэ билиһиннэрбитэ, онон тэрээһин ордук кэрэхсэбиллээх буолла. Бу үөрэх босуобуйата эһиилги үөрэх дьылыгар биһиги оскуолабытыгар кэлиэ уонна биһиэхэ туһалаах буолуо диэн эрэнэбин.

Тамара Слободчикова, И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин саха тылын учуутала, тылдьыт ааптардарыттан биирдэстэрэ:

— Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла. Тылдьыппыт олус бэрт сонун көстүүлээх, дириҥ ис хоһоонноох буолбут. Ис сүрэхтэн истиҥник махтанабын күндү бииргэ үлэлэспит дьоммор Ангелина Афанасьевнаҕа, Галина Николаевнаҕа, үтүө үйэлээх үлэҕэ кыттыспыппынан киэн туттабын. Ыырбыт кэҥээн истин!

https://sakhaetigentyla.ru/ саайт уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, Мария Татаринова.