Келина Ньургуйаана, Саргылаана Слепцова,
Үөгэн нэһилиэгэ, Томпо улууһа
Уруккута Таатта оройуонун дьаһалыгар киирэн Үөгэн нэһилиэгэ колхуос тэринэн, сүөһү-ас ииттэн, бурдук ыһан, үлэни-хамнаһы өрө тутан, эбии бултаан-алтаан саха сиэринэн бэрт дьоһуннук тэринэн олорбуттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Үөгэнтэн 47 киһи кыттыыны ылбыта биллэр, онтон сорохторо сураҕа суох сүппүттэрэ. Аҕа дойду сэриитэ бара турдаҕына тыылга кыра колхуостарга оҕо, дьахтар, кырдьаҕас бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ,кыайыыны уһансыбыттара.
Оччотооҕу кэмҥэ оройуон, нэһилиэктэр икки ардыларыгар сибээс быстар мөлтөх этэ. Оннооҕор сэрии саҕаламмытын биһиги ыраах Үөгэн нэһилиэгин олохтоохторо хас эмэ хонон баран истибиттэрэ үһү. Кытыы, кырыы сирдэргэ сонуну дьаам сүүрдээччилэртэн, оройуонтан кэлэр боломуочунайдарыттан эрэ истэллэрэ эбит. Почта сүүрдүүтүгэр көлө бастыҥын, дьон чулуутун үлэлэтэллэр эбит.
Сүрүн чааһа
«Ударник» колхоһа үөһэ Томпо олохтоох омуктары эбээннэрин кытта сибээстэһэр айан суолун аартыгар олороро. Оччолорго Томпо бэйэтэ туспа оройуон эбит. Онон туох баар таһаҕаһы таһыыны, почта сырыытын (дьаамын) Кириэс-Халдьаайыттан үөһэ «Киириигэ» диэри «Ударник» колхоз моой ылан кыһыннары-сайыннары тохтоло суох ат көлөнөн 2-лии, 3-түү көстөөх сиргэ кыһынын сыарҕанан, сайынын ыҥыыр атынан тиэйэллэрэ.
Дьаам диэн билиҥҥитинэн почта таһыытын ааттыылара. Дьаамтан дьаамҥа диэри тус туһунан дьаамсыктар сылдьаллар эбит. Дьиктитэ диэн дьаам сүүрдүүтүгэр эр дьону кытта тэҥҥэ сытыы- хотуу, кыайыгас дьахталлары үлэлэтэллэр эбит. Ол курдук Үөгэн нэһилиэгиттэн эр киһи ыарырҕатар, кутталлаах кыһыҥҥы тоҥууну — хатыыны тулуйан, сайыҥҥы куйааска буһар сындыл5аннаах үлэтигэр бэрт кыайыылаахтык үлэлээбит биир дойдулаах кыргыттарбыт эр киһиттэн итэҕэһэ суох үлэлээбиттэрин биллим: Бурцева Анна Андреевна (улахан Аана) Бурцева Анна Федоровна (Сүөдэр Ааната),Бурцева Анна Федотовна (Сөдүөт Ааната) Егорова Анна Хрисанфовна (Дьаһаллаах Аана), Степанова Мария Васильевна (Бүөтүр Маайата), Егорова Дарья Петровна, Егорова Анна Петро вна(Дьоккуоскай Анна), Келина Ирина Саввична.
Уруккута Таатта оройуонугар киирэр буоламмыт дьаамсыктар почтаны Ытык-Күөлтэн Уолбанан Суонда баһыгар аҕалаллара. Манна бастакы симиэбийэ баара. Симиэбийэ диэн нууччалыыта (зимовье) диэн. Ыраахтааҕы саҕаттан сылдьыһар ат, оҕус, көлө, таба сылдьар кыһыҥҥы харыы аартык сир.
Онно тохтоон аттарын аһатан, сынньатан, бэйэлэрэ өйүөлэрин сыыһын аһаан баран салгыы «Буойаба» онтон «Буойаттан- Хаадьымаҕа», салгыы Кириэс-Халдьаайыга «Биэрэккэ» эргэ почта дьиэтигэр түһэрэллэрэ, ол кэннэ Үөгэҥҥэ «К үбээдьийэҕэ» аҕалаллара . «Күбээдийэ» алааһын арҕаа эҥэригэр бэрт кэрэ көстүүлээх кырдалыгар убай-быраат Матаркиннар олорбуттар.Онно Иван Сидоровичтаахха ( Табыа) дьаам дьоно тохтоон аттарын сыгынньахтаан, сынньатан, аһатан ааһаллар эбит. Онтон салгыы «Хоту оттооҕунан» (3 көстөөх ), ( 1көс- 10 км) «Күндүлгэ» диэри тиэрдэллэрэ. Онтон салгыы «Күндүлүнэн» 2-3 көстөөх сири айаннатан «Дьүүһүҥҥэ» тиэрдэллэрэ. Манна кэлэн тыаттан мас мастаан киллэрэн оһох оттон, астарын аһаан, аттарын сынньатан баран аны дьэ 4 көстөөх сиргэ 3 атынан «Киириигэ» тиэйэллэрэ. Кыйыҥҥы суол үксэ үрэҕинэн буолан үчүгэйэ үһү.
Онтон «Киирииттэн» салгыы Томпо төрдүгэр «Оттооҕунан» эргэ Томпоҕо диэри эбээннэр табанан таһаҕас уонна почта таһаллара. Бу Томпоҕо хоту улуустарга барарга чахчы быһа суол эбит.
«Киириигэ» үрэҕинэн кэлбит таһаҕаһы, почтаны сүөкүүргэ харабыл дьиэтэ уонна 100-түү тонна таһаҕас киирэр ыскылааттар бааллара эбит.
«Киириигэ» таһаҕас базатын харабылынан 16-17 саастаах Кузьмин Николай Иннокентьевич олорон үлэлээбитин биллим. Кыһынын таһаҕас таһыытыгар эдэр дьон Павлов Алексей Семенович, Тоторботов Семен сылдьыбыттар.
Олохтоох кырдьаҕас, дьаам үлэтигэр үлэлии сылдьыбыт, үлэ-тыылветерана Сыромятников Егор Александрович кэпсээбитинэн: «Таһаҕаһы 10 атынан таһаллара, онно таһаллара: фронтан кэлбит үс муннуктаах суруктары, кинигэлэри, кумааҕылары, харчыны, күндү түүлэҕи, уматыгы, сороҕор боломуочунайдары, тойоттору эбэтэр байыаннай дьону. Почтаны таһарга дьаамсыктары кытта саппараайай диэн Ытык- Күөлтэн ананан Томпоҕо диэри испиэс сибээс дьоно барсаллара, кинилэргэ бинтиэпкэлээх буолаллара. Ботуруона ханна баара биллибэт этэ.».
Дьаам атын аһатарга үс оҕонньор: Сыромятников Никифор Хрисанфович (Дорбо), Мандысов Евсей Иванович, Егоров Тит Семенович (Тиитэм оҕонньор) үлэлээбиттэр.
Үөгэнтэн өссө хоту диэки бардахха «Күбээдийэ» диэн бэрт бултаах- алтаах бүччүм сиргэ элбэх ыал түбүрүөннээн олорбуттар. Хойуу тыалаах, силлэһэ сытар элбэх күөллэрдээх, былыр дьон бэйэлэрэ харыларын күүһүнэн солоон, кэҥэтэн сир оностубут сирэ. Онно олохсуйан, сүөһү-ас ииттэн, бурдук ыһан ньир- бааччы олорбуттара. Дьоскуоскай Кириһээй диэн хас да оҕолоох, бэрт үлэһит киһи олохсуйан ыал аатын ылан олороро. Кириһээй улахан уола Ыстапаан 1937 сыллаахха Дьөгүөрэптэр кыыстарын Аананы кэргэн ылан сүгүннэрэн аҕалбыт. Ыстапааннаах Аана икки уол, биир кыыс оҕоломмуттара. Ыстапаан сытыы-хотуу эдэр киһи, колхозка биригэдьиирдээбит, онон кэлэрэ- барара, колхоз түбүктээх үлэтин бары тэрээһинигэр ис сурэҕиттэн кыһаллан үлэлээбитэ.
Ыраас күннээх халлааҥҥа этиҥ эппитинии Советскай Ийэ дойдуга «ниэмэстэр, уоттаах сэриинэн саба түспүт ыар сурахтара дойду үрдүнэн хара былыт буолан халыйбыта. Бастаан Анна Петровна бииргэ төрөөбүт быраата баара суоҕа 21 сааһыгар 1942 сыллаахха Армияҕа ыҥырыллан барбыта, онтон нөҥүө сылыгар атырдьах ыйын 18 күнүгэр Егоров Василий Петровичхорсуннук сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһырыыттан өллө, уҥуоҕа Москва куоракка харалынна диэн кутурҕаннаах сурах кэлбитэ. Бастакы сүрэх- быар тулуйбат аһыыта, бастакы харах уута.
Сэриигэ дьону хомуйуу өссө күүһүрбүтэ.Аны аҕаларыгар Ыстапааҥҥа 1943 сыллаахха колхоһугар үлэлии сырыттаҕына кэлэн Армияҕа ыҥырыллыбыт бэбиэскэ туттарбыттара. 29 саастаах эдэр киһи бэрт судургутук бэлэмнэнэн күн анныгар саамай таптыыр дьонун кэргэнин. Үс кыра көмүс чыычаахтарын кытта быраһаайдаһан барар. Үс кыра оҕо көрүүтэ-истиитэ, колхоз бүппэт үлэтэ Аана санныгар сүктэриллибитэ.
1942 сыллаахха балаҕан ыйын 9 күнүгэр Ыстапаан сэриилэһэ сылдьан өлбүтүн туһунан, уҥуоҕа ханна хараллыбыта чуолкай биллибэт диэн ыар сурах тулаайах ийэ ыар аһыытын өссө дириҥэппитэ. Ааналаах олохторо иннэ-кэннэ биллибэт тумаҥҥа мууммута.
Сэрии ыар содула тыа сирин ыалларыгар харса суох кэлбитэ. Ас-таҥас көстөрө ыараабыта, сут-кураан сыллар бастатан туран кыамматы, огдооболору хаарыйбыта. Аана кыра уола Дмитрий тымныйан, ыалдьан өлөр. Аана ааспыт ыар аһыылаах кэмнэрин, аҕыйах сыл иһигэр үс саамай күндү дьонун күн сириттэн сүтэрбититтэн ытаан- соҥоон бардаҕына, икки көмүс чыычаахтарын кыайан иитэн , киһи- хара оҥорор кыаҕа суох буоларын өйдөөн, өссө да эдэрбин, үлэлээн-хамсаан оҕолорбун дьон онортуохтаахпын диэн саха дьахтарын дьоһун өйдөөх быһаарыныытын ылынар. Эр дьон толорор үлэтин барытын оҥорбута. Ол курдук почта ( дьаам ) сүүрдүүтүн курдук ыарахан улэҕэ үлэлээбит. Аана тус бэйэтин олоҕо төһө да ыар охсууну ылан, аһыыны — кутууну биллэр, кыайыылаах -хотуулаах амарах ийэ буолан оҕолорун атахтарыгар туруоран киһи онорбута. Анастасия Степанова Эдьигээн оройуонугар олорор.Коммунистическая үлэ Ударникка, Саха АССР Верховнай Сэбиэтим Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыт, социологическай үлэ кыайыылааҕа. Быраата Василий Степанович бастыҥ механизатор. Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбута. Икки уол, икки хараҕыттан мэлийэн, бэрт эрийи көрөн, оҕолорун көрүүтүгэр сытан, 1999 сыллахха 81 сааһыгар күн сириттэн өлөн туораабыта.
Түмүк
Бу үлэбин үөрэтэн баран маннык түмүккэ кэллим.
Аҕа дойду көмүскүүр Улуу сэрии дуораана төһөнөн ыраатан иһэр да соччонон дойдуну көмүскээбит биир дойдулаахтарбыт уонна сэрии бара турдаҕына тыылга үлэлээбит оҕо, дьахтар, кырдьаҕас дьон үлэлээбиттэрин биһиги үүнэн иһэр ыччаттар өйдүөхтээхпит, үйэлэр тухары ахта, үйэтитэ турар ытык иэстээхпит. Мин бу улэбин чинчийэн баран манныгы биллим : сэрии кэмигэр Үөгэним сиригэр почта( дьам сүүрдүүтүгэр ) үлэлээбит кыргыттары:
1. Бурцева Анна Петровна (Улахан Аана).
2. Егорова Анна Петровна (Дьоккуоскай Аана).
3. Егорова Анна Хрисанфовна (Дьаһаллаах Аана).
4. Келина Ирина Саввична (Өрүүнэ).
5. Бурцева Анна Федотовна (Сөдүөт Ааната )
6. Егорова Дария Петровна
Туһаныллыбыт литература.
- Кириэс Халдьаайы музейын матырыйаалларын туһаныы.
- «Үөгэн” диэн кинигэттэн ахтыы материала.
- Олохтоох библиотека5а сылдьыы.