Бу остуоруйа бэчээккэ «Үгүлээт фольклора» кинигэҕэ тахсыбыта (хомуйан таһаарааччы Анг. Аф. Кузьмина, 2019 с.). Бүлүү улууһүн Үгүлээт нэһилиэгин олохтооҕо Христофоров Егор Дмитриевич аҕата 49 саастаах Христофоров Миитэрэйтэн 1938 с. истэн суруйуута. 1938 с. эспэдииссийэ матырыйаалларыттан, ф. 5, оп. №3, ед. хр. 214, ГЧуоААХНПИ научнай пуондатын архыыба.
Үллүк – Бүл. (х. тыл.) эһэ тириитэ [ДСЯЯ, 1976, с. 268]. Мэндэй тэбэн саҥарбыт – олус үрдүктүк, улахан буола көстө сатаан саҥарбыт [СТБТ, 2009, с. 405]. Бу остуоруйа сюжета ыйынньыкка 83 нүөмэрдээх остуоруйаҕа сөп түбэһэр [“Якутские сказки”, 2 том, с. 177]. “Лыыбырда”, “Айгын-Тайгын” эбэтэр “Тэбэнэкээн эмээхсин” остуоруйаҕа майгынныыр: Үүччэй эмээхсин Алаа Моҥус сиэри гыммытыгар албаһынан убайыгар сытыы кылыс улаһыннара Маҥан-Маҥан оҕустаах Малтаар бөҕөҕө ыыппытын, онто Хара-ха- 90 ра оҕустаах Харыадьалыыр буойуҥҥа ыытар, Харыадьалыыр бөҕө Эбириэнчэй оҕустаах Эргэлгин буойуҥҥа ыытар. Ону ситэ охсоору, күөлү быһа барабын диэн, алдьаммыт тыыга олорон, ууга түһэр. Онон эмээхсин оннук албастаан, тыыннаах хаалара кэпсэнэр. Манна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү үтүөтэ, алдьархайтан быыһыыра көстөр. “Алыптаах-дьиктилээх остуоруйаларга” киирсэр.
Бу эмээхсин үйэтин тухары бэйэтэ олорбута, үс ынахтаах. Арай биир киэһэ Үүччэй эмээхсин утуйаары олордоҕуна, түннүгүнэн туох эрэ тыаһаабыт, ол тыас хоту саҥа саҥата саҥарар: «ҮүччэйҮүччэй эмээхсин, үллүккүн үчүгэйдик саптынан утуйан хаал», – диэбит. Онуоха эмээхсин ойон туран туох баар таҥаһын саптынан сынньалаҥнык сыппыт. Сарсыарда турда. Аһаан баран ыы тахсыбыта биир ынаҕа мэлис курдук эбит, ханна бартын биир да билбэтэх. Ол күнү ааһан ол киэһэ түннүгүн анныгар эппит киһи саҥарбыт. Урукку киэһэтин курдук саҥарбыт, онуоха эмээхсин эмиэ саптынан утуйбут. Сарсыарда турта, биир ынаҕа эмиэ малыйбыт. Биир эрэ ынаҕа хаалла, ол ынаҕа үлэтигэр сырыттаҕына, сүтэн хаалбыт. Эмээхсин дьиэҕэ уонна таһырдьа хороон хастыбыт (орон аннынан оҥостуммут). Күн ортотун саҕына “Үүччэй-Үүччэй эмээхсин” диэн киһи ыҥырбыт. Онно хороонугар киирэн “ооп” диэбит. Били ыҥырбыт киһи дьиэҕэ киирэн эмээхсин аатын ыҥырбыт, онно эмээхсин таһырдьа “ооп” диэбит. Ол курдук күнү быһа дьиэҕэ-таһырдьа мэндэй тэбэн саҥарбыт. Киһи туппут. Үүччэй эмээхсини дьиэтигэр иппит, ол илдьэн сиэри гыммытыгар “ээ, көтөҕүм бэрт, онон бу биэс 24 ынахпын сиэтэхпинэ, сүрдээхтик уойуом этэ. Оччоҕо дьэ сиэр”, – диэн эппит. Биэс ынах бүппүт, дьэ сиэри сууйбут-соппут, ол кэннэ биитэ килэйбит быһаҕын сытыыламмыт. Онуоха Үүччэй эмээхсин эппит: “Бу быһаҕыҥ сыппаҕа бэрт, онон сыабын илдьиритэн кээһиэ, онон мин убайым Маҥан-Маҥан оҕустаах Малтаарыскай бөҕөҕө сытыы кылыс бычча (АК – быһычча?) баар ону аҕал, мин эн кэлиэххэр диэри манна сытыам”, – диэбитигэр Аҥаа Моҕус сөбүлэнэн сүүрэн күккүйан хаалбыт. Ол тиийэн: “Маҥан-Маҥан оҕустаах Малтаар бөҕө сытыы кылыскын аҕал эрэ, Үүччэйи сиэхпин, мин быһаҕым сыппаҕа бэрт, онон сыатын алдьатыам диэн кэллим”, – диэбит. Онуоха Маҥан-Маҥан оҕустаах Малтаар бөҕө: “Быһахпын Хара-хара оҕустаах Харыадьалыыр буойуҥҥа баар, ону баран ыл”, – диэбит. Онуоха Аҥаа Моҕус Хара-хара оҕустаах Харыадьалыыр буойуҥҥа сүүрэн тиийбит. Ол тиийтэ киһитэ уһана олорор, ол олордоҕуна, Аҥаа Моҕус “быһаххын уларыс эрэ, Үүччэй эмээхсини сиэхпин, мин ол дьахтары сиэри биэс ынаҕын уоран баран бэйэтин тутан ылан, ол ынахтарын сиэтэн дэлби уоттум. Онон бүгүн сиэри быһаҕым сыппах буолан, хоппотун иһин эн сытыы кылыскын уларса кэллим. Онтуккун уларыс эрэ” диэбитигэр Хара-хара оҕустаах Харыалдьалыыр буойун эппит: «Эбириэнчэй оҕустаах Эргэлгин бөҕө субу дьиэттэн илдьэ барта. Хата, сүүрэн бар, баҕар, аара ситиэҥ», – диэбит. Аҥаа Моҕус сүүрэн тахсан көрбүтэ, күөлү тула били киһи баран эрэр эбит. Ол иһин күөлгэ кииртэ биир алдьаммыт тыы сытарынан күөлү быһа эрдиммит. Алдьаммыт тыы куһаҕана өппүт иннинэн, ортотунан, түгэҕинэн уу киирэн ууга Аҥаа Моҕус тимирэн хаалбыт. Үүччэй эмээхсин албаһыгар үктэтэн Аҥаа Моҕуһу өлөрбүт, бэйэтэ уруккутун курдук олорбут.
Быһаарыы: