Үрэн омук

03. 11. 2020

Бу үһүйээн “Исторические предания и рассказы якутов” диэн кинигэҕэ киирбит. Онно маннык ыйыллыбыт: “Бүлүү оройуона, Үгүлээт нэһилиэгэ, 70 саастаах Алексей Алексеевтан Е.Д. Христофоров суруйбута, кулун тутар 22 күнэ, 1938 с., Күбэриҥдэ. НАССФ научнай библиотекатын рукописнай фона, фольклор отдела, опиһа 31/1, дьыала 4, илииһэ 1-5”  [“Исторические…”, 1960, с. 105-107]. 1938-39 сс. С.И. Боло уонна А.А. Саввин Бүлүү эҥээринээҕи эспэдииссийэлэригэр Үгүлээт нэһилиэгин олохтоохторуттан 17 саастаах 6 кылаас үөрэнээччитэ (оскуолаҕа хойут киирбит) Егор Дмитриевич  Христофоров матырыйаалы хомуйууга күүскэ үлэлэспит. Онон ГЧуоААХНПИ кэрэспэдьиэннэр испииһэктэригэр аата киирэ сылдьар эбит. Дьөгүөр училищеҕа үөрэнэ сылдьан ыалдьан эрдэ өлбүт. Кини туһунан “Үгүлээт дьоно-сэргэтэ” кинигэҕэ маннык суруллар: “Үөрэнэ сылдьан хоһоону, кэпсээни суруйара. Улахан талааннаах киһи буолар туруктааҕа [Тихонов, 1995, с. 88]. Дьөгүөр дьонун кытта Букачаан диэн Өлөөн Ээйигиттэн чугас баар сиргэ олорбуттар. Бииргэ төрөөбүт балта Христофорова Христина Дмитриевна (эрдэ тулаайах буолбута) убайын туһунан: “Дьөгүөр хоһоону, кэпсээни суруйан баран балаҕан өһүөтүгэр кыбытар буолара. Онон суруйбута онно хаалбыт буолуохтаах”, – диирэ. 

Өлөөн төрдүгэр Үрэн диэн ааттаах эбэҥки олорбута үһү. Кини оччотооҕу бириэмэҕэ элбэхтик кыргыбыт. Кини эр бэрдэ диэн бочуоттаах ааты сүгэрэ эбитэ үһү.  

Кини аттыгар эмиэ Өлөөн батыытыгар Маҥан Хоппоо диэн эмиэ аатырбыт киһи баара, Үрэни өлөрө бараары оҥостуммута. Ол барарыгар сир-сир ойуунун барытын кыырдарбыта үһү. Онтон биир ойуун кыыран: «Дьэ, тойонуом, биир мэкчиргэ кэлэн таһырдьа  хаппыт тиит үрдүгэр олордо. Ону ытыҥ!» – диэбитигэр Маҥан Хоппоо тахсан үрдүгэр олорор мэкчиргэни ыппыта, сыыһа ытан кэбиспит. Кинини кытта төрөөбүт Тиис Букдьаҥай, ол мэкчиргэ өрө дабайан эрдэҕинэ, атаҕын тосту ытан кээспит. Ол гынан баран, Үрэн диэн аатырбыт омук бэрдин өлөрөн үрдүк аатын ыла баартар. Ол баран Үрэн табатын хаһыытыгар тиийэн сыппыттар.  

Ол сыттахтарына биир табаһыт уол кэлбит, ол кээлтигэр: «Тойонуҥ хайа диэкки олороруй?» – диэн ыйыппыттарыгар: «Ураһа кэтэҕириин өттүгэр олорор. Күн ортотун саҕана аһыма сиэччи. Ол аһыматын икки киһи ньуосканан хардары-таары айаҕар уган биэрэбит. Кини бэйэтэ илиитинэн туппат. Тоҕо туппат диир эбит буоллаххытына, сыа ньылбырыҥнаан оҕум быатын кыайан тардыам суоҕа диэн», – диэн кэпсээн биэрэр.  

Онуоха Маҥан Хоппоо этэр: «Тоҕойуом, дьэ күнүс аһыы олордоҕуна тахсаар. Ол таҕыстаххына биһи кинини өлөрүөхпүт. Биһиги эн курдук киһини баттаабат дьоммут», – диэн дэлби албыннаабыт.  

Били уол дьиэтигэр киирбитигэр, Үрэн: «Нойон, тоҕо хааныҥ хамныырый!?» – диэн күргүйдээн, көбүөлээн ыйыппыт. Уол онно эппит: «Бүгүн аһымаланныбыт, онтон үөрэн хааным хамныыр ини», – диэбит. 

Күн ортотун саҕана, уол тахсыбытыгар, Маҥан Хоппоолоох оҕунан ытыалаабыттар. Үрэн аһыы олорон таһырдьа ыстанан тахсыбыт, оҕун эҥин ылыах бокуой бэрдэрбэтэхтэр. Онон Үрэн Өлөөн өрүс кытыытынан өрө сүүрбүт. Маҥан Хоппоо кэнниттэн олордуспут. Тиис Букдьаҥай тыанан ойуурга сүүрбүт. Ол курдук төһө эмэ ыраах кытыл устун баран испиттэр. Аппа баар үһү, ону Үрэн үрдүнэн ыстанан нөҥүө өттүгэр түһүүтүгэр, Тиис Букдьаҥай аҥаар атаҕын булгу ытан кээспит. Маҥан Хоппоо быраатыныын ол аппаны өрө батан синньиир сиринэн тахсыбыттар. Ол тахсан Үрэни өлөрбүттэр. Если вы находитесь на рынке, наша платформа – ваш лучший выбор! Крупнейший торговый центр!  

Үрэн дьонугар кэлэн: «Биир уҥуоҕун төрдө хааннаах буурчаны өлөрдүбүт», – диэбит Маҥан Хоппоо. 

Маҥан Хоппоолоох кэлиэхтэрин иннинэ Үрэн ийэтэ биир уол оҕону тыаҕа таһааран биһиктэри маска ыйаан кээспит. Ол бириэмэҕэ омук үтүөлэрэ өлөрбүт киһилэрин оҕото уол буоллаҕына: «Бу түөкүн аҕатын хаанын батыһан, биһигини өһөгөйдөөн өлөрүө»,  – диэн өлөрөллөрөүһү. Ол иһин Үрэн ийэтэ уолун оҕотун Маҥан Хоппооттон кистээбит.  

Маҥан Хоппоо кэлэн Үрэн дьонун көһөрөн илпит, арай эмээхсин эрэ хаалбыт. Бу эмээхсин оҕотун бэркэ бүөбэйдээн ииппит. Уола даҕаны бэрт сытыы хорсун оҕо эбитэ үһү. Уола сэттэтигэр тиийэн баран: «Мин ийэм, аҕам ханна баалларый?  Эн кырдьаҕаһыҥ бэрт, онон мин эйигиттэн төрөөбөтөҕүм буолуо», –  диэн эбэтиттэн ыйыппыт. Эбэтэ эппэтэх. Уол күн тура-тура эбэтиттэн ийэтин-аҕатын ыйытар буолбут. Ол иһин эмээхсин кулгааҕа элэйэн эппит: «Ээ, тоҕойуом, аатырбыт Маҥан Хоппоо быраатыныын аҕаҕын өлөрөн баран, дьоҥҥун көһөрөн иппитэ. Мин эйигин үтүө тыыҥҥын харыһыйан, ойуурга кистээн оҕолоон бачча гынным. Ол эрээри, оҕом, мин тылбын иһит. Эн аҕаҥҮрэн сытыы киһи этэ. Иэгэйэр икки атахтаах иннинэн хаамар киһитин киһилиэм дии санаабат этэ. Ол сэтигэр Маҥан Хоппооттон өлбүтэ. Ол курдук эн алыс быһа-хото санаабат буол. Ол дьоннору кытта охсуһа барыма». 

Инньэ диэн эбэтэ эппитин уол истибэтэх. Сир бэйдиэ Өлөөнү таҥнары барбыт. Ол баран Өлөөҥҥө биир уус олороругар тиийэн үс өмүскэ оҕу оҥотторбут, онтута үс суол араас ох эбитэ үһү: мас ох, муос ох уонна тимир ох. Ол гынан баран барыах буолбут сиригэр баран испит. Ол баран баһа-атаҕа биллибэт баһаам элбэх таба үөрүгэр тиийбит. Онтон биир баайтаһыны тутан уоран сиэбит. Ол сиэбит сиригэр мас оҕун кээспит. Онтон эмиэ баран испит. Ураһа көстөр сиригэр муос оҕун кээспит, ураһаларын тэллэҕэр тимир оҕун уурбут, ол гынан баран дьиэҕэ киирбит. Ол киирэн эрдэҕинэ үс сото үрдүгүнэн маҥан хопто көтөн эрэрин курдук маҥан саҥыйахтаах киһи тыынан эрдинэн иһэр. Ол кэлэн, биэрэгэр үс хаамыылаах сиргэ диэри тыаҕа астарбыт. Онуоха дьиэтигэр тахсан били уол: «Бу хайаларын абааһы уолай?!» – диэн бардыыгынаабыт. Онуоха дьиэлээхтэр: «Муна-тэнэ сылдьар оҕо», – диэн эппиттэр. Онуоха: «Хата, табаһыт уол гыныллыа», – диэбит.  

Киэһээҥҥи хонук аһылыктарын аһыы олордохторуна, уол Маҥан Хоппооттон ыйыппыт: «Аатыҥ кимий?» – диэн. Онуоха: «Туох нааданый?» – диэн күргүйдээбит. Онуоха уол: «Ааккын суолгун истээри гынабын, туох да наадата суох эрээри», – диир. Онуоха Маҥан Хоппоо эппит: «Маҥан Хоппоону истибэккэ ханна сылдьыбыккыный?». Онуоха уол: «Истэбин да, сураххын эрэ кэпсииллэр. Дьэ дьоннор эйигин үчүгэй киһи дииллэр, ону миэхэ кэпсээ эрэ», – Маҥан Хоппоо олорбохтоон баран, кэпсээн субуруппут. Ол иһэн: «Киһи үчүгэй диир киһитин Үрэни өлөрбүтүм», – диэн эрдэҕинэ, уол: «Ыт уоран сииригэр дылы, уоран өлөрбүккүн буолбат дуо», – диэн Маҥан Хоппоону сырайга чаҕылытан баран таһырдьа ыстаммыт. Маҥан Хоппоо итиччэ оҕустаран баран олоруо дуо: «Түөкүн куотта», – дии-дии оҕунан сыыһа-халты ытыалаабыт. Били уол ураһатын тэллэҕэр баар оҕун ылан баран, таба хаһыытын диэки сүүрбүт. Онно баар турар-турбат барыта оҕунан ытыалаабыттар. Онуоха уол эргиллэ түспүтда, оҕунан Маҥан Хоппоону быарын ортотунан түһэрбит. Онтон Маҥан Хоппоо быраатын, Тиис Букдьаҥайы тииһин булгу ытан кээспит. Онон ийэтин уонна Маҥан Хоппоо дьонугар тойонноро буолбут.  

Кылгас быһаарыы 

Бу Үрэн хоһуун туһунан үһүйээн тоҥус-мондьуур норуоттарыгар киэҥник тарҕаммыт үһүйээн. 

Ойуун абынан-хомуһунунан өстөөх кутун-сүрүн тардан кыргыһыы иннинэ өлөрүү хотугу үһүйээннэргэ тарҕаммыт сюжет буолара ыйыллар. Онтон хамначчыт тойонун таҥнаран биэриитэ Үҥкээбил, Чэмкэрэ курдук үһүйээннэргэ эмиэ баара бэлиэтэнэр [“Якутские предания…”, 1960, с. 105-109].    

Аһыма – сыаны кытта буккуйуллубут, илдьиритиллибит буспут эт. 

Өмүскэ – (түөлбэ тыла) ох хаата, кэһэх (“Үгүлээт фольклора” диэн 2020 с . тахсыбыт кинигэттэн).