Олох уларыйыытын кытта тэӊӊэ хайа да омук тыла эмиэ куруук уларыйа турар. Сорох тыл төрүт да сүтэр. Аныгы олоххо туттуллубат барамайы, өйдөбүлү бэлиэтиир тыл эргэрбит тылынан ааҕыллар. Эргэрбит тыл ордук уус-уран айымньыга үгүс буолар. Билиӊӊи саха тылыгар нууччалыы тыл олус элбэх. Акадьыамык П.А. Слепцов чинчийиитинэн, 5 тыһыынчаттан быдан тахса тыл киирэн турар. Ол курдук Николай Денисович Неустроев айымньыларыгар баар билигин туттуллубат, ыарахан тыллары быһаарыахпыт.
«Сэмэнчик»
“Сэмэнчик” 7 кылаас үѳрэнэр кинигэтигэр баар. Бастаан «Сэмэнчик» кэпсээн «Таптал» диэн ааттаах этэ. 1927 сыллаахха бэчээттэммитэ. Онно маннык тыллар бааллар:
Аба – аат, улахан кыһыы, кыйаханыы, хомойон, өһүргэнэн кыйыттыы (Афанасьев П.С. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, 2012. С. 25).
Куруӊ – аат, уот сиэн хаппыт мастаах тыа (Афанасьев П.С. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, 2012. С. 251).
Солооһун – аат, суол, бааһына сирэ о.д.а тахсар гына маһа соломмут, ыраастаммыт сир (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта: в 15т. Т VIII. Новосибирск: Наука, 2011. С. 514).
Сыгынах – аат, силистэри түөрүллэн охтубут мас, дүлүӊ (Афанасьев, Петр Саввич. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, 2012. С. 440).
Табыыр – аат, сири табыйан таӊастыыр сэп, баһымньы (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта: в 15 т. Т.X: Новосибирск: Наука, 2013. С. 127).
Титиик – аат. 1. Сайын ынаҕы ыырга эбэтэр ньирэйи хаайарга аналлаах судургу оӊоһуулаах, эркиннэрэ арыттаах туту, сайыӊӊы хотон. 2. Сайын быстах олорор отуу (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта: в 15 т. Т.X: Новосибирск: Наука, 2013. С. 384-385).
Түөртүүр – аат (кэпс.), ынаҕы күӊӊэ үстэ ыырга күнүскү уонна киэһээӊӊи ыамнар икки ардыларынааҕы үһүс ыам (Афанасьев П.С. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас, Дьокуускай: Бичик, 2012. С. 535).
Үөрэ – аат, эти, сүөһү иһин кыра гына кырбаан буһарбыт миин эбэтэр оту, мас (бэс) субатын үүккэ былаан буһарбыт бутугас (Афанасьев П.С. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, 2012. С. 572).
Халдьаайы – аат.1. Үрдүк сыыр, эниэ, томтор. 2. Сыһыы,күөл,үрэх күн көрөр, сыралҕан өттө, алаас хоту өттүнээҕи сыыр эниэтэ (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта: в 15 т. Т.XIII. Новосибирск: Наука, 2016. С. 232).
«Кукаакы кулуба»
«Кукаакы кулуба» 8 кылааска үѳрэнэр кинигэҕэ киирбит.
Бокуонньук – аат, харыс т. Ɵлбүт киһи; киһи өлүгэ (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта. Новосибирск: Наука, 2005. С. 373).
Бырааба – аат. 1. Былыр (өрөбөлүүссүйэ иннинэ) улус киинэ, улуус салалтата. 2. Бырааба дьиэтэ (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта. Новосибирск: Наука, 2005. С. 717).
Дайыымка – аат, нолуок, түһүк ситэ төлөммөккө сылдьар иэһэ (Афанасьев П.С. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, 2012. С. 128).
Дэһээтинньик – аат, урут кинээстэр, кулубалар дьаһалларын толотторор дуоһунастаах киһи (Афанасьев П.С. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, 2012. – С. 148).
Судаарыскай – аат. эргэр. 1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ иннинэ Саха сиригэр көскө кэлбит политсыылынай (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта: в 15т. Т IX. Новосибирск: Наука, 2012. С. 102).
Холбуйа – аат. Туох эмэ бытархай сээкэйи угар, уура сылдьар дьааһык (Cаха тылын быһаарыылаах тылдьыта: в 15 т. Т.XIII. Новосибирск: Наука, 2016. С. 528).
Холбуйа – аат, кыракый дьааһык (Афанасьев П.С. Cаха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Дьокуускай: Бичик, 2012. С. 605).
Николай Денисович Неустроев «Сэмэнчик», «Кукаакы кулуба» сэттис уонна ахсыс кылаас үөрэнэр кинигэтигэр киирбит айымньылара. Тылдьыты айымньыны ааҕыах иннинэ билсэр ордук, оччоҕо айымньы ааҕылыннаҕына, быдан тиийимтиэ, ѳйдѳнүмтүѳ буолар. Ойуулаах тылдьыты туhанан ааҕааччы урут билбэтэҕин билиэ, билиитин кэңэтиэ, айымньы ис хоhоонун ѳйдүүрүгэр туhалаах буолуо. Тыл күннээҕи олоххо туттуллар буоллаҕына эргэрбэт, онон билбэт тылларгытын үөрэтэн тутта сатааҥ, тылгыт саппааһын байытыҥ. Эргэрэн, умнуллан бардаҕына, тылбыт дьадайарын өйдөөҥ.
Таатта улууhун Хара Алдан орто оскуолатын үɵрэнээччитэ Егор Винокуров.
Хаартыскалары «Саха суруйааччылара» 1998 с. кинигэттэн туһанныбыт
Хайдах быыһаммыппыт
Бу кэпсээнтэн умнуллан эрэр сөгөлөөн диэн тылы билиэххит. Сөгөлөөн – сиргэ эбэтэр тордоххо утуйарга эбэтэр булду астыырга халыҥ гына тэлгэтиллибит мас мутукчата. Нууччалыы быһаардахха, “многослойный настил из хвои внутри чума, используемый в качестве подстилки для сна” (Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта, VIII туом, с. 568).
Урут 1970-80-с сылларга Хоту Муустаах муораттан Индигир өрүһүнэн кыыл таба Чыыстайга диэри кэлэр этэ. Онно совхоз этин былааныгар “Искра” с-з булчуттара Ми-4 вертолетунан бултаһарбыт. Вертолетунан ытан өлөрөн аҕалан, бөһүөлэк аттыгар биир сиргэ базаланан сүлэрбит-астыырбыт. Ону элбээтэҕинэ массыынанан Өймөкөөҥҥө көмүсчүттэргэ илдьэллэрэ.
Онно сылдьыбыппыттан биир түбэлтэни кэпсиэхпин баҕарабын. Ми-4 вертолетунан элбэх кыыл табаҕа түбэһэн, ол күн элбэх табаны вертолеттан ытан өлөрбүппүт. Ол бултарбытын күнү быһа таспыппыт. Киэһэрэн бүтэһик рейспитигэр көппүппүт. Вертолеппутун толору кыыл табанан хаалаабыппыт. Көтөөрү вертолеппутугар киирбиппит, вертолеппут үөһэ өрө кыайан көппөтөҕө, кыайбатаҕа. Онуоха вертолет командира табалары көҕүрэтэн быраҕыҥ диэбитин өйдөөбөккө биригэдьиирбит миигин уонна Коляны “түһүҥ, ыстаныҥ” диэбитин истэн ыстанан кэбистибит. Онтон вертолеппут оргууй өрө көтөн тахсан бара турда. Биһиги сир-халлаан анныгар туран көрөн хааллыбыт. Күммүт олох хараҥаран барда. Киһим олох ыксаата, хайдах буолабыт диэн. Киһибин уоскуттум. Күн хараҥарда, бу түүн хайдах да сатаан вертолеттар кэлбэттэр, сарсыарда күн тахсыыта хайаан да кэлиэхтэрэ диэтим. Таҥаспыт наһаа халыҥа суох, бу курдук олордохпутуна тоҥууһукпут, ол иһин аллара үрүйэҕэ киирэн, хаары хаһан иккиэн батар уйа оҥоһуннубут, онно тэллэх оҥостон, сөгөлээнүнэн*, хаарынан саптан бэйэбит сылааспытыгар бигэнэн бэрт үчүгэйдик сынньанан, утуйан турбуппут.
Сарсыарда сырдаатын кытта үөһэ хайа үрдүгэр, көстүүлээх сиргэ тахсыбыппыт. Вертолеппут, хата, сотору кэлбитэ, летчикпыт биһигини тыыннаахпытын көрөн дэлби үөрбүтэ, дэлби долгуйбуттар этэ. Вертолет командира биригэдьиирбитин мөхпүт этэ, тоҕо өлбүт табалары бырахпакка, дьону түһэрдиҥ диэн.
Коля миэхэ дэлби махтаммыта. Хата, эн хаалаҥҥын этэҥҥэ тоҥмокко утуйан турдубут диэн үөрбүтэ. Тыаҕа сылдьарга биир үчүгэй албаһы биллим, ону кэлин да олохпор туттуом, атыттарга да кэпсиэм, үөрэтиэм буоллаҕа диэбитэ.
Эһэм Улахан Чыыстай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Слепцов Пантелеймон Афанасьевич 1947 сыллаахха Муома оройуонун Улахан Чыыстай нэһилиэгэр төрөөбүтэ, 74 саастаах. Кини кэпсээнин сиэнэ Слепцова Далаана, Муома улууһун Н.С. Тарабукин аатынан Улахан-Чыыстай орто оскуолатын үөрэнээччитэ суруйдум.