Үрдүк Айыыларга, тулалыыр айылҕаҕа махтанар, сүгүрүйэр үйэлэртэн ситимнээх ытык үгэспитигэр — ыһыахха иһит-хомуос эгэлгэтэ туттуллар. Норуот ыһыаҕы хоһуйар ырыатыгар-тойугар ол туһунан булгуччу сиһилии, уустаан-ураннаан эридьиэстэнэр. Холобур, саха уран хоһуйуутун чыпчаалынан буолбут Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитэ» айымньытыгар маннык:
Симэхтээх сири иһиттэри
Сиэллээх ситии быанан
Сиэттиһиннэри ситимнии ыйаатылар.
Лочугурас ойуулаах
Уһаа айаҕы
Уустуктаан субуруттулар,
Кэчигирэс ойуулаах
Кэриэн айаҕы
Кэскиллээн кэккэлээтилэр,
Бачыгырас ойуулаах
Мааччах иһити
Бааралаан таттылар,
Көмүстээх көҥкөлөйдөөх,
Хайырҕастаах хамнатардаах,
Симэхтээх симиири
Сэргэстэһиннэри кэккэлэттилэр…
Ыһыахха кымыс иһэр бастыҥ иһиппит, биллэн турар, чороон буолар. Бүтэй атахтаах уонна үс атахтаах диэҥҥэ арахсар. Онтон кээмэйинэн манныктар бааллар:
— айах чороон (кэриэн айах, тойон айах, сиэллээх айах) — кэриһэн иһэргэ аналлаах улахан чороон, 8-35 л. тиийэ кымыс кутуллар.
— чороон, орто чороон — орто кээмэйдээх, 2-6 л. кымыс кутуллар чорооно.
— чорохой, бөлкөй, бэлкэй — кыра чороон.
В.С. Соловьев-Болот Боотур «Уһуктуу» арамаанын дьоруойа Иһиччит Ньукулай биир кэпсэтиитигэр улахан чороон туһунан маннык этэр: «Ээ, «Тэргэн айах» диэн итиннээҕэр улахан, толору кымыһы куттахха киһи нэһиилэ көтөҕөр, отучча киһи кэриһэн иһэр чорооно баар буолар» (Болот Боотур, 385 с.). Болот Боотур былыргы олоҕу олус үчүгэйдик билэр, тыл ууһа киһи саха олоҕор баар, ол эрэн киэҥник тарҕамматах өйдөбүлү бэлиэтээн суруйдаҕа.
Сунтаар С.А. Зверев-Кыыл Уола аат. түмэлигэр турар олус баараҕай тойон айах 38 л. кээмэйдээҕэ биллэр. Уос номоҕор хаалбытынан чороон аатырбыт тойуксут, оһуохайдьыт, ыһыахтары тэрийээччи Петрова Д.П.-Киччэй эмээхсин киэнэ эбит. Саха сиригэр бу чорооҥҥо утаалаһар суох. Арай итинтэн арыый кыра Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр «Чап уустара» түмэлгэ турар. Өссө биир аарыма чороон П.И. Сивцев аат. Намнааҕы устуоруйа-этнография түмэлигэр баар. Биир номоххо кэпсэнэринэн, Сунтаар улахан баайа кыыһа сүктэн барарыгар үс араа-бараа улахан чороону оҥотторбута үһү. Олортон ордук баараҕайдара Сунтаарга хаалбыт, иккис улахан Үөһээ Бүлүүгэ баай Батаакапка бэриллибит, үһүс ханна тиийбитэ биллибэт. Баҕар ол Намҥа тиийбитэ буолаарай?
Онон, дьэ, итинник суон, чиргэл хатыҥтан тупсаҕай оҥоһуулаах чорооннору, ойуутун-бичигин бириинчиктээн, сиэдэрэйдээн-нарыннаан оҥорон хаалларбыт эбит аата биллибэт саха ууһа.
Ыһыах ыһыллар сиригэр баҕах диэн ааттаан икки сэргэни туруораллар, туорай маһынан холбууллар. Бу туорайга, дьэ, кымыстаах сири иһиттэрин ситии быалаан ыйыыллар.
“Сири, сирии” диэн анаан оҥоһуллубут тириини этэллэр. Бу оҥоһуута эмиэ сүрдээх түбүктээх буолар. Маҥнай тоҥ тириини сиргэ тэлгэтэн кыһыаҕынан субатын ыраастыыллар. Онтон икки баҕанаҕа чиккэччи тиирэн баран хаан уонна арыы буккуспут суурадаһынынан икки өртүттэн сотоллор. Салгыы тириини анал оҥоһуллубут омуһахха уган ыыһыыллар. Бу курдук хаста да гыналлар. Быыһыгар көмүлүөк оһоххо эбэтэр күн уотугар куурдаллар. Түмүккэ, сириибит ситтэ диэтэхтэринэ, арыынан эбэтэр сылгы хаһатынан сотоллор. Үчүгэйдик оҥоһуллубут сири хап-хара уонна чиҥ, дьилэй буолар. Дьэ, бу манан кымыс кутар сири иһити оҥороллор. Кини 120-360 л. тиийэ истээх буолара. Айаҕар суон талаҕынан биир-икки сиринэн иилииллэр. Кымыс кутулуннаҕына сири иһит сымнаан, ньалбаҥнаан барар, ол иһин иитигэр алтан эбэтэр ситии тиэрбэстээх буолар, ол онон ситии быанан таттаран баҕах туорайыгар ыйыыллар. Сири иһити кылынан, оҕуруонан, үрүҥ көмүс, алтан хайырҕастарынан эгэлгэлээн киэргэтэллэр. Сири иһити, үксүгэр, оҕус тириититтэн оҥороллоро диэн буолар.
Сирииттэн оҥоһуллар иккис улахан иһит көҕүөр симиир диэн ааттанар. Бу 25-50 л. истээх кымыс көөнньөрөр иһиттэрэ. Кини оһуор-мандар ойуулаах, хоппо курдук быһыылаах мас олоххо олорор. Бу олох түгэҕэр тиит мутукчатын уураллара. Симиир моойугар үрдэ оһуордаах, көҥдөй истээх көҥкөлөй (халдьа, уһуйах) диэни олордоллор. Ол иһинэн кымыс ытыгын – хамнатары (биһиэйэх, бүлүөр) уган, дьэ, кымыстарын ытыйаллар.
Сахаҕа, чороонтон ураты, кымыс иһэр иһит эгэлгэтэ баар: уһаа айах, матаар, ымыйа, балхах. Уһаа айах диэн, аата да этэринэн, хороҕор быһыылаах, атын мастан түгэхтээх иһит. Матаар эмиэ атын мастан түгэхтээх, байбаҕар быһыылаах иһит. Кыра буоллаҕына матаарчах дииллэр. Ымыйа киэҥ айахтаах, көнө эркиннээх, лаппаҕар олохтоох иһит. Бу иһиттэри араас эгэлгэ оһуорунан, чахчырҕалаах алтан иилэринэн киэргэтэллэр. Балхах – намыһах олохтоох (сороҕор кылгас атахтаах буолар), балҕаҕар быһыылаах иһит. Кини сүрдээх эгэлгэ көрүҥнээх буолар: намыһах, үрдүк, моойдоох, моойо суох о.д.а. Маннык иһит ордук Бүлүү бөлөх улуустарыгар уонна Хаҥалас улууһугар тарҕаммыт. Онон Бүлүү эҥэрдэр уонна Хаҥаластар төрүт сыдьаан ситимнээхтэрэ эмиэ бигэргэнэр курдук.
Кырылыы көөнньүбүт көйүү кымыһы сомсон баһарга аналлаах удьаа диэн уһун токур уктаах хомуос баар буолар. Удьаа угун бүтүннүү ойуулаан киэргэтэллэр, түмүгүн үс салаалаан, алгыс бэлиэтин түһэрэн оҥорбут буолаллар.
Кылы кырбаабыт курдук күрүөх билэ дьон күргүөмүнэн мустар көрдөөх күнүгэр ыһыахха — кытах диэн саха улахан, баараҕай иһитин тутталлара. Манна кырбас эти, саламааты да буоллун толору кутан баран, көтөҕөн мадьатан төбүрүөннээн олорор дьоҥҥо тарҕаталлара. Кытах — далҕаҕар олохтоох, киэҥ айахтаах иһит. Кинини тиит мастан оҥороллоро. Биир аарыма тиит сыалыйатыттан (төрдүттэн) икки-үс кытах тахсара үһү.
Ыһыахха туос иһиттэри эмиэ кэккэлэтэллэрэ. Олортон ордук мааны көрүҥнээхтэрэ далбар уонна таҥалайдаах чабычахтар, саар уонна кыллаах ыаҕастар буолаллар. Аны, Сэһэн Боло суруйарынан, былыр туос бурҕах диэн баара үһү. Кини үс суол иилээх: мааны ытык киһиэхэ үс иилээх, орто киһиэхэ икки иилээх, көйгө киһиэхэ биир иилээх бурҕахтар буолаллара үһү (Сэһэн Боло, 102 с.). Бу умнуллубут иһити СӨ Дархан ууһа Саввинов В.И. оҥорон турар. Туос бурҕахтан, бука, кымыс иһэр буолуохтаахтар.
Былыргы ыһыахтарга туос сандалылары түһүлгэ устун тэлгэтэллэрин туһунан эгэлгэ хоһуйуулар бааллар. Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитигэр» таҥалай ойуулаах талыы сандалыны тарҕаччы тарпыттарын, тоноҕостуу ойуулаах туос сандалыны туһааннаан туруорбуттарын, аҕыстыы сыттыктаах араҕас сандалыны адьырыччы таппыттарын туһунан суруйар. Хойукку ыһыахтарга көннөрү хахтаммыт туоһу иннилэригэр тэлгэнэн аһыылларын туһунан ахтыллар.
Ыһыахха үрдүкү Айыылары, тулалыыр иччилэри күндүлээн үрүҥ илгэни ыһалларыгар эбир хамыйаҕы тутталлар. Бу — сиэр-туом анал хамыйаҕа буолар. Ол туһунан С.А. Зверев-Кыыл Уола маннык эппит: «Ытык хамыйаҕы уус киһи, (отой) ыччата суох киһи оҥорор. Хараҕа үс-түөрт, бэрт ойуулаах, ойуун этиитин быһыытынан… Бу хамыйаҕы, биир сүүмэҕи ол ытык сылгы кутуругуттан ылан, хоолдьугар баайаллар. Бу хамыйаҕынан туску (түөрэх) быраҕаллар уонна кини куруук ол ытык суларын, көнтөһүн кытта туох да тыыппат сиригэр ампаар иһигэр ыйанан туруохтаах».
Ытык хамыйах бүрээттэргэ уонна монгуолларга эмиэ баар. Монголлар «цацал» диэн ааттыыллар. Ыал ийэтэ бу хамыйаҕынан сарсыарда аайы үрдүкү таҥараларыгар, сир-дойду иччилэригэр уонна төрүттэрин кутугар анаан үрүҥ аһы ыһан күндүлүүр эбит. «Цацал» түөрт муннуктуу эбэтэр долгуннуу быһыылаах, тоҕус оҥхойдоох буолар. Онтон саха ытык хамыйаҕын көрүҥэ сүрдээх эгэлгэ, оҥхойо да араастаһар, сороҕор курдаттыы эбэтэр кириэстии үүттээх, төгүрүктүү оҥо хаһыылаах эмиэ буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ алгыс хамыйаҕын аан маҥнайгынан тилиннэрбит Дархан уус Саввинов В.И. маннык суруйар: «Мин тойоннуурбунан, хамыйахтар ойбоннорун алгысчыт эбэтэр ойуун сир-дойду иччилэригэр уонна тус-туһунан олохтоох Үөһээ Айыыларга анаан оҥортороллоро буолуохтаах. Холобур, Уордаах Дьөһөгөй — үһүс, Хотой Айыы — төрдүс, Хара Суорун — бэһис, Үрүҥ Айыы тойон — тохсус халлааҥҥа олороллорун билэр буоланнар» (Саввинов, 22 с.). Онон саха сүгүрүйэр Айыыларыгар хас биирдиилэригэр анаан-минээн быһыылаан-таһаалаан эбир хамыйаҕы оҥорор эбит.
Ити курдук саха ыһыахха туттар иһитэ-хомуоһа сүрдээх элбэх уонна эгэлгэ буолар. Бу — биһиги төрүт култуурабыт баайын уонна дириҥин көрдөрөр.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ.
1) Болот Боотур. Уһуктуу. 3 т. — Дьокуускай, 1987.
2) Өксөкүлээх Өлөксөй. Ырыа-хоһоон. 1 т. — Дьокуускай: Бичик, 2015.
3) Материальная и духовная культура народов Якутии в музеях мира (17-нач.20 вв). Т.2. – Якутск: Айар, 2023.
4) Раритеты Якутии. Художественное наследие: Сунтарский улус. – Москва, 2015.
5) Саввин А.А. Пища якутов до развития земледелия. — Якутск: Сахаполиграфиздат, 2005.
6) Саввинов В.И. Саха мас, муос, тимир оҥоһуктара. — Дьокуускай: Бичик, 2013.
7) Сэдэх экспонаттар. Чапчыйан уһанар кыһалаах «Чап уустара». https://sakha-sire.ru/sedeh-eksponattar-chapchyjan-uhanar-kyhalaah-chap-uustara-video/
8) Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо: урукку Дьокуускай уокурук сахаларын былыргыттан кэпсээннэринэн. — Дьокуускай, 1994.