Саха норуодунай бэйиэтэ, биллиилээх прозаик уонна драматург – Иван Гоголев элбэх арамааннары уонна сэһэннэри суруйан хаалларбыта. Ааҕааччылара ордук кини өлүөн биэс сыл иннинэ суруйбут “Иэйэхсити кэлэтии” (1993 сыл) арамаанын умсугуйан тураннар аахпыттара. Улахан суруйааччы санаата-оноото бэйэтин норуотун дьылҕатын кытары биир силистээҕэ, ол туһугар эттиин-хаанныын бэриниилээҕэ уонна бэйэтин ыччатыгар эрэнэрэ бу арамааныттан өссө ырылыччы көстөр. Онон “Иэйэхсити кэлэтии” арамаан бүттүүнэ эдэрдэргэ туһуламмытын, кини санныгар сүктэриллибитэ сэрэйиллэр даҕаны.
90-с сылларга дойду бүттүүнүн үрдүнэн уларыта тутуу, эргэ тоталитарнай олох иһэҕиттэн букатыннаахтык арахсыы саҕаламмыта. Араамаҥҥа ааспыт эргэ олох омсолоох көстүүлэрэ, норуот олоҕо тиһэҕэр тиийэ сатарыйбыта, сиэр-майгы дьүдэйбитэ, быһыы-майгы ханна баҕар биирэ: төрөппүт – оҕотугар, оҕото – төрөппүттэригэр, эргиччи кыһалҕаны кытары көрсөр буолбуттара, суруйааччы туохтан дьиксинэрин ааҕааччыларыгар итэҕэтиилээхтик арыйбыта.
Суруйааччы ордук социализмы тутуу саҕана колхуостаахтар олохторо быста дьүдэйбитин, олохторо эрэ буолбакка, санаалара сарбыллыбытын, кулгаахтара туора киһи кыһалҕатын истибэт, харахтара көрбөт буола сабыллыбытын суруйар. Ол норуот бүттүүн трагедиятыгар тиэрдибитэ. Норуоту күүс өттүнэн үүрэ сылдьан үлэлэтии, таһыттан күдээринэ дьаһалымсыйыы, араас сылтаҕынан буруйдааһын-накаастааһын сылтан сыл эстиигэ-быстыыга аҕалбыта. Колхуостаахтар аҥардас айахтарын эрэ иннигэр биир күн өрөбүлэ суох хара өлүөхтэригэр диэри үлэлииллэрэ, үгүстэрэ ыарахан үлэни кыайбакка ыарыһах, инбэлиит буолбуттара. Бэйэлэрин көҥүллэрин, кырдьыктарын олохторун устата булбатах дьон бэйэ-бэйэлэригэр эмиэ хадаар, бардам, итэҕэһи-быһаҕаһы эрэ була сатыыр, хардарыта эккирэтиһэргэ ханнык да аньыыны-хараны билиммэт, муус сүрэхтээх буоларга ананан улааппыттара. Ити барыта бэйэ туһугар буолбакка, биир уопсай социализмы уонна коммунизмы тутууга, күн Сталиҥҥа аҥардастыы сүгүрүйүү туһуттан тахсыбыта. Сталин туһугар үлэлииллэрэ, сэриилэһэллэрэ уонна өлөллөрө.
Оччотооҕу дьон барыта таҥараны итэҕэйбэт, коммунизмы уонна Сталины эрэ итэҕэйэр саҥалыы итэҕэл баар буолбутуттан көстөр. Ол итэҕэл олохтоох дьону, сэбиэскэй норуоту үөскээбит төрүт итэҕэллэриттэн тэйитэн, коммунистическай итэҕэлгэ, сиэргэ-майгыга киллэрбитэ. Сэбиэскэй дьонтон коммунизмы тутааччылар сиэрдэрин-майгыларын аҥардастыы тутуһар буолбуттара.
Кинилэртэн иэйэхситтэрэ кэлэйэр! Киэр хайыһар. Итинтэн ыла норуот бүттүүнүн алдьархайа саҕаланар.
Норуот суруйааччыта онуоха ити туохтан тахсыбытын суруйар. Бэйэлэрэ уонна ыччаттара соҕотох баартыйа этэрин, үөрэтэрин, ыйарын-кэрдэрин хоту олороллоруттан, атын суолу тобулар, булар кыахтара суохтарын көрөр. Ол кинилэр бары биир халыыбынан үөрэммиттэриттэн, олорбуттарыттан, иитиллэн тахса туралларыттан буолар эбит. Ордук кэлиҥҥи ыччаттар туох да тус баҕалара, көҕө суохтара, кэскиллэрин туһугар охсуһар, туруулаһар санаалара да суох хаалбыттарын этэр. Ол оннугар содур суолларга, кыамматы атаҕастааһыҥҥа, күүһүлээһиҥҥэ, аһыныгас санаата суох буолууга дьулуһуу баарын көрдөрөр. Бар дьонноруттан быстан соҕотохтуу байа-тайа сатааһын, мафияны үөскэтэр кэм кэлбитин кэпсиир. Үлэһит “акаарылар” уонна өйдөөх “салайааччылар” үөскүүр үйэлэрэ саҕаланар. Итинтэн көрдөххө, прогрессивнай уонна интеллектуальнай сайдыылаах дьон үйэлэрэ үөскээтэҕинэ, эрэ тиэрэ барбыт үйэ биирдэ көнүөхтээҕэ, киһи бэйэтин төрүт итэҕэлинэн, тылынан сайдыылаах, демократическай олоххо кэлиэхтээҕэ көстөр.
Норуодунай суруйааччы киһи-аймах бүттүүнэ аһыныгас санаанан салайтардаҕына эрэ, сиргэ дьоллоох олох төннүөхтээҕин туругуруохтааҕын туһунан суруйар. Ол туһугар өстөөххүн даҕаны бырастыы гыныахтааххын. Холобур, арамаан дьоруойа ньиэмэс саллаатын аһынан өлөрбөтөҕүн уонна ол туһуттан бэйэтэ эрэй-муҥ бөҕөтүн көрбүтүн туһунан суруйааччы бэрт иэйиилээхтик кэпсиир. Бу арамаан ордук аныгы ыччакка туһаайыллыбыт. “Айыыһыты кэлэтии” арамаантан холобур ыларга элбэх түгэннэр суруллаллар.
Олох сокуонунан дьону түүрэйдээһин, аҥаардастыы үөһэттэн хамаандалааһын, дьон өйдөөх-санаатын сарбыйыы буолбакка, киниэхэ аһыныгас сыһыаны, бэйэни сатаан салайыныыны, бэйэ икки ардыгар сиэри-майгыны тутуһуу, икки атахтааҕы онтон матарыы аньыы-сэмэ буоларын өйдүүр саҥа кэм кэлбитин бу арамаан көрдөрөр.
Иван Гоголевы көрсөн кэпсэтии
Иван Михайлович кэпсэтээччитин сирэйин утары көрбөккө, бэйэтин аттыгар сэргэстэһиннэрэ, иэдэһинэн олорон сэһэргиир идэлээх эбит этэ. Ол быыһыгар остуолуттан итии чэйдээх ыстакаанын харбаан ылан, хойуу үүттээх чэйиттэн сыбырҕаччы ыйырбахтаан, минньигэстик испэхтиир. Туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө, хаарыан бириэмэтин куоттарарын харыстаан, тиэтэйэрэ-саарайара көстөрө.
– Саха поэзията ситтэ-хотто. Ол эрээри өссө да дириҥии илик. Эдэр оҕо курдук. Поэзия ситэрин саҕана ис хоһооно, тас халыыба иккиэннэрэ тэҥҥэ бэрт буолуохтаах. Хотой кыылга ордук хос куорсун суоҕун курдук. Киниттэн икки-үс куорсунун сарбыйдахха, атыннык көтүөхтээх. Онон хоһоонтон ол ордук ирдэниллиэхтээх. Биһиги хоһооммут пуормата атыннарга маарыннаабат. Саха гиэнэ ордук – нууччалартан, французтарга – античнайтан үөскээбит быһыылаах. Биһиги үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата суруйан кэлбит үөрүйэхпит рифманы хамаҕатык ылынар кыахтааҕын Арбита көрдөрбүтэ. Рифма хоһоону улаханнык киэргэтэр. Ойуунускай ону дьэрэкээн диирэ. Ассонанс кыайан туттуллубат буолла.
Хоһоону суруйар ыарахан. Ыараханы батыһыахха. Саха поэзиятыгар рифма киирбитэ сөптөөх бырассыас. Поэзия алмаас. Алмааһы кырыылаатахха эрэ бриллиант буолар. Пуормата баай буолуохтаах. Аны дорҕоон дьүөрэлэһиитэ. Саха поэзиятыгар верлибр киирдэ. Верлибр ис хоһооно драматическай, уобараһа фантазиялаах. “Уу оҕуһун муоһугар суруктары” суруйарбар итиниэхэ үлэлээбитим. Күн ахсын биирдии чааһы хоһуйарга боруобалыыбын. Верлибр – философскай, лирическай айымньылары суруйарга ордук.
Хаартыскаҕа: саха суруйааччылара. Хаартысканы суруйааччы аймахтарын архыыптарыттан туһанныбыт.
Рифма – онтон уратыларга. Холобур, кэпсээнинэн хоһоону Тургенев, Бунин суруйаллара. Ону эмиэ туттубут киһи дии саныыбын. Тас пуормаҕа киирэн кэпсэттэххэ итинник.
Аны ис хоһооно. Поэзия үрдүк чыпчаала философскай буолуута. Ол фольклорга сытар. Холобур, “Ойуун түүлэ”.
Суруйуу туһунан кэпсэттэххэ, тиэмэтэ – киэҥ буолуохтаах. Экзотика ону мөлтөтөр. Билиҥҥи киһи дууһата эгэлгэ. Бэйиэт бэйэтэ эмиэ оннук сонун, ааҕааччыга саҥа киһи буолуохтаах. Саха хараҕынан көрөн ылынар. Бэйиэт киһи норуот, көлүөнэ аатыттан ааҕааччытыгар туох эрэ саҥаны, хатыламматы этиэхтээх.
Бэйэ кыаҕын таһынан тиэмэни ылыныы – мөлтөх айымньыны үөскэтэр. Хайа өттүгэр күүстээххин бэйэҥ тала сатыахтааххын.
Поэзия хайаан да тылбаастаныахтаах. Онуоха улахан билсии наада. Хайа баҕар суруйааччы, бэйиэт, бэйэтэ эмиэ, деятельнай киһи буолуохтаах.
“Өлүөнэ туһунан кэс тойук” политическай кинигэни суруйдум. Суруйууларбын сатаан ааттаабаппар эрэйи көрөбүн. Өлүөнэни өссө да сатаан туойбаппын. Пуорматын булбакка сылдьыбытым. Инньэ гынаммын, Өлүөнэ таас хайаларын суруктарыгар, турууктарыгар тохтообутум.
- Өлүөнэни арбааһын силлабо-тоническай.
- Өлүөнэ кыһына – философскай санаа.
- Сайына. Сааскыта.
- Өлүөнэ аатыттан алгыс.
- Өлүөнэ аатыттан кырыыс. Пуормата атын. Верлибр ордук кырыыска барар эбит. Аныгылыы көрүҥ.
- Өлүөнэ аатыттан андаҕар.
- Өлүөнэ балладалара. Арыппыана хайата. Улуу ойуун икки кыыстааҕа. Саха удаҕан дьахтара Антип казакка кэргэн тахсар. Суостаах казакка күүстэринэн кэргэн биэрбиттэр. Өрүскэ холорук түһэн хайаҕа сааллар. Бары өлөллөр. Онтон ылата “Аграфена хайата” ааттаммыт. Кэлин үрүҥ таба буолан көстөрө үһү. Балта Тайахтаах удаҕан (Кинини эмээхсин эрэ дииллэр эбит).
Суруйан бүтэрдим. Саҥа былааннардаахпын. “Ый уотунан суруллубут хоһооннор” – сырдык мунчаарыы. “Күн уотунан суруллубут хоһооннор” – киһи биирдэ эрэ төрүүр үөрүүтэ.
Айылҕа уонна Киһи. Киһи урут айылҕа кулута эрэ этэ. Билигин киһи сороҕор айылҕаны бэйэтин туһатыгар туһанаары оҥостор. Ол эрээри айылҕаны кулут оҥосторбут табыллыбат. Эстетическай өттүнэн сайдыылаах дьон бу – дьоппуоннар. Үс тааһы быраҕаллар эбит. Олохторун устата уонна ону булаарылар көрдүүллэр эбит. Кумааҕы – муора, бу олох муҥура суох буолуутун бэлиэтэ.
Кырасыабайдык толкуйдуохтаахпыт. Бэйиэттэр миссиялара – улуу. Хаһан эрэ, киһи үрдүк култуураланнаҕына, куһаҕаны оҥорбот буолуоҕа. Ити тиэмэҕэ эмиэ поэма суруйдарбын диэн саныыбын. Дьикти сюжет диэн баар буолуохтаах, ону булларбын диэн баҕалаахпын. Хайаан да прозанан поэма суруйуохтаахпын. Уонча сылы быһа толкууйдуубун. Итинник баҕа санааларбын кытары атын тиэмэлэргэ эмиэ үлэлии сылдьабын.
Драма суруйуохпун баҕарабын. Тыйаатырбыт сыаната, драмаларбыт тиэмэтэ дьадаҥыта күһэйэр. Драма жанрыгар мин бастаан остуоруйанан киирбитим. Тыйаатырбытыгар музыкальнай оперетта суоҕа. Онно үлэлээбитим уонна “Кыталыктар кырдаллара”, “Хотугу сибэкки” оперетталары суруйбутум.
“Ыам ыйын халлаана” айымньыбын философскай гыныахпын баҕарбытым кыаллыбатаҕа. Режиссера табыллыбатаҕа.
“Таас таба” кыаллыбатаҕа. Тыйаатырга 8-та эрэ турда. Туох эрэ хаппат быһыылаах.
Комедия суох. Көрөөччүнү сатаан күллэрбэппит. “Наара суох” улахан айдаанынан барбыта эрээри билигин даҕаны салгыы бара турар. Аны иккис чааһын суруйа сылдьабын.
Драмаҕа улаханнык эрэйдэнним. Уустук оскуоланы бардым. Кириитикэни уйарга үөрэнним.
“Туймаада сарсыардата” драмам – “Өлүөнэ сарсыардата” буолла. Уонтан тахса барыйааннаах. Улахан күүстээх кириитикэҕэ түбэстим. Политическай да буруйдааһыҥҥа кытта тиксэ сырыттым.
Быйыл драматурдар сэмэнээрдэригэр анаан тураммын бара сырыттым. Сэбиэскэй литература драматын тэбэр сүрэҕэ буолбут киһини кытта билистим. Ол киһим Брюсов, Блок, Есенин табаарыстара эбит. РСФСР Министиэристибэтигэр биир драмабын көннөрөн, өссө эбэн туттардым. Апишкин ылан тылбаастаата. Ону Сойуус муннуктарыгар тарҕатыахтаахтар.
“Хотугу поэма” – бу легенда. Олоҕу кытары фантазия уһаарыллыбыта.
“Эн, суобаһыҥ ыраас дуо?” – хоһоонунан драманы суруйа сылдьабын. Олох-дьаһах тиэмэтигэр. Артыыстарым сирэйдэрин көрөбүн, саҥаларын истэбин…
Проза. Сэһэним соччо табыллыбатах. Ол эрээри бэйэбэр эрэллээхпин. Хойут өйдүөхтэрэ.
“Хара кыталык”. Бу маннык дьон элбэхтэр эбит. Ойууттар үгүс дьон өйүн-санаатын тутан олорбуттара. Ойуун барыта албын буолбатаҕа. Биир эмэ дьиҥнээх баара. Психотерапевтар улахан миссиялаах этилэр. Хараҥа күүстэртэн арчылыыллара. Ол эрээри ойуун байбыта эмиэ биллибэт.
Ойуун ритуалын барытын үөрэттим. Телепатия диэн үөрэх баар. Киһи мэйиитэ билиҥҥэ диэри ситэри үөрэтиллэ илик. Мэйии сорҕото эрэ үлэлиирэ биллэр. Онон улахан резервэлээх.
“Хара кыталык” иккис кинигэтин суруйабын. Тугунан түмүктэнэрин билбэппин. Уонна, дьэ, бүтэрим буолуо. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи олохтон тэйэн хаалсыбын. Төбөбөр үс арамаан баар. Учуутал отрицательнай уобараһын суруйар табыллыбат. Тенденция баар. Барытын куһаҕан гынан суруйар төрдүттэн табыллыбат.
Бастаан ойуун уобараһа долгуппута. Билигин – бэйиэт уобараһа.
Дьиҥнээх коммунист уобараһа сүрдээх ыарахан. Итини ааҕааччыга тиэрдибит киһи. Манчаары туһунан толкууйдаабытым ыраатта. Сюжета да баар. Барыта историческайы суруйарым, онно эмиэ мөҕүөхтэрэ дуу? Үс киһи үлэтин үлэлиибин.
Ханнык даҕаны тиэмэни ылан үлэлээ, барыта биир суруйааччы монолога буолар.
Биһиги мэйдиэ тыллаахпыт. Ол ыарахан. Өссө өйүм күлүмүрдүү түстүн. Түбэһиэх кириитикэлииллэр даҕаны, ыстатыйалары даҕаны таһаартыыллар.
Онно хардаран ыстатыйа тиһигин суруйар санаалаахпын.
Бэйэм бэйэбэр тимир режимнээхпин. Ол куоракка киирдэхпинэ эрэ кэһиллэр. Алта чааска турабын, гимнастика оҥоробун. Аҕыс аҥаартан, тоҕус чааска диэри аһаабаппын. Кофе эрэ иһэбин. Эбиэккэ диэри суруйабын. Хаамабын, эбэтэр ол быыһыгар кинигэ ааҕабын. Икки чаастан – түөрт чааска диэри утуйабын. Киэһэ икки – үс чаас устата үлэлиибин. Олорон эрэммин толкуйдуубун. Арыт суруйааччыбын, ол быыһыгар, соруйан, көннөрү дьон курдук сылдьа сатыыбын.
Лиэксикэ өттүнэн мөлтөхпүт. Фольклор уонна аан дойду литературатын уопута наада. Литература интеллектуальнай буолуохтаах. Төрөөбүт тылбытын үчүгэйдик билбэппит көстөр. Кырдьаҕастар эрэ ону билэллэр.
П.Н. Харитонов-Ойуку.