Саха аан дойдуга саамай тыйыс эйгэлээх хотугу эргимтэҕэ хороҕор муостааҕы ииппит-ууһаппыт соҕотох омук буолар. Ынах сүөһүтэ борунан, үүтэ хойуутунан, сыалааҕынан абыраан, иэгэйэр икки атахтаах тыынын өллөйдөөн кэллэҕэ. 

Ынах сүөһүнү иитиигэ араас хайысхалаах сиэр-туом эгэлгэтэ оҥоһуллара. Бу барыта – иитэр сүөһүлэрэ чөл туруктаах, үөскүлэҥ буоларыгар туһуланара. Сүөһү таҥарата – Ынахсыт Хотун диэн. Былыргыга кини өссө маннык ааттардаах: Түмэрэ Тойон, Маҥхарай Хотун, Түмэччин Оҕонньор, Иһэгэй Айыыһыт (Иэйэхсит), Мылахсын Хотун о.д.а. Кини үөһээ халлааҥҥа хотугулуу-илин хайысханан олорор. ХVIII үйэтээҕи чинчийээччилэр суруйууларынан көрдөххө, ынах сүөһү таҥарата орто дойдуга олохтоох уонна мэлдьи дьиэ кэргэнин кытта ахтыллар. Холобур, Я. Линденау  бэлиэтииринэн, аҕалара Түмэччин Тойон оҕус баайдаах, ийэлэрэ Муҥ Аатчын Хотун ынах баайдаах, кыыстара Күҥэкэй (?) тарбыйах баайдаах. Оттон кинилэр түмүү ааттара Ынахсыт Таҥара диэн. 

Былыргы туом. Куйаар ситимиттэн хаартыска

Саха ыалын отуора, дьон буолара дуу, дьох буолара дуу сүөһү үөскүлэҥиттэн улахан тутулуктааҕа. Ынах сүөһү кыайан үөскээбэт, төрүөҕэ тахсыбат буоллаҕына, Ынахсыт тардыыта диэн сиэри-туому ойууну ыҥыран оҥоттороллоро. Ойуун кыырар сиригэр ойуулаах үс кыра сэргэни туруоттарар, ол сэргэлэрин төгүрүччү сүрдьүгэс күрүөлүүллэр. Сэргэлэр аттыларыгар чэчир анньаллар, ол чэчиргэ биир тыһы андыны түүлэри ыйаан кэбиһэллэр. Биир мунду туутун уураллар, чэчир аттыгар тоҕус чабычахтаах арыылаах суораты тардаллар. Сэргэлэрин сиэллээх эриэн ситии- нэн симииллэр. Уонна күрүөлэрин илин өттүн сүллүгэһин аһан баран ойуун  халтан сахалыы сонунан туран, илин сайыҥҥы күн тахсар сирин диэки хайыһан туран битийэ-битийэ алгыыр. Кини уҥа өттүгэр тоҕус уолан киһи, хаҥас өттүгэр тоҕус кыыс дьахталлар ойууну кытта тэҥҥэ битийэллэр. Ойуун сотору битийэн ынах cүөһү таҥараларыгар тиийэн, ол суоратын, андытын кэһии, бэрик биэртэлээн туран cүөhү көрдүүр. Онно ынах таҥаралара ойуун иппит кэһиитин ылан, сиэн-аһаан, махтанан бараннар, cүөһү көрдөппүт киһини  түһүмэллээн ааттааннар, элбэх cүөһү кутун быһа хаһыйан үүрэн биэрэллэр. Ону ойуун бэттэх хайыһан, ылбыт сүөһүтүн үүрэн, кииссибит  битииһиттэринээн төптөрү эккирээн кэлэллэр. Кинилэри мустубут дьон, уруйдуу-уруйдуу, бэргэһэлэрин устаннар, далбаатаан көрсөллөр.  Ол аата cүөһү кутун бэргэһэлэригэр түһэрэн, баһан ылан, бэйэлэригэр сэмсэ илдьэ бараллар. Ойуун үүрэн аҕалбыт сүөһүтүн кутун, ол дьон бэргэһэлэригэр баспыттарын тобоҕун аҕалан, сэргэлээх күрүөҕэ хаайан баран, ahaҕаһын сабан, ытаһалаан кэбиһэр. Уонна көрүүлэнэр,— ити киһи оччо сүөһүнү бэргэһэтинэн баһан ылла, бу киһи бачча сүөһүнү баста, уоннааҕытын оччо мөҥүрүк сүөһүнү  дьиэлээх киһиэхэ күрүөтүгэр хаайан туттардым диэн. Мөҥүрүк диэн – 10-12 сүөһү ахсаана. Онтон cүөһү аҕалтарбыт дьиэлээх киһи атыыр оҕуһун аҕалан ол сэргэлээх күрүөҕэ баайан туруорар, ол оҕуска ойуун алгыы-алгыы үрдүгэр суоратынан ыһар. Ол аата аҕалбыт сүөһүтүн кутун-сүрүн ол  оҕуска иҥэрэр. Бүтэһиккэ дьон бары  күрүө таһыгар олорон, cүөhү таҥаратыгар кэһии буолбут арыылаах суораты сииллэр. Андылара  ыйаммыт чэчиригэр ыйанан туран хаалар.  Маннык туом ыыттахтарына үгүс дьон, сүөһү кутун-сүрүн бэйэлэригэр сомсон ылан абыраналлара үһү. Аны күндү аһы — арыылаах суораты сииллэрэ сыттаҕа дии! 

 Саас, ынах төрөөбүтүн кэннэ, кыракый той (бырааһынньык) тэрийэллэрэ. Онуоха сүөгэй, суорат мунньаллара. Сүрүннээн дьахталлар уонна оҕолор мусталлара, бүкээк иһигэр уот оттоллоро. Дьахталлартан аҕа саастаахтара мааны таҥаһын кэтэн уотун аһатара, титиигин үрүҥ илгэнэн ыһара. Алгыһа маннык диэн буолар:

Бүтэй туйахтааҕы бүдүрүтүмэ,
Аһаҕас туйахтааҕы атаарыма диэн
Үҥэн-сүктэн көрдөһөн эрэбит.
Итэҕэһи ситэри курдук санаа,
Быһаҕаһы толору курдук санаа,
Уруй! Уруй-айхал!

Ынах ыаһын. Куйаар ситимиттэн хаартыска

Бүлүү уонна Дьааҥы сахалара туҥуй сүөһү төрөөтөҕүнэ биэс-алта күн тухары үүт, сүөгэй, уоһах мунньаллара. Анаммыт күннэригэр ыалларын ыҥыран, аас тэллэҕи тэлгээн, үрдүгэр үрүҥ ас илгэлээх туос иһиттэри туруоран бэлэмнииллэрэ. Онтон ыал ийэтэ, эбэтэр аҕата үрүҥ астан баһан ыла-ыла дьиэ үрүтүгэр ыһара, маннык диэн алгыыра:

Ынахсыт хатын иһит!
Ньирэйгин ньиккирэт,
Торбоскун толорут,
Тыһаҕаскын чиилит,
Маннык үрүҥ ибир
Ыһыаҕынан ыһа тур!

Сорох ыал ийэтэ саҥа хатыллыбыт тарбыйах быатын умайа турар оһох уотугар далбаатаан кэриир, алгыыр:

Оһол-төрүөт,
Ыарыы-сүтүү
Ыксаласпыт буоллаххына,
Төлөҥҥө кэрэнэн
Төлөҥҥө көт!
Кый-хай!

Ол кэнниттэн бу быанан саҥа төрөөбүт ньирэйи быалыыллар.

Ити курдук иитэр сүөһүлэрин кэскилин түстүүр идэ баара. 

Аны маҥнай төрөөбүт бургунас ынаҕы арчылыыр үгэстээхтэрэ. Онуоха туҥуй ынаҕы сүгэ өнчөҕүнэн муоһун уонна туйахтарын тоҥсуйа-тоҥсуйа этэллэрэ:

Кыдьыктаах, кырыктаах буолума,
Бу муоһунан кэйиик ынах буолума,
Бу атаҕынан тэбиик, тэпсиик буолума,
Үтүө үүттээх ынах буол!

Сороҕор сүөгэй иирдэр ытык угунан бургунас сиһин уҥуоҕун хоҥхочоҕуттан үрдүк арҕаһыгар диэри кэдэрээннииллэр, онтулара алгыстаах буолар:

Куллуруут-уллуруут,
Оттооҕор улгум буол!
Куллуруут-уллуруут,
Түүтээҕэр түргэн буол!

Уотунан арчылааһын эмиэ баара. Онуоха умайа сылдьар сүүмэх тымтыгынан, эмиэ алгыы-алгыы, сүөһү сиһин устун таһыйаллара. Онтон ат үүнүн кэтэрдэн баран этэллэрэ: «Үүттээх үчүгэй ынах буол, үүннээх ыҥыырдаах үтүө ынах буол!».

Сахаҕа “тиэргэн түгэҕэ” диэн өйдөбүл баар, ол аата үчүгэй төрүөхтээх, үүттээх бастыҥ сүөһүлэрин этэллэр.  Бу туҥуй бургунастара кэнэҕэһин маннык үтүө сүөһү буоллун диэн итинник сиэр-туом туһулунара.

Саха оҕуһа. Куйаар ситимиттэн хаартыска

Сайылыкка таҕыстахтарына, атыыр оҕустарын алгыыллара. Уот оттоллоро, туос иһиккэ суорат кутан туруораллара. Онтон атыыр оҕустарын аҕалан таһаҕыттан түүтүн кырыйан ылан суоракка буккуйаллара уонна бу суораттарынан оҕустарын кэтэҕиттэн саҕалаан кутуругун төрдүгэр дылы сотоллоро: «Буйаҥҥын бултарытыма, кэһиигин биһигиттэн араарыма!» — дииллэрэ. Онтон көччүтэ ыыталлара.

Былыр ыам ыйыттан саҕалаан бэс ыйа бүтүөр дылы кэми сүүл ыйа диэн ааттыыллара. Ити бириэмэҕэ сүөһүнү аймыыр бобуллар. Төрүүр-ууһуур уонна буоһуур кэмигэр аһаҕас ыырахтааҕы, хороҕор муостааҕы бэрт чуумпутук, наҕыллык туталлар, сүүрдүбэттэр-көтүппэттэр.  Ити кэмҥэ сүөһүнү мээнэ аймаатахха Айыыһыта (Ынахсыт) ханньыарар, төрүөх тахсыытыгар аньыы буолар диэн өйдүүллэрэ.

Онтон сүөһү өлүүтэ турдаҕына, эбэтэр ыарыыга кыыбаҕалаан ыарыйдаҕына ойууну ыҥыран этиҥ эппит маһынан арчылаан,  кутаа уотунан ыраастаан халбарыттараллара. Онно  сүөһүлэрин барытын биир далга хаайан туруораллар, дал ааныгар этиҥ охсубут тиитинэн уот оттоллор, ойууну кытары баар дьон барыта дал улаҕатыгар мунньусталлар. Онтон ойуун  эмискэ дүҥүрүн, таҥаһын күүскэ тыаһата-тыаһата сүөһүлэр диэки сүүрэр, онно дьон эмиэ хаһыытыы-хаһыытыы сырсан тиийэн уоттаах тымтыгынан cүөһүнү сабыыллар. Сүөһүлэр үргэн, сырсан тиийэн дал ааныгар умайа сытар уоту үрдүнэн көтөн таһырдьа ыстаналлар. Онуоха ынах абааһыта куттанан, соһуйан көтөн салыйан хаалыахтаах. Уонна ол ыалга, кэһэйэн, кэлбэт буолар.

Тарбыйах өлүүтэ турдаҕына эмиэ ойууну ыҥыран «кэйээриҥниир» диэн туому оҥоттороллор. Тарбыйаҕы сиир абааһы киһи үөрэ буолар диэн саныыллара. Ону тутарга ойуун маҥнай дьиэҕэ ohox иннигэр олорон алгыыр, ойуумсуйар. Онтон туран абааһытын киллэрэр-таһаарар. Уонна буор күөскэ уоттаах чоҕу куталлар, онно эргэ этэрбэс уллуҥун кырбаан уонна уҥуоҕу уган баран хотон ортотугар олордоллор.  Умайбыт уллуҥ, yҥyox  кэҥсик сыттаах, буруолаах буолар. Онно аттыгар ойуун саһан кэлэн турар. Дьиэҕэ төһө киһи баара барыта хотоҥҥо киирэн туран «кэйээриҥнииллэр»: «Ооо- ооо-ооо-кэйээр»,— диэн саҥараллар.  Ырыа курдук киһи бары биир куолаһынан айдаан бөҕө буолар. Уллуҥу уонна уҥуоҕу уот сиирэ буруо, сыт-сымар киһи тулуйбат үлүгэрэ буолар.  Күөстээх чоҕу аллара өттүн уот сиэн көҥдөйдөөтөҕүнэ, үрдэ аллара түһэн, уота кытыаста түһэр. Абааһы дьэ кэлэн уоту тыытта, аһаата диэн саныыллар дьон.  Сорох өссө киһи сирэйэ кэлэн, кытарчы буһан, үрэн бусхаҥныы турарын көрөрө үһү.  Ол кэннэ ойуун, сарылыы түһэн баран, күөстээх уоту тоҕо охсон аттыгар охто сытар буолар. Ойуун абааһыны тутта диэн буолар. Кэйээрдээһин уурайар.  Ойуун, иһигэр абааһыны киллэрэн, сарылыы-орулуу сытарын икки киһи көтөҕөн дьиэҕэ киллэрэн тэллэх үрдүгэр сытыараллар.  Онно көрдөхтөрүнэ: ойуун икки илиитинэн долборук бөҕүн-ходуулун харбаан кууһа сылдьар буолара үһү. Ол кэннэ куһаҕаннык абааһытын үтүктэн, сарылыы-сарылыы, сирэйин мунньары туттан ньыкыйан үҥкүрүйэ, күөлэһийэ сытар буолар. Онуоха «киһилии, сахалыы саҥар»  диэн эттэхтэринэ бөҕүн ыһыктан көтөҕүллэрэ.

Ынахсыт Хотуҥҥа сиэр-туом. Е.Н. Романова «Якутский праздник ысыах: истоки и представления» кинигэтиттэн.

Ойуун  туран, ол киирбит абааһытын таһааран, үтэйэн кыырар. Ол кэнниттэн ханна эрэ: «Оннук быһыылаах ыалга баран киирэн хаалла»,— диэн көрүүлэнэн баран уурайар. Тарбыйах абааһыта көннөрү симэлийэн хаалбат, булгуччу хайа эмэ ыалга тиийэрэ диэн үһү.

Ити курдук абааһы буулаан, сүөһү өлүүтэ-сүтүүтэ таҕыстаҕына, ойуун көмөтүнэн үтэйтэрэллэрэ.

Аны кырдьаҕас хонолу сүөһүлэрин, атыыр оҕустарын бэйэлэрэ туттар күннэрэ тирээтэҕинэ эмиэ сиэр-туом оҥороллоро. Өлөрөөрү туран маннык диэн алгыыллар:

Үөргүн-сүүрүккүн,
Үүккүн-уруугун тиэргэҥҥэр хааллар,
Уйгугун-быйаҥҥын
Кэтит кэскилгин кэбиһэ бар!
Эҥээҥҥин эмти тэп,
Туйаххын туура тэп,
Муоскун булгу тэп!
Тэрийбит тиэргэниҥ,
Өтөлөөбүт өтөҕүҥ этэ!
Кыраан-өһөөн кымматыбыт,
Ынырык дьыл олуйан ытыгылаатыбыт,
Дьыл ыпсыыта буолла!…

Онтон таһаҕыттан түүтүн кырыйан ылан, үс күн тухары күөх отунан суулаан тууйас иһигэр  харайаллар. Онтон эдэр атыырга ылан баайаллар. Өлөрбүт күннэригэр малааһынныыллар.

Ити курдук саха киилээх тиэргэнин, ыылаах хотонун иччитин – ынах сүөһүтүн бэрт харыстаан иитэрэ, төрөтөрө-ууһатара, сиэр-туом эгэлгэтин ситэрэрэрэ.

Борисов Б.Б.

Тирэх-литэрэтиирэ:

  1. Кулаковский А.Е. Научные труды. – Якутск, 1979.
  2. Федоров Г.Е. Өбүгэлэрбит өлбөт-сүппэт үйэлээх үгэстэрэ. – Дьокуускай: Бичик, 2011.
  3. Эргис Г.У. Очерки по якутскому фольклору. – Москва: Наука, 1974.
  4. А.С. Порядин. Үөргэ дьүһүйүү.// Чолбон. 6 нүөмэр, 1992.