Бу остуоруйа бэчээккэ «Үгүлээт фольклора» кинигэҕэ тахсыбыта. Бүлүү улууһүн Үгүлээт ыраах сытар нэһилиэгин олохтооҕо Христофоров Егор Дмитриевич (сааһа 29-һа, Күбэҥийдэ, 21/III -38 c., ГЧуоААХНПИ научнай пуондатын архыыба, фонд №5, опись №3, ед. хр. 213. ) Букачаан түөлбэтин киһитэ Балбааракап Мартыын Миитэрэбистэн истэн суруйбута. Ол 1938 с. Сэһэн Боло эспэдииссийэтин матырыйаалларыгар киирбитэ.
Чыырыы-чыппан диэн киһи олорто үһү, кини биир эмээхсинниин саллар саастарыгар биир оҕону төрөппүттэр, бу оҕо тө- 25 рөөбүтүгэр Чыырыы-чыппан балаҕанын үрдүгэр тоҕус саппыйа буору үөһэ ыспыт. Бу гынан баран эппит: «Мин сүрдээх күүстээхпин, аат арааһа буойун көрдөһө барыыһыбын, мин курдук оҕо төрөөтөҕүнэ, тоҕустуу саппыйа буору балаҕан үрдүгэр ыһар киһи суоҕа буолуо», – диэбит бу гынан баран бөҕө көрдөһө сир бэйдиэ хааман испит. Ол иһэн аатын умнан кээспит. Дьэ били эмээхсиммиттэн ыйытыам – өскө, буойуну көрсүстэхпинэ, киммин диэмий? Дьиэтигэр төннүбүт: «Эмээхсиэн, аатым ким этэй? – Онуоха эмээхсинэ: – Чыырыы-чыппан», – диэн өйдөтөн эппит. Чыырыы-чыппан иккиһин төннөн баарын сиригэр эмиэ умнан кэбиспит. Эмиэ төннүбүт, эмээхсин аатын иккиһин эппит. Айаҕын иһигэр «Чыырыы-чыппан» дии-дии баран испит, ол аайы умнубатах. Биир балыксыкка тиийбит, онно тиийэн отуу уҥуоргу өттүгэр олорбут. Ол олордоҕуна, балыксыт ыйыппыт: — Хайа диэки айаннаан иһэр киһигиний? – диэбит. Чыырыычыппан онуоха эппит: — Балаҕаным үрдүгэр тоҕус саппыйа буору ыспытым, ойоҕум уол оҕоломмутугар. Онон бэрт бөҕө киһи көрдөһө иһэбин, – диэн эппит. Балыксыт балык хоторбут, биир бүтүн балыгы сиэр диэри Чыырыы-чыппан биир эрэ үөрэҕэһи сиэн хаалбыт. Ол кэннэ балыксыт эппит: «Хайа, мөлтөх да эрээри баран иһээхтиигин эбит», – диэбит. Чыырыы-чыппан өһүргэнэн этэрбэһин быатыттан иҥнэн охто сыыспыт. Баран иһэр сиригэр эмиэ бара турбут. Ол баран иккис балыксыкка тиийэн кэлбит. Балыксыт «ким диэн киһигиний» диэн ыйыппытыгар «Чыырыы-чыппан» диэн киһибин диэн эппиэттээбит. Балыксыт «ханна бардыҥ» диэбитигэр, бастакы балыксыкка эппитин курдук быһаарбыт. Ол ыккардыгар балыксыт күөстээх балыгы таһаарбыт, били балыгы утарыта көрсөн олорон сиэбиттэр. Чыырыы-чыппан үөрэҕэс аҥаарын эрэ сиэбит. Балыксыт барытын сиэн кээспит. Ол гынан баран эмиэ барбыт, үһүс балыксыкка тиийбит. Ол киһи эмиэ бастакы балыксыттар курдук ыйыппытыгар Чыырыычыппан уруккулуу курдук эппиэттээбит. Ол балыксыт эмиэ балык сиэппит, онно оччугуй эт эрэ сааһын сиэхтээбит. Балыксыт барытын сиэн кээспит. Эмиэ барбыт, ол баран кини көрдөҕүнэ, ураһа турар. Ол ураһаҕа чугаһаан кэлтэ мас саа эҥин тураллар. Маны Чыырыы-чыппан тардан көрдөҕүнэ, кииссин да хамнаппат. Дьиэҕэ кииртэ биир эмээхсин олорор, ол эмээхсинтэн Чыырыы-чыппан ыйыппыт: «Эн оҕолооххун 26 дуо, – диэбит, – оҕолоох буоллаххына, олор ханналарый? – диэн ыйыппыт. Онуоха эмээхсин «ол инньэ оонньуур кырдаллаахтар, онно бар» диэн ыйбыт. Ол кырдалга Чыырыы-чыппан барбыт, көрбүтэ үс уол оонньуу сылдьаллар, онно тиийбит. – Чэ, оҕолор оонньооҥ, ол кэнниттэн дьоҕойон да буоллар, оонньоһуом диэн Чыырыы-чыппан, – эппит. – Чэ, туораттан кэлбит киһи эн бар ити кылыырга, – диэбиттэригэр, Чыырыы-чыппан сүүрэн истэҕинэ, улахан уол аҥаар илиитин тосту охсон кээспит, орто уол аҕыс ойоҕоһун хампы үктээбит, оччугуй уол аҥаар хараҕын тэһэ охсубут. Чыырыы-чыппаны өлөр аҥаара гынаннар уот оттооччу, чаанньык кыынньарааччы гыммыттар. Чыырыы-чыппан оччугуй уола ол ыккардыгар улааппыт. Биир тайаҕы өлөрбүт, ол этин буһарбыт ийэтэ. Чыырыы-чыппан уола кини аҕата суох төрөөбөтөҕүм буолуо диэн ийэтиттэн ыйыппытыгар ийэтэ эппэтэх. Ол иһин били оргуйа турар итии мииҥҥэ ийэтин илиитин батары баттаабыт. Онуоха ийэтэ: «Тоҕойуом өлөрүмэ, аҕаҥ буойун көрдөнө барта. – диэтэ, – ол баран төрдө диэн маннык: эн төрөөбүккэр бу балаҕан үрдүгэр тоҕус саппыйа буору ыспыта, онтон киһиргээн бухатыыр көрдөнө барта», – диэбит ийэтэ. Уол били ийэтэ эппитин истибит да, сир бэйдиэ барбыт. Ол баран ураһаҕа тиийтэ мас саа баар эбит. Ону тоһута тыыппыт. Дьиэҕэ кииртэ эмээхсин олорор. Ону өлөрөн кэбис, ол кэннэ ыраах кырдал көстөрүгэр барбыт. Онно тиийтэ үс уол кылыйа, туста сылдьаллара. Били уол улахан уолу кытта тустубут. Ол тустан үлтү быраҕан кээспит, ол курдук барыларын өлөртөөбүт. Арай отууга аҕата олорор, ону илдьэ дьиэтигэр барбыт. Бу иһэн биир суор төрүү сытарын булбут, ол кэннэ били уол эппит: «Эн өлбөт тоҥуу уутун (мэҥэ уутун) булан аҕалаҕын дуу, бу манна оҕоҕун өлөртөөн кээһэбин дуу? – диэн ыйыппытыгар суор: – Тыый, сүрэхтэрбин өлөртөрүөм дуо? Баран аҕалабын. Үчүгэйдик сырыттахпына, үс хонон баран кэлиэм, онуоха диэри быраһаайдарыҥ», – диэн баран хаалбыт. Үс хонон баран халлаан сырдыыта суор көтөр «куух-хаах» диэн сапсынан кэлбит. Биир иһит өлбөт тоҥуу уутун (мэҥэ уу) аҕалбыт. Уол сонно аҕатын эмтээбит, аҕата урукку бэйэтэ-бэйэтинэн буолбут. Ол курдук айаннаан дьиэлэригэр тиийбиттэр. Ол тиийэн ийэтин илиитин били 27 мииҥҥэ буһарбытын өлбөт тоҥуу уутунан умунуохтаан үтүөрпүт. Чыырыы-сыппан уол оҕо төрөтөн дьоллоох олоххо олорбут, баай бөҕөнү байбыт кыраай-кыраай аайытын кыра сүөһү туолбут, нэһилиэк аайы бөдөҥ сүөһү үксээбит.