Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй чабырҕах туһунан манныгы бэлиэтээн эппитэ: «Якутский Чабырҕах – это особый вид народного творчества, любимый молодёжью. С первого взгляда они кажутся совершенно бессмысленными,но, если вдуматься, то в них чувствуется какой-то скрытый, иносказательный смысл». 

Чинчийии Семён Андреевич Новгородов Санкт-Петербурдааҕы университекка үөрэнэ сылдьан научнай командировкаҕа кэлэ сылдьыбыт кэмиттэн 1914 сылтан саҕаланар. 

Чаабы чабырҕахтар 

С. Егоров 

Көмүс күммүт,
Күндү кэммит,
Кулум аллай,
Мичик аллай,
Кэрэ сирбит,
Дьарҕаа тыабыт,
Тупса докуй,
Ырыа күөмэй,
Ымыы куолай,
Ыллыы дыргый,
Туойа дьыргый,
Ырыа тойук.
Ньириэдийдин
Ооонньуу-күлүү оруолуйдун
Үнкүү-битии
Үрүөдүйдүн.

Кыһын 

Ыччыы-ыччаа,
Эмиэ-эмиэ,
Хаар-сиир,
Тыал-куус,
Тибии-хаһыы
Силлиэ-боллоо,
Туман имэн,
Уораан-аараан,
Бадыа-бүдүө,
Бүдүлүс-бидилис
Ыччыы-ычча,
Чэк муус,
Кырыа кыаһаан,
Үргүөр-аргыар,
Аан-даам.

Чабырҕах – саха норуотун тылынан айымньытыттан биир ордук сытыы, көрдөөх сатирическай көрүҥэ буолар. Тас киэбинэн хоһоон курдук, ол гынан баран субурҕата кылгас кэрчик буолар. Чабырҕах тылынан этиллэр, лабыгыраччы түргэнник, биитэр ырыа аҥаардаан толоруллар. Кини түргэнник этиллэрин иһин, сорохтор нуучча «скороговоркаларыгар» холууллар. Ол сыыһа. Хата, сытыытынан, тута айылларынан нуучча «частушкаларыгар» чугаһыырын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр.

Диана Прохорова, Дьокуускай, “Арыллыы” суруналыыстыка куруһуогун үөрэнээччитэ.