Быйыл төһө да кыһыммыт өтөр-наар буолбатах томороон тымныынан, аам-даам туманынан, анысхан тыалынан кыһарыйдар, кэтэһиилээх сандал сааспыт барахсан тиийэн кэллэ. Ону кытта сүрэхпитигэр тымныыттан, хараҥаттан мөлтүү-ахсыы быһыытыйбыт кэрэ эйгэтэ улам тиллэн, тыллан иһэргэ дылы, ол аата үтүөҕэ-үчүгэйгэ тардыһыы эмиэ күүһүрэн эрдэҕэ. Куйаар ситимин (ватсап) киэҥ киэлитигэр сороҕор ааттара да суруллубатах ааптардар саас, таптал туһунан, олох араас көстүүтүн дьүһүйэр-бичийэр хоһоонноро тарҕанар. Сорох хоһооҥҥо холонооччулар тыл үөрэҕиттэн балачча тэйиччи идэлээх-үлэлээх дьон буолаллар, олор хоһоон суруйуутун түөрүйэтигэр, куорматыгар сүбэ-соргу көрдөһөр буолаллар эбит.
Куйаар ситиминэн тарҕанар хоһооннору ырыппакка, 2-3 сыллааҕыта буолан ааспыт «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэҕэ Иван Егорович Федосеев-Доосо хоһоонунан мелодист Денис Данилов айбыт норуот сүрэҕин билиҥҥэ диэри долгутар иэйиилээх матыыптаах «Сардаана» ырыаны Кланура диэн эдэр ырыаһыт саҥа тэтимнээн айан ыллаан киэҥ кэпсэтиини таһаарбыттаах. Онон «Сардаанабыт» саҥалыы тыыннанан үгүс киһи болҕомтотун киинигэр сылдьарын быһыытынан, бу ырыа хоһоонун холобур оҥорон анаарыахпыт:
Сардаана
Билэҕиэн, кыыс курдук кэрэҕин,
Сардаана, сандаарар сибэкки?
Бу намыын мин Аммам үрэҕин
Кытылын таптыыр да эбиккин.
Эйиэхэ сарсыарда таммах уу
Чөмчүүк таас киэргэллии иилистэр –
Күн көмүс уотугар оонньуурдуу,
Күндээрэ, чаҕылла илгистэр.
Биһиккэ оҕотун саататар
Күн күбэй ийэни саната,
Тыал оргууй эйигин бигиирдии
Нуурата-нусхата хамсыыр дии.
Ардыгар кыыс оҕо тапталтан
Кыбыстан, кытаран хаалааччы,
Оттон эн, сардаана, сарыалтан
Кыыс курдук кыыһаҕын дьиҥ чахчы.
Сардаана, сардаана барахсан,
Сиээрэй сибэкки эбиккин.
Ол иһин даҕаны саас ахсын
Симэх от буолаҥҥын үүнэҕин.
- Хоһоон тыла-өһө. Күннүк Уурастыырап маннык эппиттээх: «Күн уотун сылааһа-куйааһа, күн күүһэ онно-манна иҥэрин кэриэтэ, тылга былыр-былыргыттан норуот духовнай күүһэ иҥэн хаалбыт. Суруйааччы соруга – бэйэ төрөөбүт тылыттан ити күүһү булуу, уһугүннарыы, күөдьүтүү, уматыы – онон ааҕааччы сүрэҕин өрүкүтүү, бар дьон дууһатын долгутуу». Хас биирдии хоһоону айааччы Күннүк Уурастыырап бу тылларынан салайтарыахтаах – аан маҥнай айымньы тылыгар болҕомто ууруллуохтаах. Cаха этигэн тылын имитэн-хомутан, араас дэгэтин таба туһанан айыллыбыт хоһоону ааҕааччы утаппыт курдук амтаһыйа-амтаһыйа астына ааҕар:
Эйиэхэ сарсыарда таммах уу
Чөмчүүк таас киэргэллии иилистэр –
Күн көмүс уотугар оонньуурдуу,
Күндээрэ, чаҕылла илгистэр.
Сарсыарда сибэккигэ сиик кылабачыйан көстөрүн бэйиэт хайдах курдук үчүгэйдик эппитий?! Киһи хараҕар тиллэн кэлэр кэрэ көстүү! Мантан атын тылларынан хоһуйар табыллыбат да курдук – суруйааччы тылы туттар маастарыстыбатын сөҕөҕүн эрэ. Айар үлэнэн үлүһүйэр эдэр киһи тыл суолтатын таба туттарга, араас дэгэтигэр болҕомто уурарга кыһаныахтаах. Билигин бэчээттэнэр хоһооннорго, ырыаларга эмиэ халы-мааргы тутуллаах этиилэр, тыл суолтатын сыыһа туттуу курдук алҕастар олус элбэхтэр.
- Хоһоон туох эрэ сүрүн санаалаах буолар. Холобур, ити сибэккини көннөрү ойуулаан суруйуу буолбатах. Сардаана барахсан саас ахсын саҥалыы тыллан биһиги төрөөбүт дойдубутун киэргэтэрин, симиирин туһунан дьүһүйүү буолар – ол аата Кэрэ хаһан да сүппэт, өрүү эргиллэн кэлэ турар диэн эрэл санааны үөскэтэр. Хоһоон сүрүн санаатын бүтэһик устуруокаларга чопчулаан этиллэр. Туох да идиэйэтэ суох хоһоон айымньы диэн ааттаммат.
- Хоһоону суруйарга араас ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары бэйиэттэр туһаналлар. Тэҥнээһин норуот тылынан уус-уран айымньытыгар ордук хото туттуллар: өс хоһоонуттан саҕалаан олоҥхоҕо тиийэ. Бу саха хоһоонун биир ураты этигэн ньымата буолар. Доосо кылгас кээмэйдээх хоһоонугар 6 тэҥнээһини туттар: кыыс курдук кэрэҕин, чөмчүүк таас киэргэллии, күн көмүс уотугар оонньуурдуу, күн күбэй ийэни саната, тыал оргууй эйигин бигиирдии, кыыс курдук кыыһаҕын. Бу тэҥнээһиннэр олус бэргэннэр, ураннар. Таммах уу чөмчүүк таас кэриэтэ күн уотугар оонньуур. Тыал биһиккэ оҕону бигиир ийэни санатар. Сардаана кыбыстан кытарбыт кыыс курдук килбик. Олус үчүгэй тэҥнээһиннэр!
Айылҕабыт тыыннаах: сардаана кыыс курдук кэрэ, Амма кытылын таптыыр да эбит; таммах уу күн көмүс уотугар оонньуур, илгистэр; тыал сибэккини оҕо курдук бигиир, нууратар-нусхатар. Саха киһитэ айылҕаны тыыннаах курдук ылынар, кини санаатыгар от-мас кытта иччилээх. Онон хоһооннорго тыыннааҕымсытыы ньыматын туһаныыны ааҕааччы ылынар.
Хатылааһын: сардаана, сардаана барахсан. Манна бэйиэт сибэккини ааттаан баран, өссө иккистээн хатылаан бэйэтин сыһыанын барахсан диэн тылынан көрдөрөр. Уопсайынан, хатылааһыны хоһоонньут этэр санаатын чиҥэтээри туһанар.
Риторикалаах ыйытыы этиинэн хоһоон саҕаланар. Амма кытылыгар үүммүт Саха сирин саамай кэрэ сибэккитин көрөн лирическэй дьоруой сөҕөн-махтайан «билэҕиэн» диэн сардаанаҕа туһаайан ыйытар. Салгыы сардааналыын кэпсэтии курдук айымньы ис хоһооно сайдар. Риторикалаах ыйытыы этии быһаччы эппиэти эрэйбэт, бэйиэт ис туругун кэрэһэлиир суолталаах. Ол эрээри айымньыны олус истиҥ тыынныыр биир бэртээхэй ньыма буолара саарбахтаммат.
Перифраз – айымньыга хаста да хатыланар тылы дьүөрэ суолталаах атын тылларынан ханарытан этии ааттанар. Сардаана диэн тыл элбэхтик хатыланар, ону “сандаарар сибэкки” диэнинэн бэйиэт солбуйбута бэртээхэйдик иһиллэр. Манна дорҕоон дьүөрэлэһиитэ ордук тупсарар: сардаана – сандаарар.
Эпитет — уус-уран быһаарыы. Хоһоонунан айымньыны киэргэтэр, быһаарар тылын суолтатын чуолкайдыыр, күүһүрдэн биэрэр киэҥник туттуллар ньыма. Сандаарар сибэкки, намыын Аммам, күн көмүс уота, күн күбэй ийэ, сиэдэрэй сибэкки – бу эпитеттэр сибэкки, Амма өрүс, күн уота, ийэ ураты бэлиэ дьүһүлгэннэрин ойуулууллар. Куйаар ситимигэр тарҕанар хоһооннорго эпитет хото туттуллар, үгүс ааптардар табыгастаах уус-уран быһаарыылары булан айымньыларын тылын-өһүн байыталлара үөрдэр.
Холуйан этии (метафора) – көстүү, эттик бэлиэ өрүтүн суруйааччылар атын көстүүгэ, эттиккэ холуйан тылы көспүт суолтаҕа туттан суруйаллар. Бу хоһооҥҥо бэйиэт таммах уу «иилистэр”, “илгистэр” диэн бэргэнник холуйан этэр. Сардаана “кыыс курдук кыыһар” – сарыал кытара кыыһарыгар холообута олус табыллыбыт. Куйаар ситимигэр аахпыт хоһооннорбор биир да күттүөннэх, киһи һык гына түһэр чаҕылхай холуйан этиини көрбөтүм.
- Хоһооммут куорматын көрүөххэ. Хоһоон 4-түү устуруокалаах 5 строфалаах (строфа — ырыаҕа күппүлүөт диэн ааттанар).
«Сардаана» тэтимнээх (ритм) хоһоон, ол аата устуруокаларга тыллар сүһүөхтэрин ахсаана дьүөрэлии эбэтэр тэҥ буолар. Устуруокаларга сүһүөхтэри ааҕабыт:
Билэҕиэн, кыыс курдук кэрэҕин, — 3-3-3 (9)
Сардаана, сандаарар сибэкки? – 3-3-3 (9)
Бу намыын мин Аммам үрэҕин – 3-3-3 (9)
Кытылын таптыыр да эбиккин. – 3-3-3 (9)
Хоһооммут 9-туу сүһүөхтээх устуруокалартан турар. Ритмикатын быһаардыбыт. Аны рифматын көрүөххэ. Рифма диэн устуруокаҕа бүтэһик сүһүөхтэр дьүөрэлэһиилэрэ ааттанар.
1-кы уонна 3-с устуруокаларга: кэрэҕин – үрэҕин (ҕин-ҕин);
2-с уонна 4-с устуруокаларга: сибэкки – эбиккин (ки-кин).
Рифмабыт кириэстии диэн ааттанар. Бааллар маннык рифмалар: наардыы (устуруокалар бүтэһик сүһөхтэрэ барыта дьүөрэлии), ханыылыы (1-2, 3-4 сүһүөхтэр дьүөрэлии), кириэстии (1-3, 2-4 сүһүөхтэр дьүөрэлии), куустарыы (1-4, 2-3 сүһүөхтэр дьүөрэлии).
Саха тылын айылгыта бэйэтэ дорҕоон дьүөрэлэһиитигэр олоҕурар буолан, сахалыы саҥаны истэргэ олус кэрэ диэн атын омуктар этэллэр. Ол хоһоону ааҕарга ордук үчүгэйдик иһиллэр, маны, биллэн турар, идэтийбэтэх да хоһоонньуттар бэрткэ туһаналлар.
Хоһоон ырыа буолан көтөрүгэр айымньы тылын-өһүн хомоҕойо, куормата улахан суолталаах буолар. Ол да иһин «Сардаана» муусукатын матыыба табыллан, икки ааптар чаҕылхай талааннара бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, норуот өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр хайдах да арахсыбат биир кэлим Ырыа буолбут Хоһоон аатыран сырыттаҕа.
Хоһооҥҥо холонор, кэрэни кэрэхсиир дьоммор-сэргэбэр алгыстаах санаанан салайтаран суруйбут кылгас сүбэбин түмүктүүбүн. Айар аартыккыт арыллан иһэригэр баҕарабын.
Г.Н.Шишигина, саха тылын уонна литературатын учуутала