Охлопков Стас,
Васильева А.И., саха тылын учуутала,
Н.С. Охлопков аатынан
Нам улууһун гимназията

Саха омукка хомус быдан былыргыттан, сиэр-туом култууратыттан силис-мутук тардан, ырыаны-тойугу кытта хатыйса алтыһан, ол иһин уһун тыыннанна, сүтэн, симэлийэн хаалбакка баччаҕа тиийэн кэллэ. Ытыс иһигэр тутуллар дьоҕус бэйэтэ күөрэгэй ырыалаах, кэҕэ кэпсээннээх, оһуокай дьиэрэйэр тойуктаах, ураты сылаас тыыннаах саха хомуһа барахсан билигин саха норуотун духовнай култууратын байытар үтүө дьылҕалаах национальнай үнүстүрүмүөҥҥэ кубулуйда.

Хомус норуот ааспыт олоҕун устуоруйатын арыйан көрдөрөр, кэнэҕэски ыччакка кэпсиир сүдү суолталаах. Итини сэргэ саха хомуһа норуоттары түмэр, ыаллыы эйэлээх олоххо далаһа быраҕар. Бэйэтин норуотун культуратын өрө туппатах омук атын омуктардыын тэҥҥэ сэргэ турар кыаҕа суох. Ол иһин саҥа көлүөнэ норуотун үйэлэргэ муспут баай культуратын өрө тутар, саҥардар, кыаҕырдар аналлаах.

Хомус саха норуотун күндү уонна киэҥник тарҕаммыт этигэн музыкальнай үстүрүмүөнэ. Билиҥҥи кэмҥэ оҕо сайдарыгар,  өйүн-санаатын сайыннарарыгар, уйулҕатын уһугуннарыыга сүүнэ суолталаах.  Оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт норуотун үтүө үгэстэрин билэр буоллаҕына, эт-сиин өттүнэн чэгиэн-чэбдик, майгы-сигили өттүнэн ыраас тыыҥҥа иитиллэр, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, тулуурдаах үлэһит буола үүнэр.

 Сайдан кэлбит устуоруйатыттан

Саха хомуһун туhунан бастакы бэлиэтээhиннэр  XIX үйэ аҥаарыгар нуучча айанньыттарын, чинчийээччилэрин улэлэригэр бааллар.

Хомуска биирдиилээн толорооччулар улахан дьоҕурдаахтарын туhунан XIХ үйэ айанньыттара Н.Щукин, Р.Маак, академик Миддендорф, Иохельсон, В. Серошевскай, В. Трощанскай, Э.К. Пекарскай, И. Черскэй, В. Шкловскай уонна да атыттар бэйэлэрин этнографическай үлэлэригэр ахтыбыттара.

Ол курдук Иван Алексеевич Худяков «Краткое описание Верхоянского округа…..» кылгас хомуурунньугар сахаларга мас уонна муос хомус баарын, хомуска элбэх буолан оонньооhун  туhунан суруйбута.

В. Л. Серошевскай «Якуты» монографиятыгар сахаларга кырыымпа, хомус баарын туһунан суруйар. Бэлиэтээhиннэринэн Карпат хайаларыгар барааны үүрэр бостуук уолга көрбүтүн бэлиэтиир.

  • 1914 сыллаахха Дьокуускай куоракка бирикээсчиттэр дьиэлэригэр 30 дьахтар сыанаҕа тахсан хомус тардыбыт.
  • 1930 сыллаахха Саха Национальнай театрыгар композитор Адам Скрябин аан бастакынан хомус ансамблын тэрийии бүтүн музыкальнай коллектив буоларын дакаастаабыта.
  • 1953-60 –үс сылларга саха хомуһа  бүтүн  Советскай Союз үрдүнэн сыанаҕа дьүрүһүйэр.
  • 1948 сыллаахха Лука Николаевич Турнин саха хомусчуттарыттан бастакынан Москваҕа хомус тардан дьон биhирэбилин ылбыта.
  • 1957 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт саха литературатын уонна искусствотын күннэригэр Турнин Л. Н. салайар Таатта улууhун хомусчуттарын ансамбла кыттыыны ылбыта.
  • 1960-ус сыллар хомуска саҥа хайысханан сайдар саҕахтар.
  • 1962 сыллаахха Саха Государственнай университетын иhинэн хомусчуттар ансамблларын Степан Черешкин төрүттүүр.
  • 1976 сыллаахтан бу ансамбль  «Алгыс» диэн ааттанар.
  • 1963 сылтан  «Алгыhы» Россия уонна Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан салайар.
  • 1972 сыллаахха хомуска маҥнайгы симфоническай айымньыны Н. С. Берестов суруйбута.

Кэнники сылларга хомус аан дойдуга тахсан Саха сирин ааттатта.

 “Хомус аан дойду культуратын эйгэтигэр” 7 аан дойдутааҕы конгресс- фестиваль Дьокуускайга ыытыллыбыта. Онно  1000 тахса буолан хомуска  оонньоон “Книга рекордов Гиннеса” киирбиттэрэ. Конгресс отуттан тахса дойду хомусчутун, хомус муусукатын сэргээччилэри түмпүтэ.

 Уратыта

«Саха хомуһа — ыллыыр ырыабыт, көтөр күөрэгэйбит буолар. Кини дьоҕус бэйэтигэр икки кэрэни илдьэ сылдьар. Хомус ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕооннооҕунан сүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, омук дьонун умсугута угуйда. Ол кэрэ кистэлэҥэ баар-суох тылын тылбыытыгар кистэнэ сылдьар. Чыычаахтаах хомус абылыы аймаабыт сүрүн кистэлэҥэ- суос-соҕотох тылыгар сытар. Биһиги уустарбыт металл свойствотын таба таайаннар хатарыы, төнүннэрии ньымаларын барытын баһылаабыттар. Көһүйбүт тоҥ тимири ириэрэн, ис санааларын иһитиннэрэр гыммыттар. Илбистээх тыллаах, хомуһуннаах куттаах талыы, талба сэп оҥороннор, арчылыы алҕаабыттар.

Хомуhу – саха уустара охсон, таптайан, аалан таhаараллар. Былыргы уустар хомуhу олус мындырдаан, өйдөрүн – санааларын ууран оҥорбуттар. Күн бүгүҥҥэ диэри хомус тыаhа саха омук олорон ааспыт олоҕун, санаабыт санаатын, тобулбут толкуйун көрдөрөр кыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ хомус улахан сэҥээриини ылла. Бэртээхэй инструменнары оҥорбут уран тарбахтаах уустар тустарынан сырдатар буоллахха, кинилэртэн саамай кырдьаҕастара Семен Иннокентьевич Гоголев – Амынньыкы буолар. Кини «классическай» диэн ааттаммыт хомустара этигэннэринэн, үчүгэй хаачыстыбалаахтарынан уратылаахтар.

Хомуhу тупсаран оҥорууга улахан ситиhиилэрдээх ууhунан Николай Петрович Бурцев буолар. Кини хомустара ааҕан суоттааhыннарга олоҕуран оҥоhуллубуттар, ол иһин бары үрдүк дорҕоонноохторунан уратылаахтар. Оттон кутуу ньыматын бастакыннан туттубут удьуор уус, ювелир Иван Федорович Захаров буолар эбит. Ити курдук, саха этигэн хомуhун оҥорууга 3(ус) уран тарбахтаах уустар билиилэрин – көрүүлэрин, сыраларын ууран тыhыынчаннан этигэн хомустары охсубуттара.

Көрүҥнэрэ, хомус тардыы ньымата

Хомуһу мастан да, муостан да, тимиртэн да оҥороллор. Мас хомустан билигин бамбук хомус ордон сылдьар. Онно Азия, Африка омуктара ордук оонньууллар. Муос хомус хотугу омуктарга баара биллэр. Ордук тимир, алтан хомус аан дойду устун киэҥник тарҕаммыт. Тылын ахсаанынан ыллахха, биир, икки, үс, түөрт тыллаах хомустар бааллар.

Сахаларга мас хомус баар буола сылдьан баран сүппүт. Сүрүн оонньуур хомуспут биир тыллаах тимир хомус буолар (1 ойуу).

Хомус тардыы ньымата

Хомус тардарга биэс сүрүн сатабыл наада:

  1. Хомуһу сатаан тутуу.
  2. Хомус тылын сатаан охсуу.
  3. Сатаан тыыныы.
  4. Сатаан истии.
  5. Дорҕоону сатаан уларытыы.

Хомуһу тутуу. Хомус тиэрбэһин хаҥас илиигинэн бэйэҕэр хайдах табылларынан тутаҕын уонна тиискин хомус тыла хамсыырыгар сөп буолар курдук атытан баран, онно хомус сыҥааҕын тас иэдэһин тиискэр ыкса сыһыараҕын. Хомус тылын хамсааһына тиискэр бэриллибэтин курдук күүскэ сыһыары тутаҕын. Кыра оҕо тарбаҕын күүһэ мөлтөх буолан, хомус сыҥааҕын тииһинэн да ытырыан сөп. Бастаан үөрэнэргэ хомус сыҥааҕын уһуга тиис ортотун туһунан буолар гына тутар сөп. Кэлин үөрэнэн истэххэ, уҥа дьабадьыга чугаһата соҕус туттахха ордук.

Хомус тылын охсуу. Хомус тыаһа – тылыгар. Тыла хамсаатаҕына эрэ тыаһыыр, дорҕоон таһаарар. Онон оонньууруҥ устатын тухары хомус тыла тохтообокко хамсыырыгар кыһанаҕын. Хомус тылын ыйар тарбаҕыҥ сүһүөҕүнэн таарыйан сүрүн охсууну оҥороҕун. Ол кэмҥэ хомус тыла сыҥаах ис иэдэһин икки ардынан ааһар салгыны быһыта охсон, дорҕоону үөскэтэр. Дорҕоону күүһүрдэргэ уоскун хомус сыҥааҕын тас иэдэһигэр сыһыары тутаҕын. Онтон тоҥоноххун хамсаппакка эрэ, бэгэччэккин уҥа санныҥ диэки хомус тыла төлө барар гына эргитэ тардаҕын. Хомус тыаһа уһуурун туһугар тылгын хамсаппакка эрэ салгыны аргыый эҕирийэҕин.

Охсуу арааһа. Сүрүн охсуу. Бэгэччэккин босхо ыытан баран сүһүөҕүн тула эргичитэн охсоҕун. Тоҕоноҕуҥ хамсаабат. Уҥа илииҥ ыйар тарбаҕын сүһүөҕэ хомус тылын илин өттүттэн таарыйан ааһар. Охсуу күүһэ, түргэнэ, тэтимэ оонньуур музыкаҕар сөп түбэһэр. Хомус тылын кэлин өттүттэн таарыйар охсуу төттөрү охсуу дэнэр. Төттөрү охсууга хомус тыаһа улаханнык уларыйбат да буоллар, охсуу арааһыгар киирэр. Охсуу бу икки арааһын олбу – солбу туттары төттөрү – таары эбэтэр хардары – таары охсуу дэнэр. Охсуу биир суол арааһыгар бэгэччэги хамсаппакка эрэ, тарбаҕы уларыта сылдьан ойоҕостон охсууну киллэриэххэ сөп. Бу көрүҥ ат туйаҕын тыаһын үтүктэргэ сөп түбэһэр.

Тыыныы арааһа. Оонньуу туран тыыныы сүрүн көрүҥэ салгыны эҕирийии буолар. Эҕирийии эмиэ араастаах. Биир охсуу кэмигэр биирдэ сыыйа уһуннук эҕирийдэххэ, хомус тыаһа биллэ уһуур. Биир охсууга икки, үс, элбэх төгүл кэрчиктээн эҕирийиэххэ эмиэ сөп. Маннык ньыманы сатаатахха, хомус тыынын өссө уһатыахха, тыаһын да уларытыахха сөп. Түргэн тэтиминэн оонньуурга өрөһө былчыҥын күүрдэн, хамсатан тыынар наада. Оонньуу туран муннугунан тыыныы диэн туспа көрүҥ баар. Маннык тыынарга мурун көҥдөйө аһыллан, мурун дорҕооно диэн ааттаах хос дорҕоон үөскүүр. Хомус тыынын муҥутаан улаатыннарарга иһинэн тыыныы туһалыыр. Искин барытын хамсатан, салгыны түргэн – түргэнник аҕылаан эрэр курдук төттөрү – таары хачайдаатаххына, хомус тыаһа улаатар, күүһүрэр.

Уоһу хамсатыы. Оонньуур кэмҥэ уоһуҥ аһаҕас буоллаҕына, салгыны хачайдыыр, салгын хамсыырын туһанар ыарахан. Уоскун астаххына хомус тыаһа мөлтүүр, саптаххына күүһүрэр. Онон тыынар кэмҥэр уоһуҥ хомус тыла хамсыырын мэһэйдээбэт эрэ гына сабыылаах буолуохтаах. Уоһу хамсатыыны тыыныы арааһын кытта сатаан холбоотоххо, элбэх атын дорҕоону оҥоруохха сөп. Биир охсуу кэмигэр уоһу аһа – аһа сабан, онно сөп түбэһиннэрэн салгыны эҕирийэн, хомуһу ырыа тылын сүһүөҕүн аайы охсору солбуйуллар.

Дорҕоону уларытыы. Биир тыллаах хомус биир эрэ нотанан оонньуур, ону сүрүн дорҕоон дэнэр. Сүрүн дорҕоон хомус тылын бэйэтин тыаһа буолар. Саамай намыһах дорҕоон «о» дорҕоону саҥарар курдук тутуннахха тахсар, айах иһэ муҥутаан кэҥиир, тыл кэлин балаһыанньаҕа турар. Саамай үрдүк дорҕоон «и» дорҕоон балаһыанньатыгар тахсар, айах иһэ муҥутаан кыччыыр, тыл инники турар. Бэлэһи сабан туран тылы, уоһу хамсаттахха эмиэ араас хос дорҕоон үөскүүр. Күөрэгэйдэтии өбүгэ саҕаттан билиҥҥэ диэри сахаҕа киэҥник тарҕаммыт, хомусчут эрэ барыта сөбүлүүр ньымата. Хаастатыы эмиэ былыргы ньыма. Хаас саҥатын үтүктэргэ тылгын күөрэгэйдэтии курдук хамсатаҕын, ол гынан баран бу сырыыга тылыҥ төбөтүн таҥалайгар таарыйа-таарыйа төттөрү – таары хамсатаҕын, араара-араара сыһыараҕын. Мурун дорҕооно, бэлэс дорҕооно диэн баар. Бэлэс дорҕооно бэлэһи араастаан хамсаттахха үөскүүллэр. Мурун дорҕоонноро киһи салгыны муннунан эҕирийэр кэмигэр мурун көҥдөйүгэр үөскүүллэр. Уоскун хомус тылын тохтотор курдук тутан баран, төттөрү оҕустаххына, кылгас эрээри дьикти табыгыр диэн дорҕоон үөскүүр. Сааскы таммах түһэр тыаһын итинник үтүктэллэр.

Ол курдук бу үөһэ этиллибит ньымалары баһылаатахха, оонньооччу барыта дьаныһан туран дьарыктанар буоллаҕына, саҥаттан саҥа ньыманы арыйан, хомус музыкатын муҥура суох байытыан сөп. Хомус тардыытын техникатын учуутал сатыыр, баһылаабыт буоллаҕына, оҕолорго кыайан тиэрдэр, үөрэтэр дии саныыбын.

Өбүгэ саҕаттан билиҥҥэ диэри сахаҕа киэҥник тарҕаммыт хомуска үгэс буолбут ньымалар бааллар.

Сыыйа тардыы.

Былыргылыы сыыйа тардан оонньооһун билигин наһаа тарҕамматах, сүтэн эрэр көрүҥ. Сыыйа тардыыга хомус тыаһа сүттэр-сүппэккэ, симэлийдэр-симэлийбэккэ, тохтоотор-тохтообокко кутуллар. Хомус тыына уһаатар уһаан, тойуга кэҥээтэр кэҥээн, иэйиитэ дириҥээтэр дириҥээн иһэр. Сыыйа тардан оонньуур хомусчут тойугу тута айан толорооччу (импровизатор) буолар, онон кини үксүгэр ырыатын тыла иһиллэр гына оонньуур. Кини сыыйа тардан туран, хомуһун кытта тэбис-тэҥҥэ долгуйар, дууһата оонньуур. Сыыйа тардыы диэн хомусчут дууһата тугу диирин хомуһунан тойу оҥорон, тыла иһиллэр гына туойара буолар. Хомусчут ырыа сүһүөҕэр сөп түбэһиннэрэн хомус тылын охсор, ол кэмҥэ дорҕоон таһаарбакка эрэ тылын, бэлэһин саҥаран эрэрдии хамсатар. Оччоҕуна ырыа мелодията, табыллыннаҕына тыла кытта иһиллэр курдук хос дорҕооннор үөскүүллэр.

Күөрэгэйдэтии ньымата.

Күөрэгэйдэтии өбүгэ саҕаттан билиҥҥэ диэри сахаҕа киэҥник тарҕаммыт, хомусчут эрэ барыта сөбүлүүр ньымата. Күөрэгэй ырыатын үтүктэргэ, тылгын «ый-ый-ый» диир курдук тутаҕын уонна түргэнник иннин-кэннин диэки хамсатаҕын. Маҥнай үөрэнэргэ тылгын биир охсуу устатыгар хамсатаҕын. Кэлин үөрэнэн истэх аайы охсуу тэтимин уларыта сылдьан, күөрэгэй ырыатын үтүктэллэр.

Хаастатыы ньымата.

Хаастатыы эмиэ былыргы ньыма. Хаас саҥатын үтүктэргэ тылгын күөрэгэйдэтии курдук хамсатаҕын, ол гынан баран бу сырыыга тылыҥ төбөтүн таҥалайгар таарыйа-таарыйа төттөрү – таары хамсатаҕын, араара-араара сыһыараҕын.

Бу үс үгэс буолбут ньыманы хомуска оонньуурга маннык охсуу ньымаларын туһаныахха сөп:

  1. Наар охсуу.
  2. Хардарыта охсуу.
  3. Ытыһынан охсуу.
  4. Тарбах араас охсууларын уо.д.а.
  5. Кыра саастаах оҕолору хомуска уһуйуу

Хомус саха культуратын саамай тарҕаммыт кэрэ көрүҥэ буоларын быһыытынан, оҕо кыра сааһыттан хомуска оонньуур буолара наада. Хомус тардарга ким барыта үөрэниэн сөп. Сүрүн дорҕоону таһаарары, дорҕоону уларытан сахалыы ырыаны оонньууру хайа баҕарар оҕо сотору сатыыр буолар. Оттон хомуска оонньооһун араас ньыматын толору баһылыырга элбэх бириэмэ, баҕа, дьарык, тулуур, дьаныар наада. 

Бу үлэни суруйарбытыгар бастаан, алын кылаас оҕолоро хомуһу төһө билэллэрин билээри маннык ыйытыктары ыйыттыбыт:

1. Хомус диэн тугуй?

2. Хомуска сатаан оонньуугун дуо?

3.Ханнык биллиилээх хомусчуттары билэҕиний?

Ыйытыкка 1-5 кылаас оҕолоро кытыннылар. Уопсайа 30 оҕо кыттыны ылла. Онтон 21 оҕо хомус диэн тугун билэр, 6 оҕо хомуска кыратык оонньуур эбит. Биллиилээх хомусчуттары билбэттэрэ хомолтолоох.

Оҕо кыра сааһыттан хомуһу билэрэ, хомуска оонньуура туһалаах дии саныыбын. Ол сыалтан кыра саастаах  оҕолорго видеоуроктары уһулан, уһуйааннарга ыытан көрдөрдүбүт. Инникитин YouTube канал арыйар баҕа санаалаахпын.

Түмүк

Хомус былыр-былыргыттан тиийэн кэлбит саха норуотун музыкальнай инструмена буолар. Былыр хомуһу соҕотохсуйуу усулуобуйатыгар ырыа ыллаары, дорҕоон таһаараары, иэйиини этэргэ, дууһаны арыйыыга оҥоһуллубут инструмент айбыттар. Онон хомус тулалаан турар айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуллубут. Онтон аата күөл кытыытыгар үүнэр Хомус диэн үүнээйи аатыттан буолуо дииллэр. Бу инструмент аата оҥоһуллар матырыйаалларыттан сибээстээҕин бэйэтин аата этэр: чах хомус, тимир хомус.

Хомус-Олонхо дойдутун духуобунай култууратын бэлиэтэ. Cүүстэн тахса дойдуга тарҕаммыт хомус 162 араас көрүҥэ баара биллэр. Хомус 5000 сыл анараа өттүгэр үөскээбит диэн үөрэтэллэр. Түҥ былыргыттан аргыс буолан кэлбит инструмент аныгы үйэ киһитин арахсыспат, тыыннаах, алыптаах, айылҕа дорҕоонун кутун-сүрүн иҥэрэр доҕоро буолла.

 Бу үлэни суруйан баран маннык түмүккэ кэллибит:

  • Хомус историятын, тыаһатар ньыматын оҕолор кыра саастарыттан билэ улааталлара наадалаах.
  • Сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэрин кэлэр көлүөнэ умнубатын туһугар сырдатар үлэни ыытар тоҕоостоох дии саныыбын.
  •  Биһиги көлүөнэбит оҕолоруттан аан дойду таһымыгар биллиилээх хомусчуттар үүнэн-сайдан тахсан, Сахабыт сирин ааттата туралларыгар баҕарабын.

Саха кыра хомуhа бүтүн саха норуотун түмэр күүhэ. Биһиги өбүгэлэрбит хаалларбыт бэлэхтэрин, кыракый хомуhу илдьэ сырыттахпытына үйэлэртэн-үйэлэргэ биhиги культурабыт эстиэ-быстыа суоҕа. Кэхтибэт кэскиллээх кэнчээри ыччаппыт омуктарын аатын аар саарга аатырда турдуннар! Саҥа саҕахтар арыллан биэрдиннэр!

Этигэн хомус эйээрдин, хомуhуннаах хомус дуорайдын!

Туһаныллыбыт литература:

  1. Жирков М.Н.  «Якутская народная музыка» Якутск, 1981 г.;
  2. Шишигин С.С. Хомус тардыыта. /Төрүт култуура учууталыгар көмө/. – Покровскай, 1994.
  3. Шишигин С.С. Хомус тарда үөрэниҥ = Учитесь играть на хомусе . – Дьокуускай: РИО медиа-холдинга, 2015. – 56 с.
  4. Шишигин С.С. Кулаковскай уонна хомус. – Якутск: Бичик, 2004. – 72 с
  5. Серошевский В.Л. Якуты …
  6. Чахов А.И. Саха былыргы музыкальнай инструменнара. – Дьокуускай: Бичик, 1993.


Хаартысканы https://www.tuva.asia/ саайтан туһанныбыт.