Филиппова Анна Тарасовна,
Чурапчы улууһун 1 Хатылы нэһилиэгэ.
Билинҥи кэм аҕата, эр киһитэ, билиитэ-көрүүтэ сайдыылааҕа биллэр суол. Ол эрээри эр киһи бүдүрүйэрэ, мунара-тэнэрэ, бэйэтин олоххо суолтатын сатаан булбата үгүс. Тоҕо маннык буоларый?
Бу ыйытыыга хоруйу булаары “Алампа уонна аныгы үйэ аҕалара” диэн тиэмэнэн түөрт сыл үлэлээтим. Алампа кэмин аҕаларын уонна билинҥи кэм аҕаларын тэҥнээн көрдүм. Бу тэҥнээн көрүүм түмүгүнэн – урут да, билигин да арыгы, хаарты дьаллыга баар, кыаммат-тиийиммэт буолуу, баай, дьадаҥы, атыы-эргиэн куорат дьалхааннаах олоҕо. Оччотугар бу икки үйэ аҕалара туох уратылаахтарый диэн аҕаларга сэһэргэһии (диспут) оҥорон былыр эр киһи аҕа булааччы-талааччы, ол иһин оруола күүстээх этэ, билиҥҥи дьахтарга сэлээннээһин баар (бэйэлэрэ булуохтара) — онон билигин да, урут да дьон сирдээҕи кыһалҕалара сүрүннээн биир эбит диэн түмүккэ кэллибит. Оттон сүдү айымньыга олоҥхо дьоруойдарыгар аҕа хайдах ойууланар эбитий диэн көрдөөтүм. Онуоха Хатылы олонхоһута Алексей Иванович Кривошапкин-Нуора Өлексөй “Хара дьоруо аттаах Хара Ньургун бухатыыр” олоҥхотун анаардым.
XIX-XX үйэ кирбиилэригэр Хатылыга олонхоһуттар уутуйан үөскээбиттэр эбит. Николаевич Кривошапкин “Хара дьоруо аттаах Хара Ньургун бухатыыр” олоҥхото Научнай киин архыыбыгар уурулла сытар. Олоҥхону Горнай улууһун киһитэ Егор Егорович Лукин Хатылыга учууталлаан олорбут кэмигэр суруйбут.
Алексей Николаевич Кривошапкин-Нуора Өлөксөй бэйэтин кэмин тарбахха ааҕыллар олонхоһуттартан биирдэстэрэ буолуо диэн таайыахха сөп. Олонхоһут төһө да төрөөбүтүн туһунан миэтирикэтэ суоҕун иһин 1870-1871 сс. төрөөбүт буолуон сөп, дьоно ахталларынан, эдэр сааһыттан бэйэтин кыанар, күүстээх киһи эбит. Олоҥхолууругар да омуннаах соҕустук толороро үһү. “Нуора олоҥхото бэйэтин курдук омуннаах-төлөннөөх, дьону сэргэхситээри ойон туран бухатыырдар охсуһууларын оонньоон көрдерөн, балаҕан эркинин кырбаан лиһиргэтэрэ”, – диэн билигин баар сиэннэрэ ахталлар эбит.
Василий Васильевич Илларионов филологическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр бу олоҥхону ырытан көрөн маннык суруйбут: “Сюжетнай- композиционнай тутулунан, уобарастарын эгэлгэтинэн, хоһоонунан хомоҕойдук хоһуйбутунан сирдэттэххэ, чахчы иһиттээх-хомуостаах олонхоһут диэн санаа үөскүүр. Маныаха олонхоһут биир санааны хатылаан тэҥ сүһүөхтээх хоһоон олуктарынан таҥара көстөр”.
2011 с. тахсыбыт кини олоҥхотун кинигэтэ киһи туттарыгар табыгастаах, ол курдук текстологическай быһаарыылар, персонажтар ыйынньыктара, олоҥхо кылгас сюжетын түһүмэхтэрэ, ис хоһоонун ырытыы киирбиттэр. Ону тэҥэ олоҥхоһут туһунан ахтыылар киирбиттэр.
«Хара дьоруо аттаах хара Ньургун бухатыыр» олонхоҥо эр киһи уобараһын ойуулааһын
Сүүрэр атахтааҕа, үрүҥ-хара түүлээҕэ көҥүлүттэн үөскээн үөдүйбүт. Хойуутугар бөтөн, убаҕаһыгар чачайан, халыҥ хаһанан хаарты оонньоон, суон саалынан дуобат ооннһоон олорбут. | Кыайыгас булчут буолан айаҕар учугэйдик аһаан олорбут |
Тимир Бытырдаан кэлэн кэргэн ыларыгар энньэ кулутунан анаабыттарын этэр. Онуоха Хара Ньургун чыыстай буоллакка тиийэн күүспүн айгыраамаҥ, албан ааппын алдьатан кыайдаххына, илдьиэҥ, кыайа иликкинэ, барыам суоҕа диир. | Бэйэтин күүһүгэр эрэнэр, аатын чиэһин үрдүктүк тутар, |
Аттаахпын диэн аттааҕа куоппатах, сатыыбын диэн сатыыта хаалбатах | Атаҕар кыанар сүүрүк эбит |
Үс ыйы быһа охсуһан абааһы уолугар бэринэр атын сиэлиттэн үс сүүмэх кылы сыыйан ылан, уот оттон, Аал Луук Мас иччитэ Аан Ачалыыр Куо эдьиийигэр аан дойдутуттан арахсан эрэрин, сирин- дойдутун, баайын-дуолун араҥаччылыы турарыгар көрдөһөр. | Сирин-дойдутун, баайын-дуолун харыстыыр, иччилэргэ итэҕэйэр, сүгүрүйэр. |
Хара Ньургун үөһээ айыылартан таҥнар таҥаһын, сэбин-сэбиргэлин, ыраах барар ыһыгын көрдөһөр Онуоха Маҥан Мончолуут бухатыыр үс үрүн илгэни быраҕан биэрэр | Айыылартан араҥаччыланар, көрдөһөр, үҥэр-сүктэр |
Хара Ньургуну Тимир Лэкиэрийдээн оҕонньорго баран көр, эбэтэр биэс абааһы бухатыырдарын кытта күрэстэһэн көр диэн таллараллар. биэс бухатыыры кытта күрэстэһэргэ сананар. | Төттөрү барбат өһөс, ыарахантан толлубат куттаһа суох, бэйэтин күүһүгэр эрэнэр хорсун киһи. |
Ытык Ньургуйалаан бары аартыктары кэрийэн, тоһууртан туораан, Хара Ньургун тоһуйбут хортуунун айаҕар киирэн биэрбитин хаппаҕын сабан кэбиһэр. | Ыһыах ыһан, кэргэн ылан орто дойдуга удьуорун ууһатар тэнитэр. |
Олоҥхо эр киһитин уобараһа
Үчүгэй санаалаах үрүҥ айыы бухатыырдара Куһаҕан өрүттээх абааһы бухатыырдара Күүстээх бөҕө санаалаах, Тулуурдаах Хорсун-хоодуот Модун күүстээх өлөн охтон биэрбэт Сымса, быһый Сылайбат сындааһыннаах Булчут, Аттаах Сирин -уотун көмүскүүр, Дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр, Олох туһугар охсуһар Үөһээ иччилэргэ сүгүрүйэр Айыылартан араҥаччыланар Холоонноох доҕорун туһугар олоҕун уран, туруулаһар кыахтаах Бэйэ дьолун туһугар охсуһар |
Олоҥхо – саха норуотун уус-уран айымньытынан буолар. Биһиги өбүгэлэрбит бу айымньылары мээнэҕэ суруйбатахтара, айбатахтахтара чахчы. Бу айымньы иитэр-үөрэтэр суолталааҕа саарбаҕа суох. Манна сүрүн миэстэни эр да, дьахтар да киһи – күүстээх-уохтаах, эр санаалаах, бухатыыр уобараһа ылар. Ол эрээри үксүн эр киһи туһунан олоҥхо элбэх. Мантан көстөрүнэн биһиги норуоппут уол оҕону маанылыыра, киэн туттара, дарбатара көстөр. Ол да иһин этэн эрдэхтэрэ «Уол оҕо дьоло сир түөрт өттүгэр», «Уол оҕо кэскилбит, эр киһи эрэлбит» диэн. Бэйэбит төрөөбүт түөлбэбит Хатылыбыт олоҥхоһуттарын айымньыларын ырытан билинҥи уолаттарга, аҕаларга тиэрдии, дойдуларынан киэн туттуу – аҥаардас ийэ аҕыйаан иһэрин көрдөрөр, аҕа үөрэхтэнэн, үлэлээх буолан саҥа кэм туруу үлэһитэ буолара күүһүрэн иһэр.
Мин аҕалары, эр дьону ыҥырыам этэ: Айыы бухатыырдарын холобурдарын сыанлаан, уолаттарбытын чэгиэн-чэбдик эттээх-сииннээх, тулуурдаах, бэйэтин санаатын туруулаһар дьулурҕа, күүстээх санаалаах, кемускэс, аһыныгас майгылаах гына иитэргэ дьулуһуоҕуҥ!
Нуора Өлөксөй туһунан кэпсэлтэн
«Нуора абааһыны кытта киирсибитин туһунан кэпсээн эмиэ баар. Иккис кэргэниттэн бастакы уола Уйбаан “Букаакы” диэн сиргэ кыстаан олордохторуна төрөөбүт. 140 Абааһы уоту үрэн сирилэтэрэ үһү, ол аайы эһээхэй оҕо иэрийэ-иэрийэ ытыыр, Нуора ыксаан оронун хотон икки балаҕан икки ардыгар оҥорон утуйар. Арай түүн тилигирэһии бөҕө буола түһэр, Нуора: «Уотта-уотта», – диэн хаһыытыыр, хаһан уот умайыар диэри абааһы оҕону хотон диэки, Нуора дьиэ диэки соһоллор. Уот умайан эрдэҕинэ, тарбаҕа аһый гыммыт да, тарбаҕар кугас түү эрэ хаалар. Онтон эһээхэй оҕо сыыстарбатын диэн сыарҕаҕа балаакка курдук сабыы оҥорон, абааһы батыспатын диэн кэннилэринэн олорон кыһыннары көһүү буолар. Түөрт харахтаах ыт хойукка диэри эккирэтэн баран хаалбыта үһү».
«Дьиэтигэр кэллэҕинэ, сэргэ иннигэр тохтуур идэлээх эбит. Ол иһин түннүгүнэн кэтии туран Чалла сыырын үрдүгэр көстөрүн кытта, сүүрэн тахсан нэһиилэ ааны аһан биэрэллэр үһү. Аспатахтарына сыарҕалары, үс мас күрүөнү таарыйбакка үрдүнэн көтөн, сэргэ иннигэр хорус гына тохтуура. Айаннаатаҕына тоҥуу хаары билиммэккэ, үрэх тардыытын тумулуттан тумулугар быһа көрдөрөр, сыарҕата тоҥуу хаарга икки тарбах эрэ дириҥнээх суолу хаалларан тэлээрэн иһэрэ үһү. Биирдэ быыбарга баран иһэн, боломуочунай сарсыарда эрдэ туран хойутаабакка тиийээри ыксаппытыгар, Нуора: «Ыксаама, атым бириэмэтигэр тиэрдиэ», – диэбит. Боломуочунай көрөн баран сэнээбит: «Хайа, аатырдар атыҥ бу баар дуо? Хойутаатаххына табыллыбат», – диэбитигэр, Нуора: «Чэ, хата баран ааны ас, ат дугата туһаайыытыгар иннин диэки ыстанаар, хойутаатыҥ да хаалаҕын, аара тохтообот сылгы», – диэбит. Боломуочунай ат дугатын туһаайыытыгар ыстанан баран, сыарҕа кэннигэр сыыһа түһэн эрдэҕинэ, Нуора илиититтэн харбаан ылан, балачча соһуллубутун кэннэ биирдэ сыарҕаҕа таһаарбыт, киһитэ онтон ыла сыарҕаттан нэһиилэ тутуһан олорбут, иннигэр туох да көстүбэт силлиэ-холорук хаарынан ытыллан, бириэмэтигэр тиийбиттэр. 142 Дьэппириэн Дорогуунап “улахан сүдү сылгы үөскээтэ” диэтэхтэринэ, “айаннаан иһэн туйаҕа сири таарыйара көстөр дуо” диэн ыйытара үһү, Хохоо “сиэрин атаҕа салгыҥҥа көтөн иһэр курдук буолара, анаан-минээн көрө сатаан баран, туйаҕа сири таарыйарын кыайан көрбөт этибит” диирэ үһү. Өлбүтүн кэннэ “туох дьиибэ сылгытай” диэн иһин сыныйан көрбүттэрэ, уратыта диэн сүрэҕэр уҥуохтаах уонна икки хабахтаах эбитэ үһү» (М.П. Иустинова Е.Е. ЛУКИН–ТҮММҮТ ДЬӨГҮӨР ИНФОРМАНА А.Н. КРИВОШАПКИН–НУОРА ӨЛӨКСӨЙ ТУҺУНАН АХТЫЫЛАР // Собирательская деятельность корреспондента Е.Е. Лукина в контексте становления якутской полевой фольклористики : Сборник статей и материалов / отв. ред. Н.В. Покатилова. – Якутск: Изд-во ИГИиПМНС СО РАН, 2019.С. 137–144).