Прогимназия ыччата бэрт эргэ уонна кыараҕас уезднай учуулусса дьиэтигэр үөрэнэллэрэ. Дириҥ хайысхалаах үөрэхтээһини биэрэр эр дьон классическай прогимназиятын тутуу тыын суолталааҕын Дьокуускай куорат интэллигиэнсийэтэ бэрт өрдөөҕүттэн өйдөөбүтэ. Саха сирин күбэринээтэрэ А.Д. Лохвицкай куорат олохтоохторун этиитин өйөөн, эр дьон прогимназиятын тутар туһунан Иркутскайдааҕы генерал-күбэринээтэргэ суруйбута. Бу этиини генерал-күбэринээтэр өйөөбүтэ уонна норуот үөрэҕириитин миниистиригэр хадатаайыстыба түһэрбитэ. Прогимназия тутулларыгар нэһилиэнньэттэн көмө быһыытынан 15 тыһ. солк. хомуллубута. Ол курдук 1867 с. бэс ыйын 26 күнүгэр судаарыстыбаннай Сэбиэт Дьокуускайдааҕы уезднай учуулуссаны прогимназия гынар туһунан дьаһал ылыммыта. «Нуучча Эмиэрикэтэ» тэрилтэ атыыламмытынан уонна Арассыыйа-Эмиэрикэ хампаанньа Саха сиринээҕи салаата ыһыллыбытынан, босхоломмут учаастагы үөрэх саҥа дьиэтин тутар усулуобуйаҕа куорат дьаһалтатыгар сиэртибэлииргэ быһаарыллыбыта. Уопсастыбаннас үөрүүнү кытта ылыммыта. Онон 1873 с., оччотооҕуга дьоҕус куоракка, билиҥҥитэ Кулаковскай уул., 18 нүөмэригэр, икки этээстээх прогимназия саҥа дьиэтэ дьэндэйбитэ. Дьокуускай куорат устуоруйатынан дьарыктанар П.П. Явловскай маннык суруйбута: «1870 с. акылаата түһэриллэн, 1873 с. балаҕан ыйын 26 күнүгэр тутуллан бүппүт классическай прогимназияны үөрүүлээхтик арыйыы буолбута. Онуоха бааллара: архиерей, уобаластааҕы күбэринээтэр, бу үөрэх кыһатын салайааччылара, үөрэнээччилэрэ уонна саха инородецтарын бэрэстэбиитэллэрэ. Үөрэх кыһата олус киэҥ уонна сырдык».
2005 с. устуоруйа уонна архитектура пааматынньыктарын испииһэгэр киирбитэ. Куорат уопсастыбаннаһа бу дьиэни саҥалыы тутан («реставрация») үйэтитэр туһунан туруорсубуттар.
Норуоппут киэн туттар, сүгүрүйэр чулуу дьоно үөрэнэн ааспыт кыһаларын туһунан сырдатыах тустаахпыт. Уостубат күүстээх тапталларын, норуокка хаалларбыт сүдү кылааттарын бэлэхтээбит ытык дьоммут иннигэр бары төлөрүйбэт иэстээхпит.
Саха интэллигиэнсийэтэ үөскээбит биһигэ
Арассыыйатааҕы НА Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттарустуоруйаларын түмэлин сэбиэдиссэйэ, устуоруйа билимин хандьыдаата П.П.Петров-Хардыы:
– 1873 с. икки этээстээх үөрэх саҥа дьиэтин арыйыы буолбута. Прогимназия иниспиэктэрэ К.Л.Яковлев учууталлар үөрүүлээх сүбэ мунньахтарыгар бэрт суолталаах маннык бэлиэтээһини оҥорбута: «Дьокуускайга прогимназия арыллыбыт күнэ … хаһан да умнуллубат өйдөбүл буолан хаалыа уонна саха устуоруйатын сирэйдэригэр дьоһун миэстэни ылыа… Прогимназия тутуллуута – инники көлүөнэ барҕарыытыгар дьоһун хардыы буолар. Сөптөөх үөрэҕи ылан, сайдыыга кытаанах төһүү күүс буолар, үопсастыба олоҕор, дьонугар-сэргэтигэр, төрөөбүт дойдуга истиҥ тапталлаах диэйэтэллэр тахсыахтарын судаарыстыба да, уопсастыба да күүтэр…».
Прогимназияҕа П.П.Гадзяцкий, А.А.Гайонов, Е.Ф.Шелленберг, К.Д.Жукович, В.А.Кирилов курдук Саха сиригэр норуот үөрэхтээһинигэр сүүнэ кылааты киллэрбит биллиилээх дириэктэрдэр, учууталлар үлэлээн ааспыттара.
Эр дьон классическай прогимназиятыгар үөрэммиттэр саха чулуу интэллигиэнсийэтэ буолан тахсыбыттара. Ол курдук Дьокуускай уобаластааҕы земскэй управа бэрэссэдээтэлэ В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээбит А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Саха сирин түмэлин төрүттээбит, вице-күбэринээтэр А.И.Попов, норуодунай учуутал, Бүлүү куоратыгар түмэли төрүттээбит Үлэ Дьоруойа П.Х.Староватов, норуодунай учуутал Д.Д.Сивцев, сахалартан бастакы учуонай К.Г.Неустроев, сахалартан бастакы быраас Е.Слепцов о.д.а үөрэммиттэрэ.
1890 с. прогимназия реальнай училище буолбутун да кэннэ, Саха сирин ыччатыгар орто үөрэхтээһини биэрэр соҕотох үөрэх кыһата этэ. Бу үөрэх кыһатын бүтэрбиттэр киин Арассыыйа уонна Сибиирдээҕи үрдүк үөрэх кыһаларыгар көхтөөхтүк киирбиттэрэ.
Кини истиэнэлэриттэн Н.В.Кондаков, Л.В.Киренскэй, М.Ф.Габышев курдук аан дойдуга биллибит учуонайдар, С.А.Корякин, Г.В.Ксенофонтов, П.В.Ксенофонтов курдук норуот киэн туттар дьоно тахсыбыттара.
Сэбиэскэй кэмҥэ бу дьиэҕэ куораттааҕы оскуолалар, рабфак, учууталлар үнүстүтүүттэрэ, Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай үнэбэрситиэт бакылтыаттара, байыаннай хаапыдыра үлэлээн ааспыттара. Кэлиҥҥи кэмҥэ СГУ ИТФ бибилэтиэкэтин пуондата турбута.
Онон Саха сирин интэллигиэнсийэтэ, бэлитиичэскэй диэйэтэллэрэ биһиктэнэн, үүнэн-сайдан тахсыбыт устуоруйаҕа дириҥ суолтадаах дьиэ. Архитектура өттүнэн ылан көрөр буоллахха – бу дьиэ XIX үйэҕэ тутуллубут уонна баччааҥҥа диэри тиийэн кэлбит бастакы соҕотох икки этээстээх дьиэ буолар. «Бутовай» таастан «ленточнай» акылааты түһэрэн оҥоруу ньымата туһаныллыбыта үйэни уҥуордаан кэлбитэ оччотооҕу инженердии толкуй ирбэт тоҥҥо сир ирэн, дьиэ түспэтин курдук сөптөөхтүк быһаарар ньыманы тобулар эбиттэрин туоһулуур.
Устуоруйа уонна култуура бу пааматынньыгын хаалларыы, сөргүтүү –аныгы үөрэхтээх киһи инники көлүөнэ иннигэр ытык иэһэ буолар.
Реальнай училище
Саха норуотун дьылҕатыгар ураты суолталаах реальнай училище дьиэтин устуоруйатын туһунан эмиэ суруйарга сананныбыт.
Сыллар ааһан истэхтэрин аайы Дьокуускайдааҕы реальнай учуулуссаҕа үөрэнээччилэр ахсааннара элбээн, икки этээстээх мас дьиэ кыараан испит. Онон Дьокуускай уобаластааҕы дьаһалта саҥа таас дьиэни тутарга күһэллибит. Реальнай учуулуссаны тутуу бырайыактыыр симиэтэ докумуонун инженер Д.Магидей оҥорбут. Бырайыакка алын уонна үрдүкү кылаастар, физика уонна химия лабораториялара, гимнастика уонна аактабай саала, мастарыскыай уонна үлэһиттэргэ аналлаах кэбиниэттэр киирбиттэр. 1905 с. кулун тутар 31 күнүгэр судаарыстыбаннай сэбиэт, норуоту сырдатыы Министиэристибэтигэр Дьокуускайдааҕы реальнай учуулуссаны тутар туһугар ороскуоттаныахтаах харчыга кирэдьиит докумуонун көрөн-истэн баран, судаарыстыба хааһынатыттан 145 133 солк. харчыны биэрэргэ дьаһайбыт. Бу сыл ыам ыйын 9 күнүгэр бу үөрэх кыһатын бырайыагын ыраахтааҕы бигэргэппит. Тутуу хаамыытын хонтуруоллуур инниттэн учуулусса бэрэстэбиитэлин, уобаластааҕы салалта чунуобунньугун, уобаластааҕы инжэниэри уонна куорат баһылыгын киллэрэн туран тутуу кэмитиэтин тэрийэр наадатын туһунан быһаарбыттар. Иркуутскайдааҕы генерал-күбэринээтэр 1906 с. кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн уобалас күбэринээтэрин И.И.Крафты анаабыт. Ол сыл кэмитиэт араас урбаанньыттары кытта 25 тыһ. буут испиэскэни, 190 куб. бөдөҥ «бутовай» таас күлүн, 2615 буут алебастр, мөл. кэриҥэ кирпииччэни уонна да атын тутуу матырыйаалын ыларга дуогабар түһэрсибиттэр. 1908-10 сс. Иркуутскай куораттан ананан кэлбит оробуочайдар үлэлээбиттэр. Оччотооҕу кэминэн ылан көрдөххө, реальнай учуулусса таас дьиэтэ бэрт түргэнник тутуллан бүппүт эбит. Ол курдук 1910 с. улахан үлэтэ бүппүт. Дьокуускайдааҕы күбэринээтэр дьиэ өссө тутулла турдаҕына, оһоҕунан оттон, уунан эбэтэр паарынан сылытарга кииннэммит ситими тардар туһунан быһаарбыт. Бу билигин сыаналаатахха, ирбэт тоҥҥо олорор тыйыс усулуобуйалаах сиргэ маҥнайгы харса суох хорсун хардыы эбит. Кыһыҥҥы тоһуттар тымныыбыт 50 кыраадыска тиийэрин санаан көрүҥ! Собуоттары кытта суруйсан көрөн баран, паарынан үлэлиир «Кертинг» диэн фирма хочуолун ылбыттар. Ититии систиэмэтин 1910 с. туруорбуттар уонна үлэлэтэн көрөн баран чахчы барсар эбитин быһаарбыттар. Онон бэс ыйын 27 күнүгэр 1911 с. кэмитиэт дьиэни үлэҕэ киллэрбиттэр. Ол эрээри 5-6 сыл буолан баран истиэнэҕэ сыста турар хочуоллар үлэлэриттэн, сир ирэн, дьиэ акылаата түһэн, истиэнэтэ хайдан барбыт. Үөрэх тохтообут. 1934 с. эрэ сылтан хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбытын кэнниттэн педагогическэй институт арыллан үлэлээбит. 1956 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай үнэбэрситиэт кыһата буолбут. Акылаата түһэн, бу кыһалар үлэлииллэрин тухары хаста да хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. 90 сс. саахалланар туруктаах дьиэ бүтэһиктээхтик быраҕыллыбыт. Саха сирин устуоруйатыгар дьоһун суолтадаах пааматынньык дьылҕата итинник.
Былыргы куорат омооно
Устуоруйа уонна Култуура пааматынньыктарын Саха сиринээҕи уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ, чинчийээччи Иван Деевич Архипов:
– Саха реальнай учуулуссатын дьиэтин Рудольф Шельц диэн чех омук киһитигэр оҥорторон, чөлүгэр түһэттэриэх баара. Кини А.С.Пушкин аатынан бибилэтиэкэ уонна хааһына дьиэлэрин чөлүгэр түһэрбитэ. Бу дьиэни көтүрэри биһиги пааматынньыктары харыстыыр уопсастыбаннай түмсүү утарабыт. Маныаха сөптөөх быһаарыныы тахсарыгар эрэлбитин биллэрэбит.
Билиҥҥитэ былыргы дьиэлэр Залокка хаалан тураллар. Чернышевскай, Крупская, Ярославскай, Дежнев уулуссалары хабар 2-с №-дээх харабылланар зона олохтуур туһунан быһаарыыны 20 сыл анараа өттүгэр ылыллыбыта даҕаны баччааҥҥа диэри быһаарыллыбат. Манна Казанцев атаман дьиэтиттэн саҕалаан хампаһыытар Адам Скрябин дьиэтигэр тиийэ былыргы куорат омооно хаалан турар. Дьиэлэр эргэрэн, дэлби сиҥнэн, ону кытта уулуссалар, олбуордар оҥоһуллубаттара барыта ынырык хартыына буолан көстөр. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэмҥэ, ама, куораппыт маннык дьүһүннээҕэ эбитэ буолуо дуо?! Эһиги билэргит курдук 1-кы №-дээх харабылланар зона Кырдьаҕас куорат буолар. Былыргы дьиэлэри саҥаттан туппуттара дьиҥнээх өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи куорат көрүҥүн биэрбэттэр. Арааһынай сабыытыйалары көрөн ааспыт, хараарбыт истиэнэлэрдээх устуоруйа пааматынньыктарын үйэтитиэҕиҥ!
Ангелина КУЗЬМИНА,
хаартысканы on-walking.com аан ситимтэн туһанныбыт.