Тыл билимин хандьыдаата Ангелина Афанасьевна Кузьмина «Үгүлээт фольклора» диэн хомуурунньуга таҕыста. Бу хомуурунньукка Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕастара кэпсээбит норуот тылынан уус-уран айымньылара киирдилэр. Эргэрбит, түөлбэ уонна харыс тыллар хомулуннулар, кылгас тылдьыт оҥоһулунна.
Хомуурунньук фольклору үөрэтэр, сэҥээрэр ааҕааччыга ананар.
Кузьмина Айталина Ахметовна, тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар институттарын фольклор уонна литература салаатын үрдүкү научнай үлэһитэ
– Ангелина Афанасьевна Кузьминаны “Кыым” хаһыакка үлэлии сылдьыаҕыттан сэргэх ыстатыйаларын, интервьюларын ааҕан истэн билэр этим. Онтон аспирантуратын бүтэрэн тылга кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Ааппыт инициаллара майгыннаһар буолан, аны научнай ыстатыйаларбытын ааҕан дьон буккуйар да буолан барбыта, “дьэ, бэрт ыстатыйаны суруйбуккун”, “кинигэҥ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин” да диэн соһутааччылар. Кини билигин Былатыан Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр научнай үлэһитинэн үлэлиир, онон алтыһарбыт да элбээтэ.
Төрөөбүт төрүт тылбытын харыстыыр, туттуллар эйгэтин кэҥэтэр туһугар билигин интэриниэккэ сахалыы контены киллэрии үлэтэ тэнийэн эрэрэ үөрдэр. Олортон биирдэстэрэ – “Саха этигэн тыла” (sakhaetigentyla.ru) диэн сахалыы саҥарарга, суруйарга үөрэтэр, чинчийиилэри сырдатар саайт баар буолла. Маны таһынан фольклору хомуйан үйэтитэргэ араас күрэхтэһиилэри тэрийдэ. Бу олус элбэх үлэни Ангедина Кузьмина иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.
Сахалыы аан ситимҥэ суруйуу сатабылларыгар, ыстатыйаны суруйуу ньымаларыгар, тылы сыыһа туттуу, таба суруйуу быраабыларыгар видео дьарыктар олус туһалаахтар. Бу саайт өссө youtube-ханааллааҕын олус биһирээтим.
Ангелина Кузьмина төрөөбүт дойдутун фольклорун үйэтитэргэ дьоһун кылаатын киллэрэ сылдьарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини “Үгүлээт фольклора” диэн хомуурунньугун бэлэмнээн таһаарда.
Бүлүү улууһун түгэх сытар Үгүлээт нэһилиэгэ ураты историялаах, тыллаах-өстөөх, дьарыктаах, фольклордаах түөлбэ быһыытынан уруккуттан биллэр. Бүлүү сүнньүн уонна хоту дойду сахаларын, эбэҥкилэрин култуураларын алтыһыытын түмүгэр үөскээбит, нууччалыы тылынан “пограничнай”, “переходнай” култуура диэн быһаарыахха сөптөөх.
Ону сэргэ, бу дойдуттан А.А. Попов, П.Е. Ефремов курдук Арассыыйа таһымнаах улахан фольклористар, этнографтар үөскээн-төрөөн наукаҕа сүдү кылааттарын киллэрбиттэрэ. Онон Үгүлээт фольклорун туһунан кинигэ тахсыбыта дириҥ силистээх-мутуктаах, төрүөттээх.
“Үгүлээт фольклора” диэн хомуурунньукка Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин ытык кырдьаҕастарыттан, уус тыллаахтарыттан хомуйбут, кинигэттэн, архыыптан булбут норуот тылынан айымньыларын эргэрбит, түөлбэ, харыс тыллары быһаарыыны, ыстатыйалары, ырытыылары киллэрбит. Кинигэ киирии тылларын филологическай наука дуоктара С.А. Иванов уонна историческай наука кандидата В.В. Ушницкай суруйбуттар.
Хомуурунньукка Е.М. Алексеева (1923 с.т.), И.И. Афанасьев (1940 с.т.), Д.Х. Егорова (1910 с.т.), В.И. Лебедкин (1928 с.т.), А.П. Маисова (1930 с.т.), С.С. Маисов (1936 с.т.), Е.П. Павлова (1929 с.т.), С.К. Петрова (1957 с.т.), Д.А. Сабардахова (1938 с.т.), Т.Н. Спиридонова (1931 с.т.), А.Т. Федоров (1929 с.т.), П.В. Харлампьев (1926 с.т.), Ф.В. Харлампьева (1923 с.т.) уо.д.а. кэпсээннэрэ, үһүйээннэрэ, таабырыннара, өс хоһоонноро, алгыстара, ырыалара, үҥкүүлэрин тыла, А.А. Попов, П.Е. Ефремов, С.И. Боло, Е.Д. Христофоров суруйуулара бу тиһиллэн, Үгүлээт түөлбэтин фольклорун үйэтитэллэр.
Онон ийэ тылбытын, тылынан уус-уран айымньыбытын харыстыырга дьоһуннук үлэлии сылдьар дьоммутун таба көрөн бэлиэтиир, киэҥ эйгэҕэ биллэрэр наада. Ангелина Афанасьевна өссө да таһаарыылаахтык үлэлии турдун, элбэх дьону, ыччаты түмэр дьоҕурун сайыннаран улахан хамсааһыны оҥордун диэн баҕа санаабын этэбин.
Сэмэн Маисов, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Бүлүү, Үгүлээт:
– Сурук-бичик үөдүйүөн иннинэ, хайа да омук бэйэтин санаатын: үөрүүтүн-көтүүтүн, эрэйин-кыһалҕатын тылынан эрэ этинэр, кэпсиир кыахтааҕа. Ону сэргэ уос номоҕор бэриллэн кэлбит уус-уран дьүһүйүүтүн эгэлгэтин эмиэ, айылҕаттан айдарыылаах устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах дьонунан эрэ тыыннаах хаалларар албастааҕа. Ол да иһин хомоҕой тыллаах сээркээн сэһэнньиттэр мэлдьи ыҥырыкка, кэпсэлгэ сылдьаллара. Төһө да кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы, түҥ былыр айыллыбыт айымньылар, ардыгар, бастакы торумнара уларыйан, дьүһүн кубулуйан кэллэллэр ‒ сүнньүнэн, сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыттан үөрэх-билии тэнийэн, сурукка түһэн суруллан, оччотооҕу кэм уратытын кэрэһитэ буоланнар өлбөт-сүппэт уһун үйэлэнэр дьылҕаланнахтара.
Саха былыргы тылынан уус-уран айымньыларын, өктөөп өрөбөлүүссүйэтин инниттэн, омук тылы чинчийээччилэрэ уонна саха маҥнайгы үөрэхтээхтэрэ дьаныһан туран хомуйан хаалларбыт уһулуччу үтүөлээхтэр.
Хас биирдии сахабыт сирин улууһа, нэһилиэктэрэ материальнай уратылаһыыларын таһынан, тыл өттүгэр эмиэ майгыннаспат, хатыламмат эгэлгэлээхтэр.
Кэм да ирдэбилэ буолан, кэлиҥҥи кэмҥэ аҕа ууһунан төрдү-ууһу сорук оҥостон чинчийии, сиһилии ырытыы түмүгэр, сир-сир аайы төрүччүлэр оҥоһулланнар ‒ ыччат дьон кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын сэргэ: материальнай да, тылынан да араастаһыыларын ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэллэрэ ‒ омук быһыытынан уратыбыт утумнууругар быһаччы суолталаахтар.
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин түөлбэтин дьоно-сэргэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа, бэл, аан дойдуга тиийэ киэҥник биллибит тыл үөрэхтээх, учуонайдардаах буолан бу эҥээр сээркээн сэһэнньиттэрин тылынан уус-уран айымньыларын өссө ааспыт үйэ саҕаланыытыттан хомуйбуттара өр кэмҥэ хараллан сытан бараннар, кэлин кыра-кыралаан бэчээккэ тахсыталаабыттара.
Андрей Александрович Попов биллэр олоҥхоһут И.Г. Теплоухов “Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотун толору тылбаастаан туспа кинигэнэн таһаартарбыта, ону сэргэ ааттара да ааттаммат Орто Бүлүү, Үөһээ Бүлүү ойууннарыттан, тус сөбүлэҥнэрин ылан, бүтүн отут кыыры толору тылын сурунан ылан, нууччалыы тылбаастаан бэчээккэ бэлэмнээбитэ да, кини уһулуччулаах чинчийээччи буоларын кэрэһэлииллэр.
Быйыл Ангелина Афанасьевна Кузьмина “Үгүлээт фольклора” диэн, өр кэмҥэ сыралаһан туран хомуйбут баай матырыйаалын түмэн таһаартарбыт кинигэтин тутаммыт нэһилиэк олохтоохторо бэркэ диэн сэргээн аахтыбыт. Урукку өттүгэр төһө да биһиги түөлбэ дьонун тылынан уус-уран айымньылара хомуллубуттарын иһин, бу курдук туспа кинигэҕэ түмүллэн тахса иликтэрэ.
2011 сыллаахха тахсыбыт “Норуот эмчитэ Ньыыкан” кинигэ ааптара, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Николай Егорович Васильев бэйэтин ахтыытыгар сыһыаран, Өлөксөй Дьаахабылап-Солторой ойуун туһунан суруйан турар. Онно Василий Егорович: “Үгүлээттэр улуу оҕонньордорун туһунан суруйбаттар, ыччаттара да, үөрэхтээх да дьон…”, ‒ диэн ахтыбыттаах. Суруйар дьарыктаах киһи буоларым быһыытынан, итини тус бэйэбин этиттэрбит курдук санаабытым. Ону, хата, биир дойдулаахпыт, тыл билимин хандьыдаата Ангелина Афанасьевна Кузьмина “Үгүлээт фольклора” кинигэтигэр кырдьаҕастартан Солторой ойуун туһунан хас да суруйууну киллэрбитин ааҕаммын олус кэрэхсээтим.
Хомуурунньукка, киһи биир ордук сэргиирэ: урут ханна да бэчээккэ тахсыбатах айымньылар киирбиттэрэ буолар. Аны 1936 сыллаахха Андрей Александрович Попов “Якутский фольклор” хомуурунньугар тахсыбыт, нууччалыы тиэкиһэ эрэ баар “Сээпилэ” диэн үһүйээни Ангелина Афанасьевна сахалыы тылбаастаан киллэрбитэ олус кэрэхсэбиллээх.
Ангелина Кузьмина тыл үөрэхтээх учуонай буоларын быһыытынан тус бэйэтин сабаҕалааһыннара, айымньы тылын-өһүн дириҥник анааран ырытыылара, хайа да ааҕааччы болҕомтотун тардаллар.
Хомуурунньукка түөлбэ тыллар билим таһымынан сиһилии ырытыллыбыттара биир суол улахан болҕомтону ылар. Литэрэтиирэ нуорматыгар туттуллар тыллар фонетическай, морфологическай уларыйыылара кыраҕытык ырытыллыбыттара ‒ олус сонун.
Ангелина Кузьмина хомуйбут баай матырыйаалын сээркээн сэһэнньиттэрэ, билигин, үксүлэрэ бу орто дойдуттан барбыт, суох дьон. Онон кэм-кэрдии кэрэһитэ буолан үйэтитиллэн хаалбыттарын туспа, ойуччу тутан бэлиэтиибин. Этэргэ дылы ‒ суруллубут суоруллубат!