Экспонааттар устуоруйаҕа суолталарын туһунан билиһиннэрээри К.Д.Уткин аатынан Ньурбатааҕы Норуоттар доҕордоһуулара түмэл научнай-чинчийэр салаатын салайааччытыттан Б.Б.Борисовтан кэпсииригэр көрдөстүбүт:
– Ньурба түмэлигэр 10 тыһ. тахса экспонат харалла сытар. Бу баай коллекцияттан мин тус бэйэм ураты истиҥник, ойуччу тутан ылынарым саха былыргы уус уран оҥоһуктара буолаллар. Холобур, биһиэхэ 18 үйэтээҕи түөрт аттаах көмүү маллара бааллар. Онно араас мал-сал барыта баар. Холобур, ыҥыыр икки араас алтан киэргэллэрэ. Биирэ үс салалаах, иккиһэ алта умнастаах. Кинилэри ат ыҥыырын иннинээҕи-кэннинээҕи бүргэтигэр иилэллэр эбит. Маннык киэргэллэр 18 үйэҕэ (баҕар ол да иннигэр буолуо) балайда тарҕана сылдьыбыттар быһыылаах. Биирдиилээн Саха сирин араас муннуктарыгар көстөллөр.
Ньурба улууһугар маһынан уһаныы олус сайдыбыт көрүҥ буолар. Ол курдук балхах диэн кымыс иһэр иһит сүрүннээн Бүлүү бөлөх улуустарыгар хаалбыт.
Биһиги түмэлбитигэр Чуукаартан киирбит сүрдээх улахан кээмэйдээх балхах баар. Кини 50 см. үрдүктээх, айаҕын кэтитэ 32 см. Мантааҕар арыый улахан балхах Ньурбаҕа биир ыалга баарын билэбин уонна суох. Чахчы модьу хатыҥтан чочуйан оҥоһуллубут иһит буолар.
«Көмүс ат» саха кыыһа сүктэн барарыгар алтантан эбэтэр үрүҥ көмүстэн кутан оҥорон курдарыгар иилинэр буолар эбиттэр. Кийиит атын (сорохтор этэллэринэн кийиити бэйэтин) көрдөрөр. Мин билэрбинэн маннык экспонат өссө Өлөөн түмэлигэр баар. Биһиги түмэлбитигэр икки маннык ат баар. Бу «Звериный стиль» диэн ааттанан скифтэргэ киэҥник тарҕана сылдьыбыта биллэр. Оттон сахаларга 19 үйэҕэ дылы тиийэн кэлбитэ.
Ити эмиэ саха омуга дириҥ силистээх-мутуктаах, устуоруйалаах омук буоларбытын туоһулуур.
Хаартыскалары К.Д.Уткин аатынан Ньурбатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын түмэлин пуондатыттан туһанныбыт