Оҕоҕо сахалыы төрүт билиини, үгэһи, тылы иҥэриигэ бэрт сэргэх көрүүлээх эдэр ыал Саргылаана уонна Борис Кармановтары кытта кэпсэттибит. Кинилэр кырачаан оҕолоро төрөөбүт тылларынан саҥаралларын сайыннараары ютуб-ханаалга «Ньургун уонна Айыына» диэн биэриини бэлэмнээн таһаараллар. Бүгүн кинилэр биһиги ыалдьыппыт буоллулар.
– Оҕолоргутун иитиигэ ханнык үгэстэрдээххитий?
– Биһиги дьиэ кэргэн үгэспит диэн, бастатан туран, оҕолорбутун, 7 саастаах уолбутун Ньургуну, 5 саастаах кыыспытын Айыынаны, төрөөбүт тылбыт эйгэтигэр үөрэтэбит. Төрөөбүт тыл киһиэхэ ураты уран толкуйу, тулалыыр эйгэҕэ чараас сыһыаны, норуот үгэстэригэр, ол аата бэйэҕэ ытыктабылы, ис кыаҕы биэрэр диэн санаанан салайтарабыт. Ол да иһин оҕолорбутун кытта элбэхтэ кэпсэтэбит-ипсэтэбит, иллэҥ кэми бииргэ атаарарга кыһаллабыт. Куоракка олорор дьиэ кэргэҥҥэ бириэмэ эккирэтиһиитэ диэн туспа кыһалҕа. Уһуйааҥҥа сылдьар оҕолоох, күнү быһа үлэлиир төрөппүт оҕону кытта бодоруһар кэмэ аҕыйах. Онон түгэн көһүннэ да, тыйаатырга, түмэлгэ сылдьабыт, дьаарбайабыт. Сахалыы киинэни, испэктээги көрөрбүтүн наһаа сөбүлүүбүт. Куоракка олорор оҕоҕо тыыннаах айылҕалыын алтыһыы олус наада. Ол иһин саас, сайын массыынанан айылҕаҕа дьаарбайабыт. Аҕабыт Борис Пантелеймонович Амма Абаҕатыттан төрүттээх. Онон саха эр киһитэ, уол оҕо төрүт түөлбэтиттэн силистээх-мутуктаах, ыкса ситимнээх буолуохтаах диэн дойдубутугар сайылыыр дьиэ (дача) оҥостубуппут. Оҕолорбут үс сайыҥҥы ый толору самаан сайыммыт үтүөтүн биллиннэр, ыраас салгыҥҥа сылдьан, Амма эбэ ып-ыраас уутугар сөтүөлээн, сынньанныннар, айылҕалыын алтыстыннар диэн, балыктаан, сир астаан, от үлэтигэр сыстан, дьиҥ сахалыы үгэһи, дьарыгы биллиннэр диэн былаанныыбыт. Кэлин уолбут булка-алка сыстыа этэ. Тыа сирин үлэтиттэн куттаммат, тыа дьонун сыратын ытыктыыр дьон буола улаатыахтарын баҕарабыт. Оҕо кыра кэмигэр информацияны наһаа ылынымтыа. Онон ийэ, аҕа, эбээ тапталын ордук чугастык билэр, тылын-өһүн истэр уйан саастарын туһалаахтык атаарарга дьулуһабыт.
– Сахалыы саҥарарыгар, суруйарыгар ыарырҕатар оҕолордоох төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Оҕолорбут куорат эйгэтигэр улаатар буоланнар, төрөөбүт тылбыт эйгэтэ кыараҕаһын дьэ биллибит. Саатар, дьиэбит аттынааҕы уһуйааҥҥа сахалыы бөлөх суох буолан, оҕолорбут нуучча тыллаах бөлөххө сылдьаллар. Ол иһин кыһаллан туран дьиэбитигэр сахалыы эрэ кэпсэтэбит. Санааларын толору иҥнигэһэ суох ийэ тылларынан саҥаралларыгар көмөлөһөбүт. Сахалыы саҥарар киһини кытта сахалыы, нууччалыы саҥарар киһини кытта нууччалыы кэпсэтэр наада диэн үөрэтэбит. Ол киһи култууратын көрдөрөр диэн өйдөтө сатыыбыт. Икки тыл икки кынат кэриэтэ буоллаҕа. Ону быйылгы БКЭ түмүгэр үгүс саха оскуолаларыттан нуучча тылын 100 баалга суруйбут оҕо үгүһэ да көрдөрдө дии саныыбын. Оҕоҕут сахалыы сатаан саҥарбат буоллаҕына, эйгэ үөскэтиэххэ наада диэн сүбэлиэм этэ. Ол аата сахалыы кинигэ ааҕыы, сахалыы кэпсэтии, сахалыы киинэ көрүү. Билигин куоракка кыра саастаах оҕоҕо оннук эйгэ кыараҕас. Ол да иһин саха оҕото бэрт дэбигис нуучча тылыгар көһөр буолла. Оннооҕор тыа сиригэр саха түөлбэтигэр ютюб көмөтүнэн нууччалыы иҥнигэһэ суох саҥарар көлүөнэ үүнэн эрэрэ ону бигэргэтэр.
– Ютуб-ханаалга биэриилэри оҥороргутугар оҕолоргутун хайдах бэлэмниигин?
– Саха тылын эйгэтэ биһиги куоракка наһаа кыараҕаһын билэн баран ыксаан, оҕолорбутун төрөөбүт тылларыттан тэйиппэт кыһалҕаттан дьиэ кэргэнинэн сүбэлэһэн «Ньургун уонна Айыына» диэн ютуб- ханаал арыйарга санаммыппыт. Аныгы оҕолор тус интэриэстэрин туһаннахха эрэ болҕомтону тардар кыахтаахпыт. Куйаар ситимэ аан дойдуну тилийэ көтөн дьон-сэргэ өйүн, олоҕун-дьаһаҕын баһылаабыта ыраатта. Онно алдьатыылаах, мөкү өттүн эрэ көрбөккө, туһатын булан ылыахха наада. Аныгы олох долгунугар олорсон иһиэххэ дии саныыбыт. Биэриилэрбитин оҥорорго бастаан сюжетын куолаан толкуйдуубут, уоллаах кыыһым бэйэлэрэ тыл киллэрэн маннык тиэмэҕэ устуохха дииллэр. Оҕолор интэриэстэрин туһанабыт: оонньуу, айылҕа, көтөр-сүүрэр, үөн-көйүүр, остуоруйа, тыйаатыр, үҥкүү о.д.а. туһунан устабыт. Ол кэннэ сценарийынан саҥардабын. Бастааҥҥы биэриилэргэ холоотоххо, сүрдээҕин сайыннылар, чобуотуйдулар, кыбыстыбат буоллулар. Артыыс курдук чаҕылхайдык, чуолкайдык, дьон интэриэһин тардар гына сэргэхтик саҥарарга кыһаллар буоллуллар. Саха оҕото айылҕатынан сэмэй. Арыллар, чобуотуйар үчүгэй дии саныыбын. Онон ханаалбыт туһалыыр курдук. Билигин 26-с биэриибитин толкуйдуубут. Маҥнай тугу да сатаабат этим, билигин уот-күөс, саҥа-иҥэ, дьүһүн, муусука, уруһуй, тэтим алтыһыытынан үөскүүр видеону хайдах устары, монтажтааһын албаһын син биллим, бэйэм эмиэ сайынным. Мульткиинэ устарга үөрэниэхпин баҕарабын.
–Аан ситимҥэ саха тылын эйгэтин кэҥэтиигэ санааларыҥ?
– Бэйэм Гуманитарнай чинчийии институутугар научнай үлэһиппин. Онон тыл, литература дьылҕатын туһугар ис сүрэхпиттэн ыалдьабын. Саха тылын билэр оҕо төрөөбүт тылын нөҥүө норуотун, айылҕатын кытта ситимнэһэр, силистээх, бигэ тирэхтээх буолар. Аны туран куоракка идентичность боппуруоһа уустук. Ол аата нууччалыы саҥарар, куоракка олорор саха оҕото кэлин бэйэтин сахабын дэнимиэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, куорат диэн быыһык (пограничнай) эйгэ. Ол иһин биһиги билигин оҕолорбутугар «биһиги дойдубут – Амма», «биһиги аммаларбыт», ол аата «биһиги сахаларбыт» дииргэ үөрэтэбит. Аан ситимҥэ сахалыы эйгэ саҥа тэриллэн эрэр. Ютуб-ханааллар, «инстаграм», «тик-ток» эҥин курдук араас сыһыарыылар, дьиҥэ, тыл сайдыытыгар көмөлөһөр кыахтара олус улахан буолуон сөп эбит. Сахалыы мульткиинэлэр, ырыалар, киинэлэр тарҕанан, оҕолорго аналлаах блогердар үлэлээн эрэллэрэ үөрдэр. Бу үксэ анал устуудьуйалар, хас да дьон үлэлиир бөлөхтөрө. Ол аата саха дьоно төрүт тыл уонна глобализация кыһалҕатын, алтыһар кыахтарын туһунан толкуйдуулларын көрдөрөр. Онуоха биһиги дьиэ кэргэнинэн ханаалбыт бэйэтин тус кылаатын киллэрсэриттэн үөрэбит уонна маннык оҕоҕо, ыччакка аналлаах сахалыы тылынан ханаалы хорсуннук үлэлэтиҥ диэн ыҥырабыт.
Бу аныгы көрүүлээх ыалы киһи эрэ кэрэхсии көрөр, холобур туттар. Чахчыта да, сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ аныгы ньымалар күүскэ туһаннахпытына эрэ ыччат ылыныа, сэргээн үөрэтиэ диэн олох бэйэтэ көрдөрөн иһэр. Онуоха бу Кармановтар курдук хас биирдии саха ыала түмсэн маннык үлэ сайдарыгар күүс-көмө буолалларыгар ыҥырыа этибит!
Кэпсэттэ Ангелина Кузьмина.