От ыйын 8-9 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын төрүччүтүн 2-с сийиэһэ «Төрүччү төлкөтө» буолар. Бу суолталаах тэрээһин Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэл күнүгэр ананара өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕун кэрэхсэттэ. Төрүт өбүгэлэрбититтэн саҕалаан үөскээбит төрдүбүтүн-ууспутун ааттаан-суоллаан, ымпыктаан-чымпыктаан төһө билэбитий? Төрүччүнү чинчийэр үлэлэри төһө сэргиигитий? Билиигитин тургутан көрүҥ.
Оҥордо Г.Н.Шишигина. саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учуутала
Туһанылынна: «Ыал Бии Билиитэ» (Хомуйан оҥордулар: Ф.С.Тумусов уо.д.а. – Дьокуускай:Кудук, 2001) уонна саха тылын быһаарыылаах тылдьыттара