Шишигина Галина Николаевна, Амма улууһун Е.А.Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатыгар саха тылын, литературатын уонна төрүт култууратын учуутала
Уруккулуур удьуорбут
Уруйдаабыт олохторун
Умнубакка сылдьаммыт
Уһатан кэҥэтэн иһиэҕиҥ.
А.И.Софронов
Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин, туохтан тууралааххын?» диэн сахаҕа бастакы уонна сүрүн ыйытыы буолар. Төрдүн-ууһун билбэт киһини былыр убаастаабаттар. Хас биирдии киһи удьуорун утумун билиэхтээх. Ол – кини өйүн-санаатын барҕа баайа буолар. Тыйыс усулуобуйаҕа олорор дьон уруу-аймах быһыытынан бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһүөхтээхтэр; чугас аймахтар кэргэннии буолаллара, хаан булкуһуута булгуччу бобуллар, онон удьуор чөл булуута ситиһиллэр эбит. Ити курдук аҕыйах ахсааннаах норуот эстэн-быстан хаалбат суолун тобулуммут.
„Аан дойду историята, киһи-аймах историятын үөрэтии туохтан эрэ саҕаланыахтаах: нэһилиэк историятыттан, дьиэ-кэргэн историятыттан. Ону үөрэтэр үөрэх быһаччы үлэ“, — диэн этэр профессор, философскай наука доктора Андрей Саввич Саввинов. Бу үлэбит ылсыһан, хасыһан истэххэ олус кэрэхсэбиллээх эбит. Мин бэйэм киммин, кимтэн кииннээхпин, хантан хааннаахпын, туохтан тууралаахпын иҥэн-тоҥон билэн истэҕим аайы дьиэ кэргэним устуоруйата кинигэ курдук арыллан, интэриэһим дириҥээн барар. Тоҕо оннугуй? Мин саамай таптыыр дьонум: төрөппүттэрим, 2 эһэм уонна 2 эбэм олохторун суруйан саҕалыыбын. Бу аттыбар баар чугас дьонум тустарынан билбэтим элбэҕин сөҕөбүн. Өссө эбии билээрибин дьону кытта кэпсэтэбин, хаһыаты-кинигэни хасыһан ааҕабын. Оттон эбэлэрим-эһэлэрим төрөппүттэрэ кимнээҕий? Хантан төрүттээхтэрий? Туох дьарыктаахтарый? Ийэ дойдуларыгар туох үтүөлээх дьонуй? Ити курдук ситимнэнэн, ыйытыыттан ыйытыы үөскээн-төрөөн иһэр. Ыраах өбүгэлэр тустарынан туох эмэ саҥаны буллахха үөрүү үксүү түһэр. Саҥа уруу-аймах көстөн билсии-көрсүү саҕаланар. Төрүттэрбэр уос номоҕор киирбит сүдү дьон көһүннэхтэринэ удьуорбунан киэн туттар санаам күүһүрэр. Өбүгэлэрим төрүт сирдэрин кытта ситимнээх норуот сэһэннэрин, үһүйээннэрин үөрэтэн олоҕу анаара, ырыҥалыы үөрэнэбин. Сир дойду-ааттара эмиэ кэрэхсэбиллээхтэр. Тоҕо бу алааһы, күөлү маннык ааттаабыттара буолуой диэн таайа сатыыгын, ону кытта сибээстээх үһүйээн баара буолаарай диэн ирдэһэҕин. Топонимист Багдарыын Сүлбэ суруйбут кинигэлэрин хасыһан, мин дойдум сирин-дойдутун, күөлүн-үрэҕин аатын быһаарыытын көрдүүбүн. Тылдьыттары туһанабын. Онон төрүччүнү үөрэтии элбэх бириэмэни ылар, дьулууру-тулууру эрэйэр кэрэхсэбиллээх дьарык.
Холобур, Шишигин Александр, Амма улууһун Сатаҕай орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, өбүгэлэрэ олорбут Күҥкү диэн алаас аатын тылдьытынан сирдэтэн маннык быһаарарга холоммут.
«Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар» «күҥкү» диэн тыл суох. Арай маннык маарынныыр тыллары буллум:
- Күҥкүй – бүтэй итиигэ сытан сытый-ымый; салгылаабакка сыттан.
«Саха түөлбэ тылын тылдьытыгар» хотугу уонна Бүлүү бөлөх улуустарын түөлбэ тыллара бааллар:
- Күҥкүй – эдь. дьааҥы үрүйэтэ (горная речка); инд. тостума сыырдаах үрэх (речка с большим обрывистым берегом); күҥкүй = кээни — хооҥку (лед, из-под которого ушла вода); уу хараҕа, эндэргэ;
- Күҥкүйэ – бүл. күүстээх сүүрүктээх уу.
- Күҥкүр – хал. уу алдьаппыт сирэ, аҥхай.
- Күҥкүрээт – сунт. куобах уоһа (лесистый кочкарник).
Ити түөлбэ тыллара күүстээх сүүрүктээх үрэххэ сыһыаннаах курдуктар. Оннук үрэх Күҥкүгэ суох. Онон бастакы суолтаҕа сыһыаннаах буолуон сөп. Күҥкү бүтэй, тулата эмпэрэ сыырдаах буолан иһит курдук быһыылаах алаас эбит. Онон куйааска от-мас күҥкүйэн сыттанара буолуо диэн сабаҕалыыбын».
Төрүччүнү үөрэтэн саҕалыырга сүбэ:
- Төрүччү киһитин аата, араспаанньата, аҕатын аата- ФИО члена рода;
- Төрөөбүт күнэ, дьыла (өлбүт күнэ, дьыла) — дата рождения (дата смерти);
- Төрөөбүт сирэ (көмүллүбүт сирэ) — место рождения (место захоронения);
- Ханнык төрүччүгэ киирсэрэ — принадлежность роду;
- Үөрэҕэ – образование (үөрэх заведениета, сыла);
- Үлэтэ, дьарыга — род занятий;
- Төрүччү кырата биэс көлүөнэтин чинчийии — составить родословную не менее пяти поколений;
- Төрүччү маһын оҥоруу — составить древо жизни;
- Төрүччү ытык кырдьаҕаһын ахтыыта – интервью у старейшины рода.
Төрүччү маһын маннык оҥоруохха сөп:
- Аҕа ууһа
- Мин уонна бииргэ төрөөбүттэрим
- Аҕам –ийэм
- Эбэм-эһэм (аҕам аҕата-ийэтэ)
- Хос эһэм-эбэм (эһэм аҕата-ийэтэ)
- Хос-хос эһэм-эбэм (хос эһэм аҕата-ийэтэ)
Итинник салгыы баран иһэбит. Бу курдук аны ийэ ууһун оҥоруохха сөп.
Төрүччү маһын (генеалогическое древо) ойуутун хайдах оҥоруохха сөбүй?
Манна араастаан толкуйдаан, бэйэҥ сөбүлүүргүнэн оҥороруҥ ордук. Үксүн Ааал Луук маһы уруһуйдаан, силиһигэр өбүгэлэрин ааттарын суруйан, лабааларыгар аҕа эбэтэр ийэ ууһун дьонун ааттарын сэбирдэхтэргэ суруйан оҥорбут буолаллар. Хаартыскалаах буоллаҕына өссө үчүгэй. Национальнай архив тэрийбит «Моя родословная» диэн быыстапкаҕа оҕуруонан, быысапканан төрүччү маһын оҥорбуттарын дьон олус кэрэхсээн көрбүтэ. Маһынан оҥоһукка уруу-аймах дьон хаартыскалара иилиллибитэ эмиэ кэрэ көстүүлээх этэ.