Сорох түүл олоҕу кытта ситимнээх буолар быһыылаах дии саныыбын эбэтэр тойоннууртан тутулуктаах буолуо дуу. Киһи тоҕо түүлү көрөрө буолуой?
Маҥнайгы түүл:
Арай түһээтэхпинэ, дэриэбинэбэр улахан урал массыына кэлбитэ көстөр уонна буруо бурҕачыйар, дьон саҥата айманар «Баһаар, баһаар!», — дииллэр. Уһуктан баран сэмээр кэргэммиттэн ыйытабын: «Дэриэбинэҕэ урал массыына кэлиэ дуо? — Хайдах кэлиэй, суол сабылынна дии?», — диэн кэргэним хардарда. Биир хонон баран суол устун баран иһэн, почта диэкиттэн урал массыына иһэрин көрдүм, онтон кулуупка чугаһаан истэхпинэ, баһаар буолла диэн айманнылар (ол оҕолор дьиэҕэ хаалан баран кумааҕыны умаппыттара дьиэттэн буруолаан таска тахсыбыт). Онно бутэһик айан массыыната кэлбит этэ.
Иккис түүл:
Чээлэй күп-күөх сиргэ үктэнэн турабын, арай атаҕым аттыттан туора сир хайдан барар, кэҥиир. Мин куотабын. Сүүрэн иһэн хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, кэккэлэһэ уот сүүрэр. Дэриэбинэҕэ кэлэбин, оҕо тэрилтэтин дьиэтэ умайбыт. Айманабын, манна оҕолор баар буолуохтаахтар диэн. Онуоха дьон саҥата «Оҕолор бары быыһаннылар дииллэр». Сарсыарда кэргэммэр кэпсээтим. Быһыыта, эмиэ туох эрэ буолаары гынна быһыылаах дии санаатым. Онтон сотору биһиги улууспут биир дэриэбинэтигэр оскуола умайда. Дьолго, оҕолор үөрэммэт кэмнэригэр эбит.
Үһүс түүл:
Түһээтэхпинэ маҕаһыыҥҥа сылдьабын. Туох эрэ иһиттэн уол оҕо тахсан кэлэр. Онуоха Дьокуускайга кийиитэ оҕолоноору сылдьар эдьиийбитигэр эрийбитим кырдьык даҕаны сиэннэммит буолан хаалла.
Төрдүс түүл:
Түүһээн түннүгүнэн көрөбүн, баһаар уота халлааҥҥа өрө кытаран турар. Мин спортзал умайар дии саныыбын. Арай чугаһаан көрбүтүм мээчиктэр тураллар. Үлэбэр тиийэн, физкультура учуутала уолга сэрэтэбин, онуоха кырдьаҕас учуутал тыл сүрэ буолуо диир. Аҕыйах хонон баран, оскуола оҕолоро киирэн: «ферма диэки туох эрэ умайар» — диэтилэр. Онуоха түннүгүнэн көрбүтүм түүлбэр көрбүт уотум өрө кытыаста турар эбит.
Онон олоххо буолары көрөр дьикти түүллэр баар буолаллар быһыылаах.
Альбина.
Абааһылаах оскуола
Урут Сэбиэскэй былаас саҕана оҕолор үксүлэрэ интэринээкка олорон үөрэнэллэрэ. Биһиги начаалынай кылаастаах оскуолабытыгар таһынааҕы нэһилиэктэн кэлэн оҕолор эмиэ интэринээккэ олорон үөрэнэллэрэ. Мин эмиэ төһө да дьиэлээҕим иһин, тоҕо эрэ интэринээккэ олорорум. Бары биир ыал оҕолорун курдук сылдьан үөрэнэрбит, бииргэ оонньуурбут. Оскуолабыт улахан дьиэ буолан дэриэбинэ кулууба эмиэ буолара. Улахан саалалааҕа, сыаналааҕа киэһэ үөрэх кэнниттэн кулууп үлэтэ саҕаланара. Араас тэрээһиннэр буолаллара, саалаҕа улахан бильярд баара. Биһиги оҕолор онно киирэн бильярд оонньуурбут.
Биир киэһэ хас да буолан уолаттар уонна кыргыттар оскуола-кулуупка оонньуу бардыбыт. Интэринээт чугас буолан начаас сүүрэн кэллибит. Кирилиэһинэн таҕыстахха синньигэс соҕус көрүдүөр, онтон саала түгэҕэр сыана баар. Киирбиппит хабыс-хараҥа арай сыанаҕа уот умайар. Сүүрэн киирэн иһэн саала ортотугар бары эмискэ тохтуу түстүбүт. Тоҕо эрэ бэйэ-бэйэбит сирэйбитин көрүстүбүт, уу чуумпу буолла. Бары туохтан эрэ куттаммыт курдукпут. Арай сыана диэки көрбүппүт доҕоор, быыс ойоҕоһуттан кып-кыһыл сирэйдээх, хараҕа уоттаах курдук умайан көстөр үөһээ өттө сыгынньах киһи дуу, туох дуу былтас гынна. Бары хаһыытаспытынан төттөрү тахсар ааҥҥа ыстанныыбыт. Анньыалаһыы, охто-охто сүүрүү манна буолла. Көрүдүөрбүт уһаан хаалла. Дьэ, таһырдьа тахсан кирилиэскэ тохтоон тыын ылан, ким тоҕо куоппутун, тугу көрбүтүн быһаарсыы буолла. Түмүккэ бары били куһаҕан сирэйи көрбүт эбиппит. Арыый уоскуйан, баҕар кулуупка кэлбит киһи сылдьара буолуо диэн, иккистээн киирэн көрөргө быһаарынныбыт да, ким да киириэн баҕарбат курдук. Интэринээккэ баран атын оҕолору көмөҕө ыҥырар буоллубут. Мин икки уолу кытта хаалан ким эмэ баҕар ккириэ-тахсыа диэн маныы хааллыбыт. Кулууп сыанатын ойоҕос хоһугар туспа киирэр ааннаах, ону баран көрдүбүт ааммыт күлүүстээх турар. Сотору уолаттар кэллилэр, кыргыттар хаалбыттар. Ким мастаах, ким тоҥ сылгы сааҕын ылан кулуупка киирэргэ бэлэмнэннибит. Куттас буолумаары, бары бииргэ киирдибит. Хараҥа көрүдүөрүнэн хааман иһэн ким эрэ куттаан, төттөрү ыстанныбыт. Куттаабыт оҕо мөҕүллэн, иккистээн киирдибит. Бу сырыыга ким да куттаабата. Киирэн, сэрэнэн сыанаҕа таҕыстыбыт. Ким да суох. Ойоҕос хос уотун уматан көрдүбүт, быыс кэннигэр эмиэ ким да суох. Дьиктиргээн өссө төгүл ким тугу көрбүтүн чуолкайдаабыппыт, бары оруобуна били куһаҕан сирэйи көрбүт эбиппит. Хайыахпытый, төттөрү интэринээппитигэр таҕыстыбыт.
Кэлин улаатан баран биирдэ эмэ кылааһынан көрсүһүүгэ ити түбэлтэни туһунан кэпсэтиһэрбит. Бииргэ үөрэммит оҕолорум куруук өйдүү сылдьаллар эбит. Кэлин билбиппит урут кулууп ааныгар биир киһи тоҥон өлбүт үһү. Баҕар ол киһи үөрэ көстүбүтэ буолуо. Оскуолабыт билигин да үлэлии турар, арай акылаата эмэҕирэн атын сиргэ көһөрүллэн турар.
Василий Кузьмин, Дьокуускай куорат.