СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ «Тыл күүһэ. Араатардыыр сатабыл» төрөөбүт тылынан хомоҕойдук саҥарарга, уус-уран айымньыны иҥэрэн ааҕарга үөрэтэр маастар-кылаас тэрийэн ыыттылар. Бу тэрээһин Ил Дархан Гырааныгар кыайбыт ийэ тылы сайыннарыыга туһуланар бырайыак иитинэн буолла. Үөрэхтээhин бырайыактарын продюсера Семен Посельскай «Төрүт тылбыт урбаан эйгэтигэр суолтата», тыл билимин хандьыдаата Ангелина Кузьмина «Этэр тылы дэгэттиир ньымалар», «Сыл бастыҥ учуутала» күрэх кыайыылааҕа Айаал Мохначевскай «Сахалыы дебаакка чахчыга олоҕуруу оруола», дебаакка эрчийэр үрдүкү категориялаах учуутал Сардана Сыромятникова «Тыл этэргэ көмө ньымалар» тиэмэлэргэ маастар-кылаастары көрдөрөн бэйэлэрин уопуттарыттан үллэһиннилэр. Бырайыак иитинэн инники «Өбүгэ үөрэҕэ – омук баайа» төрөөбүт тылынан ыстатыйалары уонна уус-уран айымньылары суруйууга оҕолорго, ыччакка аналлаах күрэс чэрчитинэн маастар-кылаас буолбута. Маннык тэрээһин өссө да ыытыллара былааннанар. Аныгыскыларга оҕолор хамаанданан хайдыһан тыл этэргэ, ол эбэтэр сахалыы дебаакка күрэхтэһиэхтэрэ.
Тылгыны орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Кононова Мия, Поскачина Лаура, Тимофеева Карина:
—Бу маастар кылаастан биһиги үгүһү биллибит, иҥэриннибит. Чопчу биһирээн иһиттибит: нууччалыы тиэрминнэри сахатытан туһаныыны, араатардыыр маастарыстыба кистэлэҥнэрин, тыл, этии ситимин кичэллээхтик туттууну.
Биһигини саха тылыгар кылааспыт салайааччыта Елена Егоровна Никифорова үөрэтэр. Кини эдэр үлэһит, саха тылын учууталынан төрдүс сылын үлэлии сылдьар. Елена Егоровна көҕүлээһининэн араас хайысханан ыытыллар күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Ол курдук аман өс күрэҕэр эмиэ сыллата кыттар идэлээхпит.
Кылааспытыттан «Саха сирин суруйааччыларын айымньыларыгар норуот билиитэ, мындыр көрүүтэ» аман өс күрэҕэр Поскачина Лаура кыттыбыта.
Киһи олорорун тухары үөрэнэр, ол ылбыт үөрүйэҕин сыллата туттан сайыннарар, ону тэҥэ бэйэтэ сайдар. Биһиги бу ыытыллар маастар- кылаастарга инникитин да кыттан, бэйэбит билиибитин өссө да хаҥатыахпыт дии саныыбыт. Интэриниэт сайдан турар кэмигэр, ыраах сиргэ олорор дьон, үөрүйэхтээх, билиилээх дьонтон куйаар ситиминэн киирэн маннык сатабыллары иҥэринэллэрэ олус бэрт.
Салайааччыларга махталбытын тиэрдэбит уонна үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт. Инникитин да маннык маастар-кылаастары ыыта тураарыҥ.
И.Н.Ханды аатынан Тылгыны орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйаачччы, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Елена Никифорова:
—Куйаар ситиминэн буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи маастар-кылааһы сэргии иһиттим. Олус туһалаах тэрээһин буолан ааста. Дебат, эргиэн туһунан иһитиннэриилэр сэргэхситтилэр. Кыттыбыт оҕолор саҥалара-иҥэлэрэ чуолкайа, үөрүйэхтэрэ көһүннэ.
Киһи киһиттэн үөрэнэн кыаллыбатын кыайар, сатамматын сатыыр, урукку үөрүйэхтэрин эбэр-сабар, тупсарар. Маннык тэрээһинтэн чуолаан эдэр үлэһиттэр уопуппутугар туһалаах буолара саарбаҕа суох дии саныыбын. Сахалыы сайаҕас тылынан сүбэлээн-амалаан, инники үлэбитигэр төһүү күүс буола туруо диэн эрэнэбин уонна махталбын тиэрдэбин.
Маастар-кылаас түмүгүнэн туһаныллар матырыйааллары тарҕаппыттара олус үчүгэй. Итинник үлэлэри хаппахчыбытыгар (копилкабытыгар) укта сылдьан туһаныахпыт.
Сардаана Бурнашева, Дьокуускай 17 №-дээх оскуолатын 8 «в» кылааһын үөрэнээччитэ:
—Мин «Тыл күүһэ» маастар-кылааһы олус сэргээн, болҕойон иһиттим. Саха тылыгар хайдах сөпкө суруйуохха сөбүн элбэҕи биллим. Мин санаабар, олох наадалаах маастар-кылаас ааста. Тэрийээччилэргэ махтанабын!
Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын пресс- киинэ:
—Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын оҕолоро, саха тылын уонна литературатын учууталлара Сидорова С. К., Ноговицина Т.С. этэр тыл маастарыстыбатыгар үөрэтэр тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Инникитин сахалыы дебааттары, булугас өйдөөхтөр күрэхтэрин уу сахалыы тэрийиэххэ диэн биир санааҕа кэллибит. Хас биирдии кыттааччы туоһу суругунан бэлиэтэннэ, билиитэ-көрүүтэ хаҥаата.
Маргарита Иванова, төрөппүт, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта, алын кылаас учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна:
— Бу тэрээһин туһунан биллэриини сэргии истэммин, кыттарга санаммытым, оҕом аман өс күрэхтэригэр кыттар буолан интэриэстээхпин. Саха оҕолоро төрөөбүт тылларынан саҥараллара куоракка улахан кыһалҕа. Кыра сааһыттан оҕо төрөөбүт тылынан саҥарара, санаатын этэ үөрэнэрэ олус наада. Онон ити тэрээһини сэргээн киирэн иһиттибит. Олус интэриэһинэй иһитиннэриилэри, дьон үлэлиир уопутун туһунан кэпсээһиннэри сэргээтим, араатардыыр маастарыстыба туһунан билбэтэхпин биллим, туох эрэ саҥаны бэйэбэр иҥэринним. Тэрийээччибитигэр Ангелина Афанасьевнаҕа барҕа махтал, маннык энтузиаст дьонноох буолан төрөөбүт тылбыт симэлийбэтигэр эрэл баар, сахалыы дебаттар баар буоллуннар куорат да оскуолаларыгар. Эргиэн туһунан эмиэ үчүгэй бэрт сэргэх иһитиннэриини сэргээтим, махтал буоллун төрөөбүт тылбыт туһугар үлэлиир учууталларга! Оҕолор баҕаран туран төрөөбүт тылларынан кэпсэтэ, быһаарса, сайда-үүнэ туралларыгар баҕарыам этэ.
Мария Татаринова, http://sakhaetigentyla.ru уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.