Саха бэрт былыргыттан айаҕын ииттэн кэлбит биир абыраллаах тэрилинэн туу буолара. Икки сүрүн көрүҥнээх: мунду туута уонна собо туута (ардьа, ардьаах дииллэр). Былыр эрдэ сааһыары кыһын тууларын өрөн саҕалыыллара, саас сайыы тахсарыгар саҥа туулаах буолар курдук.
Туу оҥоһуута хас да суолтан турар, бэйэтэ туспа сатабыллаах, албастаах. Ол курдук туу маһын өссө кыһын бэлэмнииллэр. Манна көнө саастаах, мутуга суох тиити талаллар. Үрүҥ мастааҕар киилин ордороллоро. И.А. Алексеев-Хомус Уйбаан суруйарынан, маһы сүгэ өнчөҕүнэн тоҥсуйан көрөн талаллара. Көнө саастаах тууга барсар мас тоһуттар тымныыга лыҥкынас, хатан тыаһы таһаарара үһү. Оччоҕуна «туу маһа буолууһу» диэн кэрдэн охтороллор, үөрэҕэстэри быһан оҕус сыарҕатыгар тиэнэн эбэтэр акка төргүүлэнэн дьиэлэригэр илдьэ кэлэллэр. Бу мастан үөһэ быраҕыллар, тас соҕус өртө барар, ол сыыйыллаҕас, намчы буолар. Үөрэҕэстэрин ытаһалыы-ытаһалыы хайытан баран, оһох кэннигэр ууран хас да күн тухары хатараллар. Онтон тырыыҥкалааһын саҕаланар. Саха быһаҕынан харандаас модьутун саҕа гына көбүс көнөтүк тыыраллар. Ол иһин «туу маһын курдук көнө киһи» диэн өс хоһооно хаалбыт. Итинник тырыыҥкаламмыт маһы үөһэ оһох ардьааҕар ууран эмиэ хатараллар. Бу кэнниттэн, дьэ, туу маһын кыһыыта саҕаланар. Маны мээнэ киһи ылсыбат, чахчы сатыыр, сатабыллаах эрэ киһи кыһан, икки күн иһигэр туу маһыгар сөптөөҕү бүтэрэрэ үһү. Маныаха туу маһын ханан да хатыыта суох гына түөрт кырыылыы кыһыллыахтаах — тууга киирбит мунду салыҥа ханан эмэ таарылынна да өлөн, буортуйан хаалар. Үчүгэйдик кыһыллыбыт мастаах тууга мунду хас да күн тыыннаах сылдьар.
Тууну өрөр силиһи эмиэ эрдэттэн хаһааналлар. От үлэтэ бүттэҕинэ тэринэн тиит, бэс ойуурга тахсаллар. Онно мас силиһин батыһыннара сүгэнэн хостууллар. Хоту өттүнээҕи силиһи, кылгас диэн, ылбаттара үһү. Сыыйбыт силистэрин эллээн, түрдьэлии эрийэн баран ампаарга ыйаан уураллар. Туу өрөллөрүгэр киллэрэн
сылаас уулаах иһиккэ уган «тилиннэрэллэр». Ууну иҥэриммит силиһи быһах өнчөҕүнэн ньиккэрийэн, сигэ быатын курдук сымнаҕас гыналлара үһү. Силиһинэн туу тырыыҥкатын 15-кэ тиийэ туттарыы өрүүлээх буолар.
Туу өрөргө өссө киспэ диэни бэлэмнииллэр. Киспэни титиригинэн иэҕэллэр. Бу титириги эмиэ эрдэтинэ, сайын хаһааналлар. Улахан туу үс, кыра туу икки киспэлээх буолара. Туу сүрэҕэ эмиэ киспэлэнэр. Киспэ тууну иһиттэн тилэри тэбэн моһуонун тутар, сүрэҕи атытар аналлаах. «Туу киспэтэ суох, тыыннаах киһи аһа суох, өлбүт киһи буора суох буолбаттар » диэн өс хоһооно баар.
Туу өрүүтэ кэлиитэ-барыыта суох, ким да мэһэйдээбэт кэмиҥэр оҥоһуллар. Саамай уустуга — сүрэҕин өрүүтэ буолар. Уһун, орто уонна кылгас эрбийэ мастары олбу-солбу тутуһуннара киллэрэллэр. Сүрэх үҥэтэ (сытыы уһуктара) тэбис-тэҥ арытыалаах буолуохтаах. Саха өйдүүрүнэн туу үчүгэйэ-куһаҕана үҥэтин оҥоһуутуттан тутулуктаах. «Үчүгэй үҥэлээх туу — балыкка баартаах» диэн этэллэрэ.
Итинник тууларын өрөн бүтэрэн, тылбыы оҥорон, туу кутуругун тылбыйан кэбиһэллэр.
Ардьаах оҥоһуута арыый уратылаах. Кини собоҕо анаммыт буолан, маһын арытыыта киэҥ. Мунду, күөнэх киирдэҕинэ төптөрү тахсар. Аны маһын туу курдук кичэйэн кыспаттар, собо хатырыктаах, онон ардьаҕа киирдэҕинэ 4-5 күн тыыннаах сылдьыан сөп.
Урукку дьон 4-5 тууну, ардьаны тэҥинэн сүгэн балыктыы бараллара. Тууну үрэххэ, ардьаны күөл кытыытыгар угаллар, сүрүннээн. Саас, сайыы балыгын саҕана, тууну муус дьөлө дьуххарбыт сиригэр угаллара.
Туу быатын үөл талаҕынан оҥороллоро, хаттаҕына уларыталлар. Мэҥиэни сүрэх айаҕын диэки уураллар. Урут иэдьэгэйи туһаналлара. Мэҥиэни хаптаҕай мас сыыһын анньан кыбытар этилэр. Тууну ууттан өндөтөн көрөргө тордуох мастаах буолаллар. Сорох сиргэ ону «көхө» диэн ааттыыллар.
Онон туу саха ыалын былыр былыргыттан абыраабыт ахан мал. Сэрии аас-туор сылларыгар саха балыксыт оҕонньотторо туу, ардьа көмөтүнэн дьоннорун-сэргэлэрин хоргуйууттан быыһаабыттара, тыыннарын өллөйдөөбүттэрэ. Ньурба кырдьаҕас олохтооҕо, сэрии оҕото Мартынов Н.Н. маннык ахтар: «Эһэм, Иванов Егор Айаннитович-Айанньыт Дьөгүөссэтэ, кэлин, кырдьан баран, туулуур этэ. Түөрт уонча туулаах этибит. Ол тууну Мөлбүөт Соппуруон (Иванов Софрон Иванович) диэн киһи баайар этэ. Уончалыы тууну хайдах эрэ гынан акка ындыылаан баран эһэбэр аҕалан биэрэрэ. Биһиги бу түөрт уонча туубутуттан сүүрбэтин ууга сытыарабыт. Онтон көрөн баран аны иккиспитин уурабыт. Атыттарын күөл кытыытыгар кэчигирэтэн куурда туруорабыт. Эһэбинээн иккиэн сылдьабыт. Туппут балыкпытыттан биир ыаҕыйаны хос эбэбэр Мыкый Аана диэҥҥэ таһааран биэрэбин. Уоннааҕы ордубут балыкпытын улахан тыы баара, онно кутан кэбиһэбит. Уонна быыкаан хотуур баар этэ, ийэбиттэн үс сыл аҕа убайа уоннааҕар охсубут хотуура, онон эһэм от охсон баран балыгын сабан кэбиһэр. Сарсыныгар киирбиппит оппут үчүгэй баҕайытык чохчолоно сытар буолара. Биир да быччыкы да, мунду да суох буолар — чугастааҕы ыаллар киирэн бүтүннүүтүн иһиккэ куттан илдьэ тахсаллар. Оннук этэ. Оччотооҕу киһи көнөтө, атын киһи кыһалҕатын кыһалҕа гынара бөҕө, билигин киһи сөҕөр эрэ. Эн бүгүн киирэн мундуйбут буоллаххына, сарсын киирбэт үһүгүн, атын ыал киирэр. Онон эрэ тыыннаах олордохторо дии!
Инньэ гынан эһэбин мундулаан-быччыкылаан дьону аһатар этэ дииллэрэ, урут даҕаны».
Ити курдук билигин түмэллэргэ турар чахчы уран, кичэл оҥоһуулаах туулары көрдөхпүтүнэ — төһөлөөх көмүс хатырыктааҕы, иэдьэгэй искэхтээҕи киэлитигэр хаайан, бороҥ урааҥхайы аһатан-сиэтэн кэлбитэ буолуой диэн махтана саныахтаахпыт.
Борисов Б.Б.
Туһаныллыбыт литература
1) Алексеев И.Е.-Хомус Уйбаан. Холумтан сылааһа. Саха дьарыга, үгэһэ. — Дьокуускай: Бичик, 2013.
2) Мартынов Н.Н. Айанньыт Дьөгүөссэтэ./Ньурба кыраайы үөрэтээччилэрэ. — Дьокуускай: Макс Трейд, 2007.
3) Сибиряков Е. Булт-балык тэрилэ туу // Саха сирэ.