Саха сылы халлаан ыйынан уонна дьыл кэминэн, үлэ-хамнас саҕаланыытынан-түмүктэниитинэн, от-мас ситиитинэн-кэхтиитинэн, көтөр-сүүрэр олоҕунан көрөн араарар. Сыл саҕаланар ыам ыйыттан – саҥа төрүөх кэлиитэ, от-мас көҕөрүүтэ. Cандал саас самаан сайынынан солбуллар дьикти кэмигэр саха олоҕор элбэх үөрүүлээх уларыйыылар буолаллар. Холобур, кус кэлиитэ, ньургуһун тыллыыта, кэҕэ этиитэ, сайылыкка көһүү, салама ыйааһын, өрүс эстэн көмүөл көтөҕүллүүтэ о.д.а. Ыам ыйыгар Орто дойдуга Иэйэхсит суолтата улахан. Ол иһин саха халандаарыгар ыам ыйын Иэйэхсит ыйа дииллэр. «Иэйэхсит” суолтата – миф. Киһини,, сылгыны, сүөһүнү, ыты араҥаччылааччы, көрөөччү-харайааччы дьахтар таҥара (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта). Ыйбыт алгыһа маннык буолар:
Уйгуну оҥорооччу,
Илгэни биэрээччи,
Ойуулаах от-мас төрдө,
Хамсыыр-харамай ийэтэ,
Амарах санаалаах,
Аһыныгас сүрэхтээх,
Атаҕар алгыстаах,
Илиитигэр эҕэрдэлээх,
Биири биэс гынар
Күн Иэйэхсит хотун,
Бэттэх көрөн мичик гын!
Дом!
Сахаҕа олус суолталаах айылҕаны тыыннааччы Иэйэхсит ыйын туһунан сиэрдээх билиибитин тургутан көрүөҕүҥ.
Тургутугу оҥордо Г.Н.Шишигина, саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учуутала. Хаартысканы https://www.sakhaparliament.ru/ саайтан туһанныбыт.