СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Дмитрий Колодезников “Кулун Атах” култууратын көмүүлэриттэн булуллубут буор иһиттэри үтүгүннэрэн туой иһиттэри оҥорбут. Оччотооҕуганьыма дьэ хайдах буолар эбитий:
– Буор иһиттэрбин А.И. Гоголев “Якуты” кинигэтинэн сирдэтинэн оҥорбутум. Түмэллэргэ сылдьан көрөн, сөбүлээн, билэр дьонтон ыйыталаһан, 2001 с. саҕалаабытым. “Кулун атах” култууратыгар Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас киирэллэр. XII-XIV үйэтээҕи диэн сабаҕаланар. Былыргыны үтүгүннэрэн, эмиэ да саҥардан оҥоробун. Туойу Намсыыртан ылабын (35 км урут кирпииччэ үктүү сылдьыбыт сирдэрэ баар). Аҕалан баран маҥнай ыраастыыбын, силиһиттэн араарабын. Куулга кута-кута ууга илитэбин. Сүөгэй курдук оҥорон, сиэккэ нөҥүө ыытабын. Сыта түһүөхтээх, сүөгэй курдук буолар, уута-хаара тахсан хамсыыр, онтон дьэ. кытаатар. Биир маасса буолар. Иһигэр төгүрүк тааһы уган баран таптайаҕын, оннук охсон оҥорор ньымалаахтар эбит. Күөс иһитин оҥорон, буһаран көрбүтүм. Олус минньигэс буолар. Олорон эрэ, маһы быһаҕынан быһан, оһуор оҥорон барабын. Ый аҥаарын курдук оһуордары оҥорон, биир хайысхаҕа иһити тула түһэрэбин. Муфельнай оһоххо 820 кыраадыска буһарабын. Сахалар сири хаһан, уот оттон баран, онно быраҕан буһарар буолуохтаахтар. Онтон 5 чаас туруорабын, сарсыныгар ылан күөх үүккэ, ыаммытынан үүккэ эбэтэр сүөгэйгэ булкуйан ылабын. Хайдах үүккэ угаҕын да, атын-атын өҥнөөх буолар. Сүөгэйгэ хап- хара буолан тахсар. Тута эмэх маска уктаххына, эмиэ атын өҥнөнөр. Иһиккэ бырахтаххына, буруо бөҕө тахсар, оччоҕо буруо өҥүн ылар. Сыпсынан итиилии буруолаппытынан таһааран, үүккэ уктаххына, оһуордар тахсаллар. Кэлин кииллийэн, таастыйан иһэр. Бэйэҥ оҥорбутуҥ тыыннаах!
Дьүкээгирдэргэ
Саха сиригэр олорор омуктартан саамай кырдьаҕас төрүт омуктар дьүкээгирдэр буолалларын билэбит. Кинилэр култуураларыгар туой иһит олох ураты суолталаах эбит. Ол туһунан история билимин кандидаата, ГЧИ азиатскай филология сиэктэрин үрдүкү научнай үлэһитэ Людмила Николаевна Жукованы кытта кэпсэтттибит:
– Людмила Николаевна, эн дьүкээгир култууратын үөрэппит киһи буоларыҥ быһыытынан чинчийииҥ туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?
– Мин археология эспэдииссийэлэригэр Мочановы кытта сылдьан, неолит иһиттэригэр оһуору ким хаалларбыт буолуон сөбүй диэн санааттан чинчийиибин саҕалаабытым. Дьүкээгирдэр түҥ былыргы омук буолалларын быһыытынан, кинилэр түһэрэр оһуордарын кытта тэҥнээн көрбүтүм. Оччотооҕу кэмҥэ бу норуот култуурата ыһыллан, атын омуктар сабыдыаллара киирэн умнуллан хаалбыт кэмэ этэ. Биир эмэ норуот маастара өбүгэлэрин саҕаттан кэлбит оһуор-бичик суолтатын онон-манан да буоллар, син билэр этилэр. Холобур, А.В. Слепцова үлэлэрин хаартыскаҕа түһэрэ-түһэрэ, элбэхтик ыйытарым. Онон фольклору хомуйан барбытым. Кырдьаҕастар остуоруйа бөҕөнү кэпсииллэрэ, ыллыыллара. Дьүкээгир ыччата бэйэлэрин тылларын билбэттэриттэн чинчийээччи быһыытынан көмөлөһөргө санаммытым. Ити кэмнэргэ дьүкээгир фольклорун ким да интэриэһиргээбэт, хомуйбат этэ. Дьүкээгир ыччата бэйэлэрин тылларын билбэттэриттэн чинчийээччи быһыытынан көмөлөһөргө санаммытым. Онон хаһан эмэ наада буолуо, үйэтитиэххэ диэн санааттан аны Үөһээ Халымаҕа сылдьан, ырыаларын устан, фольклордарын хомуйан барбытым.
– Тоҕо праюкаргирскай култуура дьүкээгирдэрэ туой иһити оҥорбот буолбуттарай?
– Дьүкээгир тылыгар-өһүгэр, билиҥҥи өйүгэр туой иһити оҥоро сылдьыбыттарын туһунан туох да хаалбатах. Неолит олохтоохторо ону билэр этилэр. Оччоҕо кимнээх оҥорбуттарай? Тоҕо сахаларга XVII-XVIII үйэлэргэ диэри баар этэй? Чинчийэн көрүү түмүгэр дьэ, манныкка кэллибит. Иһиттэр дьиэҕэ-уокка туһанар аналларын таһынан, олох салҕанарын, ийэ оһоҕоһун (утроба), иккистээн төрөөһүнү көрдөрөр дириҥ суолталаахтар эбит. Ол суолталара («символика») маннык иһити оҥорортон аккаастанарга тиэрдибит буолуохтарын сөп. Бобуу баар буола сылдьыбыт. Онон туос, тимир иһиттэри оҥорууга көспүттэр. Дьүкээгир култуурата дириҥ силистээх, сумнагинскай култуураҕа тиийэр. Мезеолетическай кэмҥэ тиийэр диэн үөрэтиилэр эмиэ бааллар. Сахалар култуураларын быдан иннинээҕилэр. Холобур, Кулун атах биһиги эрабыт II тыһ. сылыттан саҕаланар. Билигин да ол оһуордара кэлиҥҥи таҥастарыгар-саптарыгар, пиктография суруктарыгар хаалан тиийэн кэлбиттэриттэн наһаа үөрэбин.
Ангелина Кузьмина.