Былыргы сахалар талаҕы быһаҕынан тыыран, эркиннээн, иилээн, онно тирии тутаахтаан сарт иһит диэни (нууччалыыта «корзина») оҥороллор эбит. Билигин ол ньыма умнулуннаҕа, уларыйдаҕа. Александр Дмитриевич Апросимов талаҕынан тугу баҕарар өрөн таһаарар. Күндү төрөппүттэр, сарт иһити өрүү туһунан кэпсииргэ сананныбыт. Оҕоҕутун кытта иллэҥ кэмҥитигэр оҥорон бииргэ дьарыктаныаххытын сөп.
Кэрэни айаары
Талаҕы ханнык баҕарар дьыл кэмигэр хомуйан оҥоруллар. Наһаа түргэнник хатан хаалар. Онон 20 лиитэрэлээх улахан көстүүрүүлэҕэ уу оргутан ол суоһугар оҕустардахха сымныыр уонна субата холкутук кэлэр. Төһө кыалларынан синньигэс талаҕы хомуйуллар. Маны оҥорорго бүргэс, этибиэркэ, быһах уонна симиилкэ наадалар. Маҥнай түгэҕин оҥорорго субатын ылбакка эрэ 8 устуука суон соҕус талахтары быһа холоон балтараа харыс уһуннаах гына быһаттыыбыт. Түөрт умнаһы ыламмыт ортолорун булан бүргэһинэн хайаҕастыыбыт. Онтон тэҥник хардарыта тутан, түөрт умнаспытын анньабыт. Иккис уонна үһүс мастар быыстарыгар синньигэс талахтары уган баран төрдүөннэрин суулуу эргитэн баттатан иһэбит. Бу өрүүбүт «веревочка два прута» дэнэр. Итинник иккитэ эргитэбит. Ол кэннэ били аҕыстыы мастарбыт икки ардыларынан аппата-аппата уочаратынан хатыйа киллэрэн-таһааран өрөбүт. Талахпыт бүттэҕинэ, суон өттүн быһан, синньигэһинэн салҕаан иһэбит. Симиилкэҕэ кыбытан баран, субуйа тардан субатын ылабыт уонна түгэҕин оҥоробут. Түгэхпитигэр биир талаҕы эбэн биэрэбит, оччоҕо ахсаана тэҥэ суох буолан өрөргө учүгэй.
Ити курдук сөп гына өрөн баран, бокореһынан ордо сылдьар түгэхтэрин быһаттаан кэбиһэбит. 15 устуука уһун синньигэс талахтары анньан, систэрин оҥоробут. Үөһээ өттүн эрэһиинэнэн туттаран кэбиһэбит. Эмиэ икки, үс синньигэс талаҕы субатын ыраастаан, быалыы хатыйа эрийии («веревочка два прута» уонна «веревочка три прута») ньыманан өрөбүт. «Үс талаҕынан өрүү» ньыма хаамыыта маннык буолар. Үс талаҕы ыламмыт үс сис ардыларыгар тутабыт. Хаҥас өттүнээҕи кытыыга баар талахпытын ылабыт уонна уҥа диэки аттынааҕы икки сис талахтар иннилэринэн, онтон үһүс кэннинэн угабыт, онтон иннигэр таһаарабыт. Салгыы иккис талаҕы ылан эмиэ итинник гынабыт, ол кэннэ үһүспүтүн…
Сарт иһиппит эркинэ балачча үрдүөр диэри таһаарабыт. Дьэ, уонна бүтэммит умнастарбытын бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар токурута-токурута угаталыыбыт. Онтон аны хаалбыт умнастарбытын умса баттаан уган, төттөрү утары барабыт. Тутааҕын оҥорорго бүргэспитинэн сарт иһиппитин анньан, умнас киирэригэр «суол» оҥорон биир талаҕы субатын ылан анньабыт. Ити таһыгар түөрт-биэс ыраастамматах талаҕы бэйэ-бэйэлэригэр эрийэн тутаах оҥоробут. Бэлэм буолла!