Тыл билимин дуоктара Спиридон Алексеевич Иванову кытта төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, лоп курдук 90 сааһын туолбут үөрүүлээх кэмигэр, көрсөн кэпсэппиппит.. Кини үгүс сылларга хомуйбут матырыйаалларыттан эттээх биэс монографическай үлэни, алта диалектологическай атлаһы оҥорбута, саха тылын устуоруйа өттүттэн чинчийиигэ сүүнэ суолталаахтар. Хомойуох иһин, Спиридон Алексеевич бу соторутааҕыта күн сириттэн күрэммитэ. Онон сүдү учуонай сырдык аатын кэриэстээн туран бу кэпсэтиибитнн таһаарабыт.
— Спиридон Алексеевич, төрөөбүт дойдуҥ, чугас дьонуҥ туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.
— Мин, дьиҥинэн, 1927 с. Бүлүү улууһун II Күүлэт нэһилиэгэр, онно, арааһа, колхуостааһын да, бүһүөлэктээһин да саҕалана илигинэ, күн сырдыгын көрбүппүн. Оччолорго ыаллар ыраах-ыраах сытар күөллэринэн, алаастарынан тарҕанан олороллоро. Онон бииргэ оонньуур оҕом суох этэ. Оҕо оҕону кытта оонньоон сайдар буоллаҕына сайдыахтааҕа. Мин бастаан соҕотох уол оҕо буоламмын бэйэм-бэйэбин кытта сылдьыбытым, араас үөнү-көйүүрү одуулаһан тахсарым. Арыый улаатан баран, булчут ыппын кытта күтэрдиир этим, ол тириитин лааппыга туттаран, биир эмэ бытархай харчынан төлөбүр ыларым. Ардыгар сара куска түбэһэн күннүүрүм.
Ийэлээх аҕам дохуота суох холкуос чилиэттэрэ этилэр. Аҕам бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ, сүөһү пиэрмэтин сэбиэдиссэйэ диэн аатырара. Сарсыарда эрдэ барара, киэһэ хойут кэлэрэ. Миигин туохха да сыһыаран үөрэппэтэҕэ. 1943 с. Сэриигэ барбыта, Ленинград блокадатыгар түбэспит этэ. Кэлин бааһыран баран, онтон үтүөрэн байыаннай собуокка үлэлии сылдьан 1945 с. “ыалдьан өллө” диэн буолта. Биир тыһыынча харчы хаалбытыгар дэбиэринэс көрдөөбүт этилэр. Ол харчыны биһиги, хомойуох иһин, туппатахпыт.
Ийэм бастыҥ от охсооччу, от мунньааччы этэ, куруук киилэ аҥаара арыы бириэмийэ диэн ылара. Тылы ол саҕаттан кэрэхсиирим. Дойдубар, ханна баҕарар буоларын курдук, үөрэҕэ суох, суругу билбэт холкуос салайааччыта, эбэтэр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ биир лоскуй кумааҕыта суох уурбут-туппут курдук сааһылаан тыл этэ туралларын сөҕө истэрим. Хантан да көмө ылбакка, аччык аҥаардаах сылдьан, Бүлүүтээҕи педучилищены 1948, Дьокуускайдааҕы пединституту 1956 с. үөрэнэн бүтэрбитим.
— Билимҥэ киирииҥ хайдах этэй?
— Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар үөрэнэр кинигэлэри сахалыы бэчээттиир салааҕа эрэдээктэрдии олордохпуна, 1969 с. Институккка бииргэ үөрэммит табаарыһым Николай Егорович Петров миэхэ кэлэн: «Биһигиттэн биир киһи барда. Эн науканан дьарыктаныаххын баҕарар курдук этиҥ, барбыт киһи оннугар кэлэ тарт», – диэн баран миигин Тылы, литератураны уонна устуоруйаны үөрэтэр институукка илдьэн дириэктэр Е.И Коркина хабыныатыгар киллэрэн кэбистэ уонна: «Евдокия Иннокентьевна, бу Педагогическай институукка бииргэ үөрэммит табаарыһым, научнай үлэнэн дьарыктаныан баҕарар, барбыт киһи оннугар кинини ылыахха», – диэтэ. Евдокия Иннокентьевна хайа оройуонтан сылдьарбын, саха тылыгар кимиэхэ-кимиэхэ үөрэммиппин, дьонум-сэргэм туһунан ыйыталаһан баран: “Дьиэҕэ претендуйдаабат буоллаххына, үлэҕэ ылабын”, – диэн тимир-тамыр курдук быһааран кэбистэ. Оройуонтан кэлэн дьиэтэ-уота суох эрэйдэнэ сылдьар киһиэхэ миэхэ ити ыарахан усулуобуйа этэ. Дириэктэртэн тахсан баран, Николай Егорович: «Дьэ, бастаан инньэ диэн буолааччы, үлэлээн бардаххына туох эмэ көстүө», – диэн санаабын алы гыммыта. Кэлин ол да курдук буолбута. Үлэлээн, үлэ суруйан кандидатскай, дуоктарскай диссэртээссийэлэри көмүскээн, табаарыһым эрэлин түһэн биэрбэтэҕим. Онон билим үлэһитэ буолар суолбун тобулбут киһиэхэ, Николай Егоровичка, махталым муҥура суох.
— Сахаҕа түөлбэ тыл үөскээһинин төрүөтэ туохханый?
— Ханнык баҕарар былыргы да, аныгы да тыл түөлбэтийэн үөскээбит көрүҥнэрдээх буолар эбит. Олортон сорохторо үйэлээх үгэс курдук утумнаан кэлэр, сороҕо уларыйар, эбэтэр симэлийэн сүтэр. Ону үөрэтэргэ сабыдыалласпыт тыллар историческай фонетикаларын, грамматикаларын үөрэтиэххэ наада эбит. Диалектологиянан дьарыктанар киһи үчүгэй таһымнаах фонетист, грамматист, лексиколог буолуохтаах. Ону эрдэттэн билбитим буоллар, мин түөлбэ тылын үөрэтиинэн дьарыктаныа суох этим. Тылы ханна, хайдах этэллэрин эридьиэстиир – судургу, оттон ол уларыйыы-тэлэрийии төрүөтүн быһаарыы – ыарахан.
Саха тылыгар аакайдаан-оокойдоон саҥарар үгэс үөскээһинин быһаарыыга табыла суох түмүк олохсуйан хаалла. Кинилэр үөскээһиннэрин, үгүс тыл үөрэхтээхтэрэ этэллэрин курдук, аһаҕас дорҕооннор тылга дьүөрэлэһэн турар сокуоннарынан быһаарыллыахтаах эбит. Саха түүр да, монгуол да тылларыгар охсуу (ударение) дорҕооннору дьүөрэлээн биэрэр оруола суох. Саха тылыгар аакайдаан саҥарыы былыргыттан утумнаан кэлбит үйэлээх үгэс эбит. Оокойдоон этии мантан, ханнык эрэ атын тыл сабыдыалыттан үөскээбит туорааһын курдук. Онон оокойдоон саҥарыы үөскээбэтэҕэ буолар, аакайдаан саҥарыыны быһаара сатыа суох этибит.
— Түөлбэ тыл атлаһын оҥорууга ордук туохха улахан болҕомтоҕун уурбуккунуй?
— Тылы араастаан этиини лингвистическэй картаҕа дьүһүйэн көрдөрүүнү XVII-XVIII үйэттэн Арҕаа Европаҕа, Францияҕа, Германияҕа саҕалаабыттара. Тыһыынчанан лингвистическэй карталаах атластары бэлэмнээн бэчээттэппиттэрэ. Оннук үлэ Арассыыйаҕа о.д.а дойдуларга күүскэ тарҕаммыта. «Лингвистическэй география» диэн тыл билимин туспа салаата үөдүйбүтэ. Ону тыл улахан үөрэхтээхтэрэ бэркэ сэҥээрбиттэрэ. Холобур, Франция улахан учуонайа А. Доза лингвистическэй географияны “тыл сайдан кэлбит устуоруйатын араас дьапталлыытын көрдөрөрүнэн тыл дьиҥнээх геологията” эбит диэбиттээх. Оттон Арассыыйа учуонайа академик Б.А. Серебрянников лингвистическэй география ньымаларын туттуу диалектологияҕа өрөбөлүүссүйэни оҥордо, – диэн сыаналаабыта. Итини истэ-истэбит биһиги эмиэ холонон көрүөххэ дэһиспиппит, былааҥҥа киллэртэрбиппит. Хойут өйдөөбүппүт онно отой да бэлэмэ суох эбиппит: анал ыйытык оҥостон, отучча нэһилиэк киин бөһүөлэктэригэр сылдьан матырыйаал хомуйуохтаах эбиппит. Ол бары өттүнэн кыаллыбатаҕа. Урут хомуллубут матырыйаалы туһана сатаабыппыт. Онтубут ырааҕынан итэҕэс этэ. Онон, ылыныллыбыт былааны толороору, аҕыйах хаарталаах боруобаҕа диэн түөрт зональнай атлаһы таҥан оҥорбуппут. Ол атластар лингвистическэй карталарын хат бэрийэн икки “своднай” атлаһы таҥан, хата, күн сырдыгын көрдөрбүтүм. Атластар графическай бэлиэлэрин (ол аата – тылларын) сатаан ааҕар буоллар балайда интэриэһинэй түмүктэри оҥоруохха сөп этэ. Олортон сорох-сороҕун суруйан турабын.
— Эспэдииссийэлэргэ сылдьыыҥ туһунан кэпсээ эрэ.
— Үп-харчы кэмчитийбит кэмигэр түбэһэн, эспэдииссийэҕэ аҕыйахта сылдьыбытым. Ол да буоллар киин улуустарга, Бүлүү-Өлүөхүмэ, хоту оройуоттарга барыларыгар уонна Магадан уобалаһыгар сылдьылаталаабытым. Анаан-минээн үксүн кырдьаҕас саастаах олохтоох дьону кытта кэпсэтэрим. Ол кэпсэтии бэйэтэ ураты ньымалардаах. Барахсаттар аһаҕастык: «Мантан тугу туһаныаҥ эбитэ буолла», – дии-дии ирэ-хоро кэпсээн бараллара. Наадыйаргын иһиттэххинэ, үөрүү буолар, сүргэҥ көтөҕүллэр, үчүгэйдик бултуйбут курдук сананаҕын. Ыаллар бары маанылаан хоннороллор, ордук хотугу олохтоохтор эйэҕэстик көрсөллөр, үтүөнү баҕара атаараллар. Магадан сахалара оччолорго былыргылыы олохторун-дьаһахтарын тутан олорор кэмнэрэ этэ. Өймөкөөн говорыгар чугас, байаҕантайдыы аакайдаан саҥарар эбиттэрэ. Олаҕа, Ягоднайга, Оротукка о.д.а. сылдьыбыппыт. Суол хаалбыт буолан Сэйимчээҥҥэ уонна Балыгычааҥҥа тиийбэтэхпит. Ол гынан баран кырдьаҕастартан А.Е. Кулаковскай онно тиийэ сылдьыбытын туһунан кэпсээннэри элбэҕи истибиппит.
— Бүлүүлэр төрүттэрин уонна тылларын туһунан Г.В. Ксенофонтов үлэлэрин ырытан суруйбут ыстатыйаҥ тахсыбыта.
— Г.В. Ксенофонтов саха тылын, устуоруйатын уонна этнографиятын туһунан киэҥ далай билиилээх уһулуччулаах учуонай эбит. Кинини 50 саастааҕар суох гыммыттара. Доруобуйата тулуйдар төһөлөөҕу суруйуо, чинчийиэ этэй!
Кини саныырын курдук, сахалыы саҥалаах табалаахтар, олор кэннилэриттэн сүөһүлээх сахалар төрүттэрэ Байкал күөл таһыттан, Өлүөнэ үөһээ баһынан, Бүлүүгэ түһэн билиҥҥи олорор сирдэригэр сыыйа кэлиэхтэрин сөп курдук. Оннук кэлээччилэри мэһэйдиир улахан өрүстэр, үрдүк хайалар суохтар. Суол турдаҕына, табалаахтар хайдах баҕарар көтүтэн кэлиэхтэрин сөп. Сүөһүлээхтэр даҕаны аттарын мииммитинэн, сүөһүлэрин үүрэн-сиэтэн, аа-дьуо айаннаан кэлиэхтэрин сөп курдук. Сүөһүлээх сахалар киин улуустартан Бүлүүгэ көһөн олохсуйууларын кэлиҥҥи улахан хамсааһына XVII-XVIII үйэлэртэн саҕаламмыта. Г.В. Ксенофонтов, саха тылын үөрэҕэр диалектология диэн билим салаата үөдүйэ илигинэ, аакайдаан уонна оокойдоон саҥарыы баарын, оокойдооһуну табалаах сахалар Бүлүүттэн аҕалбыттарын, онтон аакайдааһыны сүөһүлээх сахалар хойутуу аҕалбыттарын туһунан эппитэ. Ити санааны саха тылын түөлбэтийэн араастаһалларын хаарталааһын ханнык эрэ өттүнэн бигэргэтиэх курдук. Ол туһунан суруйбутум. Билигин археология, о.д.а билим салаалара сайданнар, саха үөскээһинин туһунан араас санаалар этиллэр буоллулар.
— Ийэ тылбыт тупсарын туһугар хайдах дьаһаныахха сөбүй?
— Ити биһигиттэн бэйэбититтэн тутулуктаах. Ханна баҕарар тыл, бары тыынар тыыннаах курдук, бастаан үөскүүр-үөдүйэр, сайдар- чэчириир, мөлтүүр-ахсыыр, тиһэҕэр симэлийэн сүтэр даҕаны. Итини билэ-көрө сылдьан, наллаан «эмтээн-томтоон» бэриллиэхтээх. Ол эрээри тыл, бодоруһуу ньыматын быһыытынан, эрэ-эмискэ уларытан-тэлэритэн кэбиһэри сөбүлээбэт. Бэлитиикэ өттүнэн күүстээх, экэниэмикэ өттүнэн улахан сабыдыаллаах норуоттар тыллара араастаан дьайар айылгылаахтар. Араас бэйэлээх эттиктэр, өйдөбүллэр ааттара, тиэрминнэрэ быыһа суох өтөн киирэ туруохтара. Онно биһиги бэлэмнээх буолуохтаахпыт.
Саха тыла – былыргы түүрдэр, уйгуурдар, монгуоллар о.д.а тыллаахтар сабыдыалларын тулуйан, үгүс үйэлэри уҥуордаан бэйэтин туһугар сайдан кэлбит түүрдүү тыл. Ол тыа сиригэр сүөһүлээх сахалыы саҥалаах баарын тухары соторунан өлөн-сүтэн биэриэ суоҕа. Тыл эмиэ бэйэтин бэйэтэ көмүскэнэр ньымалардаах буолар…
Олохпун төрөөбүт тылым дэгэтин, эгэлгэ уратытын чинчийиигэ анаабыппыттан үөрэбин!
Хас биирдии сүдү киһи олоҕун, чинчийэр үлэтин үөрэтэн көрдөххө, күүстээх дьүккүөрдээх, төрөөбүт норуотун туһугар ураты бэриниилээх, тугунан да кэмнэммэт дириҥ өйдөөх буолаллар. Спиридон Алексеевич пединституту бүтэрэн учууталынан үлэлээн, ыал буолан, оҕолонон, киһи хара буолан испитэ кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлөн хаалан, олоҕо сатарыйа сыспыта… Ол да гыннар оҕолорун үөрэхтээн, үлэһит дьон гынан, үгүс эдэр чинчийээччи билимҥэ үүнэн-сайдан тахсарыгар көмөлөспүт, саха тыл үөрэхтээхтэриттэн биир күөн туттар, ураты чинчийиилэрдээх учуонайбыт буолар!
Ангелина КУЗЬМИНА,
тыл билимин хандьыдаата