Биллэр этнограф учуонай Андрей Александрович Попов 1936 с. “Якутский фольклор” диэн хомуурунньугар тахсыбыт Хаантыры уола Сээпилэ туһунан Сөдүөт уонна Өлөксөй Яковлевтартан 1919 с. суруйбут сэһэнин Ангелина Кузьмина тылбааһын таһаарабыт [“Якутский фольклор”, 1936, с. 493–495]. Хаантыры – Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр Наахара ууһуттан Саха сирин ыраахтааҕылаах нуучча баһылааһынын кэмигэр ийэтин кытта тоҕус саастааҕар күрээн кэлбит, сүрэхтэммэтэх, бөдөҥ аҕа ууһун төрдө буолбут киһи
Үгүлээт нэһилиэгин Наахара ууһун төрдө кыраайы баһылааһын кэмигэр нууччалартан күрээбит сүрэхтэммэтэх Хаантыры буолар диэн этиллэр. Билиҥҥи Үгүлээт сиригэр ийэтин 28 кытта сатыы кэлбит. Ол кэмҥэ манна сахалар суохтара, тоҥустар олорор сирдэрэ эбитэ үһү. Хаантыры ууһаан-тэнийэн, тоҕус ойоҕуттан элбэх оҕоломмут. Ол оҕолоруттан ордук биллэр уола Сээпилэ эбит. Биирдэ Сээпилэ дьээбэтинэн-хооботунан сүгүннээбэтэҕиттэн, аҕата уолуттан босхолонуон баҕаран, иччилэргэ үтэйээри, ойууну кыырдарбыт. Ойуун кыырар кэмигэр Сээпилэ мустубут дьон төбөлөрүнэн саҥара-саҥара хаама сылдьыбыт: “Мин сиринэн аны хаампаппын, сотору иччилэргэ барыахтаахпын”, – диэт дьиэ ортотугар ыстаммыт. Хаантыры кыыһыран кинини үҥүүнэн бырахпыт. Сээпилэ имигэстик аһаран биэрбитигэр, үҥүү сиргэ батары түспүт. Иччилэр Сээпилэни ылартан аккаастаммыттар, онон аҕатын кытта этиһимээри дьиэтиттэн барбыт. Ханна барарын билбэккэ, уһуннук хааман испит, кэмниэ кэнэҕэс ханнык эрэ олох билбэт сиригэр-уотугар кэлбит. Ол баай тоҥус баһылаан олорор сирэ эбит. Онно тоҕус ураһа турара. Сээпилэ бүтэһик турар кыра ураһаҕа киирбит. Көрбүтэ – кинээс оччугуй кыыһа сытар эбит. Аттыгар сытынан кэбиспит уонна эппит: – Эн тыыннаах хаалыаххын баҕарар буоллаххына, мин туспунан кимиэхэ да этимэ! – Сөп, эппэппин, – кинээс кыыһа хоруйдаабыт. – Оттон эн ханна баран иһэҕин? – Манна чугас күөл баар, мин онно сөтүөлүү бардым, – диэбит Сээпилэ уонна барбыт. Кинээс кыыһа ойон тураат, аҕатыгар тиийэн кэпсээн биэрбит. Кинээс элбэх тоҥуһу хомуйан күөлгэ барбыт. Көрбүттэрэ – Сээпилэ сөтүөлүү сылдьар эбит, оҕунан ытыалаан барбыттар. Онуоха барытыгар аһаран биэрэн испит. Тоҥустар охторо бүппүтүгэр, сыгынньах тахсан кими суулларбыт, кими өлөрө сыспыт, онтон куоппут. Тоҥус кинээһэ Сээпилэ күүстээҕин уонна сымсатын көрөн хаһыытаабыт: – Тохтоо, куотума! Эн биллэр киһи эбиккин дии. Мин эйиэхэ кыыспын уонна баайым аҥаарын энньэҕэ биэриэм. Сээпилэ төннүбүт, кинээс кыыһын кэргэн ылбыт уонна тоҥустары кытта олорбут. Биирдэ ураһатыгар билбэт киһитэ киирбит. Олоро түһэн баран туох да төрүөтэ суох үөҕэн барбыт: 29 – Бу эн дуо, Хаантыры уола, Сээпилэ күрүөйэх, сиикэй балыгы сиэччи? – Эн туоххунан миигиттэн ордуккунуй? – диэн хардараат, үҥүүнэн бырахпыт. Ыалдьыт аһаран биэрбит уонна куоппут. Сээпилэ сырсан иһэн маннык санаабыт: “Билигин кинини ситэн өлөрдөхпүнэ, миэхэ туох да аат-суол кэлиэ суоҕа. Ол кэриэтин дьиэбэр төннүөм, сэбилэниэм уонна атаҕастааччыбын ир суолун ирдээн булуом”. Санаабытын курдук гыммыт. Куотааччы баай киһи эбит, аара суолга үөр табата аһыы сылдьыбыт, толору түүлээх симиллибит ампаардара тураллара. Сээпилэ табаларын үргэтэлээн үүртэлээбит, ампаардарын кураанахтаабыт уонна эппит: – Кини миигин күрүөйэх диэбитэ, күрүөйэхтэн үтүөнү күүтэр handyhülle personalisiertsee herefully iced out replica watch сатаммат! – төттөрү төннүбүт. Дьиэлээх, үөр табата суоҕун уонна ампаардара кураанахтаммыттарын билэн баран, дьонун ыҥыртаан, Сээпилэни сырсыбыт. Аара суолга Сээпилэ элбэх кулуһуну уматан умулуннарбытын, кыһыллыбыт чыыппааннар уонна хааннаах уҥуохтар сыталларын көрбүттэр. – Сээпилэ бухатыыр буолбатаҕа буоллар, хааннаах сиикэй аҥаардаах эти сиэ суоҕа этэ. Итинник күүстээх дьон эрэ гыналлар, – диэбиттэр уонна куттанан төттөрү төннүбүттэр.