Кыабака – киһи кииниттэн ахтатыгар диэри өттө (часть тела ниже пупка). Киһи кыабакатын сыалдьа саба бүөлүүр. Сыалдьа (сыалыйа) – эр киһи, дьахтар ис-тас таҥаһа: кыһыҥҥы, сайыҥҥы, күһүҥҥү. Үксүн баай эр киһи уонна дьахтар сыалдьата оҕуруо уонна алтан киэргэллээх. 1940-с сылларга А.П. Окладников Үлүөхүмэҕэ (Олохунаҕа) атахтарын икки ардыгар чороон ууруулаах саха эр киһи көмүүтүгэр бэлиэтээн суруйбут: “Украшение натазника с бисерным поясом, на передней части которого имелась бахрома из пучка кожаных полос» (Уруһуй №2), [Окладников, 1955, с. 285–286]. Сыалдьа уонна тирии бытырыыс былыргы кэми ыйаллар: “Подобная бахрома … известна на юкагирских штанах-натазниках, и у эскимосов. Это, видимо, весьма древний северный элемент украшений одежды” [Окладников, онно]. Номоххо кэпсэнэр Ньырҕаайы сыалдьата эмиэ оҕуруо киэргэллээх: “На голое тело надето подобие трусов с украшением бисера в верхней части” [Крюбези, Алексеев, 2012, с. 90]. 2017 с. Истээх Мырааҥҥа (Хаҥалас улууһа) хаһыллыбыт көмүүгэ 18 саастаах уол сыалдьатын икки алын (атахтарын) хайаҕастарын тула биэс кэккэ (икки маҥан, үс халлаан күөх) оҕуруо оһуордаах уонна тиһиллибит алтан кутуу киэргэллэрдээх (1 хаартыска). 2018 с. археологическай хаһыыга саастаах киһи хараллыытыгар (Уус Алдан, Малачаайы) сиэдэрэй киэргэтиилээх сыалдьа көстүбүтэ (2 хаартыска).
Сорох дьахталлар сыалдьа таһынан кыабака курун иилинэллэр, хас эмит кэккэ оҕуруо, хас эмит кэккэ сүһүөх субуруйан түһэр алтан киэргэллээх (түһүлүктэрдээх) (3 хаартыска). Бастакынан кыабака симэҕин И.Д. Новгородов уонна кини дьоно (1938) Омуоруйа баай кыыһа Сыыдам Сыҥалаабыт көмүүтүн хаһыытыгар булбуттар уонна бэлиэтээн суруйар: “В старину, по рассказам знатоков прошлого, когда девушка-невестка из богатой семьи во время свадьбы впервые появлялась в доме своего мужа, она обязательно должна была зазвенеть на пороге побрякушками своих “кыабака симэҕэ”. Эта церемония как бы свидетельствовала о нравственной чистоте и целеустремленности невесты” [Новгородов, 1955, с. 149]. Эбэтэр, “служебной ролю цепочек являлось охранение девичьей невиновности” диэн өйдүүллэрэ [Носов, 1955, с. 122].
Арааһа XIX уонна XX үйэ саҕаланыыта саха баайдарын (харчы-табаар саҕанааҕы) ортолоругар кыабака симэҕэ кийиит таҥаһын сорҕото курдук өйдөбүл үөскүү уонна тарҕана сылдьыбыт. XIX үйэҕэ саха былыргы олоҕун үөрэтэр археологическай хаһыылар ыытыллыбат этилэр. 1888 с. прогимназия нуучча тылын учуутала Н.Г. Сарычев Дьокуускай биир буор булгунньаҕар биэс көмүүнү хаспыт уонна сиһилии суруйуу оҥорботох. Политсыылынай Н. Геккер 1895 с. Таатта улууһугар икки дьахтар көмүүтүн хаспыт. Итиччэ аҕыйах XVII-XVIII үйэтээҕи көмүүлэр көрдөрүүлэринэн кыабака симэҕин туһунан хайдах даҕаны ылыннарыылаах быһаарыы биэрэр кыаллыбат. Ол иһин Н.Н. Носов, И.Д. Новгородов кыабака симэҕин аналын туһунан өйдөбүлү XIX үйэтээҕи дьон (знатоки якутской старины) өйдөбүллэриттэн, быһаарыыларыттан суруйаллар, ол түмүгэр кыабака симэҕин туһунан кэлтэччи кийииккэ эрэ аналлаах өйдөбүл баччааҥҥа диэри тарҕана сылдьар.
1965 сыллаахха этнограф И.В. Константинов археологическай хаһыыга көстүбүт Омуоруйа баай кэргэнин (эмээхсинин) кыабакатын суруйбут: «Своеобразной деталью натазников являются длинные подвески из ажурных медных блях, свисающие с концов передних орнаментальных лент. На каждой ленте висит по паре таких подвесок. Бляхи соединены пропущенными через отверстия в них кожаными ремешками. Внизу подвески кончаются парными колокольчиками» [Константинов, 1971, с. 70]. Кыабака симэҕэ Сыыдам Сыҥалаабыт ийэтигэр көстөр, ол аата кийииккэ эрэ анаммат (4 хаартыска).
СФАЭЭ археологическай хаһыылар көрдөрүүлэринэн сыалдьаҕа, кыабака куругар тиһиллэр субурҕа киэргэллэр кыргыттарга, далбар хотуттарга, эмээхситтэргэ ананар. 2009 с. Мэҥэ Хаҥалас Мооругар хаһыллыбыт аҕа саастаах дьахтар уонна улаатан эрэр кыыс көмүүлэригэр кыабака симэхтэрэ булуллубуттара. Баай кыабака симэҕэ хаста эмит төрөөбүт дьахталлар көмүүлэригэр көстөр: Үс Сэргэ, Марба, Охтубут. Дьааҥы Тыаһыгастааҕар (Хайыкаан, Дулҕалаах нэһилиэгэ) оҕолоох дьахтар көмүүтүгэр дьахтар кыабакатын кура араас бытархай, бөдөҥ оҕуруо киэргэллээх, олор анныларынан түөрт кэккэ сүүрбэ субурҕа алтан киэргэллэр тиһиллибиттэр. 2017 с. Истээх Мырааҥҥа (Хаҥалас улууһа) сэттэ уончалаах эмээхсин көмүүтэ олус сиэдэрэй киэргэллээх сыалдьыйалааҕа.
Инньэ ынтах, кыабака симэҕин аҥардастыы “кийиит киэргэлин” эбэтэр “кырыллыбыт кыыһынан” сылдьар бэлиэ курдук билинэр, суруйар сыыһа. Саха итэҕэлинэн, кыабака субурҕа алтан, үрүҥ көмүс киэргэллэрэ (түһүлүктэрэ) дьахтар хаамтаҕына бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан кылыгырас тыас таһааран “куһаҕан салгыны, тыыны” чугаһаппаттар (үүрэллэр), харыстыыр аналлаахтар. Сыалдьа симэҕин өссө биир анала − баай-уус, төрүөт бэлиэтэ.
Василий Васильевич Попов,
саха түмэлин археология уонна этнография салаатын сэбиэдиссэйэ
Хаартыскалары Е. М. Ярославскай аатынан түмэл пуондатыттан туһанныбыт