Николай Саввич Тарабукин аҕыйах ахсааннаах норуоттан тахсыбыт уһулуччу талааннаах ураты киһи буолар. Кини туһунан 1971 сыллаахха литературнай кириитик Георгий Васильев маннык суруйбута: “Кини төрөөбүт норуота – быстан, быданан сылдьыбыт көс эвен омуга урукку өттүгэр суруга-бичигэ суоҕун ааһан, тыла даҕаны хайы-үйэ умнуллан эрэрэ… Онон Н.Тарабукин, хара маҥнайгыттан бэйэтин ийэ тылынан дьөрү бэчээттэннэҕинэ даҕаны, киэҥник биллэр-көстөр кыаҕа суоҕа. Арай атын үөрэхтээх омуктар тылларыгар тылбаастанан, тылбаас эрэ көмөтүнэн киэҥник тарҕанар, киэҥ ааҕааччыны булар кыахтааҕа. Ол гынан баран бу сэмэй поэт бэйэтин бириэмэтигэр ситэ сыаналамматаҕа, кини айар талаана уонна кэскилэ толору өйдөммөккө хаалта”. Николай Саввич барахсан хотугу киһи сиэринэн сэмэй да, олус үөрүнньэҥ, оҕолуу, ол эрээри санаата түргэнник түһүмтүө уонна ыарахан оҕо сааһы көрсүбүт буолан, олус эрдэ сүрэҕэ тохтоон өлбүт эбит. Кини ыар олоҕун оҕо сааһын аас-туор аччык, тиийиммэт-түгэммэт кэмнэрин “Оҕо эрдэхтээҕим” диэн автобиографическай сэһэниттэн ааҕан, олус да аһына, харааста саныыгын.
Поэт олорбут олоҕун, өйүн-санаатын ити сэһэҥҥэ эрэ буолбакка, хоһоонноругар барыларыгар кэпсэнэр. Ол курдук кини “Анабыл” диэн хоһоонугар бэйэтин дьылҕатын, үрдүк ситиһиитин туһунан маннык хоһуйар:
Анабыл
Тоҥ дойду буоруттан
Тууллубат тууралаах,
Хоту сир куруһуттан
Хоҥнубат силистээх,
…
Табаһыт омуктан
Тахсыбыт поэттан;
Булууһут эбээнтэн,
Имииһит ийэттэн
Буомнанан улааппыт,
Боростуой киһиттэн;
“Ньукулай тоҥустан”,
Тулаайах урдустан,
Тоҥкуруун тыллардаах
Тойукта тутаахтааҥ!
Оттон хотугу дойду тулаайах оҕотугар дьон-сэргэ тыйыс, дьиппиэр сыһыанын туһунан “Ийэм уҥуоҕар иһэн” диэн хоһоонугар ийэтиттэн эрэ дьиҥнээх сылаас тапталы билбитин, ийэтин хайдах курдук таптыырын билэҕин:
Эмиийиҥ сылааһын
Иэдэспэр иҥэрэн,
Минньигэс үүккүнэн
Мэйиибин эргитэн,
Уккунньах суоһунан
Уҕара кууһаргын
Умнубат эрэйтэн
Уйарҕаан иһэбин –
Хотугу дойду кыыдааннаах хаҕыс тыала дьон-сэргэ сыһыаныгар эмиэ күүскэ охсор, киһи дьиикэй, дьэбир буолан хаалар эбит. Ол курдук ону Н.Тарабукин “Симик хоһоонум” диэн хоһоонуттан ааҕабыт:
Тулаайах оҕо буолан,
Туора илиигэ киирэн,
Алдьаммыт арбаҕас бүрүнэн,
Анысхан тыалга үрдэрэн,
“Маасчыт мааны” идэлэнэн
Уҥуоҕу көмүллээбитим,
Дьон тобоҕор топпутум.
Оттон кини бу ыалга хамначчытынан бара илигинэ оҕо сааһа аас-туор да буоллар ийэтин, эһэтин, эбэтин сылаас тапталларынан угуттаммыт эбит. Бу быстар дьадаҥы ыал төһө да соҕотохсуйбуттарын, тулаайахсыйбыттарын, кыамматтарын иннигэр олус үөрүнньэҥ дьон эбиттэр. Кинилэр бу кырачаан уолларын таптаан, бүөбэйдээн олох мындырдарыгар үөрэтэллэр. Улаханнык мөҥүү, кырбааһын суох да буоллар, оҕоҕо олус үчүгэйдик сыыһаны оҥордоҕуна мөхпөккө өйдөтөн биэрэллэр. Ол курдук эһэтэ булка уолу кып-кыратыттан үөрэтэр. Куобаҕы үргүппүтүгэр куолаһын үрдэппэккэ куобах сиэ этибит ону эн ити үргүттүҥ диэн быһааран биэрэр.
Онон бэлиэтээн эттэххэ, бу сэһэҥҥэ кырдьаҕас дьон үтүө сүбэтэ, ийэ күүстээх таптала, дьон кыаммат дьоҥҥо хаҕыс сыһыана көстөр. Оннооҕор оҕолор уолга: “Биһиги элбэх табалаах буоламмыт сыалаах эти сиибит; оттон эн аҕата да, табата да суоххун”, – эбэтэр ону маннык этииттэн билиэххэ сөп: “Хабдьыны ытыалыырга мин бэргэмминэн оҕолору тулуппат этим. Оҕолор кыайтаралларын сөбүлээбэт этилэр. Ол иһин миигин мэлдьи ытаталлара, саабын алдьаталлара уонна хабдьыларбын үлтү тэпсэн кэбиһэллэрэ”. Бу алдьархайдаах көстүүлэр. Мантан эһэтэ, эбэтэ, ийэтэ олус хомойоллор, абараллар да хайдах да гынар кыахтара суох. Атаҕастабыл салҕанан бара турар.
Суруйааччы тыла-өһө судургу да буоллар, тэҥнэбиллэринэн, айылҕаны уус-уран ойуулааһыннарынан баай: “Очуос таастар төбөлөрө кырыаран, аастыйбыт баттахтаах оҕонньоттор сэһэргэһэ мустубуттарын курдуктар”. Эбэтэр: “Тииттэр, тирэх мастар эмиэ чоҥкуйа кырыарбыттар. Хайдах эрэ тоҥмут, хоргуйбут курдуктар. Үрэхтэр, күөллэр муустара сиэркилэ таас курдук килбэчийэн көстөллөр”.
Итини таһынан оҕо хараҕынан айылҕа кыылын, харамайын дьон курдук уобарастаан көрөрүн сатабыллаахтык тиэрдибит: “Балыктар, муус хаххалаах буолан куттамматтар. Кинилэр үөрбүт курдуктар, кинилэргэ үтүө кэм кэлбит курдук. Дьоннор тустарынан саныыллар быһыылаах: “Билигин биһигини муус көмүскүүр-хаххалыыр, бэрт дьон аны кыайан туппаккыт ини”.
Итини тэҥэ Н.Тарабукин оҕо эрдэҕиттэн чыычааҕы олус сөбүлүүр эбит. Ол кини бу сэһэниттэн, “Чыычаахтары туойабын” диэн хоһоонуттан да көстөр:
Түннүгүнэн мастар көстөллөр,
Тоҕо үчүгэйдэрэй чэлгийэн,
Тураллар уулуссаны сэлэлии,
Тураллар айгырыы симэнэн…
Онно өйдөөн көрбүтүм –
Олороллор эбит субу чыычаахтарым…
Намчы намылҕан атахтарынан
Намылыйар лабааҕа хатаммыттар.
Сэбирдэхтээх лабаалар аргыыйдык
Сиккиэр тыалга бигэнэллэр,
Онно хачайдана оонньуур курдук
Олороохтууллар чыычаахтарым оҕолоро.
Бу хоһооҥҥо поэт ыраах Ленинграакка дойдутун суохтаан санааргыы олорон, чыычаахтары көрөн, төрөөбүт дойдутугар ахтылҕанын таһааран үөрэн-көтөн, санаата көтөҕүллүбүтэ хоһуйуллар.
Онон ыраас таммах курдук дьэҥкир өйдөөх-санаалаах, үтүө, истиҥ, уйан дууһалаах эбээн чулуу киһитэ – Н.С.Тарабукин барахсан, төһө да кылгастык олордор, төрөөбүт норуотун литературатыгар бэлиэ, бөдөҥ айымньылары хаалларбыт. Сиргэ тиийэ сүгүрүйэбин бу тыйыс айылҕалаах сир чаҕылхай дьонугар!
Ангелина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата.