Олоҥхо тылларынан эттэххэ. Былыргы олохпут быралыйар мындаатыгар, урукку олохпут улаҕаа өттүгэр Дьохсоҕон уолтан Ээкэ диэн бэйэтин кыанар,бэрт күүстээх киһи олорон ааспыта үһү. Бу киһи уратыта диэн кэтэҕин аһыттан саҕалаан кутуругун төрдүгэр диэри сылгы сиэлигэр маарынныыр уһун убаҕас түүлээҕэ үһү. Иннэ гынан кинини Сиэллээх Сэппэр диэн ааттаабыттар. Өбүгэлэрбит уос номоҕо оҥорон кэпсээбиттэрэ өлбөт- сүппэт номох буолан баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэҕэ. Кини Таатта үрэх талыы сиригэр XV үйэ бүтүүтүгэр XVI үйэ саҕаланыытыгар олорон ааспыт киһи. Сиэллээх Сэппэр киһи-сүөһү төрдө буолан, бүтүн биир нэһилиэк аҕа ууһа буолан ууһаан тэнийэн испит. Үс уол оҕону төрөппүт: Толору Чөмөх, Омучча Моттоһуйаан, Куладьыак.

Толору Чөмөхтөн Тиит Буурай диэн күүстээх бухатыыр киһи төрөөн олорон ааспыт. Киниттэн хаан уруу Хаабыһаптар аймах тэнийэр. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, былыр түмсэн Орто Уу тумуһуттан Оноҕос Уҥуоҕа диэн арыы тумуһугар мустан чугас эҥэрдээҕи ойууттары ыҥыран кыырдан табык таппыттар. Сиэри-туому тутуһан 9 ала сүөһүнү, 9 элэмэс сылгыны өлөрөн мустубут дьону аһаппыттар-сиэппиттэр. Субу маннык табык тардыыны үөһэ дойду айыыларын, абааһыларын аһаталлар. Аймахтарын ыарыыттан куһаҕантан харыстааннар. Маннык тардыыны кыахтаах аймах эрэ оҥорор эбит (ону ырытыыны адьас үөрэтэн эрэ баран суруйар ордук диэн санааттан быһаардым).

Иккис уолтан Омучча Моттоһуйаантан аҕыс көлүөнэ тухары үс үйэ устатыгар дьон-сэргэ уоһуттан түспэтэх ойуун, удаҕан буолбут Албакыыттар-Аввакумовтар үөскээбиттэр. Улуу Албакыыттар көмүс уҥуохтара билигин Көмүс Халдьаайы дэнэр, былыр-былыргыттан Тойоттор уҥуохтара диэнинэн биллэр. Үһүс оҕотуттан Куладьыактан Кулаковскайдар аймах төрөөн үөскээбиттэрэ, олортон биһиги улуу киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй тахсыбыта (И.Ф.Толстяков матырыйаалын аахпыппыттан).

Таатта улууһун биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Е.Д.Андросов кэпсээнин истибиппиттэн өйдөөтөхпүнэ, ll Дьохсоҕон нэһилиэгэ 1793 сылтан үөскээбит. Кинилэр билигин даҕаны ыччаттара Сиэллээхтэрбит дэһэллэр. ll Дьохсоҕон сирэ-уота киэҥ этэ. Үс аҕа уустаахтара: Таатта, Амма, Элэһин.

Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ, 1929 сыллаахха олунньу 17 күнүттэн кулун тутар 4 күнүгэр диэри Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи Vl сийиэстэрэ буолбута (Якутия1917-1953 хроника,факты,события. ААКалашников. Бичик, Якутск, 2004). Бу сийиэс уурааҕынан 1929-1930 с.с. өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оройуоннары, нэһилиэктэри тэрийии үлэтэ бүтүөхтээх диэн уураах ылыллан үлэлээн барбыта.

Онно олоҕуран элбэх мөккүөр-иирсээн, утарыта турсуу кэнниттэн саҥа Сиэллээх диэн нэһилиэк олохтоммута. Нэһилиэк үөскээһинигэр ордук Василий, Роман, Егор Кулаковскайдар, Семен Сивцев, Дьуона Хабыыттын, Илларион Давыдов, Василий, Роман Захаровтар, Константин Васильев буоланнар куоратынан-тыанан сүүрэн-көтөн сыралаһан ситиспиттэр. Кинилэргэ Алексей Кулаковскай көмөлөспүт (И.А. Павлов “Ааспыты санаан” Сахаполиграфиздат, 2004). ll-IV Дьохсоҕон нэһилиэктэригэр бэс, от ыйдарыгар холбоһор туһунан мунньахтаабыттар. ll Дьохсоҕон нэһилиэгин дьоно Илин Наттаара билиитигэр мустан мунньахтаабыттар. Оттон lV Дьохсоҕон дьоно Ардьаах сайылык хоту хонноҕор Кыыс Тоҕойо диэн сиргэ мунньахтаабыттар (И.Ф. Толстяков, “Таатта” хаһыат, 1922 с. от ыйын 11 күнэ аахпыппыттан). Мунньахха Таатта улууһун бэрэстэбиитэллэрэ Слепцова М.А. (Ойуунускай балта), М.Дыгдалова, Федосеев (Өрөккө уола) сылдьыбыттар. Икки нэһилиэк холбоһоннор өбүгэлэрин төрдүн Сиэллээх Сэппэри үйэтитэн Сиэллээх нэһилиэгэ диэн ааттаммыт.

Былыр Тааттаҕа элбэх ойуун, удаҕан уонна отоһут олорон ааспыт дииллэр. Ол курдук Сиэллээх нэһилиэгэр олоро сылдьыбыт өтөхтөрүн оннулара уонна ааттара-суоллара уос номоҕо буолан хаалбыттар. Олортон биирдэрин сааһылаан суруйан тиэрдэн көрүүм. Оҕо Албакыын ойуун кыра уола Сиидэр ойуун, кинини Реас Кулаковскай суруйарынан, Чоҥкунуо ойуун диэн эмиэ ааттыыллар эбит. Сүрдээх сымнаҕас киһи диэн бэлиэтииллэр. Кыратык кэхтэрэн саҥарара уонна кэпсии-кэпсии күлэрэ диэн кырдьаҕастар кэпсиир эбиттэр. Эмэгэттэрэ наар дьахтар буолаллара дьиктитэ диэн ол эмэгэттэр икки саастаах кыыс оҕо буолан ойууҥҥа төннөллөрө үһү (Е.Д.Андросов суруйбутунан). Кыстыга Кур оттоох Наттаара хоту өттө, сайылыга эмиэ ол сиргэ баара диэн. Оттон И.Ф. Толстяков суруйарынан, Бүөр Алаас билиитигэр үйэтин тухары олорбут диэн. Дүҥүрүн, таҥаһын абааһытын барытын дьабыҥҥа көтүтэбин диэн кыыран баран уоттаабыт, бэйэтэ. Кини ыалга кыыран баран таҥаһын дүҥүрүн дьиэтиттэн биэрэстэ аҥаардаах сиргэ Төгүрүк Уулаахха анал лаабыс үрдүгэр уурара үһү. Уҥуоҕа Дьэбидики арҕаа өттүгэр Сэмнэхтээх үрүйэтигэр сытар дииллэр (Е.Ф.Кузьмина кэпсээбититтэн). Суорун Омоллоон ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт Атаҕа суох Миисэ эдэр сылдьан Тоттук, Дабыкыс диэн сүүл бөҕөлөрү кытта урууга хары хапса оонньуура үһү. Ол аата эттээх гына буһарыллыбыт сылгы уллук биитэр хары уҥуоҕун үөһэ быраҕан биэрбиттэрин былдьаһаннар, хабан ыланнар сииллэрэ. Онно улахан бөҕө эрэ дьон оонньууллара эбит. Кэлин Сиипсэп атаҕа ыалдьыбытын улахаҥҥа уурбакка, Таатта курааннаан Аммаҕа алта көстөөх сиргэ киирэн сайыны быһа оттообут. Күһүн онно от сии кыстаан олорон суорҕан тэллэх киһитэ буолан хаалбыт. Атаҕа суох Миисэ сурукка киирэринэн Сивцев Никита Григорьевич (мин эбэм Өкүлүүн эмээхсин төрөппүт аҕата. Ааттаах мас ууһа маастарынан биллэр). Кини ыксаан Сиидэр Ойууну ыҥыран кыырдарбытыгар дьиэҕэ турар иһит-хомуос оннооҕор эт эттиир мас кытта эккирэспитэ дииллэрэ. Үс түүннээх күн мэлдьи кыырбыт. Онон Миисэ Сиипсэп атаҕа сыыйа оспут. Көннөрү доҕолоҥноон эрэ хаамар буолбут. Ол иһин кэлин Атаҕа суох Миисэ диэн ааттаабыттар. Мас атаҕынан сылдьан, сааһа уһаан, кырдьан өлбүтэ. Ааттара ааттаммат дьоммут олорон ааспыт олохторугар дьонноругар-сэргэлэригэр үтүө эрэ өйдөбүл хаалан баччааҥҥа диэри кэпсэлгэ сырыттахтара. Ол курдук баай устуоруйалаах нэһилиэк дьоно-сэргэтэ ыччаттара билигин да өбүгэлэрин олохторун үйэтитэн ааттата үлэлээн-хамсаан кэллэхтэрэ, кэллэхпит даҕаны.

ЕгасоваАМ-Дьохсоҕон Кыыһа, Таатта.

Владимир Григорьев хаартыскаҕа түһэриитэ, Дьокуускай