Арай биирдэ Үөһээ дойдуга олохтоох Тойон Таҥара туос иллэҥ буолан хаалбыт. Сыта мээрик буолбут, олоро мээрик буолбут, туран төттөрү-таары хаамыталаабыт. Ол сылдьан, өйдөөн көрбүтэ, халлаан куйаарын ортотугар Таас Көһөҥө кыһыл төлөнүнэн уһуура умайан, эргийэн кулахаччыйа турар эбит. Тойон Таҥара: «Бай!, — диэбит, — Ты-ыый!», — диэбит. Саар ыаҕаһын элээрдэн аҕалан, ардахха тоһуйан, уу хомуйан, умайа кулахаччыйар Таас Көһөҥө үрдүгэр кутан барбыт.
Ол курдук төһө өр кэм устата уу куппута биллибэт. Тойон Таҥара биир сарсыарда утуйа сыттаҕына, олдьот уола хаһыытаан уһугуннарбыт: «Тойонуом! Таас Көһөҥө уота умуллубут бадахтаах», — диэбит. Тойон Таҥара: «Айыккабын!», — диэбит, «Ол аайы мин бэйэлээҕи уһугуннараҕын дуо?!», — диэн ордоотообут. Тойон Таҥара уһуктан олорон, тыыллаҥнаан баран, өйдөөн көрбүтэ Таас Көһөҥө уота умуллубут, эргийэрэ бытаарбыт. Били кини куппут уута аҥхалааттарга, намыһах сиргэ мустан күөл буолан күндээрбиттэр, байҕал буолан дьалкыллыбыттар. Таас Көһөҥөҕө тымныы уу кутуллубутуттан, кытара итийэн турбут дэхси таас ньуура хайыта бараттаабытынан үрэхтэр, өрүстэр сүүрдэн суккуллубуттар. Таас Көһөҥө үөһэттэн көрдөххө биир кэм көҕөрө тунааран, уһулуччу кэрэ дьүһүннэммит. Тойон Таҥара сөҕөн: «Тоҕо бэрдэй!», — диэн саҥа аллайбыт. Ойон турбут, кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри айа охсубут уонна Таас Көһөҥө ньууругар ыыталаан кэбиспит. Тохтоон таалан турбахтыы түһэн баран, Таас Көһөҥө таас ньуурун сөмүйэтин төбөтүнэн дьөлө анньа-анньа мастары олордуталаабыт. Көтөрдөр тутатына маска уйа туттан барбыттар, уйаларыгар сымыыт баттаабыттар. Онтон сөмүйэтэ ыалдьан уонна тыҥыраҕа хайыта баран, Тойон Таҥара мас олордор дьарыгын быраҕан кэбиспит. Үрүҥ тунал былыт сабыылаах олбоҕор олоро түспүт уонна: «Бу күнтэн ыла Таас Көһөҥө аата Сир диэн буоллун», — диэбит.
Тойон Таҥара олбоҕор олорон үөһэттэн таҥнары Сири одуулаан олорон, бэйэлээх бэйэтин үлэтиттэн астынан мүчүк-мүчүк, ымах-ымах гыммыт, күлүм аллайбыт. Ол олорон көрбүтэ, кыыллар, көтөрдөр түүлэрэ-өҥнөрө дьэрэкээнэ дьикти эбит, онтон били кини мастары ситэри олордубатах сирдэрэ таас төрөөн, күлүгүрэн түһэн куһаҕаннара сүрдээх эбиттэр. Тойон Таҥара толкуйга түспүт. «Хайдах гынан бу сирдэри ураты көстүүлээх оҥоробун?», — диэн төбөтүн сыспыт. Онтон туран кыыллар түүлэригэр атылыы, күөх быйаҥынан сир ньуурун бүрүйэ тэлгэттэххэ бэрт да буолсу диэбит. Толкуйдаата да оҥорор үгэһинэн Тойон Таҥара тимир ытыгын эһэ охсон ылан, сир таас ньуурун үлтү ытыйан ыһыахтатан барбыт, онтон: «Арааһа, сөп буолла,» — диэн тохтообут. Ол кэннэ киэҥ дьайаан эрэһэтин элитэн аҕалан, ытыйбыт тааһын сомсон ыла-ыла, сиксийэн хоххуллаҥнаабыта, буор буолан Сир таас ньуурун халыҥнык саба бүрүйбүт. Араас үүнээйи сиэмэтин ылан буорга ыһан, булкуйан кэбиспитэ, сонно тутатына үүнэн тахсыбыттар. Тойон Таҥара көрө астынан бу курдук диэбит: «Ити бүтэй умнастаах үүнээйилэр от, онтон дьэрэкээн төбөлөөх үүнээйилэр чэччик», — диэн буоллуннар диэбит. Кыыл-сүөл тутатына оту сиэн киирэн барбыттар. Бу иннинэ кыыл-сүөл уу түгэҕэр үүнэр отунан, мас лабаатынан уонна сэбирдэҕинэн аһылыктаналлара эбитэ үһү. Көтөрдөр от быыһынан субугурайа сүүрэн, дьоһуннук туттан аһылык көрдөөн буорга тоҥхоҥноһон барбыттар. Бу иннинэ көтөрдөр мас үөнүн эрэ сииллэр эбит. Толкуйа табыллыбытыттан үөрэн Тойон Таҥара олбоҕор лах гына олоро биэрэн, икки ытыһын суураланан күлэн күһүгүрэппитэ, Сиргэ этиҥ тыаһа буолан тиийбит.
Тойон Таҥара тимир ытыгынан ситэ үлтү ытыйбатах таастара кытыыга сыҕаллан, бэйэ-бэйэлэригэр хатталаһан, сис хайалар буолан билиҥҥэ диэри халлааҥҥа өрө харбаһан тураллар. Оттон эрэһэтигэр хаалбыт таастары онно-манна сүөкэтэлээн, илиитин таһынан хаһыйталаан кэбиспитэ, көһөҥө уонна бытархай таастар буолан Сир ньуурун устун билигин да ыһылла сыталлар. Кыыллартан тайах уруккутун умнубакка сайын аайы күөл түгэҕэр үүнэр отунан аһылыктанар, кыһын талахтар намчы лабааларын сиир. Көтөрдөртөн тоҥсоҕой уонна киргил уруккуларын курдук мас үөнүнэн аһылыктаналлар.
Сайын аайы Саха сирэ күөххэ сууланан, айылҕата силигилии ситэн турарын үөһэттэн өҥөйөн көрө-көрө, Тойон Таҥара олбоҕор олорон эрэ, үөрэн, икки илиитинэн ньилбэгин охсуна-охсуна, күлэн күһүгүрэтэрэ, Сиргэ этиҥ тыаһа буолан иһиллэр.
Сайын аайы саха дьоно күөх быйаҥы сомсоллор — оттууллар.
Айда уонна сурукка тистэ Сергей Иванов, Бүлүү куорат.