Соргу дугуй, доҕоор!
Сахабыт тыла олус баай. Синоним тыл диэн биир эбэтэр майгыннаһар суолталаах тыллар. Холобур, маҥан — үрүҥ, кыра — оччугуй, дуона суох о.д.а.
«Синонимна таай» оонньуу быраабылата бэрт судургу, маннык:
Экрааҥҥа бастаан синонимнаһар кэккэ тыллар тахсаллар. Салҕыы таайтарыллар хаартыскалар көстөллөр. Оонньооччу синонимнаһар тыллар таайыыта буолар хаартыскатын көмпүүтэр мышканан ыйар. Сыыһа буоллаҕына, кыһыл өҥнөөх сотуу бэлиэтэ уонна сыыһатын бэлиэтиир тыас тыаһыыр, хаартыска хараҥа өҥнөнөр. Оттон сөп буоллаҕына, хаартыска от күөх хаймыыланар уонна эппиэт сөбүн бэлиэтиир тыас иһиллэр. Аллара таайтарыллар тыл тахсар. Хас биирдии таайтарыллар синонимы сөпкө таайдаххына эрэ салгыы оонньуур кыахтааххын. Төрөөбүт тылгын таптаа, күннээҕи кэпсэтэр тылгар синонимнары таба туттаҥҥын баай тыллаах-өстөөх киһи буола улаат.